Кэпсээ
Войти
Регистрация
Өркөн өйдөөх Өлүөскэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Өркөн өйдөөх Өлүөскэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
06.08.2020 14:58
Бүгүн туран биэрбит халлааны баттаһа бөһүөлэк дьоно үксэ от үлэтин бөрүү ходуһалаата. Арай сүөһү ииппэт, маанытык туттар-хаптар нэһилиэк ыала, ону кытта ускул-тэскил сылдьар атах-бытах дьон, чэ уонна сиртэн быга илик оторой-моторой норуот бөһүөлэги «дьиэлии» хаалбыттар. Ол хаалбыт аҕыйах дьон дэриэбинэ биир уулусса диэн ааттанар суолунан дөрүн-дөрүн хаамсаллара көстөр. Биир да тиэхиньикэ баара биллибэт, бирилиирэ да иһиллибэт. Арай ол уһун уулуссаҕа утары көрсө түспүт дьон отур-ботур кэпсэтиһэн тыаһы таһааран ылаллар. Күн оройо буолуута, дьон барара-кэлэрэ үксээтэ. Оннооҕор соҕотох олорор Өйдөөх Өлүөскэ матасыыкыла собуоттанна. Кини диэтэх киһи лааппыга килиэп тахсарын баттаһа дэриэбинэни биир гына аймаан, айаннатан эрдэҕэ. Кини хаһан да сатыы сылдьыбат. Омуна суох уон сылы быһа дьэбиҥҥэ сиэппэккэ илдьэ сылдьыбыт биэс ат күүстээх көлөтө — арахсыспат аргыһа, хаамар атаҕа. Атаҕа, атыннык эттэххэ, тэлгэһэтин буоруттан атын сиргэ үктэммэтэҕэ да ырааттаҕа. Сөп ээ, олорор сирэ да тэйиччитэ сыттаҕа. Килиэп ылаары, бөһүөлэк уһун уулуссатын биир уһугуттан биир уһугар айанныыр. Өлүөскэ, маҕаһыыҥҥа чугаһаат, аан айаҕар уонча киһи мустан турарын көрө түстэ. «Оо, дьэ» диэн, бэйэтэ дуу, түөһүн иһигэр өрө мөҕөр мөлтөх сүрэҕэ дуу саҥа аллайбытын өйдөөбөккө хаалла. Хайыай, туормастаан хачыгыратта. Дьону көрбөтөҕө буола-буола, тиэтэл үлүгэрдик маҕаһыын ааныгар таласта. Анарааҥҥылара, хата харахтара сытыыкката: ким иһэрин бэлиэр таба көрөн үөрэн ырталлыбыттар. Бу дьонтон барыларыттан кыра уҥуохтаах, ол эрээри лаппа кэтит бэйэлээх Өрүөл Өстүөпэ күөһэлис гына түстэ да, илии тутуһаары эттээх илиитин уунна: – Хайа, Өлүөс, дорообо! Бу ханна хаамтыҥ? Туох сонуннааххын? – Ээ, килиэп ыла кэллим. Эһиги туохха эмиэ тоҕуорустугут? Күн саҥа үүнэн эрэргэ дылы ээ... – Ээ, ити... Биир быраат төрөөбүт күнэ. Ону бэлиэтээри. Билэр инигин Ньукулайы, – диэт, бигэргэтэр киһилии аттыгар турар уһун синньигэс хара бараан дьүһүннээх киһи саннын таптайда. – Хайа, билбэккин дуо?! Хоҥсоо Хоро уолун, ылгын кыыһын кэргэнэ Ынньалба Ньукулайы. Анарааҥҥыта аанньата суох аатын истэн, сүүһүн аннынан көрдө, атыҥыраабытын биллэрэн, ыҥыранан ылла. Онуоха Өстүөпэтэ, туох да буолбатаҕыныы, киһитин саннын таптайбахтаата. Өйдөстөхтөрө ол. – Чэ, убаай... Биэнсийэ кэлиэр диэри икки иһиккэ иэһээ эрэ. Төлүөм-төлүөм, эбэһээт төлүөм. Били оҕонньор биэнсийэтиттэн быһа тутан ылыллыа буоллаҕа, – диэн, хаһааҥҥыта эрэ Өрүөл ааттаммыт Өстүөпэ көрдөстөҕө буолан турулук-ирилик көрбөхтүү турда. Өлүөскэ табыгаһа суох чуумпуруу буолбутуттан кулук-халык тутунна. «Суох» диэҕин суобаһа оонньоото. Уонна ааттыын да өйө бэрт буолан, иэһииригэр тиийдэ. Биэрбэтэҕинэ, арахпакка аалар, сырса сылдьан сылатар дьон буоллахтара. Өлүөскэ, сиэбиттэн аҕыйах мөһөөҕү хостоон суулуу анньаат, маҕаһыыҥҥа киирэн хаалла. Килиэбин ылан бакыатыгар укта турдаҕына кэнниттэн Өстүөпэ көтөн түстэ. Үөрбүт быһыынан атыыһыттан икки үрүҥү ылан хоонньугар угунна. Тахсан иһэн дьонугар тиийбэккэ, Өлүөскэни кытыы сиргэ ыҥырда: – Дьэ, Өлүөс, махтал, абыраатыҥ. Доҕоор, иһит
эрэ, эн биһигинниин барсыбаккын ээ. Ити уол улахан кыһалҕаҕа ыллара сылдьар. Эдэрин көрүмэ, олоҕо табыллыбакка сордоммут муҥнаах. Бэҕэһээ ойоҕо үүрэн кэбистэ. Үлэтэ да, дьиэтэ да суох. Бэйэтэ тулаайах сордоох ээ. Манна «сээн» диир киһитэ суох. Дойдутугар да тиийэн тугу гыныай? Эн, Өлүөс, улуу өйдөөх киһи буолбаккыан. Уонна бэйэҥ арахсыбыт эҥин киһи, хайдах киһи-хара буолбуккун кэпсиэҥ этэ буо? Ити эрэйдээх олох буорайан сылдьар. Өлүөскэ аанньанан арахпат атастарыттан кыйаханыах кэриҥнэннэ, ол да буоллар отутун бэлиэтээри оҥостор «уолу» эмиэ да аһынна. Ол кэннэ дьиэтигэр да тиийэн ыыр ынаҕа, аһатар оҕото суох киһи тугу да гынара суох буолан: – Чэ, миэхэ бардыбыт. Эн миэхэ олорус. Атыттар сатыы тиийиэхтэрэ. Орулуос Онтоо баар быһыылаах буолбат дуо? Сирдээн илдьиэ, дьиэбин билэр, – диэн, өйдөөх киһи сиэринэн дьоһун баҕайытык туоталлан матасыыкылын диэки атыллаата. Анарааҥҥыта дьонугар тиийэн тугу эрэ ботугураата, онтон Өлүөскэҕэ кэлэн: – Бээрэ, доҕоор, элбэхпит дуу, хайдах дуу... Бу ас тук буолбата буолуо, – диэмэхтээтэ. Өлүөскэ киһитэ тугу эрэйэрин тута өйдөөтө. Чыпчырына-чыпчырына өссө икки иһит харчытын хостоон биэрдэ. Дьиҥэр, кинилэртэн ураты, кыһалҕалаахтан атын бу дьыалаҕа кыттыһыа суохтааҕа эбитэ буолуо да, хайыай, «быраабыла» баар буоллаҕа. Хаһан уонна ким айбыта биллибэт «быраабыла» – хампаанньа кими да туораппат. Өстүөпэ өрүөл муҥутаан бэрт түргэнник маҕаһыынтан төнүннэ. Матасыыкыллаахтар, сатыылар айаҥҥа туруннулар. * * * Күн киэһэрэн эрэр. Өйдөөх Өлүөскэ олбуорун