Кэпсээ
Войти Регистрация

“Мисс Каллиграфия” (уларыта тутуу кэмиттэн кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / “Мисс Каллиграфия” (уларыта тутуу кэмиттэн кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
08.03.2021 12:32
Максим Ксенофонтов саҥа кэпсээнин ааҕыҥ. «Если уж мы живём, то давайте жить по-настоящему, а не скучно существовать день ото дня, ставя своей высшей целью избегание всевозможных неприятностей». Ольга Арнольд, психолог Оскуолабытыгар иллэрээ сыллаахха кэлбит физика учууталын, Ольга Ивановнаны, буочара олус тупсаҕайын иhин үѳрэнээччилэр тута Мисс Каллиграфия диэн “сүрэхтээбиттэрэ”. Намчы кѳрүҥнээх эрээри, турбут-олорбут, эрчимнээх эдэр учууталга ол хос аат тута сыстыбыта. Кылааспыт кыргыттара бары Мисс Каалли курдук суруйа сатаан барбыттара. Ордук Иза Сидорова уонна Надя Фёдорова буочардара майгынныыр. Уолаттар, үтүктэ сатаан баран, кыайбатахпыт. Арааhа, тэбис-тэҥник, киhи кѳрдѳр-кѳрѳ олоруон сѳп курдук суруйар дьоҕур киhи аайы бэриллибэт быhыылаах. Ольга Ивановна балачча үрдүк уҥуохтаах, сүүс сэттэ уон биэс сантиметр баар быhыылаах. Кинини Лоомтука дуу, Малдьаҕар дуу талба кыргыттарыгар майгынната кѳрбүтүм. Баттаҕа “Алёнка” сакалаат курдук кугас ѳҥнѳѳх. Наhаа уhуна суох, кѳхсүн лаппаакытыгар эрэ тиийэр. Арылхай харахтара, ыраахтан кѳрдѳххѳ, хара курдуктар эрээри, чугастан сиэрэйдиҥи саhархайдар. Мунна кѳнѳ, синньигэс. Таныылара Елена Соловей диэн актриса киэнин курдук, кыралар. Уоhа, эттээх эрээри, халыҥ диэбэккин. Атын учууталыҥсалартан уратыта диэн, физичкабыт таңаhа уларыйа сылдьар. Биир кѳстүүмү икки күнтэн ордук кэппэт. Жакетын, бинсээктэрин, бүрүүкэлэрин, дьууппаларын араастаан уларыта сылдьан, кэтэр буолан, күн аайы саҥа таҥастаах курдук кѳстѳр. Предметин олус сѳбүлүүр буолан, биhигини эмиэ умсугутар. Спартак Воеводинтан ураты оҕолор бары физика уруогар кэрэхсээн үѳрэнэбит. Спартак точнай наукаларга, бэйэтэ этэринэн, “тобук”, онон физикаҕа, алгебраҕа нэhиилэ токур “үскэ” соhуллар. Мисс Каллиграфия олоҕор улахан уларыйыы таҕыста. Эhэм этэринии, “саас-сааhынан кэпсээтэххэ”, маннык. Олег Аветисян култуура дьиэтигэр дириэктэринэн ананан кэлбитигэр ким да соhуйбатаҕа. Куоракка үлэлии киирэн баран, дьиэтигэр сатаммакка сылдьар сураҕа иhиллэр этэ. Урут кулуупка уус-уран салайааччынан үлэлээбитэ. Кырдьаҕас дириэктэр Софья Владимировна уурайбытыгар, Олег бѳhүѳлэгэр тѳннѳн кэлэн, дириэктэринэн киирбитэ. Аҕата күннээх Кавказ киhитэ этэ, ийэтэ маннааҕы, онон Олег дьүhүнүнэн турокка маарынныыр. Эбэтин кытары биhигиттэн икки дьиэ нѳҥүѳ, ѳссѳ Олег тѳрүѳн иннинэ тутуллубут, ол эрээри кырааскалаах мансаардалаах, үрдүк хоруобуйалаах киэҥ дьиэҕэ олороллор. Ийэтэ иккистээн кэргэннэнэн, билигин Мииринэйгэ олорор, уолуттан уонча сыл балыс кыыстаах. Аветисян, эбээ улаатыннарбыт оҕото буолан, сүрдээх сайаҕас уонна улахан киhилии түс-бааччы. Эбэтэ, Мария Игнатьевна, аҥаар хараҕа эргэлээх, мэлдьи хараҥа от күѳҕэ ѳҥнѳѳх таастаах ачыкыны кэтэ сылдьар. Билигин да туртайа илик баттаҕын “пучок а ля Анжелика” гына эринэн, кэтэҕэр туттара сылдьар. Дорҕоонноох саҥалаах. Сааhыгар холооно суох, эдэрдии түргэн-тарҕан туттуулаах. Мин эбэбэр хам-түм ыалдьыттаан ааhар. Yнүрүүн киирэ сылдьан, сиэнин Олег туhунан кэпсээбитэ: – Омуктар хааннара, дьэ, күүстээх эбит. ИҺит эрэ, Феня, ити Олегым отой кыра эрдэҕиттэн дьону кытары уопсай тылы була охсоро түргэнинэн сѳхтѳрѳр. Биhиги, сахалар, итинник буолбаппыт эбээт. Кѳр, үhүс кылааска үѳрэнэ сылдьан, хайы-үйэ, бѳhүѳлэгэр билбэт киhитэ диэн
суох этэ. Киhини барытын кытта, улахан буоллун, оҕо буоллун, уопсай тылы була охсооччу. Биирдэ, баанньык туттараары, ыаллыы нэhилиэктэн сурдьубун ыҥырдым. Быраатым икки атаhын кытта кэллэ. Ол, хаhан да харахтаабатах дьонун кытта, Олешкам сонно тута билсэ охсон, табаарыстаhан хаалла. Тугунан итиччэ амаҕаччылыыра эбитэ буолла? Баанньыгым кѳҥдѳйүн тутан бүтэн, бараары туран, тутааччылартан биирдэстэрэ, Охоноос, эттэ: “Кѳр, Маарыйа, ити сиэниң ис минэ оҕо эбит. Туох эрэ артыыс дуу, айар үлэhит дуу тахсыах оҕото”. Ону тоҕо эрэ ѳйдѳѳн хаалбыппын.Уонна кып-кыратыттан сүрдээх ылсыган-бэрсигэн, “ты – мне, я – тебе” диэн бириинсиптээх. Дьэ, Капкаас хаана күүстээх эбит. Мария Игнатьевна, от күѳх таастаах “велосипед” ачыкытын, үѳрүйэх хамсаныынан хаҥас сѳмүйэтинэн (уҥа илиитигэр чааскылаах олороро) ѳрѳ аспыта уонна тугу эрэ толкуйдаабыттыы, үүттээх, хойуу чэйэ биллэ–биллибэт “буруолуурун” одууласпыта. – Хаhан ыал буолар санаалааҕый? Сааhа сүүрбэ биэhигэр баран эрэр дии, быhыыта? – эбэм кэпсэтиини хаста эмэтэ истибит “омуктар күүстээх хааннарыттан” арыый атын, сонун тиэмэҕэ кѳhѳрбүтэ. – Ким билэр. Санаабар, ѳссѳ да оҕо курдук. Саҥа хааман туллаҥнаан эрэрэ харахпар субу баар… Аҕата баара буоллар… Күтүѳппүт барахсан, Тигран, тутууга үлэлии сылдьан, сыыhа туттан, суорума суолланаахтаабыта. Баара буоллар, уолун, дьэ, такайан, атаҕар туруоруохтаах этэ… Олегым ыал буоларга ыксаабат курдук. Биир да кыыhы кытта уhуннук доҕордоспот дии, мин кѳрдѳхпүнэ. Сонумсаҕа итиччэ дуу, кини санаатын иhинэн киирэр кыыс кѳстѳ илигэ дуу? Олешка кими баҕарар абылыыр дьикти дьоҕурдаах. Хас кыыс кини туhуттан эрэйи кѳрбүтүн, арай, айбыт Таҥара бэйэтэ билэр ини… – Маайа дорҕоонноох куолаhа сымнаан, чуумпутук, бэйэтэ-бэйэтигэр кэпсиир курдук ботугураата, хараҥа күѳх ачыкытын аннынан хаастарын икки ардыларынааҕы дьураалар мырчыстан ыллылар. Намчы, чарчыйан эрэр уостарын үрдүнэн кып-кыра таммахтар бычыгыраспыттарын кѳрѳн, испэр: “Итии чэй паарыттан дуу, итииргээн дуу? – диэн бэйэбиттэн бэйэм ыйыппыттым уонна Олег эбэтин кистии-саба одууласпытым, – эдэригэр мааны да буолуо, бука. “Со следами былой красоты” диэн маннык, сааhыран эрэр түѳтэ сирэйин этэр буолуохтаахтар. Кыыhа – Олег ийэтэ − бэйэтин курдук кырасаабысса. Ол да иhин күннээх Армения киhитэ таптаан, кэргэн ыллаҕа. Ол, соҕурууҥҥу эрэттэр, бүрэ дьүhүннээх кыыска санааларын уурбаттар”. – Yчүгэй кыыhы кѳрсѳн, ыал буолан хаалара буоллар, мантан инньэ хос сиэннэргин бүѳбэйдиэҥ этэ, – эбэм кырыбыайкатын кѳннѳрүнэ-кѳннѳрүнэ эппитигэр, санаам утаҕа быhа ыстаммыта. Салгыы эбэм аах тугу кэпсэппиттэрин истибэтэҕим, таhырдьа, футболлуу бараары, табаарыстарым күүтэн тураллара, онно ойбутум. …Биирдэ, физика уруога буола турдаҕына, ааны тоҥсуйан тобугураппыттара. Мисс Каллиграфия, хаастарын сүллэhиннэрэн, уруоктан аралдьыппыттарын сѳбүлээбэтэхтии туттан, тиийэн кылаас аанын сэгэппитэ. – Драсьте, – Аветисян куолаhын билбиппит, – извините, Мира Малышеваны уонна Сардаана Ходулованы үс мүнүүтэҕэ кѳҥүллүѳң дуо? Репетиция туhунан кэпсэтиэм этэ. – Дорообо. Уруоктан кими да кѳңүллээбэппин, Олег Тигрович! – Ольга
Ивановна иэдэhэ тэтэр гынаат, кытаанахтык эппитэ. – Вообще-то, Тигранович диэн этим. Кутталлаах баҕайы аҕам аатын биэрэ сыстыгыт дии! Чэ, кѳҥүллээбэт буоллаххытына, оҕолордуун переменаҕа да кэпсэтиэм,– Олег түргэн-түргэнник саҥарбыта, оттон Мисс Каалли ааны сабан “лип” гыннарбыта. Ол түгэнтэн ыла, ѳр буолбатаҕа, кулууп саҥа дириэктэрэ уол учуутал кыыhы кытта билсэн эрэр сураҕа кыччыгый бѳhүѳлэкпитин толорон кэбиспитэ. Онус кылаас уолаттара, Ооҕуй Бииктэр уонна Хаамыска Антон ѳссѳ харчыга уксубуттар этэ: Аветисян саҥа пассиятын кытта ыйтан ордук сылдьыа суоҕа диэн. Ый ааспыта, оттон Мисс Каалли уонна Олег, дьонтон саспакка, сиэттиhэ сылдьар буолбуттара. Кулуупка ыытыллыбыт хас да тэрээһиҥҥэ Ольга Ивановна кыттыбыта, урут соччо активистаабат бэйэтэ. Сакалааттаспыт уолаттартан “уhуннук доҕордоhуохтара” диэбит Антон кыайан, ѳрѳгѳйдѳѳбүтэ. Унньуктаах уhун кыhын ааспыта. Саас барахсан уhун, сылаас күннэри эргиппитэ. Υѳрэх дьыла түмүктэммитэ. Мисс Каллиграфия дойдутугар – Уус-Маайаҕа – барбакка, биhиги бѳhүѳлэкпитигэр сайылыы хаалбыта. Тѳхтүрү оччо сѳбүлээбитэ дуу, Олегтан сылтаан эбитэ дуу? Сайын бүтүүтэ Күп диэн дьиктитик иhиллэр ааттаах дэриэбинэттэн Мисс Каалли ийэтэ тиийэн кэлбитэ. Бука, дьыала сыбаайба диэки салаллан эрэриттэн ини. Ол эрэн, сотору кэминэн, бѳhүѳлэккэ дьикти сонун тарҕаммыта: “Ольга Ивановна уолбутугар усулуобуйа туруорбут. Биир ый иhигэр табаххын букатыннаахтык бырахтаххына эрэ кэргэн тахсыам”, – диэн. Ооҕуй Бииктэр ону сиилии истибитэ: “Оскуолаттан табахтаабыт уол, ылла да, дьаллыгын хайдах быраҕан кэбиhиэҕэй? Бука, Миис Халлыгыраапыйаны бэйэтин быраҕара буолуо эбээт”. Эмиэ сакалааттаhыы, уксуу буолбута: Хаамыска табаҕын быраҕыа, Ооҕуй кыыhын уларытыа диэн. Сайын ааhан, үѳрэх саҕаланан, ахсыс кылааска киирбиппит. Кэм-кэрдии ааhан испитэ. Балаҕан ыйа ортолообута. Дьон үксэ сѳҕүѳн иhин, Олег табаҕыттан аккаастаммыта. Бэйэтэ этэринэн, “табекс” пластырь кѳмѳтүнэн, улаханнык эрэйдэммэккэ бырахпыт. Сыбаайба күнэ алтынньы бүтүүтэ болдьоммутун туhунан сонун ыалтан ыалга тилийэ сүүрбүтэ. Балаҕан ыйын 18 күнүгэр биhиги кылааhынан экскурсиялыы барбыппыт. Кылааспыт салайааччыта Наталья Николаевна бу сырыыга айылҕаҕа барсыбатаҕа. Биhигини Мисс Каалли илдьэттии сылдьыбыта. “Бабье лето” диэн, маннык кэми этэн эрдэхтэрэ. Күн ылааран, сып–сылааhынан угуттуур. Чараҥнар алтан-кѳмүс симэхтэрин устан эрэллэр. Кѳтѳр кынаттаах кыстыыр дойдутун булаары, соҕуруу, илин диэки субуллар. Таас Суолу уҥуордаан, “Тэтим” ферма сайылыгар тиийдибит. Спартак биhикки кулуhун отуннубут. Хаппыт лабаалары тоhуталаан чѳмѳхтѳѳтүбүт, кутаа күѳдьүтүүтүгэр диэн, чѳмѳх анныгар туос кэлтэкэтин уктубут. “Чэ!” – икки ѳттүттэн уоту даҕайдыбыт. Спартак испиискэтэ умуллан хаалла. Мин, аҕам үѳрэппитинэн, үс сотону холбуутутан умаппыт буолан, умулларбатым, хата, туоhум түүрүллэн ылаат, умайан сирдьигинээбитинэн барда. Спартак: “Щет! Тоҕо умулларый?!” – дии-дии, саңаттан уматта. Утаакы буолаат, кулуhуммут үѳрэ–кѳтѳ чачыгыраата, күѳх буруонан унаарыйда. Чэй ѳрүннүбүт. Чаас аҥаара да ааспата: – Чэй буста-аа! Аhаатыбы-ыат! – Воеводин омуннуран хаhыытаата. Волейболлуу сылдьыбыт оҕолор сырсан кэллилэр. – Чэй оргуйар, буспат! – Лена, оонньууттан тэтэрбит сирэйин платогунан сотто туран, Спартагы кѳннѳрдѳ. – Биирдэ
дьээбэлээн саҥараары, эмиэ кириитикэҕэ түбэстим, – анарааҥҥыта хардарда. Хонууга хаhыат тэлгэтэн, аhылыкпытын бэлэмнээтибит. Сибиэhэй салгыҥҥа, айылҕаҕа, ас минньийэрэ үчүгэйиэн! Аhыы олорон, бэҕэhээ кѳрбүт индийскэй “Одна ошибка” диэн киинэбит туhунан кэпсэттибит. Онно тапталы “алҕаска” таҥнарыы, дьиҥнээхтик, күүстээхтик таптыыр киhи, бэл, “алҕас” “хаңас хааман ылбыт” тапталлааҕын бырастыы гыныан сѳбѳ кѳстѳр. Киинэни ырытыhа түhэн баран, кэпсэтиибит доҕордоhуу уонна таптал тиэмэтигэр кѳстѳ. Отличницабыт Надя Фёдорова, атаах оҕолуу толлойбут уоhун кытыытыгар күѳх луук бытархайа сыстыбытыгар кыhаммакка, Мисс Каллиграфияҕа хайыста: – Ольга Ивановна, таптал диэн тугуй? Биhиги бары чуумпура түстүбүт. Учууталбыт Надяҕа эргилиннэ уонна бэйэтин дьабадьытын диэки ыйан баран: – Туох эрэ баар, – диэтэ. Надя хаҥас ытыhын кѳхсүнэн, детсад оҕотунуу, уоhун туора соттон кэбистэ. Ольга Ивановна, тугу эрэ толкуйдуурдуу, саҥата суох олорбохтоото. Киэҥ хара харахтарын аргыый, тугу эрэ ааспыты саныырдыы, бытааннык сапта. Биллэр–биллибэт чэрэниилэ күѳх “тень” кырааскалаах чараас халтаhатын кылдьыылара кѳстѳн кэллилэр. Туштанан ѳссѳ уhаабыт кыламаннара ибирдээтилэр. Онтон, эмиэ бытааннык, хараҕын аhан баран: – Поэттар “таптал – киhи саамай бастың, романтичнай иэйиитэ” дииллэр. Ыраас, сырдык тапталы нарын сибэккигэ, дьэргэлгэҥҥэ, бэл, тиис ыарыытыгар холууллар. Оттон оҕолор уонна эдэр дьон “саамай элбэхтик саныыр киhигин таптыыгын” дииллэр. Учуонайдар “таптал диэн киhи организмыгар гормоннар үѳскүүллэриттэн, атын киhини тупсаран кѳрѳн умсугуйуута, атыннык эттэххэ, инстинкт размножения” диэн быhаараллар. Итинтэн эhиги ханнык быhаарыытын ордороҕутуй, хайата ордук чугаhый? – диэн бэйэбититтэн тѳттѳрү ыйытта. Биhиги бары кэриэтэ: “Бэйиэттэрдиин сѳбүлэhэбит!” – диэн аймалаhа түстүбүт… Ольга Ивановна, сүүрбэ үстээх эрэ диэтэххэ (оннооҕор мин тастыҥ эдьиийим Настя сүүрбэ алтатын Ыhыах иннинэ туолбута), таптал туhунан итинник сааhылаан быhаарбыта миигин бэркэ сѳхтѳрбүтэ. Эр дьон эрэ философиялыыра буолуо дии саныырым. Онтум баара, кыргыттар даҕаны сүрдээҕин бѳлүhүѳктүѳхтэрин сѳп эбит дии?! Итини барытын хантан эрэ булан аахтаҕа. Эбэтэр үрдүк үѳрэххэ үѳрэтэллэрэ эбитэ дуу? Испэр: “Учуонайдар… умсугуйуу… инстинкт размножения… судургу да эбит”,– диэн, тоҕотун бэйэм да билбэппинэн, кимиэхэ эрэ сэтэриирдии, санаабытым. Ол аата, Виолеттаны мин тупсаран кѳрѳн “умсугуйар” буоллаҕым дуу, ама… Вета, Виола, Виолетта… испэр араастаан таптаан ааттыыбын. Оттон айах атан кыайан кэпсэппэппин. Толлобун. Кылааhым атын кыргыттарын кытта кѳҥүл кэпсэтиэхпин, бэл, хаадьылаhыахпын сѳп. Оттон Веталыын – суох. Кини суоҕун курдук туттабын, кѳрбѳтѳҕѳ буолабын. Дьиҥэр, хараҕым кырыытынан, эбэтэр уора-кѳстѳ, наар кинини манаhан тахсабын. Санаабар, Виоланы сѳбүлүүрбүн ким да билбэт, билиэ даҕаны суохтаах. Оттон Виолетта миэхэ сыhыана эриэ-дэхси. Итинник холкутук эдьиий сурдьугар сыhыаннаhар. Атын кимтэн да чорбоппоттук, биир кэмник. Биирдэ эмэтэ туох эрэ улахан суолтата суоҕу ыйытар. Оччоҕо мин испэр долгуйан ыгыллабын, ытыстарым тиритэллэр, ол эрээри тѳhѳ кыалларынан холкутук хоруйдуубун, быhыта-орута. Биирдэ эмэ, Веталыын харахтарбыт утарыта кѳрүстэхтэринэ, уостарым миигиттэн тутулуга суох ымайан бараллар, испэр булкаан
оргуйарыныы, ытылҕан саҕаланар. Онтон, ѳйдѳммүттүү, уостарбын ньимитэбин, оттомноохтук кѳрѳ сатыыбын. Бука, маннык түгэни биир поэт, (арааhа, Моисей Ефимов): “Мэник бэйэм кыбыстабын, Тыллаах бэйэм Тылбыттан матабын”,– диэн ойуулаатаҕа… Виолетта хойуу, уhун хааhын үргэммэт, кырааскаламмат. Надя, Римма уонна Света хайы-үйэ былырыыҥҥыттан саҕалаан, хаастарын үргэнэн, санааларыгар, муодунай моhуоннууллар, сороҕор, аhара үргээн, синньэтэн баран, хара харандааhынан эбии ойуулаан биэрэллэр. Кыргыттар, дьэ, тулуурдаах дьон диэтэҕиң. Сэбэрэбин тупсарыам этэ диэн, айылҕа анаан үүннэрбит түүтүн үргүүр диэн. Абытакай буолуо эбээт?! Аутомазохизм кэриэтэ. Эбэтэр, уол кыайан ѳйдѳѳбѳт, туох эрэ дьикти абылаҥа баар дуу, хаас үргэнэргэ? Биhиги, сахалар, монголоид раса буоларбыт быhыытынан, хааспыт харахпытыттан үѳhэ, сүүспүт диэкинэн. Харахпыт, хааспыт икки арда ыраах. Оттон индо-европалыы раса дьонун хааhа хараҕын үрдүгэр сабыста сылдьар. Хаас-харах икки ардылара кинилэргэ чуп-чугас. Ону биирдэ ийэм эппитигэр ѳйдѳѳбүтүм. Кини Олег Аветисян туhунан: – Ити Олег хааhа хойуу уонна хараҕын үрдүгэр, чугас. Омугун хаана тардан итинник дьүhүннээх. Сахата баhыйбыта буоллар, мэрдьэгэр хаастаныа этэ, – диэбиттээх. Онтон ыла дьон хааhын сыныйан кѳрѳр, суолталыыр буолбутум. Бэйэм хаастарым туhунан урут туох да ѳйдѳбүлэ суох этим. Олег хааhын туhунан истиэхпиттэн, сарсыарда баттахпын тараана туран, хаастарбын имэринэбин. “Син бэрт хаастар”, – диэн уоскутунабын. Кистээбэккэ эттэххэ, хааспын соччо астыммаппын. Арыый хойуу, арыый хара хаастаныахпын баҕарабын. Кылааспыт саамай мааны, кѳстүүлээх уолаттара – Неустроев уонна Трутин – иккиэн хойуу хаастаах эбиттэр. Ок-сиэ, хаас туhунан аhара да уhуннук тэнийээри гынным дии! Мин Виолетта туhунан саныы олорбутум ээ. Дьэ, сѳп. Вета хойуу, субурхай хааhыттан ураты, абылыырдыы имэрийэ кѳрѳр хара харахтаах. Утарыта кѳрсѳн ыллахпытына, санаабар, Бэйдиҥэ Эбэтин бѳдѳң соботунуу быhыылаах (“рыбовидные глаза” диэн манныгы эттэхтэрэ), таайтарыылаах толбонноох хара харахтарга этиэхтэн эриэккэс иэйии кистэнэргэ дылы. Арай… ол иэйии миэхэ ананнын… Мэлдьи, бастакынан умса кѳрѳбүн. Баҕар, Вета миигин эмиэ иhигэр киллэрэ саныыра буолуо. Ол эрэн, мин кинини сѳбүлүүрүм быдан күүстээх буолан, маҥнайгынан “сири-буору булан” эрдэҕим… Виола хара харахтарын туhунан кэпсээн саҕалаатахпына, бүгүн бүппэтим чуолкай. Онон, быhаччы, “абылаңнаах хара харахтаах” эрэ диэнинэн муҥурданыым. Мисс Каалли этэринэн, оччоҕо, Ветаны “инстинкт размножения” күүhүнэн тупсаран кѳрѳр, киниэхэ умсугуйар эбиппин. Оттон мин Веталыын сыллаhар-уураhар туhунан санаабаппын эбээт, эгэ, хоонньоhор туhунан ѳй киириэ дуо? Бука, атын хайа эмэ кыыhы кытта улаханнык кэтэмэҕэйдээбэккэбин эрэ, уураhыам эбитэ буолуо. Оттон Виоланы ыраахтан, сэрэнэн, сѳбүлүү кѳрѳрбүнэн сѳп буолабын. Били, платоническай дэнэр тапталлара дуо, мин иэйиим, оччоҕо?.. Оҕолор, аhаан бүтэ охсон, оонньуу сырыстылар. Умуллан эрэр кутааттан синньигэс буруо тыргыйар. Мин, Ольга Ивановна уонна Надя, үhүѳйэҕин олорон хааллыбыт. Учууталбыт Надялыын олорон эрэн, тыаhаппакка иhити-хомуоhу сааhылыыллар, хомуйаллар. Надя, иhити хомуйарын быыhыгар тѳгүрүк сирэйэ боччумуран, кыhыл спортивнай бүрүүкэтин тобугуттан түүппэҕин тойон эрбэҕинэн уонна сѳмүйэтинэн
үргээн, ыраастаабыта буолар. Надяны одуулаhабын уонна испэр санаам утахтарын салгыыбын. Фёдорова – кылааспыт королевата. “Мисс класса”. Уолаттарбыт бары кэриэтэ кинини сѳбүлүүллэр. Миигиттэн ураты. Баҕар, Вета, тас кѳрүҥүнэн Надяҕа тиийбэтэ буолуо, атыттар кѳрѳллѳрүгэр. Оттон миэхэҕэ Виолеттатан ордук кэрэ, ордук нарын, ордук аламаҕай суох. Оттон Мисс Каллиграфия “таптал – инстинкт размножения” диэтэ. Ѳскѳ, оннук эбит буоллаҕына, мин Ветаны хойут, улааттахпына, чэ, сүүрбэччэбэр, кэргэн ылыахтаахпын. Ыал буолабыт …оҕолонобут… кыыс… эбэтэр уол… эбэтэр хас даҕаны… чэ, үс-түѳрт оҕо сѳп ини. Оҕолорбут сирэйдэринэн ким курдук буолуохтарай? Икки ардыбытынан дуо? Харахпын быhа симэн, кыра, биир саастаах оҕону кѳрѳбүн. Санаабын салайан, сирэйин омоонун таhаарабын. Хайаан да Виолам курдук хойуу, уhун хаастаах, хараҕа эмиэ киниэнэ. Баттаҕа… Вета баттаҕа хараҥа кугас, онон хара баттахтанара чуолкай… мунна… сѳп… эбэтин мунна – мин ийэм мунна кыратык сынтаҕар… уоhа… – Кэлиҥ-кэли-эҥ! Волейболлуоҕуҥ! – Марат саҥата дуораhыйар, санаам утаҕын быhа тардар. Кѳр, тѳрүү илик оҕом уоhун ѳйбѳр ситэри оңорон кѳрбѳтүм ээ… ол эрэн, тапталы аҥаардас инстинкт эрэ диэн кэбиhэр тутах ини?.. Оонньоон күѳ-дьаа айдаарсар, күлэр–үѳрэр доҕотторум диэки эргиллэн Ветаны одуулаhабын. Кинини “кэргэним, оҕолорум ийэлэрэ буолуоҕа” диэн, санаабар оҥорон кѳрбүт буоламмын, тоҕо эрэ букатын атын харахпынан кѳрдүм… Хамсанара имигэhэ, кѳтѳн кыырайан кэлбит мээчиги “аутка” охсон кэбиhэн баран ис–иhиттэн тэбэнэттээхтик күлбүтэ, барыта сүрэҕим иhинэн киирэр. Ама, сѳбүлүү кѳрѳрүм таhынан, таптаан эрэбин дуо?.. …Экскурсияттан бѳhүѳлэккэ киэhэ хойут, уон чаас ааhан эрдэҕинэ, сылайан, дэлби астынан, кэлбиппит. Экскурсиялаан кэлэн баран, харса суохпун барытын киллэрэн туран, Ветаны дьиэтигэр атаарбытым, спортивнай суумкатын “аарааҥҥа диэри” тутуhар сылтаҕыран. Дьиңэ, чэйэ иhиллибит кураанах термос уонна кэтиллибэтэх халлаан күѳх жакет туох улахан ыйааhыннара кэлиэй? Саҥата суох хаамсабыт. Вета тугу да саңарбат, сылаарҕаабыттыы үѳhэ тыынан ылара иhиллэр. Биирдэ эмэ унаарыччы кѳрѳн ылар. Ол курдук, Виолетталаах дьиэлэрин олбуоругар кэллибит. Суумкатын санныбыттан устан, туттардым. Кэhиэҕирэ сыспыт куоласпын истэбин: – Υчүгэй баҕайытык сылдьан кэллибит дии, айылҕаҕа… – Наhаа үчүгэйдик экскурсиялаатыбыт… – кыыhым имэ тэтэрэн, сѳбүлэhэр, утары эргиллэр, суумкатын хаҥас санныгар иилинэ быраҕар. – Чэ, пока… – атын тугу да булан эппэтим. – Пока, – борук-сорукка Вета “рыбовиднай» харахтарын “кутуруктарыгар”, ол аата чанчыктарын диэкинэн, мичээр омооно түhэн ылбыта кѳhүннэ. Калиткатын тыаhа суох сабан, дьиэтин диэки барда. Саhархай кырааскалаах күүлэтин хараҥаҕа боруоран кѳстѳр аанын арыйда. Уун-утары тоҥонохтоммут биэдэрэтэ боруҥуйга кылбайбытынан Вета ийэтэ тахсан кэллэ. Арина Ивановна кыыhыгар тугу эрэ ботугураан этээт, дьиэ кэтэҕэр хотон диэки ааста. Ынахтара хойутаан кэлбиттэрин ыы таҕыстаҕа. Дьиэлээри, эргиллэн, аҕыйах эрэ атылы оңордум. Кэннибэр калитка аана “хап” гына түстэ уонна чэпчэки атах тыаhа тибигирээтэ. Эргиллибитим, ыксаан аҕай, Вета сүүрэн иhэр: “Уо-аай!” – тугу эрэ ыксаллааҕы этэ
охсоору тиэтэйэр. Аттыбар кэлэн, чугурус гына тохтоот, биир тыынынан: – Сарыал, иhит эрэ! Олег… учууталбыт… Мисс.. Ольга Ивановна доҕоро… бүгүн күнүс …абаарыйаҕа түбэспит. Матасыыкылынан иhэн… итирик киhи ыытан иhэр “Бѳлѳрүүhүгэр” кэтиллэн кѳлүѳhэ анныгар түбэспит. Оройуон киинигэр илдьэн, эппэрээсийэлээн, икки атаҕын… – диэн субурутаат, харахтара дьэҥкир уунан туолан бардылар, – Ольга Ивановна тѳhѳ эрэ айманар… Киниэхэ бара сылдьыахха наада. Мин истибит сонуммуттан “мах” бэрдэрдим. Онтон, ѳй ылан: – Киирэн, дьиэҕэр суумкаҕын ууран тахсыбаккын дуо? – диэн ыйыттым. Куолаhым, дьагдьайбыт киhи киэнинии, титирэстээн ылла. Онуоха кыыhым бэрт улгумнук калиткаҕа сүүрэн тиийэн, борук-сорукка бороҥ буолан кѳстѳр от күѳх суумкатын олбуор иhигэр элээртэ уонна: – Итиннэ сытан эрдин, – диэтэ, аттыбар кэлэн тоҥолохпуттан ылла, – бардыбыт. Кыыhы кытта эдьиийим Соня этэринии, “бодуруускалаһан”, аан маҥнай хаамабын. Суох, биллэн турар, ийэбин, эбэбин, сороҕор, биирдэ эмэ, эдьиийдэрбин кытта итинник хаамсааччыбыт. Онтон кыбыстааччым суох. Оттон Веталыын тэҥҥэ хардыылаан, киэҥник үктээн иhэн, эмиэ да, сѳбүлүүр кыыhым ыксары тутуhан иhэриттэн үѳрэ саныыбын. Аны, ким эмэ утары түбэhэ кѳрсѳн, “пааралар” диэн “сонуну” ыытыа диэн, эмиэ да толло, кыбыста саныыбын. Виола отой атыны саныы иhэр быhыылаах, “бодуруускалаһан” иhэригэр букатын да кыhаммат киhилии туттар… Ольга Ивановна олорор дьиэтигэр начаас ыккардыгар тиийдибит. Учууталбыт тиэргэниттэн тахсан иhэрин утары кѳрсѳ түстүбүт. Кини оройуон киинигэр барардыы хомунан тахсыбыт. Телефонунан бодобуос суоппара Киппирийээни кытта кэпсэппит. Хата, Купидон (Киппирийээн таптал аата) оройуон киинигэр илдьэн биэрэргэ улгумнук сѳбүлэспит. …Олег балыыhаҕа ый кэриҥэ сытан баран тахсыбыта. – Дэлби кубарыйан, дьүдэйэн хаалбыт. Хаарыан уол… – диэбитэ эбэм, дьүѳгэтигэр тахса сылдьан баран. …Ольга Ивановна Олегтаахха кѳспүтэ. Доҕорун санаатын кѳтѳҕѳн, “Ыстаал хайдах хатарыллыбыта” уонна “Дьиңнээх киhи туhунан сэhэн” кинигэлэри хос–хос аахтарбыта. Хас да ый ааспыта. Эмискэ ааҥнаабыт алдьархайга бэриммэт санааланан, Аветисян куоракка киирэн, быратыас оҥорторбута. Онтун кэтэн, бэйэтин күhэйэн туран эрчиллэн, сааhыары баттыктаах хаамар буолбута. Кулуупка, Олег үлэтигэр тахсыаҕар диэри, мин ийэм дириэктэрдээбитэ. Ийэбитигэр Рита, мин уонна аҕам кулуупка сылдьан, кѳмѳлѳhѳр буолбуппут. Ол быыhыгар, дьон суоҕар, аҕам миигин бильярд оонньуурга үѳрэппитэ. Ардыгар, аҕам ийэбинээн оонньууллара. Аҕам бильярга олус бэркэ оонньуур. Хаhан, ханна оонньуу үѳрэммитин ыйыппыппар: – Устудьуоннуу сылдьан үѳрэммитим. Хаартылыырга эмиэ унирсекка (университет диэни кылгатан этэр) “уhуйуллубутум”. Пиибэни эмиэ онно сѳбүлээн иhэр буолбутум. Чэ, короче, култуура эйгэтигэр онно сыстыбытым, – диэбитэ. Ийэм кини миигин хаадьылыырын сѳбүлээбэтэҕэ, тѳhѳ да мичээрдээтэр, кытаанахтык: – Эн, уопсайынан, оҕоҕо сыыhа ѳйдѳбүлү биэримэ эрэ. Уолуҥ, аны, үрдүк үѳрэх диэн киhи кѳччүйэр эрэ сирэ эбит диэн ѳйдүѳҕэ! – диэбитэ. – Университекка баҕарабы-ыын! – мин, дьээбэлэнэн, атаахтаабытыы унаарыппытым. Дьонум күлсүбүттэрэ. Сааһыары Аветисян үлэтигэр тахсыбыта. Тайахтаах да сырыттар, онтугар тирэммэккэ кэриэтэ хаамара. Бастаан
утаа үлэтигэр барарыгар Мисс Каалли тоҥолоҕуттан тутуhан хаамсан атаарара. Онтон, үѳрэнэн, бэйэтэ соҕотоҕун да сылдьар буолбута. Биирдэ Мисс Каалли аҕата почтаҕа “переговор” сакаастаабытын, кыыhын кытта кытанаахтык кэпсэппитин туhунан сурах сир-буор аннынан тарҕанна. Аҕата кыыhыгар атаҕа суох хаалбыт киhиэхэ кэргэн тахсыбатыгар сүбэлээн кѳрбүт. Ольга Ивановна, ытыы-ытыы, аҕатын мѳхпүт: “Уопуттаах, син олоҕу кѳрбүт-билбит киhи эрээри, тоҕо итинник этэҕин?! Мин тоҕо Олегы, инбэлиит буолла эрэ диэн, быраҕыахтаахпыный?! Мин кинини дьиҥнээхтик таптыыбын эбээт… Син биир кинилиин олохпун холбуубун…” Аҕата, инбэлиит киhи майгыта уларыйарын, олорон истэҕин аайы олохторо улам ыараан иhиэҕин санатан кѳрбүт. Сааhыран баран, биэс уонун-алта уонун диэки, оҕолоро улаатан туhунан бардахтарына, киhитинээн иккиэйэҕин хаалыахтара турарын, кыҥкый, бэйэтин дьонтон барытыттан итэҕэс сананар, баҕар, эбиитин, күнүүhүт, мэлдьи суланан тахсар киhилиин салгыы олоруохтааҕын эппит.Тоҕо диэтэххэ, бодоҥноох дьон оннук буола уларыйаллар үhү. Ольга Ивановна истэ да барбатах… Бэс ыйын 15 күнүгэр Ольга Ивановна уонна Олег Тигранович сыбаайбалаабыттара. Сыбаайба култуура дьиэтин фойетыгар ыытыллыбыта. Икки сүүсчэкэ киhилээх, бэртээхэй “дьоро киэhэ” ааспыта. Ийэм тамадалаабыта. Итирбит-кутурбут суоҕун кэриэтэ, охсуhуу эҥин тахсыбатаҕа. Дьэ, итинник… Мисс Каллиграфия, онон, биhиги бѳһүѳлэкпитигэр кийиит буолан, олохсуйда. Ыал буолбутунан сибээстээн, аата Миссис Каалли диэҥҥэ уларыйда. Олег Аветисян, Миссис кэргэннээх киhи быhыытынан, Мистер диэн “норуодунай” ааттанна. Соторутааҕыта үчүгэйкээн баҕайы уол оҕолоннулар. Эhэтин аатынан, Тигран диэн ааттаатылар.
edersaas.ru сайтан