Кэпсээ
Войти Регистрация

Саина. 25 сыл кэнниттэн…

Главная / Кэпсээн арааһа / Саина. 25 сыл кэнниттэн…

K
edersaas.ru Категорията суох
06.02.2021 17:00
1996 сыллаахха Саина диэн ырыаһыт баар буолбута. Ону кытта «Здравствуй, Якутск» ырыа күн сирин көрбүтэ. Оччолорго хас саҥа тахсыбыт ырыаһыт «Эдэр саас» хаһыакка киэҥник сырдатыллар этэ. Номнуо бастакы “Тапталы харыстааҥ», о.д.а. ырыалара уһуллан өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар СТВ ханаал нөҥүө көстөн киэҥ эйгэҕэ тахсан барбыттара. Аан бастакытын сыанаҕа 1997 сыллаахха ырыа куонкуруһугар кыттан тахсыбыта. Екатерина Саввинова -Саина СӨ үтүөлээх артыыската, Булуҥ оройуонун бочуоттаах олохтооҕо. ЫРЫА ЭЙГЭТИТТЭН ТЭЙБЭТЭҔИМ Саина тоҕо сыанаҕа ыллаабат буолла диэн ыйытааччы элбэх. Саҥа, эдэр ырыаһыттар тахсан иһэллэр, саҥа ырыалар айыллаллар. Ол эрээри, тоҕо эрэ дьон өйүттэн Саина нарын куолаһа, 90-с сыллар хиттэрэ буолбут ырыалара билигин да умнуллубаттар. Бүгүн Саиналыын кэпсэтиибин билиһиннэрэбин. — Дорообо, Саина, сыанаттан, ырыа эйгэтиттэн эйигин дьон сүтэрдэ, билигин тугунан дьарыктанаҕын? — Мин ырыа эйгэтиттэн бэйэбин тэйбит курдук санаммаппын. Оннооҕор Арассыыйа таһымыгар тахсар туһуттан Москва куоракка тиийэн 2009-2012 cылларга олоро сылдьыбытым. Ол кэмҥэ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэҕэ култуура салаатыгар үлэлээбитим. Саха фольклорнай ан­саамбылын тэрийэн үлэлэппитим. Этно-араадьыйа ыытааччытынан үлэлээбитим. Бу Москваҕа олорор сылларбар Европаны барытын кэриэтэ эргийбитим. Канада мусукаалынай бириэмийэтигэр түһэриллэ сылдьыбытым. Бу кэмҥэ англия тылын үөрэтэн, билиим таһыма үрдээбитэ. Торонто куорат миэхэ наһаа чугас буолбута. Манна хас да кэнсиэри оҥорбутум. Миигин сүтэрэ, умна да сылдьыбыттара буолуо, ол эрээри ырыаһыт быһыытынан хаһан да сүппэтэҕим. Мин билигин аан дойду таһымнаах «Саина» диэн киһини са­­йыннарар кииҥҥэ хас да хайысханан дьарыктанабын, дьону дьарыктыыбын. Үөрэнэрбин, саҥаны билэрбин-көрөрбүн оҕо эрдэхпиттэн астынабын. Холобур, уруһуйдуурга үөрэммитим, уон хонук иһигэр английскай тылы үөрэппитим. Ол кэннэ сатаан бириэмэни аттарыныы, өрүү күүрэн сылдьартан босхолонуу наада буолбута. БЭЙЭБИН СҮТЭРБИТ БУОЛУОМ ЭТЭ… — Москваҕа ырыаһыт быһыытынан тахсыыга, аат оҥостууга ханнык уустуктары көрсүбүккүнүй? Тоҕо төннөн кэлбиккиний? — Билигин мин ханна да тахса сатаабаппын. Арассыыйа таһымнаах сулус буолуохпун сөбө, ол эрээри оннук тахсыбытым буоллар, бэйэбин сүтэрбит буолуом этэ. Мин дьолбор, миигин өбүгэлэрим быыһаабыттара буолуо диэн махтанабын. Өскөтүн, киһи олоҕун айанын суолугар уустуктары көрсөр буоллаҕына, кини сыыһа суолунан барбытын өйдүөхтээх эбит. Онон олоҕум суола ырыаһыт буоларга анамматах буоллаҕа. Бэйэм даҕаны сэмэй киһибин, арбанарбын, дьоҥҥо биллэ-көстө са­­тыырбын сөбүлээбэппин. Мин дууһам баҕарарынан ыллыыбын. Ол эрээри кэнсиэртии барар санаам суох. Гостуруоллуу сылдьан хаста да буурҕаҕа, дойдубар Булуҥҥа Лаптевтар муораларынан устан иһэн араас быһылааҥҥа