Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тымтыктанан ылаары...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тымтыктанан ылаары...
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
20.08.2020 16:08
Олох обургу устар, устар... Ол тухары олоххо саҥардыы үктэммит оҕобут оҕонньор буола кубулуйар. Устан-устан уһукка кэллэҕэ ол. Ити – хас биирдии киһи дьылҕата. Дьылҕа буолуо дуо, олох оҥкула буоллаҕа. Оттон дьылҕа диэн атын. Дьылҕа диэн, ол оҕоттон оҕонньорго кубулуйар айаныҥ ааттанар. Дьэ, ол киһи-киһи аайы атын буолар эбит. Мин оҕо сааспын одоҥ-додоҥ өйдүүбүн. Быһыыта, дьоллоох этим. Онтон эдэр саас диэн ааттанар кэрэ кэм кэлэн ааспыта. Ааспыта буолуо дуо, ааһан эрэр, бадаҕа. Кэрэ кэм дииллэр да, кэрэтэ кэмчигэ дылы. Баҕар, кимиэхэ эрэ кэрэтэ бэрт буолуо. Баҕар, мин эмиэ кырдьан баран, бу кэми туорхаһыйа ахтыам турдаҕа. Чэ, бэйи, ырааҕынан ыырданымыах. Мин эйиэхэ, бу суруйууну салгыбакка ааҕа сатыы олорооччуга, бэйэм олохпун кэпсии түһүүм. Мин олоҕум диэн, киһи соччо сэргээбэт сэһэнэ. Сүрүн уратыта диэн – онно. Олох кимиэхэ эрэ оргуйан олорор буоллаҕына, миэхэ, саатар, сыыгынаабат даҕаны. Уон сыл анараа өттүгэр хайдаҕай да, кур бэйэтэ кубулуйбат. Арай кыратык тас көстүүм кэхтэн, кырдьыбыт көрүҥнэммит буолуохпун сөп. Мин соҕотохпун. Ол онтон урут чуҥкуйар этим. Билигин үөрэнним курдук. Ол эрээри сэмээр тугу эрэ күүтэбин. Ордук бу кэнники күннэргэ ис-испиттэн кыйыттан, инникибин билиэхпин олуһун баҕардым. Быһыыта, иитиэхтии сылдьыбыт, испэр буспут санааларым биир күн иһиирэ-иһиирэ иэнигийэн кэллилэр. Олорбут олоҕум улугурбут уутуттан уһуктан, уу оҕуһунуу уһуутаабатым эрэ... Саҥаҕа таластым, сонуҥҥа суудайдым... Тугу эрэ билбэппин билиэхпин, көрбөтөхпүн көрүөхпүн уйуһуйа баҕаран кэллим... Чэ, бээ, сылаппакка, саараппакка саас-сааһынан кэпсиим. Биир чэмэлкэй сайыҥҥы күн биир билэр дьахтарбар баран сүбэ көрдөөтүм. Кыһалҕам диэн — хайдах буолабын, олохпун хайдах уларытабын? Дьахтарым: «Хотуой, оттон сэрэбиэйдэт ээ. Туох буоларын эндэппэккэ билэр биир түөтэни билэбин. Тыл хоммутун ыраастыыр, кырыыһы даҕаны устар», — диэн кэпсээтэ. Мин маҥнай күллүм, онтон боччумурдум, устунан санааҕа ыллардым. Тиһэҕэр сорунуулаах баҕайытык ол олоҕу билгэлээччи ордууланар сирин сураһан суруна охсоот, онно тиэтэйдим. Дьэ, абырааччым ити сылдьар эбит диэн, эрэнэ охсон кэбистим. Аҕылаан-мэҥилээн аадырыспар чопчу тиийдим. Кырата суох ыйааһыммын соһоммун, үрдүк этээстээх дьиэ үөһээ этээһигэр дабайан таҕыстым. Кыһыл бүрүөһүннээх мас аан иннигэр хорус гына түстүм. Турукпун тупсаран, уһуутаан ылаат, ааны тоҥсуйдум. Ааны аҕамсыйа быһыытыйбыт хара бараан дьүһүннээх дьахтар аһа баттаата. Сорукпун истээт, сыанатын-сууматын билиһиннэрдэ. Мин, кыһалҕалаах киһи, сөбүлэһэ охсон буруонан тунуйбут хос диэки атыллаатым. Дьахтарым мас долбууртан хаартытын хостоон булкуйбутунан барда. Ол хаартытын мэтэйдиирин тухары уоттаах сытыы хараҕынан супту одуулаан олордо. Ол көрүүттэн бу иннинэ өмүттэри билбэт тоҥкуруун дууса куйахам күүрдэ, этим саласта. Аарыма бэйэм аччаабыкка, суон бэйэм супту сутаабыкка дылы буоллум. Билгэлээччим адаархай тыҥырахтаах синньигэс тарбахтарынан хаартыны биир-биир ылан остуолга тэлгээтэ. Чочумча ол уурбут ойуутун үөрэтэрдии нөрүйэн олордо. Оттон маннык диэн кэпсээннээх буолла: – Олоххун астыммат эбиккин
(оттон ол иһин кэллэҕим ээ...), сааһыҥ ыраатарыттан санааргыыгын дуу... (ким санаарҕаабат үһүө?). Доруобуйаҥ мөлтөһүөр, сүрэҕиҥ ноҕурууската улахан (ону бэйэм да билэбин, бачча ыйааһыны хайа сүрэх тулуйуой?!) Мин өрүкүйэн кэлбит дьикти санаам ити этиллибит суолтата суох тыллартан уоста быһыытыйда. «Таах сибиэ кэлбиппин» диэн абарыах санааҕа ыллардым. Онтон сэрэбиэйдьитим хаартытын иккиһин уурда. Уонна дуо?! Уонна кэпсээтэ ээ... барытын. Буолбуту, ааспыты, биири да сыыс түһэрбэккэ. Хаста уйуттубакка охтон эчэйбиппин, кимниин сатаспакка этиспиппин... Тиһэҕэр кыбыстан кытара кыыстым да быһыылаах. Хантан барытын харахтаан көрбүтүн сөҕө санаатым. Үһүс уочараттаах хаарты уурааһына инникини кэпсээтэ. Дьэ эбэтээ! Кыыс оҕото олоруохтаах эбиппин омуннаах омоллоон олоҕун! Отуппар диэри күөйэ тутан эр оҥостубатах урукку билсиилээхпин эрийэ тутан ылыахтаахпын. Хаалбыт биэс сылга үс оҕону субурутуохтаахпын. Дьиэм-уотум, массыынам, ырааҕынан айан-сырыы, дьэ саҕаланыахтаах эбиттэр. Харчы, баай-дуол олох эрэйэ суох бэйэлэринэн кэлиэхтээхтэр. Бу ааспыт чуумпуруу барыта онно бэлэмнэнии үһү. Сүрүнэ диэн, сүһүөхпэр туруохтаахпын, сытыыбын киллэрэн маҥнай хардыылыахтаахпын. Итиччэлээҕи истэн олуһун сэргэхсийдим. Кынаттаммыт тэҥэ эрэйэ суох үрдүк кирилиэһи сүүрүүнэн түстүм. Дьиэбэр кэлэн өр толкуйдаатым. Кэргэн тахсыахтаах хандьыдааттарбын сыымайдаатым. Маҥнайгы хардыыны хайдах оҥорорбун тобула сатаатым. Ол эрээри сэмэй киһи симитинним. Ол да гыннар олоруохтаах омоллоонум олоҕо санаам түгэҕэр суһумнуур сулус буолан ымсыырда-угуйа тырымнаан араҕан биэрбэтэ. Сарсыныгар туран үлэбэр тиэтэйдим. Ол да буоллар үлэ-хамнас хаалла, санаам ырааҕынан ытылынна. Күнү быһа кэргэн буолуох айылаах билэр дьоммун сыымайдаатым. Тиһэҕэр бутуллан-булкуллан хандьыдааттарбын испииһэктииргэ тиийдим. Ол эрээри бу күн испииһэктээһининэн муҥурданным. Атаакалааһыны сарсыҥҥыга атаардым уонна күүстээх өй үлэтиттэн илистибит киһи сиэринэн дьиэлээн хааллым. Сарсыным күүттэрбэккэ, күнэ күөрэйэн, бу тиийэн кэллэ. Сиэркилэ диэни сирэйдээбэтэх лиичинэс күлүкпүн көрүнэн күнү барыы сыстым. Ол кэннэ бастакы хандьыдаатым – кылааһынньыгым Бииктэр – орох тэбэр сирин тоһуйа бардым. Хата, оруобуна утары көрсөн соһуйдаҕа буоллум. Ол кэннэ буолары-буолбаты лэбээрэн, хата сылаттым быһыылаах. Анарааҥҥым атын буолбуппун атыҥырыы көрдө, өйдөөхпүн-итирикпин сыныйбыттыы кыҥастаста. Аргыстаһа сатаабыппар атаҕынан куотта. Мин онтон санаарҕаабатым. Хата, кини буолбатах эбит диэн, хайдах эрэ чэпчээбиккэ дылы буоллум, күлүкпэр кытта имнэнним. Эрим буолуохтаах киһи, атаакабын дьылҕата таайан, хабан ылыахтааҕа буолуо диэн санаанан салайтардым. Иккис хандьыдааппын сулумах суоппар Куоланы көрдүү бардым. Булбатым, сураҕа, бу дойдуга суох үһү. Ханнык эрэ Хаачалыын Хара муораҕа барбыттар. Ээ чэ, сырыттын. Мин аналым Хаачаҕа харааччы иириэ суохтаах. Онон испииһэктэн суоппар суола сотулла оҕуста. Үһүс хандьыдаат – ыалым. Саҥата-иҥэтэ суох, муннун анныгар буллугураабыт аспыраан ¤ааска уол. Бэйэбинээҕэр муҥкук муҥнааҕы муодалыырбар ончу муҥнамматым. Ол эрээри ити да эрэлим уостан хаалла. Киһим култууралаах баҕайытык тугу эрэ кутан-симэн куллугураат, куотар аакка таласта. Мин, дьэ ыксаатым, испииһэгим хайа охсор аҥаара хаалбытын дьиксиммиттии одуулаатым. Чэ, туох буолар, сарсыҥҥы күн сарыала саҕахтан хайдах
сандаарар? Бүгүҥҥү күн – табыллыбат күн. Сарсын, баҕар, барыта табыллыа. Сити курдук бөҕөргөтүнэ охсоот дьиэлээтим. Ол кэнниттэн үүммүт күннэр омоллоонум олоҕор харыс да чугаһаппатылар. Дьону куттаан, иирээки кытта аатырдым. Оппуонньа уол ойохтоно охсубутун билбэккэ киирэн биэрэн, кынталдьыйбыт «кыыс кыскыйдаантан» кырбана сыстым. Тиһэх эрэлим эриэккэс ааттаах Эрилик ыраах хоту айаннаабыт. Хайыахпыный, Халымаҕа айанныырга харчы хантан кэлиэй?! Сити курдук, отут сыллаах олоҕум икки күнэ олорбут олоҕум омуннаах күннэрэ буолан туох эрэ сонуну эптэхтэрэ буолуо. Онтон атын тосту уларыйыы буолбата. Санаам түһэн, сымыһахпын быһа ытырбытынан, чуҥкук дьиэбэр хоочугураан кэллим. Сыгынньахтаммака да эрэ тас таҥастыын ороммор суулуннум. Иннибэр маачыктыыр кэриэтэ ойууланан көстүбүт олоҕум соҕотохто мэлис гынна. Ойуур быыһыттан ороно сатаабыт бороһоок сордоох, туһахха иҥнэн, олорон хаалбытын курдук, чуҥкук хоспор соҕотох олорон хааллым. Ол курдук сытан утуйан хаалбыппын. Түһээммин ыраламмыт олохпор тиийдим ээ. Бэртээхэй да дьиэлэнним, сыры-сыллата оҕолоннум. Хаһаайка ааттааҕа буолан ас бөҕөнү астаатым. Ол быыһыгар дьиэ да сууйдум быһыылаах. Харахтаан көрбөтөх оҕолорбун оҕолорум диэн бүөбэйдии сатаатым. Тиһэҕэр кыйыттан, кыыһыран бардым. Хата, оҕолорум котокулары таһыйа иликпинэ уһуктан кэллим.Түүлбүттэн босхолоноот, сүргэм олус көтөҕүлүннэ. Көстүбүт барыта түүл эбититтэн хайдах эрэ олус үөрдүм. Ойон туран сиэркилэҕэ көрүннүм. Сонноох утуйан турбут киһи хайа аанньа буолуомуй, кытаран-наҕаран, дьэ көстүү! Түргэн үлүгэрдик таҥас уларыттан, суунан-тараанан киһи кэбин кэтэ оҕустум. Кыратык симэнэ түһээт, үлэбэр ыстанным. Бу күнтэн ыла олохпун үҥсэргээбэт буоларга үөрэниэх буоллум. Баартан барытыттан үөрүөххэ, суоҕу көрдөөн суланымыахха! Сити курдук олоҕум отуора орто сүнньүттэн хамсаабакка олорон хаалла. Арай атаакалаабыт атастарбын ырааҕынан тумнарга тиийдим. Хайдах быһыыламмыппыттан саатыах санаам кэллэ. Хата, дьонум бэйэлэрэ куота-көтө сырыттылар. Ити кэннэ игирэ курдук биир тэҥ күннэр буолан аастылар. Мин олоро сатаан үгүскэ үөрэнним. Бэйэни сайыннарарга кыһаллан бардым. Элэк гыммыт көрүүлэргэ эппиэттэһэргэ үөрэнним. Албыны кырдьыктан араарары сатаатым. Ол кэннэ бэйэни уларытарга анаан уоппуска ыллым. Олохтоохтук оҥостон куппун-сүрбүн тупсарынным. Сүүрэн-көтөн, эрчиллэн чэбдик соҕус туруктанным. Ол кэннэ дуо? Ол кэннэ барыта орун-оннугар түспүтэ. Кыра кэмнээҕи уйуһуйуу уостан-сүтэн хаалбыта. Ити кэннэ инникибин тымтыктанан көрө сатаабатаҕым. Инникини көрөргө тымтык тутааччы оруола улаханын өйдүөххэ наада эбит. Сэрэбиэйдьиккэ сэмээр кыыһырабын эрэ. Кыра оҕо курдук остуоруйа олоҕун кырдьыктана охсубуппуттан кыһыйан да ылабын. Ол эрээри тоҕо эрэ, ханна эрэ санаам түгэҕэр, сэмээр уора-көстө Эрилик кэлэрин кэтиибин... Соҕотох Суоппуйа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан