Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьылҕа (кэпсээн 1 чааһа)

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьылҕа (кэпсээн 1 чааһа)

K
edersaas.ru Категорията суох
31.03.2021 19:00
Хабаровскай пуордугар Дьокуускайдаары регистрацияланан баран мунньар хоско хаһан ыҥыралларын кэтэһэн олордум. Ол олордохпуна, эдэрчи киһи аҥаар атаҕын соһон, иэҕэҥнээн хааман кэлэн аттыбар олордо. Саха сиэринэн хантан сылдьарбын, киммин сураста, оннук билистибит. Хамнаспын күрэтэн, массыына көрдөөн баран сөптөөх массыына булбакка, төннөн иһэбин диэтэ. Мин ону сэргии истэн, ол оччо хамнастаах туох үлэһит киһигиний? диэн туоһуластым. Киһим ыарахан соҕустук өрө тыынан баран, киһи киһиэхэ мээнэ кэпсээбэт үлэтин үлэлээн кэллим диэтэ. Ол кэннэ өр саҥата суох олордохпутуна, накопитель диэн ааттыыр хосторугар ыҥырдылар. Биһиги дьону батыһан, кутуйах хаамыытынан сыҕарыйан, киирэр ааҥҥа чуга­һаан истибит. Иһирдьэ киирбиппит, кэҥэс соҕус хос эбит, уһаты-туора ыскамыайка эрэ дэлэгэй. Аргыһым сэргэстэһэ туран хаптаҕай пилээгэни хоонньун сиэбиттэн таһааран, иһэҕин дуо диэн утары уунна. Мин аккаастанан, баспын быһа илгиһинним. Киһим таас кэмпиэти ­эмэрдии, амтаһыйа-амтаһыйа истэ уонна тыастаахтык эрийэн, хаппахтаан баран, хоонньун сиэбигэр күндү баҕа­йытык уктан кэбистэ. Эмиэ ыскамыайкаларынан тарҕаһан олордубут. Киһим мин аттыбыттан олох арахпат, кэлэн эмиэ аттыбар олорунан кэбистэ. Сөп буола-буола пилээгэтин хостоон эмэр. Дьэ сыаналаах ханньаахтан аккаастанныҥ, мааҕын хамандыырым күндүлээн бэрсибитэ. Мин, сэриигэ сылдьан хамнастаммыт эбит диэн элэс санаан ыллым. Аны сөмөлүөппүтүн биир чаас эбии кэтэһиннэрэр буоллулар. Кэтэһэр дьон суугунаһа түһэн баран, уоскуйа быһыытыйдылар. Киһим айаҕа аһыллан, ону-маны кэп­сиирэ, ыйытара элбээн барда. Ол олорон бириэмэ атаараары, бэйэтиттэн утары ыйыталаһан бардым. Сэриигэ сырыттыҥ дуо? Төһө киһи тыыныгар турдуҥ? эҥин диэн соруйан өһүргэтэрдии ыйыта­ластым. Киһим өһүргэнэн да бэрт, хата, ол сэ­­риигэ сылдьыбыппын хантан биллиҥ эҥин диэн ыйытар. Аргыһым устунан бэ­­йэтин олоҕун кэпсээн барда. — Күһүн аармыйаттан кэлэн баран кыра тэрилтэҕэ хачыгаардыы киирбитим. Ол тэрилтэбэр уонтан тахса сыл хачыгаардаабытым, дьиҥэр, бэрт үлэ этэ. Хамнаһа да үчүгэйэ. Улахан хочуолунайдартан кыранан аҕыйах хамнаһы аахсарым. Быраага диэн муода кэлиэн иннинэ, төһө да истэрбин, этэҥҥэ оһохпун отто сылдьыбытым. Ол кэмнэргэ саамай көрсүһэр, аһыыр кэммит этэ. Уолаттарбыттан, ким кэргэн ылар, ким эрэ оҕолонор ол сууйуута, үөрүүтэ-көтүүтэ буолар этэ. Онно аһыы утахпытын быраага солбу­йара. Итии-сылаас оһохтоох буоларым быһыытынан, мин котельнайбар бы­­рааганы туруорар этибит. Онно да мустан аһыырбыт. Дьэ биир уочараттаах үөрүүгэ-көтүүгэ үөрүү буруйдааҕын дьиэтигэр оҕо сууйаары муһуннубут. Мин оһохпун от­­туом эрдэ, үс чаас курдук баара. Саатар өрөбүл күннэр этилэр. Чэ, кыратык исиһэ түһэн баран оһохпун оттуом дии са­­наатым. Биһиги кэпсээммит баһаам буолар этэ, хас күн аайы көрүстэрбит да. Ол олорон, олох сүтэн хаалбыппын. Быраага эмискэ итирдэрин онно билбитим. Арай уһуктан кэлбитим, ким да суох, бары тарҕаһан хаалбыттар. Быраагабыт иһитэ кураанахсыйан остуол анныгар иҥнэри сытар. Мин оһохпун өйдүү түһээт, ойон турдум да таҥна таҥнабын таһырдьа тахсан иһэн истиэнэҕэ ыйанан турар чаһыны хараҕым кырыытынан элэс көрөн ыллым уонна испэр уоскуйа санаатым.
Ээ бэрт, оттор кэмим чугаһаабыт эбит диэн санаалаах, хачыгааркабар сүүрдүм. Ыраахтан хачыгааркабын кыҥастаһа иһэбин. Аана аһаҕас дуу, дьоннор киирэллэр-тахсаллар, аттыгар массыына турар. Ха, туох буолбутуй дии санаан, сүрэҕим ытырбахтаан ылла. Чугаһаан кэлбитим, кырдьык, ааным аһаҕас, хачыгаар уолаттарым хаһыытаһа көрүстүлэр. “Хайа да, бу киһи туох буолаҥҥын котельнайгын, дьиэҕин тоҥордуҥ. Сэбиэдиссэйиҥ дьиэбэр кэлэ сырыттын диэтэ” дии тоһуйдулар. “Па, олох барыта тоҥмут” эҥин дэ­­һэллэр, уу саппыкынан хочуолунай муостатыгар мууһуран эрэр ууну чаллырҕаччы тэпсэ сылдьаллар. Мин билигин да биир күнү сүтэрбиппин олох итэҕэйбэккэ турабын. “Хата, оһох хайа тоҥо илик”, — диэн биир уолум быһаарда. Көрөн туруом да, буруйдаах киһи быһыытынан, таҥаспын да уларыттыбакка, көмөлөһөн бардым. Таһырдьааҥҥы турбалартан киирии турба хайа барбыт, иһирдьээҥилэр этэҥҥэлэр диэн саамай саастаах хачы­гаарым саҥаран-тыынан бурҕаҥнаата. Туох буолбутун сүүрэ-көтө сылдьан уолаттарбар кэпсиибин, уолаттарым хайыахтарай, биир күммүн сүтэрбиппин истэн күлсэллэр эрэ. Хата табаарыстарым көмөлөһөн, паяльнай лаампалары аҕалан, бэнсиин, турба булан, хата дьиэни, оһоҕу өрүһүйбүппүт. Үлэбиттэн уһуллан, куоракка үлэ көрдүү киирбитим. Үлэ булбакка сылдьан, аармыйаҕа бииргэ сылдьыбыт уолбун көрсө түстүм. Уолум старшай прапорщик званиелаах, синиэл кэтэ сылдьар. Дембеллэнэрбитигэр ик­­киэн сержаан чыыннаах этибит. Погуонун көрөн ыйыппытым, киһим аармыйаҕа Читаҕа ханнык эрэ чааска сулууспалыы сылдьар эбит, хантараак түһэрсэн. Ол күн бииргэ сырыттыбыт, киһим үлэтин туһунан кэп­сээн тахсар, үлэтин эмиэ да сөбүлүүр, эмиэ да сөбүлээбэт курдук тыллаһар. Атаһым арахсаары туран, «үлэ булбатаххына, байаҥкамаакка тиийээр, үлэни хайаан да булуоҥ» диэн илии тутуһан баран, “мин өйүүн онно тиийиэхтээхпин, толкуйдан өйүүҥҥэ диэри, хата иккиэн бииргэ сылдьыахпыт” диэн баран көҥдөй маһы тоҥсуйбут курдук күлэн күһүгүрэттэ. Бу маннык доҕолоҥ буолар быабар миэхэ сөптөөх үлэ көстүбэтэҕэ. Өйүүнүгэр тиийбитим, киһим көрүдүөргэ хаамыталыы сылдьар эбит. Көрөөт үөрэн, кыараҕас хараҕа симиллэн хаалла. “Дьэ бэрт” диэн баран, “манна киириэххэ” диэт, биир хос аанын сэгэтэн, холуода уонна аан икки ардыгар төбөтүн уган, “били кэпсээбит атаһым кэллэ” диэтэ. Хос иһиттэн “киллэр-киллэр” диэн сахалыы саҥа иһилиннэ. Майор званиелаах, муннун анныгар хойуу бы­­тыктаах, саас ортолообут, кэтит сирэйдээх, сырдык хааннаах саха киһитэ олорор эбит. Аармыйаҕа ханна сылдьыбыппын, дойдубар кэлэн тугу үлэлээбиппин, тоҕо бараары гыммыппын туоһуласта. Мин сир уларытаары диэн, ыйыппыт ыйытыктарыгар барытыгар эппиэттээтим. Мэдиссиинискэй хамыыһыйаны ааһа охсоот, дьэ оннук Читаҕа барар буолан хааллым. Праапар атаһым уоппуска кэнниттэн тиийиэх буолан, истиҥ илии тутуһуулаах араҕыстыбыт. (Күндү ааҕааччым, аргыһым кэпсээбитин тугу өйдөөн хаалбыппын кэпсии сатыаҕым. Кэпсээнньит аргыспын аатын, дьүһүнүн олох таһыччы умнан кэбиспиппин.) Анатолий ГАБЫШЕВ-УРУТ. (Салгыыта тахсыаҕа).
edersaas.ru сайтан