Кэпсээ
Войти Регистрация

Кэм ураты эйгэтигэр (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Кэм ураты эйгэтигэр (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
20.03.2021 11:09
Субуота күн сынньана таарыйа Максим Ксенофонтов саҥа кэпсээнин ааҕыҥ. Дьиҥнээх олохтон. Бириэмэ устун айан туһунан кэпсээннэри дьон-аймах мэлдьи сэргиир. Онон бу кэрэхсэбиллээх тиэмэҕэ сыһыаннаах түбэлтэлэри кэпсииргэ сананным. Бу түбэлтэ 1809 сыллаахха буолбута. Подольскай губерния Жавтень куоратыгар подполковник Алексей Ермолов сулууспатын соругун толоро тиийбитэ. …Кини остуолга чүмэчи уматан уурбута, имик-самык уокка кумааҕыларын таһааран тэлгэтэн, суруксуттуурга бэлэмнэммитэ. Эмискэччи бордууһунанан тыал илгийэринии салгын хамсыыра биллэргэ дылы гыммыта, чүмэчи саһархай төлөнө иҥнэҥнээн ылбыта. Ермолов докумуонтан хараҕын арааран, төбөтүн өндөппүтэ. Хос ортотугар өрүкүйбүт маҕан баттахтаах, сюртуктаах, саастаах киһи турара. — Суруй! – диэбитэ кырдьаҕас быһа-бааччы. Эдэр киһи, тоҕо эрэ бэрт улгумнук, сонно тута бөрүөтүн чэрэниилэ иһитигэр оймоон ылан, иннигэр ыраас илиис тэлгэтэн, суруйарга бэлэмнэммитэ. — Дьиҥнээх биография. Инфантерия генерала Ермолов суруйда, — хахай арҕаһын түүтүн курдук арбаҕар баттахтаах кырдьаҕас киһи дорҕоонноох куолаһынан, дьыктаанныыр курдук, чуолкайдык эппитэ. “Генерал буола иликпин дии? Хайдах?” — Ермолов муодаргыы санаабыта. — Бэс ыйын 1 күнүгэр, 1812 сыллаахха 1-ы Арҕааҥҥы армия штабын начальнигынан анаммыта, — билбэт киһитэ этэн испитэ. “1812 сыл буола илик эбээт!” — Алексей мунаардар да, суруйан кэчигирэппитэ. — 1817 сыллаахха Фет-Алишахха посолунан ананан барбыта, — кыырыл төбөлөөх кырдьаҕас этэн биэрэн испитэ. Ермоловтан тутулуга суох, илиитэ бэйэтэ суруйар курдуга. Сюртуктаах киһи этэн испитэ. Онтон тиһэх чыыһылалары эппитэ: — Муус устар 12 күнэ, 1861 сыл. Ол Ермолов орто дойдуттан арахсыахтаах күнэ, ыйа, сыла этэ. — Дьэ, бүттэ. Билигин, аны, эн биэс уон сыл устата бу көрсүһүү туһунан кимиэхэ да кэпсиэ суох буолан, тылгын биэриэхтээххин, — диэн сөҥөдүйбүтэ кырдьаҕас. — Эрэннэрэбин, — диэн хоруйдаабыта Ермолов. Эмиэ тыал биллэргэ дылы гыммыта, чүмэчи уота хамсаан ылбыта… Хоско ким да суоҕа… Ермолов, “ким эрэ дьээбэлэннэ” дии санаан, аан хоско тахсыбыта. Кини хоһугар онтон эрэ киириллэрэ. Денщигэ муостаҕа утуйа сытара, оттон суруксута суруйан сурдурҕата олороро. — Ким тахсан барда? – диэн киниттэн Алексей Петрович долгуйбут куолаһынан ыйыппыта. — Ким даа? – суруксута тойонун диэки муодарҕаабыттыы көрбүтэ. – Ким да киирбэтэҕэ, тас ааны хатаабыппыт син өр буолла. Ермолов хоско киирэн, суруйбут кумааҕытын одууласпыта уонна кириэстэнэн сапсыммыта. Онтон, “моһуогураары гынным быһыылаах” дии санаан, чүмэчитин саба үрэн, утуйардыы оҥостубута… Биэс уон сыл ааспыта. Биирдэ инфантерия генерала Алексей Петрович Ермолов табаарыһыгар Берг Николайга саһарбыт кумааҕылаах суругу көрдөрбүтэ. Эдэр, эрчимнээх киһи буочарынан Ермолов генерал олоҕун кэпсээнэ, Крым сэриитэ, Александр Николаевич бүрүстүөлгэ кэлэрэ, бааһынайдары крепостной тутултан босхолооһун уо.д.а. сабыытыйалар тустарынан суруллубут этэ. Генерал кэнники абзаһы кэтит ытыһынан саба туппута: — Маны кэлин ааҕаар… Бука, генерал, олохтон барыахтаах күнүн-дьылын көрдөрүөн баҕарбатаҕа быһыылааҕа. Николай Берг сөҕөн тылыттан маппыта. Онтон, тохтуу түһэн баран: —
Алексей Петрович, ол кырдьаҕаһы билигин көрдөххүнэ билиэ этиҥ дуо? – диэн ыйыппыта. — Билиминэ. Ол кырдьаҕас бу турар, — диэбитэ генерал уонна хахай арҕаһын түүтүнүү арбаҕар, маҕан баттаҕын ыйбыта… Капитан Берг, Ермоловтан лаппа балыс этэ да, кинилэр бэркэ тапсан доҕордоспуттара. Николай Берг Италияҕа (онно Австрия, Франция уонна Сардиния байыаннай иирсээннэрэ саҕаланан эрэрэ) барар сураҕын истэн, Ермолов сүрдээҕин үөрбүтэ уонна эппитэ: — Бар, бар, Коля, онно! Этэҥҥэ эргиллиэҕиҥ! Кэллэххинэ кэпсээр, хайдах сылдьыбыккын. 83-тээх, нэһиилэ сылдьар Ермоловы “бу хампаанньаттан кэлиэхпэр диэри өлөрө буолуо” дии санаан, Берг хараҕа ууламмыта. Онуоха генерал: — Куттаныма, доҕор, миэхэ иннибэр өссө да икки сыл баар, — диэн эппитэ… Биир сылынан кинилэр эмиэ үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Эһиилигэр, Алексей Ермолов өлбүтүн кэннэ, Николай Берг генерал кумааҕыларын быыһыттан били суругу булбута. Алексей Петрович чопчу онно суруллубут күҥҥэ, ыйга, сылга быстыбыт эбит… Н. Берг аҕа табаарыһын генерал Ермолов туһунан 1875 с. “Русская старина” ыам ыйынааҕы нүөмэригэр суруйбута. Дьиктитэ диэн, ити биллиилээх военачальник, дипломат, судаарыстыбаннай диэйэтэл, генерал Алексей Ермоловтыын буолбут түбэлтэҕэ маарынныыр, ол аата бириэмэ устун, ааспыт эбэтэр кэлэр кэмҥэ тиийэ сылдьан, бэйэлэрин көрбүт дьон туһунан кэпсээннэр устуоруйаҕа син балайда бааллар. Ол курдук, тас дойду дьонун аахпатахха, Екатерина II, Александр Пушкин бэйэлэрин көрбүттэрин туһунан номохтор бааллар. Киһиэхэ бэйэтигэр көстөр атылыы киһини доппельгангер (двойник) диэн ааттыыллар. Эдэр ыччат итинник ааттаах (“Доппельгангер”) диэн триллер киинэни көрбүт буолан, “атылыы киһи” куһаҕаҥҥа көстөр дии саныыр. Оттон генерал Алексей Ермолов холобурун ыллахха, саастаах доппельгангер бэйэтин эдэр двойнигар туһалаабыт: военачальник карьерата хайдах салаллан иһиэхтээҕин, инники олоҕор туох түгэннэр буолалларын эрдэттэн сэрэппит, кэпсээбит буолан тахсар. Генерал Алексей Петрович Ермолов ураты киһи этэ. Кавкаһы империяҕа холбообут военачальник быһыытынан биллэр. Кинини хайа олохтоохторо “Уордаах Ярмул” диэн ытыктаан ааттыыллара. Кини Индия биллиилээх йогтарыттан итэҕэһэ суох бэйэтин этин-сиинин талбытынан салайар эриэккэс дьоҕурдааҕа. Биирдэ, сакалааттаһан баран, сүрэҕин тэбиитин лаппа бытаардан баран… тохтотон кэбиспитэ. Ермилов пульсун булбатах луохтуур уҥан охтубута. Оттон генерал сүрэҕэ хаттаан тэбэн, “тиллэн” кэлбитэ. Алексей Петрович бэйэтэ, аны, луохтууру өйүгэр киллэрэр түбүккэ түспүтэ. Ермолов хайа да тойон иннигэр хаптаҥнаабат, туруору майгылаах этэ. Кинини 23 саастаах, эдэркээн, элбэҕи эрэннэрэр подполковник эрдэҕинэ, хоччоххой майгытын, армия реформатын утарбытын иһин Павел Петрович ыраахтааҕы Костромааҕа көскө ыыппыта. Онно олорор кэмигэр Ермилов аатырбыт Авель манаахтыын бодоруспута. Сорох историктар: “А. П. Ермолов былыргы кистэлэҥ билиилэри баһылаабыт масон этэ”, — диэн суруйаллар. Костромаатааҕы сыылкатын кэнниттэн Ермолов туһунан дьикти сурахтар тарҕанан барбыттара. Кыргыһыы кэмигэр олус хорсуна кэпсэлгэ сылдьара. “Буулдьаҕа таптарбат” хамандыырдара инникини өтө билэр кыахтааҕын туһунан саллааттар, эписиэрдэр сөҕөн кэпсэтэллэрэ. Бородинотааҕы кыргыһыы иннигэр Ермолов табаарыһыгар, генерал Кутайсовка, “бууска дьаадаратыттан өлүөҕүҥ” диэн сэрэппитэ.
Сарсыныгар боронсуустар Кутайсовы икки аҥаар киилэлээх дьаадаранан табан суорума суоллаабыттара… Оттон биирдэ, Лейпцигтээҕи кыргыһыы иннигэр Остен-Сакен бароҥҥа Ермилов: — Куттаныма, өлүөҥ суоҕа. Эйигин табар буулдьа кутулла илик, оҥоһуллуо да суоҕа, — диэн, санаатын өрө көтөхпүтэ. Дмитрий Остен-Сакен биэс уонтан тахса (!) сыл аармыйаҕа сулууспалаабыта. 15 араас сэриини (улахан, кыра байыаннай хампаанньалары ааҕан туран) ааспыта. 92 (!) кыргыһыыга кыттыбыта. Астаапкаҕа барарыгар түөһэ килэччи, хайа да фельдмаршалтан ордук, уордьан, мэдээл этэ. Кини, Ермолов эппитинии, биирдэ да буулдьаҕа таптарбатаҕа, дьөрү, сиирэ да ыттарбатаҕа! Оттон, Сахабыт сиригэр бириэмэ устун айан туһунан кэпсээннэр бааллар дуо? Биллэн турар, бааллар. Холобур, Ньыыкан Арамаанап (көстүбэт киһи), инникитин туох буолуохтааҕын кэпсээбитин номоххо киллэрбиттэриттэн сылыктаатахха, кэм сүүрүгүн устун өрө-таҥнары сылдьар дьоҕуру эмиэ баһылаабыт курдук. Аҕыйах сыллаахха, биир киин улууска саас ортолоох дьахтар, отоннуу сылдьан, мунан хаалбыт. Туох эрэ, туман курдук, салгыҥҥа түспүт. Хайысхатын тамты сүтэрэн, тыаҕа хонон баран, сарсыныгар бөһүөлэгин булан, дьиэтигэр кэлбитигэр дьоно… “ойуурга үс күн буоллуҥ” дии тоһуйбуттар. Көрдүү сатаабыттарын кэпсээбиттэр. Бу түбэлтэ “бириэмэ көрүдүөрүн” устун айаны санатар. Биир дьикти түбэлтэ 2011 сыллаахха бэс ыйын 19 күнүгэр, Улахан-Муҥку (Малдьаҕар) диэн сиргэ, Өлүөхүмэ оройуонун Ыһыаҕар буолбута. Үкэр куйаас сатыылаан турбута. Чыычаахтар ырыалара, оҕо-аймах чугдаарара, ырыа-тойук, оһуокай дуораана киһи эрэ сүргэтин көтөҕөрдүү кутуллара. Үөлүллүбүт собо, алаадьы, бэрэски, шашлык, казааҥҥа буһа турар плов сыта тула тунуйара. Тула күп-күөх үөттэр, хатыҥнар сэбирдэхтэрэ сиккиэр тыалга ибирдииллэрэ. Эргиэмсиктэр ларёктара, ыаллар балааккалара, нэһилиэктэр түһүлгэлэрин ураһалара киэҥ сыһыыны толору тураллара. Тэйиччи, бөһүөлэк диэки, матасыыкыл, массыына, оптуобус арааһа кэчигирээн көстөллөрө. Оройуон бастыҥ ыалларын күрэҕэ буола турбута. Маҥнайгы Нөөрүктээйи чиэһин Борисовтар диэн элбэх оҕолоох ньир-бараан, эргиччи талааннаах ыал көмүскээбитэ. Бэрт сэргэх, интэриэһинэй шоу-күрэх түһүмэхтэрин икки ардыгар улуус ырыаһыттара ыллаан-туойан көрөөччүлэри сэргэхсиппиттэрэ. Түмүккэ, күрэстэһэр ыаллар сөбүлүүр дьарыктарын туһунан кэпсээбиттэрэ, илиинэн оҥоһуктарын, иистэрин көрдөрбүттэрэ, хомустаабыттара, туойбуттара, частушкалаабыттара, үҥкүүлээбиттэрэ. Күрэх бүтэн, дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарарын кэтэспиттэрэ. Күүттэххэ, бириэмэ барара бытаана бөҕө! Нэһилиэктэр да, Өлүөхүмэ куорат дьоно да бары бэйэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыайалларыгар эрэнэ саныыллара. Пиэрибэйдэр, ол аата Маҥнайгы Нөөрүктээйилэр, Борисовтарга ыалдьаллара. Уонча буолан олорор эр дьонтон биирдэстэрэ, Анатолий Николаевич Сольжиграсов эмискэччи: — Иһиттигит? Динамигынан биллэрдилэр! – диэбитэ. — Тугу? – биир дойдулаахтара бэйэтиттэн төттөрү ыйыппыттара. — Биллэрдилэр дии! “В конкурсе “Лучшая семья” победила семья Борисовых из села Первый Нерюктяйинск!” диэтилэр! – Анатолий Николаевич дьонун эргиччи көрөр. — Суох, истибэтибит, — дэспиттэрэ табаарыстара. — Хайдах эн эрэ истибиккиний? – Борис Рубцов уу сахалыы ыйыппыта. — Анатолий дьээбэлиир дуу? – кулууп дириэктэрэр Анатолий Николаевич Роев, кылгас сиэхтээх сырдык халлаан күөх сорочкатын түөһүн сиэбиттэн программаны ылбыта, итэҕэйбэтэхтии амыдайын диэки көрбүтэ. — Суох, уолаттар! Чуоккай иһиттим.
Ой дуорааннаах курдук иһиллибитэ, — Сольжиграсов иннин биэрбэтэҕэ. — Жюрига оҕону ыытан билиэххэ, биллэрбиттэр дуу, суох дуу, — Анатолий Николаевич Филиппов (Роевтаах Сольжиграсов түөскэлэрэ) этии киллэрбитэ. Сэттиһи тахсыбыт Марина Ксенофонтоваҕа: — Тоойуом, баран билэн кэл эрэ, — дэспиттэрэ. Кыыс сып-сап баран, дьүүллүүр сүбэ биир чилиэниттэн ыйытан кэлбитэ: — Тугу да этэ иликтэр үһү. “Аны чаас аҥарынан биллэриэхпит” диэтилэр, — диэбитэ чоп-бааччы. — Оо! Доҕоор, эн бириэмэ устун кэлэр кэмҥэ баран кэллиҥ ээ, быһыыта, — Рубцов Борис дьээбэлэммитэ. Пиэрибэйдэр күлсүбүттэрэ. Чаас аҥара ааспыта. Сыанаҕа дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, чилиэннэрэ тахсыбыттара. Биир-биир номинацияҕа тиксибит ыаллары этэн испиттэрэ. Онтон: — В конкурсе “Лучшая семья» победила семья Борисовых из села Первый Нерюктяйинск!” — диэн биллэрбиттэрэ. Анатолий Сольжиграсов сонно тута: — Ити! Баарыын итинник этэллэрин истибитим! – диэбитэ. Пиэрибэйдэр бары олус сөхпүттэрэ, дьиктиргээбиттэрэ. “Бириэмэ көрүдүөрүн” туһунан кэпсэппиттэрэ. Итиччэтигэр, Анатолий Николаевич чаас аҥара буолан баран дуорайбыт саҥаны истибит эбит буоллаҕына, отут мүнүүтэ инники кэмҥэ бара сылдьыбыт эбит. Дьэ, дьикти. Кэм-кэрдии ураты эйгэтигэр, бириэмэ парадоксугар сыһыаннаах итинник, интэриэһинэй түбэлтэлэр буолан ааспыттара билэргэ кэрэхсэбиллээх. Максим Ксенофонтов Хаартыска: http://sks.su
edersaas.ru сайтан