Кэпсээ
Войти Регистрация

Гаврил Андросов айар киэһэтинэн Саха тыйаатырын лабораторнай саалата “Поэттыын сэһэргэһии” саҥа бырайыагы саҕалаата

Главная / Кэпсээн арааһа / Гаврил Андросов айар киэһэтинэн Саха тыйаатырын лабораторнай саалата “Поэттыын сэһэргэһии” саҥа бырайыагы саҕалаата

K
edersaas.ru Категорията суох
14.02.2021 18:48
Саха поэзиятын тыйаатыр нөҥүө көрөөччүгэ сырдатар, поэты ааҕааччыны кытары чугастык билсиһиннэрэр “Поэттыын сэһэргэһии” диэн Саха тыйаатырын Лабораторнай саалатын саҥа бырайыага Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр сүрэхтэннэ. Бырайыак бастакы түһүмэҕэр “Чолбон” сурунаал бас эрэдээктэрэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, поэт Гаврил Андросов “Уота суох сэрии маршаллара…” диэн араас кэмҥэ суруйбут хомоҕой хоһооннорун доргуччу ааҕан көрөөччү буолан кэлбит ааҕааччыларыгар бэлэх уунна. Бырайыак аата этэрин курдук биэчэр поэт айар үлэтигэр сыһыаннаах ыйытыы-эппиэт быһыытынан барда. Поэзия киэһэтин СӨ үтүөлээх артыыската Ирина Никифорова иилээн-саҕалаан ыытта. Руслан Тараховскай поэт хоһооннорунан таҥан, артыыстары талан киһи дууһалыын сынньанар хоһоон дьоро киэһэтин туруорда. Гаврил Андросов араас кэмҥэ суруйбут хоһооннорун саха тыйаатырын артыыстара Петр Баснаев, Айаал Аммосов, Иван Попов, Дмитрий Татаринов, Петр Садовников, Иннокентий Луковцев, Роман Дорофеев, Альберт Алексеев, Валентин Макаров муусука доҕуһуолугар дьүөрэлээн дорҕоонноохтук, иэйиилээхтик, иһирэхтик аахтылар. Бу киэһэ хомоҕой хоһоон ааҕыытынан эрэ муҥурдаммакка, Гаврил Андросов ааҕааччытыгар айар үлэтин, айымньыларын хайдах хаһан суруйбутун, онно туох төрүөт буолбутун, айар истиилигэр туох сабыдыаллаабытын сэһэргээтэ. Араас кэмҥэ тахсыбыт биэс кинигэлэрин туһунан кэпсээниттэн поэт хайдах суруйан саҕалаабытыттан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри айар суолун устун тэҥҥэ айаннаабыт саҕа буоллубут. Гаврил суруйааччы эрэ буолбакка — кыраайы үөрэтээччи быһыытынан эмиэ биллэр үлэлэрдээх. Ол чинчийиитэ, билиитэ барыта хоһоонноругар сырдатыллан иһэрэ поэт биир уратыта. Поэты кытары атах тэпсэн олорон, ыйытыы биэрэн, хоруй ылан, өтөрүнэн буолбатах поэзия кэрэ киэһэтиттэн көрөөччүлэр олус астынан тарҕастылар. “Арай номнуо бүттэ дуо?” диэн саҥа элбэхтэ иһилиннэ. Саха тыйаатырын саҥа бырайыага инникилээх буолуохтун! Надежда Ильина,edersaas.ru
edersaas.ru сайтан