Кэпсээ
Войти
Регистрация
Арыгы содула (Кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Арыгы содула (Кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
15.03.2024 01:30
Кыракый Аанчык кыыс утуктаан сыҥааҕырдыырын быыһыгар уруогун аахпыта буола олордо. Сарсын саха тылыгар хонтуруолунай үлэ диэбиттэрэ. Диктантан куттаммат. Суруйуоҕа. Учуутала хайгыыр. Иллэҥ эрэ буоллар, кинигэ ааҕар. Ордук саха тылыгар күннүүр. Биир да сыыһата суох суруйан, оҕолору сөхтөрөр. Ол иһин оҕолор тыыппаттар, “арыгыһыт оҕото” диэн сирэйгэ-харахха аспат буолан абырыыллар. Сороҕор сорудахтаах диктаҥҥа сыыһан кэбиһэн “4” ылар. Сарсын этии тутаах уонна ойоҕос чилиэннэрин тардыахтаахтар да, хайыыр. Син билэр этэ да, ийэтэ барахсан маарын өйдөөх эрдэҕинэ, үөрэтэ сатаан, тоҕо түһүктэр дэнэрий, падежтар диэн дэлби буккуйан кэбистэ. Сарсын уруок иннинэ учууталбыттан ыйытыам диэн мунаахсыйа олордо. “Кинигэни ааҕар киһи суруйар, ааҕар дьоҕура сайдар”, — диэччи эбэтэ. Эбэтэ билигин баара буоллар, наһаа үчүгэйдик олоруо этилэр. Арыгыһыттары ийэтин курдук мунньуо суоҕа этэ. —Хотуой, тугу гына олороҕун? Бар, тахсан кирдээх ууну тох. Тоҕуллубатаҕа хас да хоммут. Сыт-сымар бөҕө. Бачча улахан кыыс тугу да көрбөт. Билигин табаарыстарым кэлиэхтэрэ. Онно маннык дьаабыланан олоробут дуо? – ийэтэ дьаһалымсыйда. —Эмиэ кэлэллэр дуо, арыгыһыттар, — кыра кыыс муннун анныгар киҥинэйдэ, — Кирдээх ууну күн ахсын тоҕобун дии. —Хотуой, истибэтэ буолуо диигин дуо, итиннэ төттөрүлэһэ олорбуккун, хата, баттаххар түһүөм, — ийэтэ кыыһыран өрө дьорҕойо түстэ гынан баран, бүгүн санаата көнөн, үөрэ сылдьар буолан, салгыы кыыһыра барбата. Хата, эт кэнсиэрбэлээх буолан, лапсалаан соркуой буһарда. Кыыс киирдэҕинэ, аһатан баран, биир эмэ ыалга үүрүллүө. Киэһэ утуйуор диэри оҕолору кытта сылдьыа, арба, ыраас халааппын ити кыыска булларбыт киһи. Билигин кыргыттарым кэлэллэрэ буолуо. Настялара төрөөбүт күнэ. Саамай эдэрбит, отут биэһин эрэ туолар. Төрөөбүт күннээх киһи балачча аһатар ини. Пахай, килиэбим суох эбит дии. Ити кыыс халааппын булбакка баран хаалбыт быһыылаах. Таһырдьа, тэлгэһэҕэ, дьахталлар ньамалаһалларын истэн, ааны тэлэччи аһан туран саҥа аллайда. —Оо, кыргыттарым, барахсаттарым, көрсүбэтэхпит да ыраатта. Түргэнник да кэлбиккит. —Хата, Марыынабыт барахсан, ас астаабыт. Дьэ, маладьыас кыыскын. Мин төрөөбүт күммэр кыргыттарбар кэһиибин аҕаллым. Бэҕэһээ ийэм пенсиятыттан ынньаҕалытан ыллым. Барахсаным биэрбэппин диэн баран, сарсыардааҥы ыамы ыам диэбиппэр бастаан биэс тыһыынчаны биэрбитэ, онтон наһаа этиммиппэр эбии биир тыһыынчаны биэрэн илиибин дуйдаата. Онон кыргыттарбар биир бытыылка водка уонна халбаһыы, сыыр атыыластым. Киһи буолан кыыскар коробкалаах сакалаат ыллым. Мэ, ууран кэбис, — Ааныстара биир кэм тохтоло суох кэпсээн халаара олордо. —Ээ, ол кыыска тоҕо ыллыҥ? Сакалаат сиэбэккэ да сылдьыаҕа. Ол кэриэтин кыһыл арыгы ылыаххын, — кыыс ийэтэ өрө будьуруйбут баттаҕын имэриммэхтиир. —Чэ, буоллун, ол бытархай харчыга биир бормотуха кыайан кэлбэт. Олорон аһыаҕыҥ. Биир водкаҕа син биир топпоппут. Арай төрөөбүт күннээхпит булар ини, маарын биэс тыһыынчалаахпын диэн киһиргээн эрэрэ дии, — баттаҕын эр киһилии күлтэччи кырыттарбыт Ниналара чобуорхайар. —Ол биэс тыһыынча бэҕэһээ мэлийбитэ, сурахтыын сүппүтэ, — Ааныстара хардарар. —Ханна гыммыккыный? — дьахталлар соһуйа түһэллэр. —Күрэппитим. Балтыбар бэҕэһээ мобильнай телефонунан куоракка ыыттарбытым. Дьоҥҥо көстөр мааны кууркам суох. Атыылаһан ыытыахтаах. Мин да киһилии таҥныахпын баҕарабын. Ити харчыбар эбэн үчүгэйи атыылаһыахтаах. Балтым иһэҕин диэн үөхтэр даҕаны, син сороҕор киһилии сыһыаннаһар. —Оо, дьэ, инньэнэн бүгүн хотону көрдүҥ дуо, — Нина остуолу тарда туран ыйытар. —Ээ, суох буоллаҕа, хантан? Мантан киэһэ ыаныллыа. Кыргыттар, санаарҕаамаҥ, ийэм аҕыйах солкуобайы биэрэр ини. Биэрбэтэҕинэ, аны кыһын хотонугар сылдьыллыа суоҕа, — төрөөбүт күннээхтэрэ, Настялара, кыайбыт-хоппут курдук туттар. Ити кэмҥэ ааннара нэһиилэ хаахынаан аһыллыбытыгар Аанчык тоһугураан киирэн кэллэ. Хайы-үйэ саҥалара элбээбит, харахтара кылахаччыйбыт дьахталлары куттаммыт хараҕынан чоҕулуччу көрөн турда. —Бар. Хотуой, туохха өрө бэһирэн кэллиҥ? – ийэтэ сиэх-аһыах курдук кыыһын хатыылаахтык көрдө. —Онтон уруокпун аахпаппын дуо? – кыыс куттаммыттыы титирэс куолаһынан ыйытар. —Бар, диэтим, — ийэтэ илиитигэр тутан турар ньуосканан оҕо сүүһүн сыыһа-халты бырахпытыгар дьахталлар өрө хаһыытаһа түстүлэр. Оҕо эрэйдээх сүүһүн саба туттан, ытыы-ытыы тахсан барбытыгар, ийэтэ киһи хараҕар биллэр гына эргэрбит үрүссээги таһааран таһырдьа бырахта. —Чэ, Марина, наһаа да төрөппүт оҕоҕун итинник туппатаргын. Биһиэхэ оннооҕор кутуйахпыт да суох. Эн буоллаҕына үчүгэйкээн бэйэлээх кыыстаах эрээригин…оҕоҕор наһаа кырыктаахтык сыһыаннаһаҕын, — Ааныс тииһэ суох айаҕынан халбаһыыны ыстаан ыллаҥната олорон дьүөгэтин сэмэлии олордо. —Эн миигиттэн ордук киһи буолан ньаамыргыы олорума, ымсыырдаргын ылан бар, иитэ ылан абыраа.., — Марыына кыыһыран өрө татыакалана түһэр. —Чэ, чэ бүтүҥ. Көрүстүгүт да тыл аахсан тахсаҕыт. Хата, аһыаҕыҥ, маннык үчүгэйдик аһаабатахпыт ыраатта. Халбаһыы, сыыр… билигин ыал ахсын баар буолбатах, — Ниналара, дьахталларыгар бэрт буолардыы, күлэн ырбайар. —Сылдьыаххыт эбээт, арыгы туруоруом ини, өссө ыт курдук үөҕүллүөхтээх үһүбүн, — дьахтар силбиэтэнэн туран, остуолтан халбаһыытын, сыырын иһиттэри ылан таҥас суумкатыгар таҥнары кутар, илиитигэр водкатын харбаан ылаат, куотардыы ааҥҥа ыстанар. Аан сабылларын кытта тэҥҥэ ааҥҥа үлтү быраҕыллыбыт ыстакаан тыаһа алдьанан өрө кырылыы түстэ… II Аанчык үрүксээгин көхсүгэр сүгэн оскуолатын диэки барда. Кылааһыгар киирэн паартатыгар балачча умса түһэн олорбохтоот, төрөөбүт литературатын кинигэтин таһааран, учуутала үөрэтиҥ диэн биэрбит Константин Туйаарыскай “Чалбахха” диэн хоһоонун үөрэтэргэ сананна. Сарсын билбэтэҕинэ, мөҥүллүө дии. Чалым-чулум чалбахха Чараас ыраас кумааҕы Көһөн – устан бардаҕа, Көрөн аастым муҥнааҕы!… Кыыс хараҕын быһа симэ-симэ үөрэтэ олорон, күнү-дьылы билбэккэ хаалла. Кылааһа барык-сарык буолбутуттан чаас ырааппыт, ийэм мөҥөрө буолуо дии санаат, ойон туран үрүссээгин сүгээт, тахсар ааҥҥа сүүрдэ. Аанын анньыалаан көрдө, аһыллыбат. Арба бүгүн өрөбүл. Ол иһин ким да суох эбит. Таһыттан хатаабыттар. Кыыс куттанан сүрэҕэ толугуруу мөҕүстэ, ханна да барыах-кэлиэх сирин булбата. Түннүктэргэ төттөрү-таары сүүрэкэлээтэ. Ким да көстүбэт. Санаатыгар аанын күүскэ анньыалаата. Аана лип курдук. Ытаан сыҥсыйан киирэн барда. Оскуолаҕа хонорго тиийдэҕэ. Сатахха, төлөпүөнэ суох. Ким кинини суохтуой? Ийэтэ олорбут сиригэр сууллан түһүө да, утуйан хаалыа. Түннүккэ туруо, баҕар, ким эрэ көрүө эбэтэр кэлиэ. Кыыс өрө сыҥарын быыһыгар сотору-сотору көрүдүөр хараҥа муннуктарын, килэдиспит түннүктэрин кэтиир мээрик буолла… Оскуола завхоһа Лена Иннокентьевна киэһээҥҥи аһылыкка салаат бэлэмнээн оҕурсу кырбыы турдаҕына, кыра уола аттыттан арахсыбакка, тэйбэҥнии турарын дьиибэргии санаата. —Баанньыска, туох буоллуҥ? Туох буруйу оҥордуҥ? – дьахтар уолун амаҕаччылаабыттыы көрөн туран ыйытар. —Ийээ, ити оскуолаҕа… — уол куттаммыттыы көрөр. —Һыллы, тугу этээри гынаҕын? Эт, куттаныма, — уолун көтөҕөн ылан ньилбэгэр олордор. — Оскуолаҕа туох баарый? —Оҕо баар… — уолчаан хараҕын наһаа киэҥник куттаммыттыы быччаччы көрөр. — Маарын мин көрбүтүм. Түннүккэ ытыы турара. Уборщица Нина оскуоланы таһыттан хатаан баран дьиэтигэр барбыт этэ. Арааһа, ити Аанчык быһыылааҕа. —Ону эн хантан көрбүккүнүй? — ийэтэ тоһоҕолоон ыйытар. —Мин мастарыскыайтан көрбүтүм. Кини миигин көрбөтөҕө буолуо. Түннүктэн түннүккэ сүүрэкэлиир быһыылааҕа. —Оо, онно биир да улахан киһи суоҕа дуо? Этиэххин. Оҕо сүрэҕэ хайыннаҕа. Бэйэҥ тугу эрэ туойаҕын дуу? —Кырдьык этэ… — Баанньыска ытаан хараҕын уута кирдээх иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэр. — Мин хатааһыннаах буолуо дии санаабатаҕым. Онтон кэлин биллим. —Оо, туох алдьархайай, Аанчык барахсан. Оскуолаҕа хайдах киирэн хаалбытай? Ийэтэ арыгылаан дэлбэрийэ сырыттаҕа. Барыахха, түргэнник, — Лена Иннокентьевна түргэн үлүгэрдик таһырдьа ыстанан тахсан оскуолаҕа барда. Уола кэнниттэн саппай уобуста. Сүүрүү-хаамыы икки ардынан элэстэнэн иһэн эмискэ тохтуу түһэн, күлүүһү илдьэ кэллин диэн уолун уборщицаҕа ыытта. Оскуола кирилиэһигэр өрө сүүрэн тахсан иһэн, аан таһыгар оҕо сыҥсыйан ытыырын чуолкай иһиттэ. —Аанчык, Аанчык, миигин истэҕин дуо? Бу мин тетя Лена Иннокентьевнабын. Куттаныма, бу мин аттыгар баарбын. Билигин Баанньыска кэлиэҕэ, оскуола күлүүһүн тылын аҕалыаҕа. Аанчык, һыллы, эн хайдах манна оскуолаҕа соҕотоҕун хаалан хааллыҥ? — оҕону аралдьытаары кэпсэтэ сатаата. Ити кэмҥэ уборщица Нина кыра уоллуун сүүрэн кэлэн, күлүүһүн тылын кыайан укпакка биир кэм халыгырата турарын Иннокентьевна сорунуулаахтык үлэһитин илиититтэн күлүүһү ылан эрийэ баттаата. Ааны аһаат, уоту холбоон, көрүдүөр иһэ сандаарыс гынна. Киирэр аан муннугар кыра кыыс токуллан олорорун көрөн, дьахталлар оҕону аһынан ытамньыйан ыллылар. Лена Иннокентьевна кыыһы көтөҕөн ылбытыгар куттаммыт, тоҥмут, дэлби ытаан хараҕа кытаран хаалбыт оҕо дьахтары моонньуттан кууһан ыга сыһынна. —Акаары дьахтар, көрбөккө барбыппын дии, Аанчык, һыллы, бырастыы гын, — Нина кэннилэриттэн иһэн биир кэм ботугуруу истэ. — Хата, бу Баанньыскабыт эппиэтинэстээх киһи буолан быыһаата. Кыра оҕо болҕомтотугар да ууруо суоҕа этэ буоллаҕа. Кини өйдөөбөтөҕө буоллар, Аанчык барахсан кутталыттан туох буолуо эбитэ буолла? Баанньыскаҕа махтаныахха наада. Оттон ийэбит арыгылыы сырыттаҕа. —Аанчык, билигин миэхэ барсаҕын дуу, дьиэҕэр илдьэбит дуу? — Иннокентьевна кыыстан сэрэммиттии ыйытар. Кыыс тоҕо эрэ саҥарбат. “Бэйэм хаамыам”, — диэн түһэр. —Бүгүн барыма. Миэхэ хонон баран, сарсын ийэҕэр бараар. Нина, билигин баран иһэн, Марыынаҕа сылдьан этэн ааһаар. Саатар, суобаһырҕаатын. Чэ, барыахха, — дьахтар кыыһы илиититтэн ылар. —Сөп, — Аанчык барахсан тоҕо эрэ Баанньысканы саллыбыттыы көрөр. Ниналара бэйэтин уулуссатын арахсыытыгар туораата, онтон Лена Иннокентьевна үрүссээги илиитигэр ылан, сылбырҕатык дьиэтин диэки айаннаата. Оҕолор мэниктээн дьахтары төгүрүччү сүүрэ сырыттылар. Аанчык уолтан куотан сүүрэн кэлэн, “Ийээ”, — диэт кууһа түстэ. Ийэ биллэн туран оҕону бэйэтигэр сыһыары тардан ылла. Уола сөбүлээбэтэхтии хайысхаламмытын соһуйа көрдө. —Хайа, Баанньыска, туох буоллуҥ? —Бу мин ийэм. Аанчык, эн бэйэҥ ийэҕэр бар, — уол ийэтин илиитин ыга тутта. —Оо, Баанньыска, хайдах буоллуҥ? Сибилигин эн саҕа үтүө киһи суоҕа. Аанчыгы быыһаатыҥ, аны үүрэн киирэн бардыҥ дии. Итини этэн эрдэхтэрэ: куһаҕаннаах үчүгэй куустуспутунан сылдьаллар диэн. Пахай, итинник куһаҕан быһыыламмат буоллаҕыҥ. Аанчыгы билигин үчүгэй баҕайытык аһатан баран, ийэтигэр илдьэн биэриэхпит. —Оҕото тиийдэҕинэ ийэтэ үөрүөҕэ. Аанчык, биһиги эйигин аҕабыт массыынатынан илдьиэхпит сөп дуо? — Баанньыска албыннаспыт хараҕынан Аанчыгы көрөн туоталлан турда. Аанчык барахсан сөбүлэһэн тоҥхоҥнообокко, тоҕо эрэ саҥата суох истэн эрэ кэбистэ. «Ийэтэ иһэн итирик олорорун сэрэйээхтиир быһыылаах. Марыынаны кытта кытаанахтык кэпсэтиэххэ наада. Уопсайынан дэриэбинэҕэ аҕыйах иһэр дьахтар баара дьон олоҕун олус да аймыыр. Оҕолорун да санаабаттар. Итирик сылдьан оҕолорун туохха эрэ тириэрдэллэрэ буолуо. Аанчык барахсан куттаммыт, сүрэҕэ битигирээбит аххан этэ. Эмискэ кэннилэригэр дьахтар хаһыытаан ыҥырар саҥатын истэн эргиллэ биэрдилэр. Марыына чараас ырбаахынан сүүрэн тэлэмээттэнэн иһэр эбит, баттаҕа ыһыллан, арбайан хаалбыт. Аанчык барахсан Лена Иннокентьевна кэннигэр сөрүөһүннэ. Дьахтар бэҕэһээ күнү быһа ардахтаан бадараан буолбут уулуссаны туораан тэлиэс-былас үктээн, сүүрэн кэлэн тобуктуу түстэ. —Оҕом, Аанчык, акаары ийэҕин бырастыы гын, — кыыһын илиититтэн ылан бэйэтигэр тарда сатаата да, оҕо дьахтарга сөрүөстэ сырытта. —Тур. Билигин да испиккин, холуоччук сылдьаҕын, — Лена Иннокентьевна кытаанахтык саҥарда. — Хантан иһэҕин? —Нина эттэ. Аны иһиэм суоҕа. Тылбын биэрэбин. Оҕом оскуолаҕа соҕотоҕун хатанан хаалбытын истэн куттанан өлө сыыстым, — Марыына ытамньыйан, эбиитин дьагдьайан биир кэм ибигирии турда. —Сөп, чэ, дьиэҕэр бар. Аанчык бүгүн биһиэхэ хонуо, онтон дьиэтигэр илдьэн биэриэхпит. Ол эрээри биир усулуобуйалаахпыт. Арыгыгын эмтэтэҕин. Мин сарсын баһылыкка уонна социальнай үлэһиттэргэ булгуччу этэбин. Эһигини, иһэр дьахталлары, атаахтатар санаабыт суох, — Иннокентьевна ис-иһиттэн тэмтэн, хараҕа уоттанан туран эттэ. Кини оҕону илиититтэн ылан, кэннилэрин хайыһан көрбөккө, иннилэригэр турар икки этээстээх дьиэ олбуоругар баран киирдилэр. Марыына сирэйин саба туттан, тэтиҥ мас курдук иэҕэҥнии, уулусса ортотугар соҕотоҕун туран хаалла. Татьяна Находкина, Уус Алдан. Уруһуй: bolshoyvopros.ru ылылынна
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан