Кэпсээ
Войти
Регистрация
Саха дьахталларыттан бастакы суруналыыс Мария Бурцева
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Саха дьахталларыттан бастакы суруналыыс Мария Бурцева
K
edersaas.ru
Категорията суох
22.02.2021 18:30
Саха бэчээтигэр умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыт, норуоттарын туһугар айбыт-туппут дьиҥнээх судаарыстыбаннай хаһыатчыттар тустарынан кэпсээммитин салгыыбыт. Бүгүн биһиги кырдьаҕас «Кыым» хаһыат атаҕар туруутугар бэйэтин кылаатын киллэрбит саха дьахталларыттан бастакы идэтийбит суруналыыс Мария Бурцева туһунан ахтабыт. edersaas.ru, Саргылаана Данилова ХОРО КЫЫҺА ХОҺООННЬУТ Мария Гаврильевна Бурцева төрөөбүтэ 111 сылын туолла. Кини 1910 сыллаахха тохсунньу 8 күнүгэр Уус Алдан улууһун Хоро нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Маайа кыра эрдэҕинэ ийэтэ ыалдьан өлбүтэ. Аҕата иккитэ кэргэннэнэн сэттэ оҕоломмута. Маайа аҕата Хабырылла, удьуор уус төрдүлээҕэ, мас yyha идэлээҕэ, эдэригэр дьиэ-уот тутуутугар сылдьыбыта. Кини сиэн быраата Семен Бурцев инкубаторы оҥорон, элбэх чоппуусканы таһааран, оччотооҕуга Москва куоракка Бүтүн Сойуустааҕы быыстапкаҕа кыттыбыта. Гаврил Васильевич бииргэ төрөөбүт кыра быраата Митрофан Васильевич «Маяк» холкуоска оҕуруот аһын арааһын олордон, үрдүк үүнүүнү ылан, хортуоппуй саҥа суордун айан, Германияҕа тиийэ биллибитэ, «Бочуот Знага» уордьанынан наҕараадаламмыта. Бу аймахха эр дьон эрэ талааннаах буолбатахтар. Маайа кыыс улаатан, түөрт оҕолонон да баран, түбүктээх, эппиэттээх үлэттэн быыс буллар эрэ, дьиэтигэр уһанарын сөбүлүүрэ. Кырачааннарыгар Сеняҕа, Peвоҕa, Руслаҥҥа, Марианнаҕа ийэ барахсан оонньуурдары кыһара, талах олоппостору, мас иһиттэри оҥороро. Кини оҕо сааһыттан хоһоон суруйарга холоноро. Үөрэнэр сылларыгар «Хоро кыыһа» диэн аатынан оскуола уонна нэһилиэк эркин хаһыаттарыгар суруйуулара тахсара. Ол саҕана өрөбөлүүссүйэ олохтонуута, балысхан уларыйыы барыыта, модун дойду үөскээһинэ, Автономия төрүттэниитэ, үөрэхтээһин тэнийиитэ дьон-сэргэ өйө-санаата уһуктарыгар сабыдыаллаабыттара. Ыччат үлэҕэ, үөрэххэ көҕүлүүр күүс буолбута. Көҥүл үйэни уруйдуур «Балыстарбар», «Дьахталларга» диэн хоһооннору айбыт үөрэнээччи бастыҥ комсомолецтартан биирдэстэрэ буолбута. Мүрүгэ сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрбит кыыһы Бороҕоннооҕу потребобщество Суоттутааҕы отделениетын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Салгыы үлэ үөрүйэҕин ылбыт эдэр киһини сэбиэскэй-партийнай оскуолаҕа үөрэтэ ыыппыттара. Саха бастыҥ ыччатын ортотугар эдэркээн кыыс талаана өссө арыллыбыта. Хоһоонньут Хоро кыыһа «Баттыгастан тахсыы», «Иитимньи Балбаара», «Кыһыл Маяк», «Кырдал абааһыта» уо.д.а. кэпсээннэри айбыта. Кэлин «Литэрэтиирэ боруонугар киирээччи альманаҕа» кинигэтэ бэчээттэммитэ. Саҥа холкуостар үөскээһиннэригэр, ыһыы хампаанньата тэриллиитигэр бу оскуола курсаннара төһүү күүс буолбуттара, онуоха Мария Бурцева биир дойдулаахтарыгар тэрийэр дьоҕурдааҕын көрдөрбүтэ. «БИҺИГИ МААЙАБЫТ» ДИЭН ААТТЫЫЛЛАРА Эһиилигэр 1932 с. курсаннар үөрэхтэрин бүтэрбиттэрэ. Мария Бурцева «Кыым» хаһыакка сэбиэскэй эргиэн салаатын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Бу кэмтэн кыыс бэчээт эйгэтигэр буһуута-хатыыта саҕаламмыта. Саҥа, сонун үлэтин тута сөбүлээбитэ. Норуот үбүн-малын харыстаабат түбэлтэлэри ылсан туран суруйара, хайаан да тиһэҕэр тиийэ быһааран баран тэйэрэ. Биир идэлээхтэрэ майгытын-сигилитин хайгыыллара, «биһиги Маайабыт» диэн ааттыыллара. 1935 сыллаахха «кыымнар» Маайаларын үүнэригэр алҕааннар, Москваҕа үөрэххэ ыыппыттара. Мария Бурцева «Правда» аатынан Бүтүн Сойуустааҕы суруналыыстыка коммунистическай институтугар ситиһиилээхтик үөрэнэн, саха дьахталларыттан аан бастакынан суруналыыс идэтигэр уһуйуллубута. Дойду тэбэр сүрэҕэр Семен Ковлековтуун ыал буолбуттара. Институкка үөрэҕин түмүктээн, Мария Гаврильевна «Кыым» хаһыакка төннүбүтэ. Кэлин уопуттаах үлэһити баартыйа обкома кинигэ кыһатыгар оҕо литературатыгар эрээдээктэринэн анаабыта.
