Кэпсээ
Войти Регистрация

Аскар Айтматов  «Эпосы народов мира» бырайыак тула кэпсэтиигэ ыҥырар

Главная / Кэпсээн арааһа / Аскар Айтматов  «Эпосы народов мира» бырайыак тула кэпсэтиигэ ыҥырар

K
edersaas.ru Категорията суох
11.02.2021 20:57
Кыргыз норуотун дипломата уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, биллиилээх суруйааччы Чингиз Айтматов уола Аскар Айтматов, бу саас эбэтэр сайын Кыргызстааҥҥа Александр Жирков «Эпосы народов мира» бырайыагын тула дьүүллэһиигэ, кэпсэтиигэ этии киллэрдэ. «Мин эһиги айымньылаах үлэҕитин, чуолаан аан дойду норуоттарын эпоһын туһунан бырайыаккытын интэриэһиргии көрөбүн. Бу бырайыак кэскиллээх буоларын таһынан, үгүс сэҥээриини ылыаҕа диэн бүк эрэллээхпин. Эһиги көҕүлээһиҥҥитигэр үгүс норуоттар кыттыстылар. ЮНЕСКО бу таһаарыыны өйүүр. Эһиги түүр норуотугар эрэ буолбакка, үгүс дьоҥҥо эпическэй пааматынньыктары билиһиннэриигэ кыах биэрдигит. Эпическэй пааматынньыктары тылбаастааһын эпосовед-учуонайдары, тылбаасчыттары, литератордары уонна да атын элбэх киһини сомоҕолоото», — диэн Айтматов махталын биллэрдэ. А. Ч. Айтматов этэринэн,«Эпические памятники народов мира» бырайыагы аан дойду таһымыгар дьүүллэһии, кэпсэтии эпосоведтар түмсүүлэрин тэрийиигэ кыах биэриэҕэ. ЫСПЫРААПКА: Соторутааҕыта Алтай Өрөспүүбүлүкэтигэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо алтай тылынан тылбаастанан тахсыбыта. Ил Түмэн, С. Васильев
edersaas.ru сайтан