Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сарыал кэпсээннэрэ (Уларыта тутуу кэмин оҕотун кэпсээннэрэ)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сарыал кэпсээннэрэ (Уларыта тутуу кэмин оҕотун кэпсээннэрэ)
K
edersaas.ru
Категорията суох
30.03.2021 18:00
Нина Николаевна, ис киирбэхтик мичээрдээн, кыһыл кѳмүс илин тиистэрэ килбэчийбитэ. Бастакы уруок, нуучча тыла, бүтэн эрэрэ. Учууталбыт дьиэбитигэр “Я” диэн темаҕа ѳйтѳн суруйан кэлэрбитигэр сорудахтаабыта. Бэйэбит туспутунан суруйуохтаахпыт. Интэриэhинэй сорудах. Атын уруоктарга бүгүн бэриллибит дьиэтээҕи үлэлэртэн кэрэхсэбиллээх. Оскуолаттан кэлэн, эбиэттээн баран, от күөх араамалаах “Урал” бэлэсипиэппинэн тырылатан, килиэп ыла Аллараа Дэриэбинэҕэ бардым. Үөһэ, быраан тэллэҕэр, Бэскэ олорооччулар, бөһүөлэк киинин итинник ааттыыбыт. Лааппыттан кэлэн иҺэн аара Шарин Арсен уонна Воеводин Спартак кыраккыы оонньуу сылдьалларын кѳрѳн, тохтоотум. Бастаан сүбэ-ама биэрээччи буоллум. Онтон, Спартак кыайтаран туораабытыгар, оонньуу киирдим. Шаринныын сыарҕа ылаҕыныы тэбис-тэңник бырахса турдахпытына Артур Неустроев тиийэн кэллэ. Аны, иккилии киһилээх хамаандаларга арахсан, Арсен биһикки Артурдаах Спартагы утары киииристибит. Астына оонньоон, биһиги хамаанда уопсай ахсаанынан баһыйан, алта чаас диэки тарҕастыбыт. Тиэргэммэр киирэрбэр, бѳдѳҥ, кугас Абрек диэн ыппыт кутуруга эймэҥэлии кѳрүстэ, утары сүүрэн кэллэ. Саһарчы буспут бухааҥкаттан ойо тутан ылан бэристим уонна: “Абрек, Бобигыҥ ханнаный? Тоҕо кѳстүбэтий?” ‒ диэн ыйыттым. Абрек ѳйдѳѳх саһархай харахтарынан кѳрѳн кэбистэ: “Моҕотойдуу ыстаммыта»,− диэҕин баҕарда быһыылаах. Ытым арҕаһын хойуу түүтүн имэрийэн ыллым уонна дьиэбэр киирдим. Ийэм үлэтиттэн ѳссѳ да кэлэ илик. Мааҕыын, сарсыарда, бараары туран: – Субуотаҕа кулууппутугар биэчэр ыытабыт. Концертаах. Настя Варламова, Дима Шергин, Петр Орлов, Вова Шарин уонна да атыттар кыттыахтара. Сценаны киэргэтиэхпит. Эбиэккэ бэйэҕит чайдаарыҥ. Мин Людалаахха эбиэттиэм. Баабысынайга кэлиэм, – диэбитэ. Ийэм тѳрѳѳбүт дойдута ̶ Аанньаах Заречнай диэн бөhүөлэгэ. Онон кини билигин да “соҕуруулуу” саңарар.” «Баабыhынай” диэн түѳртүүр чэйи этэр. Кѳстүрүүлэни “куубук” диир. Оччоҕо аҕам күлэр: “Туох “кубигын” этэҕин?” Сотору буолар концерка Варламова кыттарын истэн, сүрдээҕин үѳрдүм. Кини ырыаларын оҕо эрдэхпиттэн таптаан, абылатан истэбин. Ийэм Анастасияны сотору куоракка кѳhѳн киириэн баҕарар диэн эппитигэр, хомойо санаабытым. Мааҕыын, эбиэттии олорон, аҕам үлэтин сонунун кэпсээбитэ. Кини сопхуос охотоведа. Мин оскуолам сонунун: бээтинсэҕэ ыытыллыахтаах комсомол лензачетун, бүгүн алгебраҕа “түѳрдү”, историяҕа “биэһи” ылбыппын кэпсээбитим. Эбэм Феня (аҕам ийэтэ) Хобороос диэтэхтэринэ сѳбүлээбэт. “Пиэнньэбин” диир. Кини ийэбиниин биирдэр. Дьүhүннэринэн буолбатах, тутталларынан-хапталларынан, майгыларынан. Иккиэн сүрдээх эрчимнээхтэр, кыайыгас-хотугас туттуулаахтар. Судургутук эттэххэ, дьаhабыллаахтар. Кинилэр сатаабатахтара диэн суох. Υнүр, уот барбытыгар, умайбыт предохранители эбэм бэйэтэ уларыппыта. Онтон, ийэм кэлэн, репетиция туhунан кэпсэтэ олорон: “Уопут суох”, — диэбитэ. – Уоппут суох даа? Тыый, кулуупка эмиэ уот барбыта дуо? – эбэм, аҕабар итии чэйи кутан буруолата олорон, сэңээрбитэ. – Элэктириичэстибэ баар, барбатаҕа. Опыт суох, саңа кыттааччыларбытыгар. Сценическэй култууралара намыhах. Микрофону кѳрѳ-кѳрѳ куттаналлар. Хотя, ыллыыр, сыаҥкаҕа кыттар баҕалаахтар эрээри, – ийэм “бодуруобуна” быhаарбыта. Киэһэ, “Время” биэрии саҕаланыан иннинэ, дьиэҕэ үлэбин, ѳйтѳн “Я” диэн суруйуубун саҕалаатым. Саҕаланыытын соччо ыарырҕаппатым: “Меня зовут Сарыал. В этом, 1985 году, мне 14 лет. Недавно
вступил в ряды ленинского комсомола». Салгыы бэйэм хоббим уонна дьонум: ийэм, аҕам, эhэм, эбэм, эдьиийдэрим Сонялаах Рита тустарынан начаас суруйан тырылаттым. Соня, улахан эдьиийим таптаан ааттыырбытынан Суоппушка, Магадааҥҥа пединститукка иккис кууруска үѳрэнэр. Рита быйыл оскуоланы куоракка бүтэрэр. Эдьиийдэрим иккиэн бэйэ бэйэлэрин сүрдээҕин маарыннаҺаллар: иккиэн курбуу курдуктар, баттахтарын ѳңѳ хойуу, хара кофе курдук, сирэйдэринэн, эбэм этэринэн, “Мѳлѳкүүрэптэр диэкилэр”. Ити аата, сиэн кыргыттара кини курдуктарын бэлиэтиир. Эбэм Винокурова диэн, кини эһэбит араспаанньатын ылбатах. Тоҕо диэтэххэ, эһэбинээн уонча сыл бииргэ олорон баран биирдэ саахсаламмыттар. Онно “билигин кэлэн дуо?” диэн, араспаанньатын уларытыан баҕарбатах. Ийэм: “Кыргыттарга паапабыт геннэрэ баһыйбыттар”, ‒ диэччи. Суоппушка – эбээтин оҕото. Хайыай, маҥнайгы сиэнэ буоллаҕа. Кыратыгар Соняны кимиэхэ да мѳхтѳрбѳтѳ үhү. “Окообун саҥарымаҥ, бэйэтэ да ѳйдүѳҕэ!” − диирэ үhү. Ону ийэм бастаан утаа: “Оҕону атаахтатаҕын”, − диэн кѳрбүт. Онтон, эбээ муудараhыгар эрэнэн, буойбат буолбут. Рита – “папина дочка”. Бэл, кустуу, куобахтыы барсар этэ, мин кырабар. “Кыыскын уол курдук батыhыннараҕын, булка, балыкка илдьэ сылдьаҕын”, −диэн, ийэм, сороҕор, сѳбүлээбэтин биллэрэн ботугурааччы. Аҕыс сааспыттан булка-балыкка мин сылдьыhар буолуохпуттан, Рита дьиэҕэ хаалар буолбута. Мин – маама оҕотобун. Саамай кѳмүскэhээччим, таптааччым — кини. Эhэбит Байбал Сиркуоп кими да “мин оҕом” диэбэт, барыбытын тэҥҥэ таптыыр. «Сиэннэрим барахсаттар, чыкырыктарым, чыычаахтарым», − диир, хам кууhан сыллаталыыр. Оччоҕо бытыгырас бытыга тэhитэ кэйэр, кычыгылатар. Ѳйтѳн суруйуум түмүгэр ыттарбыт Бобик уонна Абрек тустарынан кыбыттым. Онтон дьоммор тугу кыайарбынан кѳмѳлѳhѳрбүн, иллэң кэмңэ тустуунан дьарыктанарбын уонна «Малая Земля» кинигэни ааҕа сылдьарбын кылгастык аҕынным. “Люблю уроки химии и биологии. Хочу стать дендрологом, изучать леса своего края” диэн үлэбин түмүктээтим. Дьиэҕэ үлэбин, санаабар, бэркэ толорон, астынным уонна дуоhуйдум. “Делу – время, потехе – час!” − диэн саҥа аллайдым, тэтэрээппин суумкабар уктум уонна кинигэ ыскаабыттан, аллараттан иккис полкаттан, “Вокруг света” сурунаалы ылан, ороммор тиэрэ түстүм. Сурунаал илиистэрин арыйталыырым быыhыгар: “Кѳр, ити бэртээхэй сорудах эбит. Арай, ити үлэбин салгыыр кэриэтэ интэриэhинэй диэбит түбэлтэлэрбин сурунан истэхпинэ, “для себя”?” − диэн толкуйдаатым. Туой сирэйдэр “Всегда можно отыскать что-то интересное и увлекательное в жизни”. Валентина Волина, педагог-новатор Эдьиийим Соня миигиттэн алта сылынан аҕа. Кырабытыгар миигин уонна Ританы кѳрѳрѳ, бодьуустаhара. Биирдэ сайын (ол биэстээхпэр этэ) таhырдьа оонньуу сылдьыбыппыт. Ичигэс тыал дѳрүн-дѳрүн күдьүс балаhанан кэлэн ааhарыгар олбуорбут кытыытыгар үүнэн турар хатыҥнар лабаалара нуоҕалдьыhан ылаллара. Ѳндѳл халлааҥҥа итир былыттар кыhалҕата суох усталлара, хараҥаччылар салгыны тыаhа суох тыыран, тѳттѳрү-таары кѳтѳллѳрѳ. Илин кэриигэ саҥа кѳппүт оҕолорун үѳрэтэн, тураахтар айдаараллара иhиллэрэ. Аҕабыт булуус оҥороору кыладыапка кэннигэр оҥкучах хаhан саҕалаабыта. Ол онтон эдьиийдэрбин кытта туойу ылбыппыт. Биhиги үhүѳн бэркэ кыhаллан туойунан дьон сирэйдэрин үтүгүннэрэн, ытыс саҕа, монгуоллар мааскаларыгар
дылы моhуоннаахтары оҥортоон, олбуор баҕанатыгар сыhыаран оонньоон барбыппыт. Биир сирэйи оҥорон баран, сыhыараҕын, кыратык тэйэ түhэҕин. Одуулаан, чочумча тураҕын. “Тээк,тээк, Боря (эбэтэр Слава) сирэйин курдук, мунна эрэ кыратык атын”,− диигин. Кыҥнаҥнаан кѳрѳ-кѳрѳ аа-дьуо чугаhыыгын, барбах тугун эмэ кѳннѳрѳ түhэҕин. Онтон эмиэ, саҥа туой ылан, имитэн-хомутан, атын сирэйи оҥорон бараҕын. Оннук, эбиэккэ дылы баҕанабыт эҥин араас “сирэйдэринэн” “киэргэммитэ”. Мин оҥоhуктарым карикатура курдук этилэр да, санаабар, сүрдээх ис киирбэхтэрэ. Рита киэннэрэ арыый намчы, “киhилии” этилэр. Оттон Суоппушка мааскалара скульптор чочуйбут оҥоhуктарыныы, “дьиҥнээх сирэй курдук” этилэр. − Оҕолор, дьиэҕэ киириэҕиҥ, − балачча кэм ааспытын кэннэ Соня, ытыhыттан туойу мас сыыhынан кыhыйа туран эппитэ. Сыыҥкабай баалынайга баар үнүр түhэн курулатан ааспыт ардах уутуттан кырыыҥкаҕа сомсон ылан, таhырдьа турар тимир урукумуонньукка кутан, мыылаланан