Кэпсээ
Войти
Регистрация
Күөх Боллох кыыһырдаҕына… (Кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Күөх Боллох кыыһырдаҕына… (Кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
08.08.2024 10:39
Сиэри-туому тутуһуоҥ, Сириэдийэн олоруоҥ, Сирдээҕи дьолу билиэҥ, Саха буолан сандаарыаҥ. Сир-дойду иччилэрин Сэмэйдик алгыы сылдьыаҥ, Санаан барыта туолуо, Байанайын мичик гыныа. Айылҕа саҥарбатар да Айбардыыры сөбүлээбэт, Сиэри таһынан сыһыаны Ситиһэр, иэстэһэр идэлээх. Сах саҕаттан өбүгэ Тутуспут үтүө үгэһэ, Саха хааныгар хаалан Алгыһынан олордуҥ! Хабырыыстаах удьуор сылгыһыттар. Аҕата, эһэтэ түөрт түөрэм туйахтаах Дьөһөгөй оҕотун сырыырҕаппыт бэйэлэрэ. Өссө хаһыс көлүөнэттэн сылгыга убаммыттарын Хабырыыс билбэт. Арай, хайдах борбуйун көтөҕүөҕүттэн, аҕатын батыһан аты миинэрин өйдүүр. Онтон, арыый бороохтуйаат ат сүүрдэн, сүүрүк аттары баайыыга улахан дьоннуун тэҥҥэ сылдьан, сылгыга олох оҕо эрдэҕиттэн сыстыбыта. Кыһын буоллар эрэ иэдэстэрэ, мунна хараара иһэлийэн оҕолортон уратытык көстөрө. Инньэ гынан оҕолор “Бэлиэлээх Хаанньа” диэн хос аат иҥэрбиттэрэ. Үөрэҕи олох ылбатаҕа. Биирдии кылааһы иккилии сыл чиҥэтэ-чиҥэтэ аҕыс кылааһы нэһиилэ сыһан-соһон бүтэрбитэ. Бүтэриэ дуо, өссө да лигиччи олоруох киһини,учууталлар бэйэлэрэ ахсыс кылааһы бүтэттэрбиттэрэ уонна: “Чэ, кэбис Ганя, аны оскуолаҕа кэлимэ, ханна эмит СПТУ-га баран үөрэн,” – диэн бүтэһиктээхтик аккаастаабыттара. Уол “үөрэхтэн маттым” диэн курутуйбатаҕа. Барыта ат ойуулаах тэтэрээттэрин, кинигэлэрин суумкатыгар сүгэн, тахсан барбыта. Дьэ, онтон ылата баҕатын хоту ат арҕаһыттан түспэккэ сааһын тухары сопхуоска сылгыһыттаан, Сэбиэскэй былаас эстибитигэр бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, дэриэбинэттэн икки көстөөх “Кэйиҥэстээх” диэн сиргэ, сылгы баазата тэринэн кимнээҕэр кыанан олорор. Аны бу алааһы бэйэтин аннынан оҥотторон, олох муҥур тойон курдук сананар. Аармыйаттан кэлээт, бэйэтин курдук үөрэҕэ суох, олохтоох ыанньыксыт кыыһы кэргэн ылан икки уол, биир кыыс оҕолонон, төрөөбүт дойдуларыттан харыс халбарыйбакка, дьиэ-уот туттан олохтоохтук оҥостубуттара. Сыл – хонук. Оҕолоро бэлиэр улаатан, туһунан ыал буолан, тарҕаспыттара ыраатта. Бэйэлэрэ сааһырдылар, эһээ-эбээ буоллахтара. Хабырыыс тыа киһитэ. Сылгыларын биэбэйдээн үүтээнигэр олорор. Онон кыһын дэриэбинэҕэ көстөрө ахсааннаах. Кэргэнин Балбаара олоҕун кыра уола дьаһайар, онон дьиэтээҕи хаһаайыстыбаҕа төбөтө ыалдьыбат. Манна кыһынын андаатардыыр, муус аннынан илимниир. Кэнники сылларга киис биллэн, кистии-саба күндү түүлээҕи сонордоһор. Сааһын тухары айылҕалыын биир ситим буолан олорон, сиэри-туому эҥкилэ суох тутуһара. Дьэ, ол бэйэтэ харчыга хараҕа