Кэпсээ
Войти Регистрация

Ырыа тыллара сахпыт санаалара (эссе)

Главная / Кэпсээн арааһа / Ырыа тыллара сахпыт санаалара (эссе)

K
edersaas.ru Категорията суох
14.02.2021 17:00
«Дьол хараҕа суох» дииллэр даҕаны, кэрэни, үтүөнү сатаан таба эрэ көрөр буоллаххына дьол тосхойор. Дьөгүөр Һэрэмээт Араадьыйа долгуннарын хабан «Самсуунум»: «Киhиэхэ бэрт кыра, быычыкаайык наада дии. Күн көрүө, от үүнүө, сибэкки тэтэриэ. Эйэҕэс мичээргин Эн бар дьоҥҥор бэлэхтээ, Эйэҕэс мичээргин Эн бар дьоҥҥор бэлэхтээ«,- диэн Айгылаан уонна Сахамин куоластарынан тэтимнээхтик, көрдөөхтүк ыллыыр. Урут (һэ-һэ, хата, үгэспинэн, «былыр» диэбэтим дии), тыаҕа олордохпутуна, мас-муус таһан хочугурайа сылдьан:«Куоракка, таас дьиэҕэ, киэҥ-куоҥ кыбартыыраланнахпытына, дьэ, дьоллонор инибит«,- дии саныырым. Хантаан? Ипэтиэкэ хабалатыгар хам ылларан баран, туох дьоло кэлиэй?! «Бу ыйга кирэдьиити уһаппатах киһи»,— диэн кыламныыр санаа кыыма дьолтон дуоһуйуохтаах дууһабын, тимири дьэбин сииринии, мэлдьи көрдүгэнниирэ. «Ипэтиэкэ бүттэҕинэ, дьэ, үөһэ тыынаа инибит«,- диэбитэ кэргэним биирдэ. Сонно тута, мэйиибэр лаампа выключателин «тыс» гыннара холбообут курдук, саҥа санаа сандаарыс гыммыта. Ол санаа, тута домох халыыбыгар кутуллан, уоспуттан маннык төлө мөҥөн тахсыбыта: «Биһиги дьолу кэтэһэн кэлтэйэн бүтүөххэ. Хаһан эрэ, улахан хамнастаах үлэ булан, иэһи-күүһү барытын сабан, байан-тайан, саҥа массыыналанан баран дьоллонуохпут диэн былаанныыр төрдүттэн сыыһа эбит. Халлааҥҥа халыкынайар хаастааҕар, ытыска баар ымыы ордук! Олохпут кыра да сырдык өрүттэриттэн үөрэ, дьоллоно үөрэниэххэ». Кэргэним: «Эн муҥура суох оптимизмҥын мин мэлдьи сөҕөбүн»,- диэбитэ уонна ис киирбэхтик күлэн кэбиспитэ. Итинтэн ыла, кэнэҕэс кэлиэхтээх кэрэ кэми кэтэспэккэ, бүгүҥҥү күнүм кыра бэлэхтэриттэн дуоһуйарга үөрэнэн барбытым. Ол — киһи ылбычча сатаабат ускуустубата этэ да буоллар, кыралаан, эрчиллэн, ааһар күн алыптаах өрүттэрин таба көрөн, быычыкаайык үөрүүлээх түгэннэртэн даҕаны үөрэргэ үөрэнэн барбытым. Урут субуотаны, өрөбүлү күүтэрим. Санаабар, үлэ күннэрэ бороҥ, унньуххай этилэр. Дьиэбэр эрэ кэллэхпинэ тулам араас өҥүнэн оонньуур курдуга. Билигин хас күнүм барыта туһунан суолталаах, кустук өҥнөөх буоларын өйдөөн, үлэ күнүгэр даҕаны кыра «үчүгэйи» булан, онтон толору астынарга дьулуһабын. Үлэ аата үлэ. Ардыгар тугу да сиппэккэ хаалабын. Аны оннук түгэннэргэ бөлүһүөктүү толкуйдаан, холкутук сыһыаннаһабын. Отчуот, субуокка, министиэристибэ ыйытыгар хоруй, кэллиэгэлэрим (атын департаменнартан) ыйытыктара, формулярдар толоруулара аны миигин долгуппат. Бириэмэбин таба аттаран, үөрэ-көтө бары ирдэнэр докумуоннары толордохпуна — аламай күнүм дьол сылаас сардаҥатын кэбиниэппэр кутарга дылы буолар. Толорбут үлэбин электроннай почтанан тустаах аадырыска ыытан баран, туран, «Сочи. Олимпиада-2014» диэн суруктаах, биатлонист ойуулаах үрүҥ чааскыбар «Кофе московский» диэн, лаппаҕар ылтаһын бааҥкаттан дөбөҥнүк суураллар кофе бороһуогун биир чаайынай ньуосканы кутабын, икки арапынаат саахар куубиктарын уурабын. Бороһуок үүт эбэбин. Итии уу куттан, оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүр сытым тула тарҕанарыттан дьоллонон, кириэһилэбэр олорон эрэн, түннүгүнэн проспект дьэндэспит дьиэлэрин одуулаһабын, минньигэс, итии утахпын сыпсырыйабын. Күн устата куһаҕаҥҥа кыһаммакка, үчүгэйгэ эрэ болҕомтобун хатыыбын, оччоҕо тулам барыта тупса, сырдыы түһэр. Болот Боотур «Уһуктуу» арамаанын героинятын санаан кэлэбин: «Аан дойду тулаайаҕын санаатын барытын хаһан табаары, олох очурун-чочурун
барытын хаһан көннөрөөрү». Ити отчуот саҥа пуорматын айан ыыппыт управление тутаах отделын исписэлииһин испэр тулаайахха тэҥниибин. Детдом тулаайаҕа, судаарыстыба бэлэмигэр үөрэнэн, олоҕун устатын тухары «бары миигин өйүөхтээхтэр, көмөлөһүөхтээхтэр» диэн, иҥэн хаалбыт өйдөбүлүттэн босхолоно охсон биэрбэт. Биир эмэ тулаайах үөскээбит, судаарыстыба уоҕугар улааппыт киһи оннук боҕуулуур санааттан төлөрүйэр, бэйэтин кыаҕыгар, сатабылыгар эрэнэ үөрэнэр. Оттон ити «сонун» отчуоту ирдээччи, диссертациятын матырыйаалын алын структура үлэһиттэринэн хомуйтаран, куйуурдаан ылар. «Бары миэхэ көмөлөһүөхтээхтэр!«- дии саныыр. Миэхэ ити отчуоту толоруу — олус ыарахана суох сорук: бэйэбиттэн алын тэрилтэ тустаах испэсэлиистэригэр эрийтэлээн, чахчылары начаас ыыттарабын. Табылыыссаҕа сыыппаралары туруортаан, сааһылаан баран, уокурук социальнай салаатын кытта тэҥниибин. Сөөп, араастаһыы суох. Оччотугар үөһээҥҥи тэрилтэҕэ, наадыйбыт чунуобунньукка ыытарга бэлэм. Отчуот сыыппаралара тэҥ кэккэнэн наардаммыттарын көрөн, ымайан ылабын:»Биир ый анараа өттүгэр, «толорбут докумуоннаргын көрө-көрө үөрэ олорор буолуоҥ» диир киһи баара буоллар, тугу хардарыам эбитэ буолла?» Сыл түмүгүнэн «уон үһүс хамнас», бириэмийэ ылбытым. Дьиҥэ, кирэдьиит адаҕалаах киһи, иэспин көҕүрэтиэхтээх эбитим буолуо. Мин, Тобуруокаптыы «уонна хаһан?» диэн баран, итии дойдуга икки нэдиэлэҕэ сынньанар пучуопка ылбытым. Барыбытыгар. Онон, Саҥа дьылы көрсөөт, соҕуруу көппүппүт. Африкаҕа сынньанан, Ороһоосполоон, Кыһыл муораҕа сөтүөлээн, дайвиннаан, күөгүнэн муора балыктарын хаптаран, дэлби күҥэ сыламнаан, кумах куйаар устун тэбиэнинэн айаннаан, онтон квадроциклынан бурҕата көтүтэн, текиланы тэбиэн эттээх соркуойунан сокуускалаан, «все включено» тарыып бары кэрэхсэнэр өрүттэрин толору туһанан, кыс ортото сайыммытын ый аҥаара эргитэн, бэркэ астынан кэлбиппит. Урукку өйбүнэн-санаабынан буоллар, ити умнуллубат Ороһооспотооҕу коньуукул сынньалаҥар соҕуруу баран сынньанан кэлэргэ сананыа суох этим. «Кирэдьиити саптахха биирдэ загрантуурга күүлэйдиэхпит!»- диэх этим. Оттон ол кэмҥэ сааһырыам, бытаарыам турдаҕа, ону, кырдьар саас кэлиэҕэ диэни өйдүүр ыраас буолуо этэ, бука. Билигин тула туох буоларын иһирэхтик, махталлаахтык ылынабын. Илиим-атаҕым хамсыыр, сүһүөхтэрим мээнэ хаачыгыраабаттар. Ол эмиэ дьол! Биир сыл хаҥас тобугум ыалдьан, эрэйи көрбүтүм. Кыайан хаампат турукка тиийбитим. Быраас анаабыт мааһа ыарыыбын эрэ уҕарытара. Кэргэним сүбэтинэн, сайын Кытайга тахсан, эмтэнэн, билигин холкутук хаамабын. Кытайга эмиэ бары бара сылдьыбыппыт. Доруобуйа күндүтүн, сүтэрэ иликкэ өйдүөххэ наада эбит. Доруобайгын — «дьол биэс уон!». Тоҕо ала-чуо биэс уон эбитэй, алта уон-сэттэ уон буолбатаҕый? Ити бииргэ үөрэммит табаарыстарбынаан туттар тылбыт. Кинилэртэн ким эрэ айбыта дуу? Олус умнуган буолбатахпын, ачыкыбын ханна уурбуппун дэбигис булабын. Ачыкыбын кинигэ ааҕарбар эрэ кэтэбин. Тыаһы-ууһу истэбин. Оф коус, ай эм хэппи! Дьиэ кэргэммин таптыыбын. Аймахтарым этэҥҥэлэр. Чугас доҕоттордоохпун. Сөбүлүүр үлэлээхпин. Дьол буоллаҕа дии, ол! «Киһиэхэ кып-кыра быычыкыйкаан наада дии». Поэт сөпкө да эппит эбит. Ити хоһоон ааптарын, Дмитрий Диринскэйи кытта, биир сайын Сунтаарга алтыһан ааспытым, ааспыт үйэ бүтүүтүгэр. Онно ыһыахха сылдьан, астынан бөҕө. Аатырар Сунтаар ыһыаҕын онно бастаан көрбүтүм. Дмитрий кэргэнин хаартыскатын
бинсээгин ис сиэбиттэн субу-субу хостоон ылан, көрө-көрө:»Чыычаахпын аҕынным даҕаны!» — диирэ. Мин оҕочооспор тэптэрэн:»Ама, уонунан сыл бииргэ олорон баран, итинник күүскэ ахта, таптыы сылдьыахха сөп дуо?»- диэн бэркиһээбитим. Билигин билэбин, итинник, улахан таптал баар. Ньургуһуннаах Лоокуут, Маайалаах Сүөдэр, Сөдүөччүйэлээх Дьөгүөрдээн, Кэтириистээх Бүөтүр күүстээх тапталларын классик суруйааччыларбыт ойуулаан, хоһуйан хаалларбыттара да ону кэрэһилиир. Эллэй, Уурастыырап үтүөкэн холобурдарын батыһан, доҕорум Николай Нутчин — Ньукулай Дьуур төһө да сааһырыы боруогар үктэннэр, кэргэнин истиҥник таптыырын күннэтэ хоһуйан, бассаап ситиминэн ыытарын сахалыы хоһоону сэргээччилэр бэркэ сэҥээрэллэр. Улахан таптал, Таҥара бэлэҕин кэриэтэ, мээнэ тиксибэт бадахтаах. Ийэ кынным Үрдүк Айыылары итэҕэйэр этэ. Киэһэ-сарсыарда, ботугураан, мэлииппэ ааҕара. Бэл, килиэби христианнар үгэстэринэн кырбастыыра. Эбээбит:»Үрдүк Айыылар махтанары сөпсүүллэр,- диирэ уонна эбэн этэрэ,- Таҥараны итэҕэйбэт буоллаххытына, иччилэргэ, айылҕаҕа, космоска махтаныахтааххыт. Махтанар киһиэхэ үтүө уон оччонон төннөр». Сарсыарда уум быыһынан: «Мин эдэрбин. Кэрэбин. Чэбдикпин. Күүстээхпин. Махтанабын эйиэхэ, Халлаан Куйаара, этэҥҥэ сылдьарбыт иһин. Уордайбаппын. Ордугурҕаабаппын. Ымсыырбаппын. Махтанабын үтүө майгыны иҥэрбит дьоммор. Айабын-тутабын. Туһалааҕы оҥоробун. Махтал«,- диэн дьиэлээхтэрбиттэн ким эрэ мантратын ааҕарын истэбин. Иэдэспэр мичээр түһэр. Тыыллаҥныыбын. Саҥа күнүнэн! Кэлэн иһэр Тапталлаахтар күннэринэн! Максим Ксенофонтов Хаартыска http://www.pravoslavie.ru
edersaas.ru сайтан