илиибитин сууммуппут. Ол түгэни билигин да саныыбын: урукумуонньуктан дьэҥкир уу сүүрэн, хонноҕум анныгар диэри барар, илиим ырааhырбытыгар сирэйбин суунабын, уу бырдаҥалыыр, эдьиийдэрим күлсэн лыҥкынаhаллар, олбуорга аhыҥа кынатын сытыылаан сырдырҕатар. Оттон тэйиччи, баҕанаҕа, араас «сирэйдэр» сыстан тураллара кѳстѳр. Дьоммут үлэлэриттэн кэлбиттэригэр, ол туой оҥоhуктарбытын кѳрдѳрбүппүт. Ийэм кэрэхсээбитэ, хайҕаабыта. Арай, аҕам тоҕо эрэ соччо сѳбүлээбэтэҕэ. Тылын тамаҕыттан иhиттэххэ, айыырҕаабыта быhыылааҕа. Киэhэ маарка оонньуу тахсыбыппыт, оҥоhуктарбыт мэлийбит этилэр. Баҕаналарга «мааскаларбыт» сыстан турбут суоллара эрэ хаалбыт этэ. Оҕолор бары олус хомойбуппут. Рита олбуорга хаҥас харытынан сыстан, илиитигэр сүүhүн ѳйѳѳн туран, ытаан санна ыгдаҥнаабыта. Суоппушка кинини тѳбѳтүттэн имэрийбитэ уонна улахан киhилии: − Маргарита, ытаан бүт. Итиннээҕэр ѳссѳ үчүгэйи оҥоруохпут. Рита, аhыннаттаран, ѳссѳ күүскэ ытаабыта уонна: − Син биир алдьатыахтара…− диэн бѳтүѳхтээбитэ, онтон арыый уоскуйан сырдык күѳх, бытархай ойуулаах сиидэс былааччыйатын тэллэҕинэн хараҕын ньуххаммыта. − Суох, кѳрдѳрүѳхпүт суоҕа. Ууруна сылдьан, бэйэбит эрэ кѳрүѳхпүт буо…− эдьиийим балтын кулгааҕар иhиллэр-иhиллибэттик ботугураабыта… Соня сирэйэ улахан киhилии боччумурбут этэ. Туойунан аны кыыллары: тииҥнэри, куобахтары оҥорбуппут. Хатаран баран гуашь кыраасканан кырааскалаабыппыт. Билигин, сервааҥҥа фарфор статуэткалар быыстарыгар турар туой куобахчааммытын көрдөхпүнэ, кыра эрдэҕинээҕибин санаан ылабын. Сарыал “Бэйэтин аата хайа да киhиэхэ саамай кэрэтик иhиллэр”. Дейл Карнеги, психолог. Ааппын дьон дьиктиргии истээччи. Бөhүөлэкпитигэр итинник ааттаах соҕотохпун. Икки Ньургун, биир Дьулустаан бааллар, мин саастыылаахтарбыттан. Айаал, эдьиийим Суоппушка кылааҺынньыга, чугастааҕы ыалбыт орто уола, устудьуоннуур. Оҕо саадыгар Мичил, Кэскил диэн моторуспут уолаттар бааллар. Уоннааҕы уолаттар судургу ааттаахтар. Ол аата нууччалыы эбэтэр омуктуу. Биир киэҺэ ийэбиттэн тоҕо итинник ааттаахпын ыйыттым. Онуоха кини чакыр харахтарынан, Сабыйа Баай Хотун кыра уолун Үрүң Уоланы тонолуппакка кѳрбүтүнүү, болҕомтолоохтук сирэйбин одууласта уонна: “Сиэркилэҕэ бэйэҕин көрүммүтүҥ дуо? Эйиэхэ итинтэн атын аат барсыбат», ̶ диэтэ. Уонна мичик гынна. Өс киирбэх, аан дьиэҕэ турар сырдык араҕас лааҕа кылбайар купе-ыскаап сиэркилэтигэр чугаһаатым. Ол тугум ураты буолан, Сарыал диэн
ааттаммыппын көрө-билэ охсуохпун баҕардым. Сиэркилэттэн уҥа кулгааҕын анныгар кыра хатаала кытаран көстөр, ломпойбут муруннаах, мэрдьэгэр соҕус (аҕам курдук) хаастаах, сырдык бороҥ харахтаах (эhэм Байбал, ол иhин, кырабар Чаҥ Харахчаан диэн таптаан ааттыыр этэ), обургу сэҥийэтэ иннин диэки кэлбит (дьиҥэр, энньэгэр буолбатахпын, ити көстүүтэ эрэ), сиэгэн тириитин түүтүн курдук ѳңнѳѳх баттахтаах уол көрөн турара. …Үнүр Иван Гоголев “Хара кыталык” диэн арамаанын бастакы кинигэтин аахпытым. Онно, айымньы сүрүн дьоруойа, Хабырыыс, бэйэтин сиэркилэҕэ көрүнэрин өйдөөн хаалбыппын. Хабырыыс одууластаҕына, сиэркилэттэн эдэр киhи “өйдөөх харахтарынан оттомноохтук көрбүт”. Киhи бэйэтин, “мин өйдөөх харахтаахпын” дэнэрэ, төhө сөбө буолла? Оттон мин хайдах көрөбүнүй? Оо! Өhөстүк кыҥастаҺар эбиппин дии. Туохха эрэ хадаардаспыт курдук. Тоҕо интэриэhинэйэй?! Сүүhүм аннынан, сургуччу уонна… өhөстүк. Хаҥас санныбын иннин диэки туттан, ким эрэ, ханна эрэ соhон илдьээри гынарын утарсыах курдук көрүҥнээх турабын. Мэлдьи итинник сирэйбин туттарым буолуо дуо? Ээ, отой атыҥҥа аралдьыйдым. Тоҕо Сарыал буолбуппун көрүөхтээх этим дии! Сөө-өп. Баттаҕым кугас, хараҕым сырдык. Баттахпар уҥа түннүк шторатын быыhынан тыкпыт күн уота иилистэн хаалбыттыы оонньоото. Баттаҕым, хараҕым сырдаан кѳhүннүлэр. Ол иhин Сарыал диэбиттэр эбит. «Кыраҕар, мин маамам курдук, блондин этиҥ. Кэлин баттаҕыҥ арыый хараҥа оттеноктанна», ̶ диэччи ийэм. Ийэбинэн эбэм Эмма Карловна Кузьмина Заречнайга олорор. Заречнай ̶ Өлүөхүмэ куораты утары, Лена ѳрүс уҥа биэрэгэр баар бөhүөлэк. Хос эhэм Карл Новзияйнен Карелияттан тѳрүттээх үhү. Кини туhунан тугу да сиhилии билбэппин. Арай, сэрии иннинэ финн үспүйүѳнүн ускаҕынан норуот хаhаайыстыбатыгар буортуну оҥорбут диэн көскө утаарыллан кэлбит курдук кэпсэтэллэрин истибитим. Бастаан Новзияйнен Мухтуйаҕа мас кэрдиитигэр үлэлээбит. Сэрии кэнниттэн Заречнай бөhүөлэгин леспромхоhугар кэлбит. Онно хос эбэбин, Симузэр Асылгареевнаны кытта холбоспуттар. Хос эбэм дьонноро, Сайфутдиновтар, күтүөттэрин улаханнык атыҥыраабатахтар, туораппатахтар. Новзияйненнар, эбэм Эмма кэнниттэн, сааhыран баран, түөрт уончаларыгар, уолламмыттар. Таайым, Виктор Карлович Новзияйнен, ийэбиттэн уонча эрэ сыл аҕа. Билигин Омскайга олорор, автодорожнай институт доцена. Иллэрээ сыллаахха, сайын, таайым аахха Омскайга маамабын кытта бара сылдьыбыппыт. Омскайга самолёттан түhэн баран аэровокзалга киирбиппит. Онно сымнаҕас, кыhыл ѳҥнѳѳх искусственнай тирии тастаах олбохтоох ыскамыайкалары дьиктиргии кѳрбүтүм. Таайым вокзалга кѳрсѳн, куоракка таксинан тахсыбыппыт. Үс хостоох квартираҕа кэргэнинээн, икки уолунаан олороллор. Ол таайдарым, бѳдѳҥ, силтикичийбит уолаттар: «О, нащ брат северянин, Сарел!» − диэн миигин үѳрэ-кѳтѳ кѳрсүбүттэрэ. Урут, кырабар, үстээхпэр дуу, түѳртээхпэр дуу дьоннорун кытта Заречнайга кэлэ сылдьан миигин кѳрбүттэрин былдьаhа-былдьаhа кэпсээбиттэрэ, оччолорго «смешной пухлик» эбиппин ахтыбыттара. Буолумуна, кырабар этиргэн, пыллаашкы этим. Оттон ол кэлэ сылдьыбыттарын мин ѳйдѳѳбѳппүн, арай ѳйдѳѳбѳт тылбынан саҥара-саҥара күлсэр уолаттар миигин эр-биир кѳтѳҕүѳлүүллэрин, баттахпын имэрийэллэрин эрэ алах-былах саныыбын. Эмма Карловна эдэригэр оҕо саадыгар үлэлии сылдьан Кузьмин Илья Григорьевич диэн леспромхоз инженеригэр, саха киhитигэр, кэргэн тахсыбыт. Ийэм, онон,
“интернационал”. Кини, сотору-сотору, туох эмэ түгэнинэн туһанан, дьоннорун туҺунан кэпсиир идэлээх. Ол кэпсиирин кыра эрдэхпиттэн истэн улааппыт буоламмыт биhиги, оҕолор, “Саха сирин Украината” диэн ааттанар ѳлүѳхүмэтээҕи дьоммутун син билэбит. Оскуолаҕа киириэм иннинэ, оҕо саадыгар сырыттахпына, баспытааталым Анна Фомична «Сарыал Лучик» диэн таптаан ааттааччы, арыт “Пишиги Паашынайбыт” диэччи. Оттон мин бэйэбин, аҕам сахатын быhыытынан, саханан ааҕынабын. Аҕам Жирков Петр Павлович Сыымахтан төрүттээх. Миигин Сарыал диэн кини ааттаабыт. Ийэм эhэтин аатынан Карл диэҕин баҕарбыт үhү. Дьэ, хайалара да иннин биэрбэт үhү. Онтон, сүбэлэhэн баран, ийэм тэтэрээт илииhин ортотунан аҥаардаан 1 уонна 2 сыыппаралары суруйбут. Бастакы сыыппара Сарыал, иккис Карл диэн ааттар киэннэрэ үhү. Эдьиийим Ритаҕа, саҥа тылланан «тыллаах чыычаах» аатыра сылдьар «паапа кыыhыгар», талларбыттар. Рита икки аҥыы ѳрүллүбүт баттаҕар баанчыктара тэтэрэн, хааман туллаҥнаан кэлэн 1 сыыппаралаах лоскуйу тардан ылбыт. Аҕам үѳрэн ытыhын охсуммут: − Баар “биир”! Ол иhин мин оҕом аҕатын диэки буоллаҕа эбээт! Ийэм, хайыаҕай, сѳбүлэспит. Бастаан: “Сарелка”, − диэн кѳрбүт, ол эрэн «тарелка» диэни маарынныырдык иhиллэрин иhин Саарик диэҥҥэ уларыппыт. Үспүттэн Сааригым умнуллан, Сарыал буолбуппун. Миигин дьонум эhэтигэр дылы майгылаах дииллэр. Эhэм − аҕам аҕата − Байбал Сиркуоп, эдэригэр бэрт тэтиэнэх киhи эбитэ үhү. Кини туhунан элбэх сэhэн баар. Холобура, дьэ, маннык. “Ийээ, мааска аҕаллым!” “Охота до сих пор пользуется большим почётом среди якутов, и титул бульчут, охотник, выгодно отличается от балыкчит, рыбак”. В.Серошевский, этнограф Эhэм, Байбал кыратыттан булка сыстыбыт. Сүрдээх байанайдаах, баартаах. “Байбалы булт сырса сылдьар курдук”, — диэн кэпсэтээччилэр кырдьаҕастар. Арай биирдэ эhэм,оҕо сылдьан (уон үстээх — түѳртээх эрдэҕинэ үһү), тыаҕа туhахтарын кэрийэ тахсыбыт. Ол дьыл куобах дэлэйдик үѳскээн, күhүнүгэр Сыымах тулатынааҕы тыа иhэ туртаҥнас үhү. Дьон сохсолоон,туhахтаан, хотоноҕу хото бултаан бэркэ абыраммыт. Байбал эмиэ, үөлээннэхтэрин курдук, күн өрүү-өрүү ампаардаах астан аҕалардыы, үстүү-түөртүү табысхааны аҕала турар эбит. Арай биирдэ, киэhэлик, бэркэ үөрэн-көтөн дьэргэстэйдэнэн кэлбит. Сүгэhэрин балаҕан аанын аттыгар саайыллан турар көхөҕө ыйаан киирбит. Уоллара уоhа ыпсыбат гына ыртайан киирбитин көрөн, кэлиигэ бурдук сынньа турбут аҕата Соппуруон: “Баатыгарын, туhаҕыттан саhылы ылбыт буоллаҕа дуу?” ̶ дии санаабыт. Ол эрэн таhыгар быктарбатах, ыйыппатах. Ол оннугар уол ийэтэ Дьэлиэнэ: ̶ Хайа, тукаам, туох баарый? ̶ диэн ыйыппыт, мичимээрдээн баран. ̶ Ийээ, аҕаа, эhиэхэ мааска аҕаллым! ̶ уоллара сонунун төлө биэрбит. ̶ Тыый, хайалара биэрдэ? ̶ симии оhох холумтаныттан ылан, чох үрдүгэр дьэс чаанньыгын уура туран, кимнээх куосканы бэлэхтээбиттэрин Дьэлиэнэ чуолкайдаhыан баҕарбыт. ̶ Ээ, оттон ойууртан тутан киирдим эбээт. Көрүүй, куобахтарбын сүгэн, дьиэлээн истим. Быдараах Тумулун кэриитигэр кэлэрбэр, арай, ойдом тиит анныгар күрэҥ өҥнөөх мааска олорор. Бочугураhы туппут, түүтүн бурҕаппыт, сиэн тунайдыыр. Көрүүй,
миигин көрөн, көҥөнөн, көхсүн иhигэр киҥинэйэн, курдьугунаан сүр! Онтон маска ыттан, алын лабаатыгар олордо. Ол олорон миигин кѳрѳн эрилиҥнэтэр. Хараҕын уота сытыыта диэн! Ол эрэн, мин толлубатым, доҕор! Үгүhү-элбэҕи эргитэ саныы барбатым, курбар кыбынан испит чохорооммун сулбу таhыйан ылаат, кыыратты-ам! Көр, сымсата сүр, илин атаҕын тоhуйан биэрдэ эрээри, түөрэ бэрдэрдэ, лабааттан аллараа суулунна. Сиргэ тиийиэр диэри, ыстанан тиийэн, хабан ыллым. Куоскам ньааҕынаан бөҕө, туттарымаары, мөхсөрө күүhэ диэн! Нэhиилэ хам тутан, оройго сутуруктаатым. Уҥан нукус гынна, ону сигэнэн чороччу кэлгийэн, сүгэн аҕаллым. Бу, сонум сиэҕин тыҥыраҕынан хайа тардан кэбистэ эбээт! Дьэлиэнэлээх Соппуй сон тырыттыбыт сиэҕигэр кыhаммакка, таhырдьа ойбуттар. Тахсан көөртөрө, доҕоор, көхөҕө аарыма бэдэр хороччу кэлгиллэн баран, көрөн чоҕулуҥната олорор эбит эбээт! Көхсүн иhэ кырдьыгынас, кулгааҕын түүтэ хороҥнос. ̶ Нохоо, ити куоска буолбатах! Үүс диэн кыыл. Атыннык бэдэр дииллэр. Сүрдээх күүстээх. Хайдах кини эйиэхэ туттарбыта бэрдэй! ̶ Соппуруон сөҕөн, чыпчырынан эрэ кэбиспит. ̶ Тыый, бэдэр диэн бу баҕайы дуо-а?! ̶ уоллара соhуйбут. ̶ Оттон мин туох улахан мааскатай, хата, дьиэбэр илдьэн ииттиэм, хонууга күтэри туттарыам диэн тутан аҕаллым дии! … Ити кыhын Байбал ийэтэ бэдэр бэргэhэлэммит. Оттон Соппуруон уолугар тыаҕа араас адьырҕа кыыллар баалларын туhунан кэпсиир буолбут. Буолумуна даҕаны, аны сиэгэни көрөн, бэйдиэ сылдьар ыт диэн, бэдэри куоска диэн туппутугар дылы, тута сатыаҕа дии. Эhэм булка сылдьан түбэспит быhылааннарын туhунан итинтэн ураты, араас кэпсээн Сыымахха элбэх. “Били, Мөлөкүүр Байбал үүhү тутан киирбит дьылыгар”, “Байбал алтынньы ортотугар үрэх малыынньатыттан сэттэ умсааҕы биирдэ ытан ылбыт дьылыгар” эбэтэр “Байбал бѳдѳң тааhы тыаҕа таhаарбыт сыла этэ” диэн бириэмэ ориентирдара дэлэҕэ үөскүөхтэрэ дуо? Биир сыл дьыл кэмэ бытааннык уларыйан, халлаан ыкса күhүҥҥэ дылы сылаас турбут. Алтынньы ортото буолбут даҕаны, хаар түспэккэ, күѳл уута ситэ тоҥмокко турбут. Эhэм Байбал биир күн тыаҕа куобахха хааман биир эрэ куобахтаах дьиэтигэр тѳннѳн испит. Арай, үрэх кытыытынан хааман иhэн, кустар саҥаларын истибит. Кулгааҕа истибитигэр итэҕэйбэккэ, тохтуу түспүт. Иhиттэҕинэ, кус аймалҕана үрэх диэкиттэн иhиллэр эбит. Ол саҥа хоту барбыт. Тиийэн, үрэх үрдүттэн ѳҥѳс гыммыта, арай, доҕоор, үѳл кус үѳрэ болуот курдук ааллыы сылдьан, саҥа-иҥэ бѳҕѳ эбит. Байбал ньыкыс гынаат, үѳмпүтүнэн барбыт. Үрдүлэригэр, адьас чугас, отучча эрэ хаамыы кэлээт, наллаан хоhулаан баран, чыыбыhын тардан кэбиспит. Ытыллыбыт кустар кѳтѳн турбуттар эрээри, таптарбыт доҕотторугар кэлэн түhэ тураллар эбит. Ол аайы эhэм «туттартаан» иhэр эбит. Онон, ол күн сэттэ кустаах кэлэн (биирдэ ытан да буолбатар) «күhүҥҥү, хойукку кус рекордун» лаппа куоhаран, кэпсээҥҥэ киирбит… Бөдөҥ, 20-чэ бууттаах таас Боппуоктар ходуhаларын кытыытыгар өрдөөҕүттэн сыппыта үhү. Сэрии иннинэ Ядрихинскай Ньукулай диэн Фрунзеттан (Нам оройуонун нэhилиэгиттэн) сэниэлээх киhи кэлэ сылдьыбыт.
Ол тааhы кэрии диэки, түhэҕэр көтөҕөн, сүүрбэччэ хаамыыны сыҕарыппыта кэпсээҥҥэ сылдьар. 1950 сыллаахха, отуччалааҕар, Байбал ол тааска холоммут. Көтөҕөн илдьэн кэриигэ уурбут. Ол аата, алта уонча миэтэрэҕэ илпит. «Ядрихинскай рекорда» куоhарыллан, сыымахтар “биhиги да кыахтаах уоллаах эбиппит” дэспиттэр, үөрбүттэр. “Сэриигэ ылбыт бааhа мэhэйдээбитэ буолуо, тыаҕа таhаарыаҕын да сѳбѳ”, − диэбит Мэхээс кырдьаҕас. Эhэм бултуур дьарыгар уолаттарын уhуйан, аҕам уонна абаҕаларым , убайдарым бары булка сыhыаннаахтар. Оннук дьону “булт диэн баран муннукка ытаабыт” диэн уобарастаан этэллэр. Саамай булдунан мин аҕам үлүhүйбүт. Эбэм Пиэнньэ, дьиҥэ, аҕабын “эмчит буол” диэн сүбэлээн кѳрбүт. Аҕам ону истибэтэх, армияттан кэлэн баран Иркутскайга охотовед үѳрэҕин бүтэрбит. Эhэм бултууруттан ураты сүрдээх дьээбэлээх, оонньуулаах киhи быhыытынан биллэр. Ол сымара тааhы да дьээбэлэнэн сыҕарыттаҕа. Мин тугу эмэ дьээбэлэннэхпинэ, мэниктээтэхпинэ, кырдьаҕастар: “Ити эhэтин хаана оонньуур”, ̶ дэhээччилэр. Итинник, ону-маны эргитэ олорон, эмискэ тэhэ кэйдэрбиттии, “кыра кылааска үѳрэнэ сылдьан, кырдьык даҕаны. мэник-тэник соҕус эбиппин” диэн санаа киирдэ. Максим Ксенофонтов Хаартыска: http://vector-images.com
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан