Кэпсээ
Войти Регистрация

Өрөбүл күн

Главная / Кэпсээн арааһа / Өрөбүл күн

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
14.08.2020 12:55
Бу үүммүт күһүҥҥү саппарахтаах күн ороммуттан турбакка, өөр да өр сыттым. Сынньанар тоҕоос көһүннэҕинэ, бу курдук күнү да быһа утуйуохпун сөп. Көҥүллүүллэрэ, баарым туһунан бары биир үтүө күн умнан кэбиһэллэрэ буоллар, баҕар, тыатааҕы курдук уһун кыһыны утуйан атаарыам этэ. Чэ, ити ыра санаа эрэ. Оттон бүгүн баҕас утуйаа инибин, сып-сылаас, сып-сымнаҕас ороммор... Ким да аймаабат, уу чуумпу, бүгүн үлэ суох, түбүк суох... Ону баара, аттыбар баар аччыгый атаһым “миигин умуннуҥ” диэбиттии, баарын биллэрэн дьигиһиҥнии-дьигиһиҥнии өрө бирилээн, уоскуйбут уйулҕабын уһугуннаран кэбистэ. Хаарыан уу нуһараҥ уйуһуйдаҕа ол. Баҕарбатарбын да, төлөпүөммүн ылабын. Сэрэйбит сэрэх. Субуотаны-өрөбүлү аахсыбат дьүөгэм Маайыс эрийэр эбит. Буоларын курдук эмиэ туохтан эрэ аймаммыт, отой улахан алдьархай буолбутунуу, бобулла-бобулла тугу эрэ уһуун-уһуннук кутта-симнэ. Онтон, уһун ууттан улугурбут мэйии баара, биири өйдөөтүм: эрин кытта этиспит... эмиэ! Идэбинэн аҕыйах тылынан уоскута сатаатым, кыыһырсыбакка киһилии кэпсэтиҥ эҥин диэтим. Бу өрөбүлбүн буорту гыммыт түбүгү түргэн үлүгэрдик быһаарбыт курдук сананан, бакаалаһан хайаан туруупкабын уураары гыммытым... “Мин дьиэбиттэн бардым, бу эйиэхэ чугаһаан иһэбин, аҕыйах күн... мэһэйдэппэт инигин... икки хас күҥҥэ”, – диэн, дьүөгэм ааттаспыттыы оргууй саҥарбыта хантан эрэ ыраахтан иһилиннэ. Хайыахыпыный, кэлимэ, мэһэйдиигин диэхпин ханна-ыы эрэ ыраах сүрэҕим түгэҕэр саспыт амарах, сырдык санаам баарын биллэрэн “чэ, кэл” диэн буолла. Баҕарбатарбын да сылаас, сымнаҕас ороммуттан орҕостон туран сууннум-тараанным, чэй өрөн остуол бэлэмнээтим. Кыыһым өр күүттэрбэтэ. Мэктиэтигэр, бэйэтин саҕа, икки суумканы соспутунан, бу тиийэн кэллэ. “Икки хас күҥҥэ” арыый да элбэх таһаҕас быһыылаах... Идэбитинэн чэй иһэ олорон үгүһү кэпсэттибит. Маайыстыын биһиги дьүөгэлэспиппит номнуо уонча сыл буолла. Ол тухары ончу уларыйбатын сөҕөбүн. Санаалыын-оноолуун, майгылыын-сигилилиин — урукку кэмнэрдээҕи устудьуон Маайыс. Оттон сорох бу сыллар тухары олоҕу көрүүтэ хаста уларыйда? Кииллийии, олох будулҕаныгар буһуу-хатыы, кыра аайы ымыттыбат буолуу да тумнубатылар. Оттон Маайыс — уйан киһи. Ол иһин даҕаны өрүү аттыгар көмүскүүр-харыстыыр киһилээх эрэ буоллаҕына табыллар. Аҕыйах кэмҥэ ол киһитэ, арааһа, мин быһыылаах этим. Харах уутун сотор ноһубуой, муударай сүбэһит, ардыгар охсор илии, тэбэр атах да буолбуттаахпын. Хата, кыыһым иккис кууруска үөрэнэ сылдьан эргэ тахсыбыта. Ол кэннэ миигиттэн көмө көрдүүрэ аҕыйаабыт курдуга. Ол эрээри атын түбүк күөрэйбитэ. Дьиэ кэргэн иһигэр бурайсыы буолла да, бу курдук сүүрэн кэлэр, ытыыр-соҥуур... Чэ, ити хам-түм да буоллар, син биир хатыланааччы. Бу — бүгүн эмиэ уочараттаах бурайсыы кэнниттэн “көһөн” кэлэн олорор. Бу сырыыга этиһии төрүөтэ, мин өйдөөбүппүнэн, аһара баран атаахтааһынтан тахсыбыт. Мин Маайыһы оҕолон диэн сүбэлиибин. Баҕар, оҕолонноҕуна, кими эрэ бүөбэйдиир уустугун этинэн-хаанынан биллэҕинэ, оттомуруо дуу диэн санаан. Суох, Маайыс куттанар үһү. Чэ, буоллун. Оттон оччотугар соҕотох олор, араҕыс диибин. Кыыһым олох баһын быһа илгистэр. Соҕотоҕун сатаан олорбот
үһү. Эр киһитэ суох олорорун санаатыгар да оҥорон көрбөт быһыылаах. Сөп ээ, кини курдуктар бу тыйыс олоххо соҕотоҕун хайдах да “тыыннаах” хаалбаттар. Маайыс, мин санаабар, бөҕү да таһааран тоҕорун ыарырҕатара буолуо. Эгэ, өтүйэ, сүгэ диэни илиитигэр ылыа дуо?! Уһана, түбүгүрэ сылдьар Маайыһы харахпар оҥорон көрө сатаатым да табыллыбата. Кыыс ытыыр... Улахан эрэйи көрбүт киһини санатан санна дьигиһийэр. Оттон мин өйдөөбөппүн. Ол эрээри өйдүүр баҕайы курдук туттан сүбэлиибин-хайыыбын. Айыы Таҥара, абыраа дуу, маннык олоххо тиийбэтэх киһи. Ол кэриэтэ бу курдук күн кыһалҕата суох олорбут көнө курдук дуу, тугуй? Ол эрээри Маайыһы “эргэр төнүн” диибин. Киниэхэ оннуга ордук. Оттон бу миэхэ, утуктаан нэһиилэ олорор киһиэхэ, ол эмиэ табыгастаах курдук. Уопсайынан, киһи-киһи төбөтүн олоруута атын-атын быһыылаах. Дьүөгэм хаһан да өркөн өйүнэн чорбойботоҕо. Ол эрээри дьону бэйэтигэр түмэ тардар туох эрэ дьикти абылаҥнаах. Биирдэ өйдөөбүтүҥ, чугас, күндү киһиҥ буолан хаалбыт буолар. Ол курдук, икки туспа-туора дьон бачча сыл тухары дьүөгэлэһэн кэллэхпит. Кыыспын биир иллэҥ ороҥҥо олохтоон бараммын, тугунан эрэ аралдьытар түбүгэр түстүм. Ити курдук биир өрөбүл ааста. Кэргэнэ үстэ хаста эрийэн көрбүтүн “сырыттын бэйэтэ” диэн буолла. Хайыахпыный, сарсыҥҥа диэри син уоскуйар ини диэн, бэйэбин уоскутуннум. Сарсыныгар Маайыһым син уоскуйбут дьүһүннэммит. Төлөпүөнүн тутан баран олорор. Санаатыгар, киһитэ субуоннуурун күүтэр быһыылаах. Мин тугу да саҥарбаппын, испэр “Баанньаа, субуоннаа эрэ...” диэн көрдөһөбүн. Өр-өтөр буолбат — төлөпүөн умайыктана түһэр. Кыыһым бэркэ уйуһуйбут көрүҥнээх хоско киирэн хаалар. Мин чэй иһэ олорон билигин туох буолуон оҥорон көрөбүн. Билигин үөрбүт аҕай Маайыс хостон сүүрэн тахсыа. Ыксыы-ыксыы бэҕэһээ олоччу сүөкүү охсубут икки суумкатын хомунан түбүгүрүө. Ол тухары айаҕа хам буолбакка “наһаа да акаарытын” кэпсиэ. Онтон: “Баанньа кэллэ, чэ, бакаа, сылаппыппар бырастыы”, – диэн бакаалаһаат, тахсан барыа. Ээ, тугу эрэ умуннум... Буот! Тахсыан иннинэ бэрт албыннык, ып-ыраастык көрүө уонна олус үчүгэйдик мичээрдиэ. Ону кытта кыһыйбыт, сылайбыт санаа ханна эрэ ыраах көтүө: “Чэ, ньучубуо... Если что, биллэ сылдьаар”, – диэбиппин билбэккэ да хаалыам. Үөрбүт аҕай Маайыс хостон, мэктиэтигэр, сүүрэн элэстэнэн таҕыста: “Баанньа иһэр!” – диэн, сэрэйбитим курдук хомунан барда. “Хаһан мин өйдөнөбүнүй?.. Дьон, бу эһиги эҥин, наһаа өйдөөххүт дии. Мин хаһан улаатарым буолуой ээ? Көр, баҕар, кырдьык, оҕоломмут киһи...” – диэн тугу эрэ толкуйдуурдуу боччумуран хаалла. Кини уустук толкуйун төлөпүөн тыаһа быһан кэбистэ: “Баанньа кэллэ, чэ, бакаа, сылаппыппар бырастыы” – диэт, били, олус истиҥ “фирменнэй мичээрин” бэлэхтээн кэбистэ. “Чэ, ньучубуо, кытаат, если что...” – диэн иһэн аан сабыллыбыт тыаһын истэн ситэ саҥарбакка хаалабын. Нэһиилэ туран ааммын хатыыбын. Чэйдээбит иһиппитин аат эрэ харата хомуйдаҕа буолабын. Ээ-эх, биир өрөбүл аастаҕа... Чэ, аныгыскыга сынньаныллыа. Онно баҕас төлөпүөнү
арааран кэбиһиллиэ!
kyym.ru сайтан