хараҥаран, ат-оҕус тардыбат аньыытыгар киирэн, үс тарбаҕын быстаран, инбэлиит буолан, балыыһа түөрт эркинин маныы сыттаҕа. Хабырыыс арыгылаан, сиргэ охтон тарбахтарын тоҥорботоҕо. Үйэлээх сааһыгар арыгыны ас оҥостон, эккирэтиһэн испэтэҕэ. Дьон бары үөрэр, өрө күүрүүлээх күннэригэр үс үрүүмкэттэн ордугу отойун испэт. Хата, ол оннугар, бөппүрүөскэтин уоппутунан сылдьар уулаах табахсыт. Үйэтигэр тумуулаан да көрбөтөх киһи, балыыһаҕа киирэн, муунту буолан бүттэ. Айылҕа киэҥ дуола, ыраас салгына этин-сиинин чэбдигирдэрин манна киирэн биллэ. Быстарбыт тарбахтарын төрдүгэстэрэ ыалдьарынааҕар, дууһата моруу гынан сордуур. Оһоллонуута да бэрт дьикти. Сэтинньи нуһараҥ былыттаах күнэ этэ. Ыта Суолдьут кииһи маска таһааран үрэр саҥатын бэрт ыраахтан истибитэ. Ыҥыырга өр олорон көхсө саалла испит киһи сэргэхсийэн чиккэс гына түспүтэ. Туохха ыксаабыта буолла, атын тиҥилэхтээн кэбиспитэ. Бэйэтэ да ахсым ат, үөрбүт курдук, Хабырыыһы окко-маска сыбыахтыы, бэйэтэ мутукка үөлүллүөхтүү айаннаан дьигиһиппитэ. Хабырыыс Бэлиэлээх соноҕоһун айана сыыдамын иһин, сөбүлээн миинэр. Айаҕар бор, сирбэт-талбат. Арай куһаҕана – сиргэмсэх. Барыҥныыртан барытыттан сиргэнэн тыбыыран, ыстаҥалаабыт бэйэтэ. Киһитэ кини буолан, айаҕын кыайа тутан илдьэ сырыттаҕа. Дьэ ол бэйэтэ, быстахха киирэн биэрдэ. Суолдьут “атас” бэрдин аарыма тииккэ таһааран, икки илин атаҕынан тииттэн тайанан туран үрэн, тыа баһын сатарытара булчут сүрэҕин үөрүүнэн толорон, Орто дойдуга мантан ордук дьол суоҕун курдук буолла. Хабырыыс бүрүммүт тыа хаарын бурҕаҥнаппытынан атыттан ыстанан түспүтэ. Үтүлүктэрин уста биэрээт, атын көнтөһүн маска туомтуу тардыбыта. Баайыытын кытаатыннараары, өйдөөбөт курдук, уктаатыгар илиитин угаатын кытары, куруук кинини батыһар суор, ат баайа турар тиитин төргүү мутугар эмискэ сохсос гына олороот, мас көмнөх хаарын күдээриттэ. Онтон Хабырыыс бэйэтэ да соһуйда. Сиргэмсэх ат эгэ эрэ буоллаҕа, хаһыҥырыы түһээт чинэрийбитигэр, сыгынньах, тоҥмут тарбахтарын быа быһа ылан, өй-мэйдээх тулуйбат ыарыыта сүрэҕин көрбүтүнэн киирдэ. Хабырыыс амырыын ыарыыттан харахтара дьиримнэстилэр, чэчэгэйдэрэ тэһитэ кэйдилэр, сүрэҕэ дьөлүтэ аста. Кыратык өйүн сүтэрэн ылла быһыылаах. Хаар күдэрик быыһыттан амырыын хаһыы уу-чуумпу тыаны аймаата. Ол хаһыыттан уйуһуйбут ат өссө көнтөһү быһыахтыы чинэриҥнээн кэлин атахтарыгар олорбохтоото, маһы эргийэ сүүрбэхтээтэ. Киһи тарбахтара маска кыһарыллан илдьи бардылар, хаана тоҕо баран хатырыгы кыһыл соһонон бистэ. Оһоллообут илиитин саал былаатынан баайан, хаанын бопсон бөһүөлэккэ этэҥҥэ кэлбитигэр махтал. Сааһын тухары кини булдуттан уос-тиис сотуспут суора хаан сытын билэн, дьиэтигэр кэлиэр диэри батыстаҕа үһү. Бэлиэлээх барахсан дэриэбинэҕэ барарын билэн бэрт кудуххайдык айаннаабыта. Арай Суолдьут киис бултамматаҕыттан санаарҕаабыттыы аа-дьуо ат кэнниттэн көҕө суохтук сиэлэн эрбэнньиктэммитэ. * * * Балыыһаҕа таах сытар киһиэхэ күн бүтэн биэрбэтэ эриэхсит. Палааталарыгар алтыалар. Үксүлэрэ илиитэ-атаҕа тостубуттар. Кырбаммыт да баар, Баанньа уол муҥурдааҕын быстарбыт, бүгүн тахсаары өрүкүйэ сылдьар. Сиэстэрэ Дуунньа киирэн ыарыһахтары укуоллаталыыр, хааннарын баттааһыннарын бэрэбиэркэлиир. Балыыһа үлэһиттэрэ барахсаттар майгылара сайаҕаһын, сыһыаннара эйэҕэһин, киһиэхэ кыһамньыларын Хабырыыс сөхтө. “Үрүҥ халааттаах аанньаллар” диэн ааттаныахтарын ааттаммыттар эбит. Дуунньа Хабырыыска кэллэ: — Хайа, Хабырыыс хайдаххыный? – кыыс истиҥ баҕайытык мичээрдээбитинэн укуол салгынын таһааран үөһэ тыктарда. – Чэ, кэннигин тоһуй, битэмиин ылыахпыт. — Ээ, оттон үчүгэйбин, сытабын. — Түүн үчүгэйдик утуйдуҥ ини? — Ээ, уһукта-уһукта утуйбута буоллум. Илиим уҥуоҕа кыйар. — Саҥа быһыллыбыт тарбах сиикэй баас буоллаҕа. Сотору үчүгэй буолуо, — Дуунньа Хабырыыс сыттыгын көбүттэ, суорҕанын кичэйэн сабан биэрдэ. Хабырыыс маннык истиҥ сыһыантан, оҕо курдук биэбэйдээһинтэн уйадыйыах да курдук буолла. Күн ахсын айылҕа тургутуутун көрсөр тыйыс майгылаах киһи сылаанньыйда. Арай балыыһа аһыгар үөрэммэтэх буолан, аһаабакка хобдоҕурда. Этин-балыгын суохтаан эрэйдэннэ. Кыһыҥҥы дьыбардаах сарсыарда, илин саҕахтан күн кытара кыыһан тахсан палаата иһин сырдатта. Күн саҕаланна, олох салҕанар. * * * Хабырыыс иллэҥсийбиччэ ааспыт олоҕун анаарара үксээтэ. Сааһа бэлиэр алта уона буолан эрэр эбит. Сыл-хонук. Кырыйдаҕа. Былыргылар биэс уон саастарыгар эмээхсин-оҕонньор аатыраллара. Ыарахан да олох тэбэн эрдэҕэ… Бээрэ, бастаан хайдах саҕаланна этэй?. Кэйиҥэстээх алааһын бэйэтин аннынан оҥоттороот, күөлүгэр балык ыытыытынан үлүһүйэн туран дьарыктаммыта. Ыытыы балык хаһан баҕарар төлөһүйэн, өлө барыта сыанан бүрүллүөр диэри уойааччы. Аҕыйах сылынан алаадьы курдук соболор үөскээн бултатар буолбуттара. Бастаан айаҕар эрэ илимниэх курдук буолан иһэн, тутара элбэҕиттэн, кыралаан атыылыыр буолан барбыта. Хармааныгар харчыланара үчүгэйэ сүрдээх этэ. Оттон үлүһүйэн, сүүстүү миэтэрэ уһуннаах, 40-45 харахтаах Кытай илимнэринэн күөлүн иилии эргийэн, кыһыннары-сайыннары балыктаан харчыга охтубута. Бэйэтин күөлүн балыгын эһэн, маҥалайа хаммакка, аттыгар баар нэһилиэк күөлүгэр илимнэрин үтэн, харсыттан тахсыбыта. Бу санаан көрдөҕүнэ, иитиллэн олорор Аар айылҕатын булдун алыс да айбардаабыт эбит. Бу аата кинини оһоллоон иэстэспит эбит. Айгыр силик айылҕа ситиһэрин өбүгэлэрбит бэркэ диэн билэр буоланнар сиэри-туому тутуһан, куруук сирдэриттэн-дойдуларыттан айах тутан көрдөһөн-ааттаһан, алҕаан сырыттахтара. Кинини да уу иччитэ Күөх Боллох сэрэтэ сатаабыт эбит. Биирдэ илимин көрө сырыттаҕына, эрэһиинэ тыыта тэстэн ууга былдьана сыспыттааҕа. Ол эрэ буолуо дуо, арай күөл ортотугар сырыттаҕына, уу-чуумпуга эмискэ тыал түһэн суорума суолланыаҕын биллибэт күүс быыһаан турардаах. Онно, хайдах эрэ этэ тардан дьаархаммыта ээ. Харчы барахсан өйүн сүүйэн, иҥсэ-обот баһыйбыта… Сааһын тухары сонор суолугар олоҕун анаабыт Ытык кырдьаҕас Баһылай оҕонньор эмиэ этэн турардаах: — Бээрэ, Хабырыыс, бу эн туох буоллуҥ? Булду киһилии бултаабакка харчыга хараҥардыҥ? Ону Хабырыыс хоҥоруутугар хоннорботтуу: — Бэйэм бас билэр күөлүм, бэйэм үөскэппит балыгым, бэйэм билэбин, тугу гынарбын, — диэбитэ. — Ээ дьэ, буоллаҕа. Сиэр-майгы сатарыйар, сиэр-туом умнуллар да буолар эбит, — Баһылай кырдьаҕас, улаханнык кэлэйэн, киэр хаампыта. Аны, кэнники түүллэрэ оһоллонорун түүйбүт курдук эбиттэр, баттатан сордоноро. Ууга түһэн булумахтаннар ол суох, сыыры дабайа сатаан, ийэ-хара көлөһүнэ сарт түһэн уһугуннар ол суох. Өссө биирдэ, күһүҥҥү киэһэ, үөл-дьүөлгэ күөлтэн сиик көтөн туманнырарын бэркэ биһирээн көрө олордоҕуна, тумаҥҥа сааһырбыт дьахтар моһуона былыт курдук көстүбүтүн илэ көрбүттээх. Онно этин сааһа аһыллан куттаммыта эрээри, “салгын туманы араастаан оонньотон көрдөрөр быһыылаах” диэн аһаран кэбиспитэ. Ол аата, Аар айылҕа эрдэттэн араастаан сэрэтэ сатыырын аахайбатах эбиппин. Айылҕаны наһаа айбардаатахха, бу санаан көрдөххө, кырдьык да иэстэһэр эбит ээ. Билэрдии ити, Гирииһэлээх Сэмэнчиги ылан көрдөххө. Дьэ, дьаарай быракыньыардар кинилэр буоллахтара. Кыһын массыынанан сылдьан кыыллыыллар, туртастыыллар. Мас көтөрүн этэ да барыллыбат. Ол эрээри, бу дьонуҥ олохторо сатаҕай эбит ээ. Гирииһэ соҕотох уола оһолго түбэһэн өлбүтэ, кэргэнэ сытар ыарыһах. Сэмэнчик чороҥ соҕотох. Ойох, оҕо-уруу диэн суох. Айаҕын эрэ иннигэр сылдьар курдук эбит дии. Этэргэ диэри, атаһа – арыгы, доҕоро – буокка. Оччотугар, айылҕа иэстэстэҕэ. Бээ мин, кырдьык даҕаны, түмүк оҥосторбор уолдьаспыт эбит. Хабырыыс ити санаатыттан хайдах эрэ чэпчээбит курдук буолла. Хараҕар үүтээнэ, сылгылара, алааһа көстүтэлээн аастылар. Иһин түгэҕиттэн туох баар куһаҕаны таһаарардыы, эҥсэн өрө тыынна. Бэрт өр хаҥас илиитин, хааннаах бэрэбээскитин одуулуу сытта. * * * Күнүскү аһылык саҕана кэргэнэ Балбаара сырдырҕаан кэлээхтээтэ. Бу көрдөҕүнэ, барахсана кырдьыбыт да эбит. Сааһырдахтара. Хайа уонна хотон ыар үлэтэ кэбирэттэҕэ. Мэктиэтигэр көхсө холбойон хаалбыт. Арай, тэрбэччи көрбүт харахтара, килбик мичээрэ сырдыгынан сыдьаайалларын Хабырыыс саҥа көрбүттүү манньыйа одуулаата. — Хайа дьэ, туох да кыһалҕата суох тиэрэ түһэн сытаҕын дуу? – Балбаара төһө да үгэргээн саҥардар, Хабырыыһын аһыйбат бэйэлээх буолуо дуо? — Ээ, тугу гынарым хаалбыт үһү, — Хабырыыс өс саҕа буолла. — Кыл мүччү оһоллонон уолгун түбүк бөҕөҕө түһэрдиҥ дии. — Ээ, этимэ даҕаны, — Хабырыыска ити билигин тыын боппуруоһа. Өйө-санаата сылгыларыгар. — Сылгылары уол аһатар. Туруктара үчүгэй диир. Бэлиэлээҕи ылаары гыммытын биэрбэтэҕим. Баҕайы, сиргэмсэҕэ бэрт, аны уолу дэҥниэ. Онон буранынан сылдьар. — Уол сылгыга сыстаҕас, син сылдьыа эбитэ буолуо… Ол, буран көрүүчэйигэр ороскуотуран эрдэҕэ. -Дьэ эмиэ харчытын аахпытынан барда! Мин эйиэхэ хас сүүстэ этэ сатаабыппыный, “бээ, бу тохтоо, туох ааттаах айылҕа баайыгар өрүскэлэстиҥ, аһыыра суох киһиэхэ дылы» диэн, истэн да бэркин. — Кырдьык оннук эбит. Бу сытан барытын эргитэ толкуйдаан көрдөхпүнэ, сөпкө да этэр эбиккин. Ити үлүгэрдээх, Аар айылҕам барахсан, эрдэттэн сэрэтэ сатаабытын үрдүнэн, өйүм бааллан, санаам харчыга иирэн, бэйэм киирэн биэрдим. Хата, тыыннаах хаалбыппар махтал. Балыыһаттан таҕыстарбын эрэ, айылҕаҕа оҥорбут туох баар алҕастарбын билинэн туран, аал уотум иччитин Бырдьа Бытыгы, кыырык төбө Хатан Тэмиэрийэни арыылаах алаадьынан айах тутан көрдөһөн, сир-дойду иччилэрин Аан Алахчыны, от-мас иччилэрин Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолору, Баай Барыылаах байанайбын, уу иччитэ Күөх Боллохпун ахтан-санаан туран үҥэн-сүктэн көрдөһөр санаалаахпын. Үрдүк үҥэр айыыларбын үрүҥ сылгы сиэлинэн кэҥсик сыт таһааран ааттаһар баҕалаахпын, — Хабырыыс ис дууһатыттан эппитэ палаата иһигэр баар дьон дууһатын кылын таарыйда. Хоско уу-чуумпу сатыылаата. Бу этии кырдьыктааҕын кэрэһэлээн, Хабырыыс харахтарын уута бычалыһан таҕыстылар. Кыһыҥҥы күн кэмчи сардаҥалара ыарыһахтар сүрэхтэрин сылааһынан угуттаата. Бары да тыа дьоно буолан, айылҕаны араастаан оҥорон көрө сыттылар. Түннүк холуодатыгар түспүт чыычаах дьон болҕомтотун тарта. Эдэр киһи Баанньа бордууһунаны аһан, килиэп бытарытан кутта. Чыычаах киһиттэн үргэн көттө. Өр буолбата, төттөрү сарыкынайан кэлэн, килиэп бытархайын тобугураппытынан барда. Туох эрэ диэн чыбыгыраабытыгар түөрт чыычаах эбии кэллэ. Ким да, тугу да саҥарбата, арай палаата салгына ырааһыран, бэл тыынардыын чэпчээтэ. Барахсаттар. Бары үөрэн сэгэс гыннылар. * * * Тыынар тыыннаах барыта Айылҕа оҕото буоллаҕа, Аар тыа араҥаччылаан Иитэн-аһатан олордоҕо. Киһи ону билиэхтээх, Кэмин тутуһан сылдьыахтаах, Сиэр таһынан барбакка, Баайын сомсон ылбакка. Тыа чэлгийдин күөҕүнэн, Айылҕа симэннин кэрэнэн, Булда-аһа сүппэтин Баай Байанай мичик гыннын! Иннокентий Попов — Оҕуруоттаах, Суотту, Уус Алдан
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан