Кэпсээ
🌙
Войти
Регистрация
Кырыстаах биһилэх
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кырыстаах биһилэх
К
Кыым
Күлүк
16.03.2026 16:27
🎵 Кырыстаах биһилэх
00:00
--:--
Посмотреть рекламу и скачать
Дьикти хатылаһыы Дьон аймах баарын тухары киһи хоруобуттан саҕалаан кинигэҕэ, хартыынаҕа, атын да малга кырыыс иҥиитэ диэн баар эбит. Итиннэ биһилэх эмиэ киирсэр. 1785 сыллаахха бааһына хорута сылдьар Аангылыйа бааһынайа таас быыһыгар туох эрэ кылабачыйарын өйдөөн көрбүтэ. Ол кыһыл көмүстэн кутуллубут улахан, ыйааһыннаах уонна суруктаах биһилэх этэ. Эспиэрдэр үөрэтэн көрөн баран, кини Римтэн төрүттээҕин, быһа холоон IV үйэҕэ оҥоһуллубут буолуон сөбүн уонна бэрчээкки таһынан кэтиллэрин быһаарбыттара. Биһилэҕи баай ыал атыылаһан ылбытын кэнниттэн ити түгэн умнуллубута. Арай 1929 сыллаахха биһилэҕи кытта ситимнээх чахчылар күөрэйэн тахсыталаабыттара. XIX үйэ саҥата Лидни диэн сиртэн 130 км тэйиччи сибиниэс табыл (таблица) көстүбүтэ. Онно этиллэринэн, биһилэҕи булбут дьон ону таҥара дьиэтигэр туттарыахтарыгар диэри эрэйи көрүөхтэрин туһунан суруллубут этэ. Оччолорго ким даҕаны сурук суолтатын өйдөөбөтөҕө. Ол эрээри ити кырыыс тыл Сильвиан диэн киһиттэн биһилэҕин уоран ылбыт Сенициан диэн киһиэхэ анаммыта өйдөнөрө. 1929 сыллаахха Мортимер Уилер диэн археолог биһилэх уонна табыл икки ардынааҕы ситим таабырынын таайбыта. Эмиэ ити кэмҥэ Джон Толкин диэн Оксфорд бэрэпиэссэрэ баар буолбута. Кини “Кольцо Всевластья” диэн кинигэтин ис хоһоонун ити түгэнтэн ылбыт буолуон сөп. Биһилэх сиэртибэлэрин тута булбатахтара. Арай 1903 сыллаахха Париж полициятыгар үлэлээбит киһи биэс сыл иһигэр кырата биэс киһи биир быһыылаах биһилэхтээх морг дьиэтигэр аҕалыллыбыттарын эппитэ. Ол биһилэх атын биһилэхтэртэн ураты быһыылааҕа, эриэккэс көрүҥнээҕэ. Биһилэх суолун таайа сатаан эрэйдэммит полиция үлэһиттэрэ бүтэһик бокуонньук аймахтарыттан ыйыталаспыттара. Олор биһилэх кырыыстааҕын эппиттэрэ. Ити түгэн улам умнуллубута. Арай “Кольцо Всевластья” эрэ кинигэ санатыан сөп. Дьылҕа биһилэҕэ Ити биһилэххэ чуолаан итинник ааты биэрбиттэрэ. Дьылҕа биһилэҕэ... 1920 сыллар эргин кинини Голливуд артыыһа Рудольф Валентино кэппитэ. Италияттан төрүттээх артыыс саҥата суох киинэ кэмин сулуһа этэ. Тус олоҕо даҕаны санаа хоту баран испитэ. Биир күн кини Сан-Франциско ломбардыттан туох да уратыта суох быһыылаах биһилэҕи атыыласпыта. Ити сыаналаах киэргэл кырыыстаах буоларын билбэккэ... Чопчу кимиэхэ анаммыт кырыыс буолара хас эмит үйэ тухары халыҥ хах кистэлэҥинэн бүрүлүннэҕэ. Ити кэмтэн Валентино олоҕор бииртэн биир охсуулаах түгэннэр буолуталаабыттара. Быраастар кини оһоҕоһугар хаанынан оҕуолуур баастары буланнар, эпэрээссийэлэнэргэ күһэллибитэ. Ол түмүгэр импиэксийэ киирэн, артыыс баара эрэ 31 сааһыгар өлбүтэ. Устуоруйа этэринэн, Валентино хара өлүөр диэри биһилэҕин устубатаҕа. Өлбүтүн кэннэ биһилэҕи таптыыр дьахтара Поле Негри кэппитэ. Дьахтар эмиэ тута ыалдьыбыта. Хара дьайдаах биһилэҕи кэмигэр устубута эрээри, артыыс быһыытынан суола-ииһэ онон бүппүтэ. Ити кэнниттэн биһилэх Расс Коломбо диэн ырыаһыт тарбаҕар баар буолбута. Сотору кини бэрт дьикти угаайыга түбэһэн, буулдьаттан өлбүтэ. Биһилэх салгыы Джо Касин диэн кини доҕоругар тиийбитэ. Джо киэргэли хаатыттан орообокко, хас да нэдиэлэ сытыарбыта. Кэппит күнүгэр дьиэтин таһыгар массыына үлтү
көтөн өлбүтэ. Киэргэли быраата ылан, сиэйпэҕэ кистээбитэ. Баҕар, онно хас эмэ үйэ тухары туох да куһаҕаны оҥорбокко сытыа эбитэ буолуо да, биир муҥнаах уоран тахсан иһэн, полиция буулдьатыттан өлбүтэ. Биһилэх эмиэ сиэйпэ дьиэлэммитэ. Биир күн Эдвард Смолл диэн режиссёр номох буолбут Валентино туһунан киинэ устаары биһилэҕи туһанарга санаммыта. Валентино оруолун Джеки Данн диэн артыыс оонньуохтааҕа. Джеки бэрт аҕыйах сыанаҕа уһуллаары биһилэҕи кэппитэ. Ити кэнниттэн икки нэдиэлэ буолан баран, сэдэх хаан ыарыытынан ыалдьыбыта биллэн, сотору өлбүтэ. Биһилэх өлүүлээх суола кини Лос-Анджелес сыаналаах малы харайар бааныгар киириэҕиттэн тохтообута. Ити кэмтэн Валентино биһилэҕин туһунан элбэх номох кэпсэнэр. Элис Уокс диэн суруйааччы уонна суруналыыс дьахтар, дьиҥэр, биһилэх ити өлүүлэргэ туох да оруола суоҕун, кэмэ оннугун дакаастыы сатаабыта. Ол да буоллар Валентино биһилэҕин тула кэпсэтии тохтообот. Дьон этэллэринэн, биһилэҕи суох гынар табыллыбат, уорар сатаммат. Сорох дьон бааҥҥа сытар биһилэх үтүгүннэрии эрэ буоларын, дьиҥнээх биһилэх дьону син биир өлөрө туруо диэн этэллэр. Валентино биһилэҕин кэтэн түспүт хаартыскатын көрбүт дьоҥҥо кытта кырыыс иҥэрин туһунан салыннарыылаах кэпсээннээх дьон эмиэ бааллар. Валентино үөр буолан кылабыыһаҕа уонна уһуллубут устуудьуйатыгар илэ бэйэтинэн хаама сылдьарын көрбүт дьон эмиэ бааллар үһү дииллэр. Түмүк оннугар Хайа баҕарар мал-сал – туспа тыыннаах. Ол чахчы. Тыынар тыыннаах кэриэтэ, эниэргийэни иҥэринэр, хайдах илиигэ тутуллубутунан дьылҕаланар. Онон киэргэли атыылаһыах, кэтиэх иннинэ ол суолтатын, урукку суолун-ииһин билэр мэһэйдиэ суоҕа. Бу күн сиригэр туох барыта итэҕэлгэ, көстүбэт эйгэҕэ тиийэн иҥнэр. Оксана ЖИРКОВА бэлэмнээтэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
🎵 Кырыстаах биһилэх
kyym.ru сайтан