иһэ. Тиэргэн иһинээҕи сарайга үс киһи остуолга олорор. Сэрэйдэххэ, сэһэн-сэппэн ырааппыт кэриҥнээх. Остуол ойоҕоһугар утуйа сытар киһини аахпатахха, атыттар суоллара сойбута ырааппыт. Өйдөөх Өлүөскэ номнуо итирэ быһыытыйбыт, ол эрээри өйдөөх-өйдөөхтүк куолулуу олорор. – Дьэ, уолаттаар, онон оннук. Мин олорбут олоҕум бэйэтэ оскуола. Хомойуох иһин, олох оскуолатын киһи бүтүөх бүппүтүн эрэ кэннэ өйдүүр эбит. Мин билигин барытын төннөрөллөрө буоллар, ойохпуттан адьас арахсыам суох этэ. Суох! Мин уруккуну өрө тутар буолбатахпын. Бүгүн төһөнөн дьоллооххун да уруккуну, ааспыты саныырыҥ аҕыйыыр дииллэр. Ааспыты эргитэ санаан дьоллонооччу — дьоло суох киһи. Оттон мин дьоллоохпун. Ити гынан баран олоҕу хат эргитэр туһунан санаа үчүгэйэ суох олохтон буолуохтаах. Ол эрээри үҥсэргээбэппин. Биир өйдөөх этии баар: олоххун үҥсэргээмэ – отой да бэриллиэ суоҕун сөп этэ. Олох биирдэ бэриллэр, оттон табыллара эмиэ биирдэ эмэ. Олоххо араас барыта буолар. Ол эрээри төһөнөн кырдьаҕын да, соччонон ол араас түгэниҥ аҕыйыыр эбит. Мин айылҕаттан өйдөөх этим – олохпун уларыта сатаабытым. Кэлин син муударай буолбутум – бэйэбин уларыппытым. Олорбут олохпут диэн – ааспыт күннэрбит буолбатах, өйгө хатаабыт түгэннэрбит. Онон олоҕу интэриэһинэйдик олоро сатыахха наада. Ол эрээри бу олохпутун олус улахан суолталаах курдук ылынарбыт сыыһа. Олох – кылгас кэмнээх көстүү. Олоххо букатын кэлбэккин. Дьиктитэ диэн, өлөртөн
куттанабыт эрээри, кэми тиэтэтэри сөбүлүүбүт. Буола илиги оҥоро охсоору ыксаа да ыксаа буолар туох аанньа үһү. Ыт ыксаан-ыксаан, хараҕа суох оҕону төрөтөр. Киһи ыксаан-ыксаан, олох очуругар бүдүрүйэр. Бүдүрүйбүтү ардыгар көнөр дииллэр. Мин санаабар, үйэ тухары бүдүрүйэ-бүдүрүйэ туруохтааҕар бүдүрүйэн баран турбатах көнө ини. Эн олохтон сылайдым диигин. Эн олоҕуҥ диэн тугуй? Чэ, эт эрэ! Эппэккин! Мин эн оннугар этэбин дуо? Эн үйэҥ тухары ханна эрэ баар дьолу күүтэн олорбуккун. Олоҕуҥ диэн — дьаалатынан баран иһэр чуҥкук көстүү! Эн, эдэр киһи, биири өйдөө! Олоххун бэйэҥ оҥостубат буоллаххына, эн оннугар хайаан да атын киһи кыттыһыа. Онон олоҕуҥ муоһатын бэйэҥ тутуохтааххын. Тыыннаах буолар туһугар үлэлиири сатыахтааххын. Оттон киһи буолар туһугар атыттары үлэлэтиэхтээххин. Килиэп туһугар хара илиигинэн үлэлээ, оттон арыы наада түгэнигэр өй үлэлиэн наада. Буот! Ол курдук атыттары баһыйыахтааххын. Күүскүнэн буолбатах – өйгүнэн. Уруут-урут аан бастаан биир эбисийээнэ ураҕаһы ылбытыгар атын эбисийээнэлэр үлэлээн барбыттара. Дьиҥинэн, олох диэн – оонньуу. Сүрүн быраабылата – ону оонньуу курдук ылыныма. Олох – акыйаан. Ким күүстээх долгуҥҥа уйдаран айанныыр, мөлтөх тимирэр. Олох – хамсааһын. Биир үксүн кылабыыһа диэки. Онон Айыы Таҥара иккис олоҕу биэрэрин курдук, астыктык олоруохха наада. Кэргэним үүрдэ диигин. Таптал киһини дьоллуон да, сордуон да сөп. Таптал кэллэҕинэ, өйүҥ уоппускаҕа барар. Таптал кэми биллэрбэккэ аһарар, оттон кэм тапталы өһөрөр. Билэҕин дуо, таптал уота харчынан күөдьүттэххэ, ордук өр уонна күүскэ умайарын? Харчыҥ суох буоллаҕына, таптаан да муҥнаныма! Мин эмиэ харчыта суох этим. Онон тапталым үйэтэ уһаабатаҕа. Кэргэмминиин 18 сыл устата дьоллоох да этибит... Тыыннаах буолар туһугар үлэлиэххэ наада, оттон байар туһугар атын тугу эрэ тобулар ордук. Харчы сыта суох дииллэр, ол эрээри харчы сытын ыраахтан ылар дьон бааллар. Харчы, дьиҥинэн, кумааҕы буоллаҕа. Эн мөккүһүмэ. Харчылаах да буоллаххына, ыраатыаҥ дии санаабаппын. Харчыга тугу баҕарар атыылаһыахха сөп диир киһи ол туһугар тугу баҕарар оҥоруон сөп. Эн оннук киһигин дуо? Эһиги курдуктары үчүгэйдик үөрэтиэххэ наада. Олох оскуолатыгар. Оройдоттуҥ? Былыр кырдьаҕастар анаан-минээн үөрэтэр буолаллара. Дьэ, олоруҥ буоллаҕа эбээт, хаама сылдьар Олох кинигэлэрэ. Билигин Муударай аар кырдьаҕастарбыт илдьэ сылдьар Олох кинигэлэрэ баара эрэ Сберегательнай киниискэлэрэ буолла. Ол курдук куһаҕаннык олоробут. Маннык этии баар: дьиҥэ, бырабыыталыстыба үчүгэйдик үлэлиир ээ... Норуот дьадаҥытык олорор, тоҕо диэтэххэ, кини бырабыыталыстыбаҕа үлэлээбэт. ¤э-һэ... Ыалдьан өлөөрү да гыннахпытына көһүлүөкпүтүн көрдүөхтэрэ. Барыта харчыга тиийэн иҥиннэҕэ ол. Өлөөрү эрэ гыммытыҥ, хайаабытыҥ эрэ – ким да кыһаллыа суоҕа. Ол эрээри биир өттүнэн төлөбүрдээх мэдьиссиинэ өҥөтө туһалаах. Сыанатын сыымайдааҥҥын, доруобуйаҕын ордук харыстыыр буолаҕын. ¤э-һэ... Уопсайынан, киһи олоҕун орто омурҕаныгар диэри доруобуйатын алдьатар, онтон хаалбыт кэмигэр чөлүгэр түһэрэ сатыыр мөккүөннээх. Ол да буоллар бу арыгы
иһэ олоробут... Дьиҥинэн, арыгы – анестезия кэриэтэ. Олох диэн уустук эпэрээссийэни ыарыыта суох аһарарга ааттаах ас. Наһаалаатахха, биллэн турар, туох аанньа үһү. Эн кэргэҥҥин күнүүлүүгүн. Эн дьиэ кэргэниҥ туһугар охсустуҥ дуо? Суох, кыыһыраҕын эрэ, бэйэҥ искэр уонна ойоххор. Кыаҕа суох буолан күнүүлүүгүн. Өһүргэнимэ! Халлааҥҥа сулус буолан суһумнуурга кыаҕыҥ кыра буоллаҕына, саатар, дьиэҕэр лаампа буолан сандаар ээ. Ол эмээхсиниҥ киһитэ эйигиттэн туох ордуктааҕын санаа. Ымсыырыма, боруоста ырытан, сыымайдаан көр. Атын киһи олоҕунан олоруоҥ суоҕа, арай ол киһи олоҕун буортулуоххун сөп. Кини тугу сатаабатый? Барытын сатыыр диигин... Атын киһи үлэтин кириитикэлиэххин баҕардаххына, кини үлэтин уон оччонон үчүгэйдик оҥор диэн буолар. Онон үлэ булуоххун наада. Чэ, үлэ туһугар көтөҕөн кэбиһиэх! ¤э-һэ... «Үлэ туһугар!» диэн этии тост эрэ буоллаҕына, бэркэ иһиллэр ээ. Хайа, тоҕо санааҥ түстэ? Элимиэн диигин... Оттон айбыт оҕолоргор элимиэн төлөөмөөрү гынаҕын дуо ол? Өйдөөн кэбис! Элимиэн – көҥүл буолуу нолуога. Эн көҥүл буолаҕын билигин. Бэйэҕин үөрэт, үгүһү толкуйдаа. Баҕар, киһи быһыытынан тупсан кэлиэҥ. Мин оҕобун бэйэм көрбүтүм. Билигин улаатан туһунан барбыта. Хайа да балаһыанньаҕа оҕобуттан аккастаныам суох этэ. Бүдүрүйдэрбин даҕаны... Оҕо харчы курдук. Төһө да улааттар, син биир санааҕар кыра курдук ээ. Эн, уопсайынан, санааҕын түһэримэ. Билигин олоххор хара кэрчик кэллэҕэ. Оттон хаһан эрэ үтүө кэм син биир үүнүө. Олох хараҥа кэрчигэ син биир наадалаах, оччоҕо күннээҕи сиэрэй олох син үрүҥ тэҥэ сырдаан көстөр ээ. Ол эрээри кэлэр кэми кэтэһэн, олорон хаалыма. Барытын кэлиҥҥигэ хаһааныма. Кэлэр кэминэн олорооччу бүгүҥҥү күн бүтэһик буолуон сөбүн саныыра дуу? Онон күн бүгүҥҥүттэн... ээ чэ, сарсыҥҥыттан, киһи буолан килбэйэргэ турунаҕын. Эмискэ ыт үрэн моргуйбута Өйдөөх Өлүөскэ дойҕоҕун ууратта. Хаптаһын дьиэ хаарбах аана аа-дьуо иҥиэттэн, аһыллан кэллэ. Ону кытта ыга кыыһырбыт эдэрчи дьахтар көтөн түстэ да үҥсэргии олорбут Ынньалба Ньукулайы окумалыттан ылан таһырдьа состо: – Дьаабал, манна кэлэн «аһыы» олороҕун дуо? Дьиэлээххин умнан куттаатаҕа буола-буола... Уу, баҕайы... Дьэ бэйиккэй, өссө күнүүлээбит буола-буола... Дьахтар умайыктаммыт хаһыытыттан “олох оскуолатын үс киһилээх улуу сугулаана” уурайан хаалла. Дьиэлээх хаһаайын, ол аата улуу муударай, өркөн өйдөөх Өлүөскэ, ыалдьытын атаара туран аҕыйах сүбэни сибигинэйэн этэн хаалла: – Дьоллоох буолуу кистэлэҥин арыйабын: хаһан да доруобуйаҕын, кэргэҥҥин, хамнаскын атыттар киэннэрин кытта тэҥнээмэ. Дьолу хаһан да сырсыма, ситиэҥ суоҕа, ол кэриэтэ дьол ааһар суолун маныырга дьулус. М.ИВАНОВА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан