Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп кэпсээнэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп кэпсээнэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
20.02.2021 20:00
Саас ыраатан истэҕин аайы, мөлтөөн-ахсаан, доруобуйа туруга алларыйан, үөйбэтэх-ахтыбатах ыарыыҥ арааһа, били Гиитилэр дьиккэр сэриитэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр — Москуба анныгар тиийэ кимэн киирбитин курдук, атаакалаан сүрэхтэри-быардары хам ылан иһэр буоллаҕа. Хайдах гыныаҥ баарай, күн сырдыга күндүтүйэн, бу Орто дойдуга өссө да олоро түһэр баҕаттан балыыһалары кэрийэн, быраастары манаһан муҥнанабын. Бытааннык сыҕарыйар уочараты кээрэтэ таарыйа бэйэм курдуктары кытта ону-маны ыаһахтаһабын, батсаап, ыйыстагыраам, пиэйисбук, тибииттэр сонуннарын ырытыһабыт. Этэр курдук, «аныгы этэрбэс араадьыйата» араас сонуна элбэх. Тыын быһаҕаһынан тыынар бэйэм барааскам нуучча эмээхсинэ: “Батсаапка Арассыыйа кылаабынай сүрэх бырааһа ким эрэ хаппыт Токарева диэн хотун 70 тыһыынча солкуобайы уйунан тымырдарын ыраастатар кыаҕа суох үлэлээбэт, судаарыстыбаҕа туһалаабат биэнсийэлээх, кыаммат араҥаны, дойдуга наадата суох айах адаҕаларын тоҕо эмтиэхтээхпитий. Арассыыйаҕа эми босхо биэрэри, босхо эмтиири, саҥаттан-саҥа араас чэпчэтиилэри олохтууру, урукку олохтоммуттары да тохтотору, үптээх-харчылаах чунуобунньуктары, тойоттору – дойдуга туһаны киллэрэр дьону эрэ эмтиир бэрээдэги олохтууру туруорсар үһү», — диэн ыҥырыа уйатын тоҕо тардан кэбистэ. — Өссө диэ, Арассыыйа Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ ааспыт сыл ахсынньы 20 күнүнээҕи 1067 №-дээх бирикээһинэн 60-нарын ааспыт сааһырбыт, 75-рин ааспыт кырдьыбыт дьоҥҥо «гериатрия» туһаайыытынан эмтээһиҥҥэ мэйиигэ, сүрэххэ, ис уорганнарга, сискэ-тоноҕоско, сүһүөхтэргэ аны үрдүк технологиялаах эмтээһини – эпэрээссийэни оҥорбот буолаллар үһү. Туһата суох бөөхүллэлэр аҕыйаатыннар, көнньүлэринэн өллүннэр диэн эрдэхтэрэ, — такырыччы хаппыт торуоскалаах оҕонньор «уокка арыыны кутан» биэрдэ. – Уонна баран, «тотон өлбүт» госдуумаларбыт 60-наахтары эдэрдэргит диэн биэнсийэҕэ таһаарбаттар! Айах адаҕалара, бөөхүллэлэр муҥнаахтар кыйаханан, кус-хаас аймалҕанын тардан кэбистибит: «Суоластар, тотон өлбүттэр, дойдубут баһыттан сытыйан бүтэн эрэрэ итинтэн көстөр! Арассыыйа нэһилиэнньэтин 60 бырыһыана кыаммат, кырдьаҕас, кумалаан балаһыанньалаах. Барыбытын эмтээбэккэ өлөртөөрү тииһэн эрдэхтэрэ. Бэйэлэрэ онто суох, эмп-том сыанатын икки-үс бүк үрдэтэн атыылаан, биһигинньиктэри ыан миллиардынан үбү сии олороллор. Хоруупсуйаһыттар, ыттар! Эмтээн абыраабатыннар, итинник буоллаҕына, мантан инньэ өссө соруйан атарабыы гыналлара буолуо… Ити сэртипикээссийэни барбатах бахсыыналара тугунан диэлийэн тахсара, хайдах дьайара биллибэт…» – Тохтооҥ, бу туох алдьархай ньамалаһыытай! – кытара кыыһырбыт үрүҥ халааттаах аанньал часкыырыттан соһуйан ньим баран хааллыбыт. Эмтэнээри кэлэн олорорбутун умнан кэбиһээхтээбиппит, айах адаҕалара муҥнаахтар, сордоохтор…
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан