Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: Мантыккын бэйэҥ кэт!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: Мантыккын бэйэҥ кэт!
K
edersaas.ru
Категорията суох
11.03.2021 19:00
Эр киһи элээмэтэ буоллаҕым. Бу кыһыҥҥаттан биэнсийэбиттэн кыра-кыралаан мунньуммуппунан Дьахтар күнүнэн сибээстээн, эмээхсиммэр туох эмэ бэлэх-туһах көрөөрү-атыылаһаары харчыбын ааҕына олордохпуна, көрүстэхпит ахсын мэлдьи хаадьылаһар, үөн-күрдьэҕэ хаата үөлээннээҕим Үөннээх Үстүүн тыаһа суох сыбдыйан киирэн, кэннибиттэн сөтөллүбүтүгэр соһуйан тугу эрэ саҥа аллайбытынан тутан олорорбун мүччү ыһыктан үрэл гыннаран кэбистим. Кини киһи оччолооҕу көрөн баран, үөннэммэтэҕинэ иһэ ыалдьар ини. — Биэтэс, харчыгын ханна саһыараргын биллим. Сэлиэччигиҥ биэтэһэ толору быһыылаах. Баай оҕонньор, биир күөх кумааҕыгын “дук” гыммаккын ээ, ыт атах буоллаҕым, көрүөх түгэнигэр маҕаһыыҥҥа ойон-тэбэн кэлиэм этэ. Олорботохпут, сэлэспэтэхпит да ыраатта, — дии-дии алларастаата. — Бээ, хаадьылаама. Онто суох эмээхсиммэр дьахтар бырааһынньыгынан тугу бэлэхтиэхпин мунаара, буккулла олоробун. Хата сүбэлээ, — диэн дьиэс-куос туттан иһэн, көрдөһөөччү буоллум. Инньэ гынан, Үстүүнүм сүбэтинэн, сааһырбыт дьахталларга, эмээхситтэргэ олус наадалаах, күһүн-саас, кыһын мэлдьи сылааһынан угуттуур бүүс хаата диэн чараас сэлиэччик атыылаһар буоллум. “Туох муокас ааттаах таҥаһай, Ыстаалын бүүһэ, Элиэнньин бүүһэ диэбиккэ дылы буолан”, — муодарҕаан-саараҥнаан, Үстүүнүм ыйбытынан, чэпчэкилии Кытай ырыынагар саллаҥнаан тиийдим. Кымырдаҕас уйатын курдук кыймаҥнас эр дьон ортотугар кыбыллан-хабырыйыллан тыыным-быарым хаайтараары ыксаатым. Эргиччи хайыр курдук анньыллыбыт, ыйаммыт, дьапталлыбыт дьахтар аймах араас солко таҥаһыттан, туруусугуттан, лиипчигиттэн атыны булан көрбөтүм. — Миниэ бүүс хаата, сэлиэччик наада. Түөрт уон шиэст эрэсимиэр, ыстарухе, баабыске бадаарак наада,— “Дасыраагын” оборон соппойо турбут атыыһыт кытай дьахтара бэрт улгумнук кэннинэн туран тугу эрэ кумааҕыга суулаан хачыгыратан, эбиитин кыһыл лиэнтэнэн баайан, харчыбын сулбу таһыйан: — Холосо, бүүс хаалтыр, шиэст рэсимиэр, пазаалыста,— диэн туттаран кэбистэ… Эмээхсиним бэлэҕин суутуттан ороон, өттүктэрин таһынан: “Бабат, бахай, бу оҕонньор түөһэйбит дуу, хайа дьахтар киэнин аҕаллыҥ? Дьиккэр, мантыккын бэйэҥ кэт! — диэн ыһыытаан, дьахтар эмиийин хаатын саллайбыт баспар сөрү-сөп гына кэтэрдэн кэбистэ. Дьахтар күннээн бүттэхпит… Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан