Кэпсээ
Войти Регистрация

Ынах ытаабыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Ынах ытаабыта

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
20.08.2020 16:18
Саас барахсан сылаас салгына сыа хаары хараарда оҕуста. Ол хаартан орпута чалбах буолан, сир иэнин көнө ньууругар чаалыйан сытта. Күн көрөр күүһүттэн тула баар барыта тыыллан-хабыллан тылларга барда. Дэриэбинэ иһигэр мутукча дыргыл сыта, түптэ буруота сааскы астык арамаат буолан тунуйда. Ойуур иһэ хамсыыр харамай, көтөр-сүүрэр уһуктар күйгүөрүнэн туолла. Аҕыс ый тухары сииктээх хотоҥҥо хам баайыллан турбут сүөһү барахсан кырдалга тахсан саҥардыы бытыгыраан эрэр күөх оту минньигэһиргэтэ сиэтэ, көҥүл көччүйэн сүүрэкэлээтэ. Дэриэбинэ ыала төрүөх ылан, үрүҥ илгэни үрүлүттүлэр, хотону, хаһааны ыраастаан түбүгүрдүлэр. Маннык бэйэлээх чаҕылхай, ыраас күҥҥэ таах олорооччу суох буолла. Саппаҕырыы, санньыйыы киэр үтүрүлүннэ. Бу кэмҥэ, Ньукуоланы баттаһа, дэриэбинэ биир ыалын тиһэх ынаҕа төрөөн хаһаайыннарын үөртэ. Туҥуй сүөһү бастакы төрүөҕүн, оҕус ньирэйи, уулааҕынан-хаардааҕынан бурулучу көрөн, манньыйбычча ис-иһиттэн ыҥыранан ыла-ыла, ньолбооруччу салыы турда. Бу Борокуоппайаптар диэн ыал мааны тыһаҕастара Кыыстара этэ. Хотоннооҕу сүөһү бары таска таһаарыллыбытын кэннэ кини эрэ хаалан хотон дьаарыттан босхоломмокко турбута. Туох эрэ буолуохтааҕын ис-иһиттэн сэрэйэн, таайан долгуйа кэтэһэрэ. Кэтэһиилээх кэмэ кэлбитигэр айылҕата таайан түллэҥнии түспүтүгэр ити будьурхай түүлээх оҕото котоку ньылбырыс гынан хаалбыта. Ийэ буолбут тыһаҕас онтуттан соһуйбуттуу күлтэччи көрбүтэ, онтон оҕотун салаабытынан барбыта. Тиҥиргэччи тэбэр сүрэҕин иһигэр ийэ оҕоҕо сылаас таптала уһуктубутун билбитэ. Сэниэтэ суох тура сатаан ырычаахтаһар оҕусчаанын туруора сатаабыттыы муннунан үтүөлээбитэ. Анарааҥҥыта байааттаҥнаан ылаат, ньахчас гына сууллан түспүтэ. Кыыстара бу күнтэн ыла иэтэр буолбута. Маҥнай ыарыылаахтык тардыалыылларын абааһы көрөн, тэбиэлэнэн ахан биэрэрэ. Кэлин үөрэнэн кымаардаабат да буолбута. Киэһээҥҥи ыамҥа киирэр ынахтар саҥа төрүөҕү атыҥыраабыттыы көрбүттэрэ. Туора Муос диэн кырыктааҕынан биллэр эдэрчи ынах эмиий көрдөөн тэйиэккэлии турар оҕусчаанын хаста да муоһунан силэйбитэ. Кыыстара оҕотун көмүскээн, туора турунан кэбиспитэ уонна абааһы көрбүтүн биллэрэн, ыҥыранан ылбыта. Туора Муос онтон уордайан Кыыстараны ыарыылаахтык кэйбитэ. Салгыы туох буолуо эбитэ буолла, хата, Утумнуур диэн, хотоҥҥо баар сүөһүттэн саамай кырдьаҕас ынахтара, киирэн иһэн киэбирээччини оннун булларбыта: аналлаах миэстэтигэр ааһан иһэн Туора Муоһу туора силэйбитэ. Туора Муос онтон абаран: «Бэйи, киэбирэн көрүҥ. Ынах эрэ оҕолоох баҕайыта. Итинтилэргит син биир эһиил идэһэ буолуохтара. Дьэ, оччоҕо көрүөхпүт, ким киэбирэр эбитин», — диэн саҥа аллайбыта уонна кыайбыт-хоппут курдук туттан тыһы тарбыйахчаанын салаан барбыта. Кыыстара ити этиллибити ситэри өйдөөбөккө Утумнуур диэки көрбүтэ. Анарааҥҥыта аахайбатахтыы чолох гыммыта. Ол эрээри саастаах ынах санааҕа баттаппыта, дууһатын кылын таарыйтарбыта харахха быраҕыллара. Ити итинэн ааспыта. Кыыстара таһырдьа тахсар кэмэ кэлбитэ. Уһун кыһыны быһа улугурбут сүһүөхтэрин хамнатан, сүүрэн ылбыта, оттомо суохтук ойуоккалаабыта. Ону атын сүөһүлэр сүөргүлээбиттии көрбүттэрэ. Сорох-сорохторо иэдэс биэрэн, кынчарыйан ылбыттара. Кыыстара көй салгыны түөһүн муҥунан эҕирийээт «пуус» гына тыыммыта. Хаһаайыннара дал аанын аһан барыларын таска үүртэлээбитэ. Кыыстара былырыын көччүйбүт сирдэрин
ахтыбыттыы одуулаабыта. Түөһүн иһигэр өрө мөхсөр сүрэҕэ кинини ханна эрэ ускайдыыр курдуга. Ол — үөһээ кырдал көстөрө этэ. Ити кырдалга Макаараптар диэн үгүс сүөһүлээх ыал олороро. Кинилэр Ноко диэн ааттаах кэтии-ит да кэтит сүүстээх оҕус тыһаҕастаахтара. Буп-будьурхай түү быыһынан көрбүт өһөс хараҕы Кыыстара кыһыны быһа ахтыбыта. Уулуу киирэригэр бүгүн хайаан да көрсүөм диэн толору дьоллоох ыыс-быдаан тымныыга сүүрэрэ. Ол эрээри түгэн булан көрсүбэтэҕэ. Арааһа, уулуур кэмнэрэ атын быһыылааҕа. Уһун кыһыны быһа ааспыт сайын үтүө түгэннэрин: Ноколуун сыһыы устун сырсыһа оонньообуттарын, күөх кырдалга ойуоккалаабыттарын санаа ымыыта оҥостон кыстаабыта. Бүгүн көҥүлгэ тахсаат, ол санаалара халыйан кэлбитин этинэн-хаанынан билбитэ. Үрдүк кырдалын көрдө-көрбүтүнэн кыл тыынынан түһүнэн кэбиспитэ. Кэннигэр Утумнуур ыҥырана халбыта. Кыыстара сүүрэн бөтөрөҥнөөн ыал тэлгэһэтигэр кэлбитэ. Кэннигэр сүөһүлэр айаатыыллара иһиллэрэ. Иннигэр Ноко үөр сүөһүлэрэ хаамса сылдьаллара. Кыыстара тулатын чолойо-чолойо одуулаһа сатаабыта да тапталлаах оҕуһа көстүбэтэ. Отой атын сүөһүлэр мэччийэ сылдьаллара. Ыксаабыт ынах ис-иһиттэн эҥсэн, ыҥыранан ылбыта. Ол эрээри ким да хоруйдаабатаҕа. Кыыстара эмискэ олбуорга туох эрэ хараара ыйанан турарыгар хараҕа хатаммыта. Сүрэҕэ бэрт дьиктитик нүөлүйбүтэ. Туох эрэ амырыын хартыына хараҕар хатаммытын ис дууһатыттан сэрэйбитэ. Сэрэниин-сэрэнэн чугаһаабыта... Будьурхай түүлээх тирии тиирэ тардыллан сараадыйан турара... Кыыстара эмискэ халыйан кэлбит хараҕын уута өрүһүлтэтэ суох иэдэһин устун сүүрбүтэ. Ол курдук соҥуоран туҥуй ынах өөр-өр турбута. Кини ынах сүөһү аналлаах хобдох дьылҕатын билэр кыаҕа суоҕа. Билбэтэ кини будьурхай түүлээх кыракый оҕусчаана хаһан эрэ эмиэ идэһэ буолан олоҕун түмүктүөн... Ол курдук санаата түһэн ытыы турбута эдэр ынах... М.ИВАНОВА.
kyym.ru сайтан