«Кыым» хаһыакка бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтэ, биллиилээх суруйааччы Анастасия Сыромятникова аҕа табаарыһын туһунан 1976 сыллаахха иһирэхтик суруйан турардаах: «Хоҥор былаачыйата хамсаан ыла, орто уҥуохтаах, толуу дьахтар улахан остуолга тиийэр. Мичилийбитинэн эргиллибитэ үчүгэйин! «Кыым» хаһыаты иннигэр тэнитэ уурталаата. Мария Бурцеваны көрөн олорон, эҥкили булуоҥ суоҕа: өй-санаа, үөрэх-сайдыы уонна олус кыраһыабай. Маайа бытааннык саҥарара. Хаһыат түөрт илииһэ киниэхэ бэртээхэй ойуурдаах, хонуулаах киэҥ түөлбэ. Куолу быһыытынан, кыайыыны-хотууну лабырҕаччы ааҕан барбат, хата, туох сыыһа-алҕас баарын, биир буукубатыгар тиийэ иҥэн ааҕар. Хаһыаты Маайа курдук аахпыт ханна баар буолуой? Билэр да, сатаан да сыаналыыр. Хаһыаты ырытыыга Маайа доҕотторун, бииргэ үлэлии сылдьар дьонун, имири-хомуру этэртэн тардынара. Оргууй аҕай ааҕар: «Дьэ, бу кэлэҕэйдиир сурук». Күлсэн, айдааран, өрүкүһэн иһэн: «Кырдьык даҕаны!» — диир саҥалар иһиллэллэр. Маайа таптыыр хаһыатыгар күүһүн, өйүн бүтүннүүтүн аныыра. Мин бастаан көрсөрбөр Маайа Москваттан «Кыымҥа» кэлбитэ икки сыл буолбут этэ. Улахан билиилээҕин, нуучча норуотун чулуу үөрэхтээхтэрэ ииппиттэрин-үөрэппиттэрин кинини көрөөт, билиэххэ сөбө. Олус астынан харахпын араарбатаҕым. Эдэр сытыы-хотуу уолаттар айдааран кэлэллэрэ элбэх: «Маайа, Маайа, маны хайдах төбөлүүбүт?» — диэн. Оччоҕо: «Аҕал эрэ, көхсүн көрүөххэ», — диэн доҕоро муммутун сонно быһаарыаҕа. М. Бурцеваны ким да Маайаттан атыннык ааттаабата. Оннооҕор ыраахтан сылдьар кэрэспэдьиэннэр: «Тохтоо, Маайаҕа бардым!» — диэн Маайа лоп-бааччы сүбэтин истиэх тустаахтара. Онон биһиги Маайабытын бүтүн Саха сирэ көрөн-билэн олорор курдуга. Саҥа үлэһит буола сатаан эрэр эдэр уонна бэйэтигэр тиийбэт билиилээх-көрүүлээх дьону амныалыы санаабыта суоҕа буолуо. Хата, итэҕэскин ыйан, өрө тардан, ыҥыран иһэр үтүөкэн суобастааҕа, муммуккун, мунчаарбыккын, бэйэҥ быһаараргар сүбэлээн үөрэтэрэ. Мария Гаврильевна үрүҥ куопталаах, улахан бэлисипиэтинэн сыыйа тэбэн иһэрэ ыраахтан көстөрө. Эппиэттээх үлэһит, ыччаты, комсомолецтары кытта бииргэ оонньуурун-күлэрин, көрү-нары сөбүлүүрэ. Биһиги пропагандиспыт, иитээччибит тэбис-тэҥ курдук, араас спортивнай түмсүүлэргэ барсара. Бииргэ үлэлээбит доҕотторбутун сэриигэ атаарыы буолбута. Эдэркээн Ваня Коркины, уруккубут курдук комсомольскай үлэҕэ ыытардыы үөрэ-көтө атааран «Сотору кыайан-хотон кэлээр», — дии турбута Маайа. Оттон сотору Павел Заболоцкай, эмиэ «Кыым» үлэһитэ сайыҥҥы сырдык түүн, барар киэһэтигэр намыһах дьиэбит таһыгар буордаах маска олорон: «Тапталлаах куоратыам, Дьокуускай, аны хаһан эйиэхэ кэлиэмий!?» — диэн ньиргиччи этэ-саҥара олороруттан Маайа олус хараастыбыта. Биир да тылы эппэккэ, кэккэлэһэ олорон баран, киччэччи кыргыылаах Павел төбөтүн имэрийтэлээбитэ… «Кыымҥа» уһуннук үлэлээбит, сэрии ыар сылларыгар эрэдээктэрдээбит Семен Петрович Ковлеков Мария Гаврильевналыын кэргэннии этилэр. Бииргэ үлэлии сылдьаммыт ону умнарбыт. Үлэҕэ кинилэр кэргэнниилэрэ букатын да кыра мэһэйэ суоҕа, иккиэн ытыктанар икки аҥы ааттаах салайааччылар, үтүө доҕоттор…» «СИДЬИҤНЭР» Мария Бурцеваны кытта сэбиэскэй-партийнай оскуолаҕа үөрэммит, кэлин бииргэ үлэлээбит Степан Кылатчанов ахтыытыгар бу курдук суруйбута: «Эрэпириэссийэ саҕаламмытыгар мунньахтары кэрийэ сылдьан тыл этэр, сайабылыанньалары суруйар дьону Мария Гаврильевна өлөрдүү абааһы көрөрө, «сидьиҥнэр» диэн ааттыыра. «Кыым» эрэдээктэрэ
Степан Саввин хаайыллыбытын «холуннарааччылар, карьеристар сааттаах-сууттаах хараҥа дьайыылара» диэн ааттыыра. Кини хаһыат үлэтигэр Степан Афанасьевичтан үөрэммитэ, сиэрдээхтик ытыктыыра, «киһи үтүөтэ, чиэһинэйэ, сэмэйэ» диирэ. Дьолго өлөр өлүүттэн төлө көппүтэ, үтүө аата чөлүгэр түһэриллибитэ. Ойуунускай хаайыллыбытын «саха трагедията, харыс намтааһына» диирэ. Кини өлбөт тыыннааҕын, үтүө аатын сырдык чиэһин олох бэйэтэ тилиннэриэҕин, ол үрдүк үөрүүлээх кэмҥэ тиийиэхпитин туһунан Мария Гаврильевна үтүө санааны, сырдык өйү ис-иһиттэн иэйэн эппитэ. Оччолорго итинник аһаҕастык, түмсүүгэ билбэт дьоҥҥор этэр олус кутталлааҕа. Хомойбуппут, аһыйбыппыт иһин, саха дьахталларыттан бастакы суруналыыс ити эппит долгутуулаах кэмигэр тиийбэтэҕэ…» Мария Гаврильевна күөгэйэр күнүгэр, үлэтин үгэнигэр сылдьан, 1946 сыллаахха баара-суоҕа 36 эрэ саастааҕар ыалдьан олохтон барбыта. Кини төрөөбүт түөлбэтин, дьонун-сэргэтин хаартыскаҕа түһэрэрин сөбүлүүрэ. Фотоаппараат кыбыныылаах кыыс дойдутугар таҕыстаҕына киэһэтин оонньууну көрү-нары көҕүлүттэн тардара, сайылык оҕолорун ааҕарга үөрэтэрэ, улахан дьоҥҥо тапталлаах «Кыым» хаһыатын кэһии гынан аҕалан, сонунун үллэстэрэ. Саҥа сайдыылаах олох кэлиитин, бэчээт биһиги олохпутугар улахан суолтаны ылыаҕын туһунан санаатын этэрэ. Ол онно кыра сааһыгар тулаайах хаалбыт тыа сирин кыысчаана Москваҕа тиийэн билии аартыгын дабайбытын, оччотооҕу саха санаммат суруналыыс курдук сэдэх идэлэммитин, киэҥ билиилэммитин биир дойдулаахтара астына-дуоһуйа көрөллөрө. Ол да курдук доҕотторугар, биир идэлээхтэригэр, ааҕааччыларыгар Мария Гаврильевна кырдьыксыт, үтүө үлэһит быһыытынан өйдөбүлү хаалларбыта. Саха судаарыстыбаннай бэчээтэ үйэлээх айаны ааһарыгар улахан олугу охсубут, суол арыйбыт сүүнэ үтүөлээх дьоммут ортотугар кини мөссүөнэ өрүү сырдаан көстүөҕэ. Саргылаана ДАНИЛОВА.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан