Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: Ыт ыттыы олохтон ытырыык буолар

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: Ыт ыттыы олохтон ытырыык буолар

K
edersaas.ru Категорията суох
28.03.2021 17:00
Ыт барахсан, дьиҥинэн, айыллыбытынан ардай аһыылаах адьырҕа кыыл буоллаҕа. Ону Айыы Таҥара сир үрдүгэр Орто дойдуга олох умуллубат уотун оттуохтаах, уһун буруону унаардыахтаах икки атахтаахха – киһи диэн харамайга эрэллээх доҕор буол, кинилиин бииргэ сырыт диэн тыын уган, дьиэ кыыла ыстаатыстаан сиргэ түһэрбит. Инньэ гынан, оччоттон баччаҕа диэри, тыһыынчанан сыллары, үйэлэри уҥуордаан, иччитин кытта биир дьылҕаланан, илин-кэлин түсүһэн баччаҕа кэллэҕэ. Түөрт атахтаах эрэллээх доҕоругар махталын бэлиэтин киһи аймах уос номоҕо оҥостор, ырыаҕа-хоһооҥҥо хоһуйар. Тыын харбас ыксаллаах түгэҥҥэ, хаһаайынын күөнүнэн бүөлээн өлүү айаҕар утары ыстаныа, кытыастар уот-төлөн быыһыттан эһээхэйи эһэ охсон куоттарыа, хара тыа аарыма кыылларын күөйэн-хаайан байанайы тосхотуо, быраҕан, хаалларан барбыт хаһаайынын сүтэрэн суохтаан, ахтан муҥнаныа… эрэллээх доҕор, атас, ыт барахсан… Ыт ыттыы олохтон, ыт дьоно ыттыы сыһыаннарыттан ытырыык буолар. Киэр хайыһыллан, таһырдьа быраҕыллан, киһилии тылынан бич, бомж балаһыанньаланан, дьэллик олохтонон, аччыктаан, хоргуйан санаата алдьанан, адьырҕатын хаана оонньоон, муҥур уһукка оҕоҕо-дьахтарга саба түһэр, киһини-сүөһүнү тардар ардай аһыылаах кыылга кубулуйар. Айыы кыылын адьырҕаҕа кубулуппут буруйдаахтарынан Айыы дьоно бэйэбит буолабыт. Ыкка ыттыы сыһыаммытынан. Инникитин ыты дьиэҕэ тутууну, иитиини кытаанах хонтуруолга ылыахха наада дии саныыбын. Ыты иитэргэ быһаарыммыт хас биир киһини, ыалы докумуонунан бигэргэтэр сокуону ылыныахха наада. Массыыналаах, тырааныспардаах киһи ГИБДД-га учуокка турарын, сыл аайы техосмотр барарын курдук. Сыл айы ытын анал сулууспаҕа аҕалан көрдөрөн, туругун брэбиэркэлэтэн, тустаах ботуччу нолуок төлөөн хонтуруолга сылдьыахтаах. Өскөтүн ханнык да биричиинэтэ суох ытын сүтэрбит, бэйдиэ ыыппыт буоллаҕына, маннык хаһаайын суутунан эппиэккэ тардыллыахтаах, ыстарааптаныахтаах. Инникитин ыты, атын да дьиэ кыылын тутар, иитэр бырааба быһыллыахтаах. Оччотугар эрэ түбэһиэх ыттанар-кустанар баҕалаах икки атахтаах, бэйдиэ барбыт, адьырҕаҕа кубулуйбут түөрт атахтаах кыыл-сүөл аҕыйыа этэ. Бэйдиэ барбыт тыһыынчанан ыты туох сыалга биллибэт, сүүһүнэн мөлүйүөнүнэн солкуобайдаах үбү көрөн тутар, аһатар-харайар питомнигы тэрийэр – кураанах баҕа санаа, утопия. Уопсастыбаҕа кутталлаах адьырҕалары, туох да туһата суох бомжтары төрөтөн баран, сымыйанан аһыныгас санааламмыта буолан артыыстаамыахха наада. Эрэйдээхтэри эрэйдээбэккэ эйэ дэмнээхтик утуталаан, суох оҥортуохха, уопсастыба олоҕун ыраастыахха. Этэллэринэн, гумааннай быһыы, дьаһаныы диэн ол буоллаҕа…
edersaas.ru сайтан