Кэпсээ
Войти Регистрация

Булт абылаҥа

Главная / Кэпсээн арааһа / Булт абылаҥа

K
edersaas.ru Категорията суох
04.04.2021 19:02
ТИРГЭҺИТ Ууга барбыт чааркааннарын чөлүгэр түһэрэн хос тиритии-хорутуу, сүүрүү-көтүү буолбуттара. Икки ый биллибэккэ элэҥнээн хаалбыта. Аны чааркаан таһынан тиргэлииргэ санаммыттара. Мэлдьи түргэн хаамыылаах ийэтин кэнниттэн хардыы да хаамыыны хаалбакка, Ньуккуу тэбис-тэҥҥэ түһэрсэн испитэ. Сарын үрүйэтин арҕаа баһыгар, хойуу оттоох үрдүк дулҕатын икки ардыларынан кус дулҕаҕа салгылыы тахсар ороҕор, бэйэлэрэ оҥорбут сэттэ тиргэлэрин сүбэлэһэ-сүбэлэһэ ииппиттэрэ. Сүөкүлэ туттарыгар-хаптарыгар сөп түбэспэт наҕыл саҥалааҕа, намыын куоластааҕа: — Ньуккуу, бу кэмҥэ кус оҕолоро сатаан көппөт кэмнэрэ. «Күөх дабыдал» дэнэллэр, — утары быһааран иһэрэ. Ньуккуу үс хонон баран Аллан арыытыгар дьоҥҥо от кэбисиһэ киириэхтээҕэ. Кини сүрүн үлэтинэн Дьархан уолугар оҕус сиэтиитэ этэ. Ол иһин бу сарсыарда ким да туруон иннинэ уһуктаат, тиргэтин көрө сүүбүтэ. Аҕылаан-мэҥилээн тиийээт, хараҕар көрбүтүн итэҕэйбэккэ, тыынан бөтүөхтүү турбута. Кини көрдөҕүнэ, араас кэрэ дьүһүннээх куорсуннаах, кыһыл атахтаах кус тиргэҕэ эриллэн тиэрэ түһэн сытара. Чочумча турбахтаат, аны көтөн хаалыа диэбиттии, оргууй сурдурҕаан тиийэн имэрийэн көрбүтэ… сыыспатах эбит! Кус иҥнибит! Ньукулай дьоллонон хараҕа уоттана түспүтэ, икки өттүгүн таһыммыта, кырдьаҕас дьон үөрдэхтэринэ тутталларын санаан, бэдьэрэ былаастаах үҥкүүлээбитэ. Куһун туһаҕыттан нэһиилэ арааран ылбыта, ыарахана илиитигэр улаханнык биллэрэ. Маҥнайгы булда буолан долгуйан да, кыбыстан да, дьоҥҥо көрдөрүмээри, ырбаахытын иһигэр уган дьиэтигэр барбыта. Ааны аһан киирээт: — Ийээ, мин бултуйдум! — куһун туттаран эрдэҕинэ, Сүөкүлэ уоһун иҺигэр ботугураан: — Иннигэр кэһиилээх, кэннигэр сүгэһэрдээх, бааттаах, байанайдаах булчут буол, — диэн алҕаабыта. Куһу сирийэн көрөн иһэн, саҥа аллайа түспүтэ: — Хор, оҕом булчут буолан аһатар-сиэтэр кэмэ кэлбит эбээт! Атыыр көҕөнү бултаабыккын дии, оҕом сыыһа! Бу дьолу! – Сүөкүлэ барахсан хараҕа уунан туолбута, уолун бэйэтигэр сыһыары тардан, төбөтүттэн сыллаан ылбыта. Мантан ыла Ньуккуу булт амтанын билбитэ. ТУҺАХХА ИҤНИБИТ КУОБАХ Биир киэһэ аһыы олорон Сүөкүлэ уолун ыйытыытыттан өрө ходьох гыныар диэри соһуйда: — Ийээ, биһиги далбыт кэтэҕинээҕи тыаны бэйэбит бас билбэппит дуо? Тоҕо итиннэ туһахтаабаппытый? – харда күүтэн, чоҕулуччу көрөн олороохтоото. Сүөкүлэ чочумча саҥата суох олордо. «Бастаах» дьон «кыраларга» сыһыаннарын оҕоҕо өстүйбэт санааны иитэр гына хайдах быһаарыан билбэтэ. Онтон санаабытыттан быдан атыны эттэ: — Ыы, оҕом санаата модьутун көр. Биһиги бас билэр кыахпыт суох. Итини Кубалаахтан балтараа көстөөх сиргэ олорор Дыадай баай туһахтыыр. Биһиги кыттыспаппыт, ити туһунан аны санаама. Онуоха Ньукулай: — Ити биһиги тыабыт! Биһиги эрэ бултуохтаахпыт! – диэн кэлиилии кэбэ олорбута. Иннин биэрбэт киһи буолан биэрбитэ. Ити баҕар итинэн ааһан хаалыа эбитэ буолуо да, биир күн отонноон сиэри уол ыллык устун ойуур иһигэр киирбитэ. Эмискэ туох эрэ букунайар тыаһын истэн ойоҕоһун диэки хайыһа түспүтэ, маҥхайан эрэр бөп-бөдөҥ куобах туһахха өрө мөхсө сылдьар эбит. Өйүгэр ийэтин кытта кэпсэтиитэ охсуллан ааһар, ол да
буоллар, «тыата – биһиэнэ, аһа – биһиэхэ» — өйдөбүл кытаанахтык иҥэн хаалбыт эбит. Ыстанан тиийэр да, куобаҕын кууһа түһэн өлөрөөрү гыммыта кыайтарбат, ырбаахытын дуоматын хайа тэбэн, иҺин сиирэ-халты хайыта тыытар. Хата, киниэхэ анаммыт курдук, бугул тоһоҕото саҕа мас сытарын ылан төбөҕө охсор, онуоха туһаҕа быһа барар, куобаҕа дөйүөрэн кыайан хамсаабат буолтун маһынан сабыта эттээн өлөрөр. Дьиэтигэр аҕалан: — Ийээ, бу биһиги тыабытыгар, туһахтаабыт киһи куобаҕын ыллым, — диэбитигэр ийэтэ бултаатыҥ диэн үөрбэтэх. Уола кини санаатын сэрэйэн, ааспыкка эппитин син биир этэ турбут. Сүөкүлэ эрэйдээх хайыыр да кыаҕа суоҕун билинэн үөһэ тыынан кэбистэ, оҕотун диэки уйарҕаабыт хараҕынан көрөн олорбохтообута… Икки хонон баран, Дыадай туһаҕын көрө сылдьан, арҕаа ыалга чэйдии олорон, Ньукулайы ыҥыттаран ылар: — Нохоо, мин туһахпыттан куобаҕы тоҕо ыллыҥ?! – диэн баран илбиркэй таҥастаах уолу сүр суостаахтык өрө-таҥнары эриличчи көрөн таһаарда. Ньукулай иһиттим-истибэтим диэбиттии: — Аны кэлимэ, ити мин тыам, бэйэм бултуоҕум! – иэдэстээх кулгааҕа итийбэхтээн икки чабырҕайа быһыта кийиэлээн ыллылар да, уол тас ааны былдьаста. Аан сабыллар тыаһын кытта тилэх баттаһа: — Сүрдээх уол дии, дьэ!.. – диэн эмиэ да уордайбыт, эмиэ да сөхпүт саҥаны истэн хаалла. Оҕону кытта күрэс былдьаһыан кэрэйэн эбитэ дуу, дьон тылыттан саллыбыта эбитэ дуу, Дыадай аны ити тыаҕа биллибэтэҕэ. МАҤНАЙГЫ СААЛАНЫЫ Ньуккуу булка бааттааҕын туһунан кэпсээн алаас-алаас ыалларын тилийэ сүүрбүтэ. Сотору буолаат, эдьиийэ Боккуо кэргэнэ Куоҕас баара эрэ уон орто доробуонньугунан иитиллэр дьоппуонускай сааны булан, аҕалан биэрбитэ. Хаһан да киһиттэн ылбатах оҕо барахсан үөрэн, саха тэҥэ суох буолбута. Кирилэ да Ньуккуута үөрбүтүн көрөн, киниттэн итэҕэһэ суох сирэйэ-хараҕа сырдаата: — ЭҺиннэҕинэ тыаҺа бөстүөн тыаҺыттан ордуга суох, уоҺунан иитиллэр, — кэпсии-кэпсии имэрийэ-томоруйа турбута, сотору-сотору сөтөллөн ылара. — Аны да уҺуурум биллибэт. Оҕом миигин өйдүү-саныы сылдьар буол…- бөтөн, куолаҺа титирэстээн саҥатыттан маппыта. КүҺүн. Биир хаҺыҥнаах сарсыарда, Ньукулай (аны кини улахан, Ньукулайын эрэ билинэр) арҕаа тыаҕа саатынан ытан көрө тахсыбыт. Көрдөҕүнэ,арай, куобах манан сүүрэн ааҺар, итинэн быҺа көтөн ааҺар эбит. Үстэ ииттэ-ииттэ ытыалаан көрдө да, биир да куобах табыллыбыт быҺыыта көстүбэт. Ньуккуу улахан санааҕа түҺэн, саатыгар өйөнөн олордо. Абаланан да хайыай? Дьиэтигэр төннөр санаалаах туран иҺэн, эмискэ өйүгэр «доробуонньугу тэрэпиискэҕэ суулаан баран ыттахха ордук өлөрүмтүө буолар үҺү” диэн сүбэлээбиттэрэ өйүгэр охсулунна. Оннук оҥосто охсон ытыалаабыта, дьэ доҕоор, куобаҕа бу сырыыга тула холоруктуу сылдьар буолар, онтун сороҕун уҺун соҕус маҺынан баска охсон эбиилэҺэн мадьыктаҺар. Оннук уончата ытан, биэс куобаҕы өлөрөн, сэниэтэ эстэн, дьиэтигэр нэҺиилэ соҺон аҕалбытын чугастааҕы ыаллара көрөн олус ымсыыраллар. Онтон ыла Ньукулайы хас биирдии киҺи тарбахха баттанар үтүө булчуттар ортолоругар киллэрэллэр. edersaas.ru саайтка анаан Сэгэлдьийэ Чээлэй. Хаартыска
— drive2.ru саайтан.
edersaas.ru сайтан