түбэспитим. Ити барыта ыраастаныы үһү. Дойдубар тиийбэтэҕим алта сыл буолла. Биллэн турар, ахтабын. Ыарахан усулуобуйалаах сиргэ олорор биир дойдулаахтарбын хаһан да умнубаппын. Айан сыанатын төлөбүрэ аһары ыарахан, киһи аҥардас дьаарбайа тиийэригэр табыгаһа суох. ӨЙ-САНАА ӨТТҮНЭН БААЙ БУОЛУОХХА — Эйигин дьон кыахтаахтык, туспа дьиэлэнэн-уоттанан олорор курдук саныыр буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, ырыаһыттар баайдык олороллор диэн өйдөбүл баар. — Мин хаһан даҕаны бас билэр дьиэлэммэтэҕим, хамсаабат баайга-дуолга
дураһыйбатаҕым. Урут Покровскайдыыр суолга сир ылан, кирэдьииккэ киирэн туран дьиэ туттараары тутар тэрилтэ­лиин кэпсэппитим да, онно миигин албыннаабыттара. Дьиэм тутуллубатаҕа, инньэ гынан, кирэ­дьиит харчытын төлүү-төлүү куортамҥа олорбутум. Аймахтарым, дьонум ардыгар буруйдуур курдук саҥаралларын аһары чугастык ылынарым. «Бачча ырыаһыт буолан баран харчы мунньумматыҥ, дьиэлэммэтиҥ», — дииллэрэ. Киһи дууһатыгар, сүрэҕэр буруйдаах курдук сананара кинини ыарыыга да тиэрдиэн сөп. Мин мантан сылтаан бэйэбин буруйданаммын, ыалдьа сыспытым. Хата, олоҕум суолугар Жанат Жусуповы көрсүбүтүм.Кини Казахстантан төрүттээх, дьон санаатын кынаттыыр духуобунай тириэньэр буолар. Киһи олоҕор духуобунай учуутал үөрэнээччи онно бэлэм буоллаҕына кэлэр эбит дии саныыбын. Санааларым сааһыламмыттара. Киһи эйгэтэ кэҥииригэр, сааһыланарыгар уонна бэйэтин булунарыгар туһалаах. Өй-санаа өттүнэн баай буоллахха, киһи санаалыын чэпчиир, ыгыллыбат, күүрбэт буолар эбит. Биллэн турар, дьиэҕэ-уокка кыһаммаппын диэн буолбатах, саатар ыраах айантан кэллэхпинэ түһэр, малбын-салбын уурар бэйэ муннуктааҕым буоллар диэн саныыбын. Аан дойдуга медитация-кэнсиэри оҥорор буолбутум. Хомус, дүҥүр, уус-уран айымньыны туһанан киэҥ эйгэҕэ тахсыы мин куппар-сүрбэр ордук чугас эбит. Куолас арыллыыта, дууһа талаһыыта — айылҕа бэйэтэ оннук кэмҥэ киһини аҕалар эбит дии санаатым. Мин соҕотоҕун ХНТ (ООН) өрөспүүбүлүкэ аатыттан ыллаабытым. Өрөспүүбүлүкэбит аатын-­суолун аар-саарга, киэҥ эйгэҕэ, аан дойду таһымыгар таһаарар сахалыы тыыннаах артыыстар аҕы­йахпыт. Миигин үйэлээх сааспар Култуура министиэристибэтэ хаһан да өйөөбөтөҕө, тугу кистиэмий, айаным да төлөбүрүн уйумматахтара. Кэтэһэн олорортон ордук куһаҕан бу олоххо суох. Олох киһиэхэ биирдэ бэриллэр, ол иһин айанныыбын, ыллыыбын, Сахам сирин ааттатабын. Ураты суоллаах, аан дойду таһымыгар Саха сирин ааттатар артыыстарынан, холобур, Хатылаевтары, Альбина Дегтяреваны, Ольга Подлужнаяны, Юлия Кривошапкинаны ааттыахпын сөп. Мин саныахпар, киһини үлэлии сылдьар кэмигэр сыаналыыр наада. Ол киһи кырдьан бүтэн эрдэҕинэ, аат-­суол иҥэрии, эбэтэр өлбүтүн кэннэ өйдөбүнньүк туруоруу туохха наада буолуой? Онон мин санаам итинник. УРАТЫ КЭНСИЭРИ БЭЛЭМНИИБИН — Саха сиригэр кэнсиэр тэрийэр былааннааххын дуо? — Бу муус устар 17 күнүгэр «Триумф” киэҥ уораҕайыгар кэнсиэртээри сылдьабын. Доҕотторум көмөлөһөн, өйөөн бу санааҕа тиийдим. Ол кэнсиэргэ дьоҥҥо улахан шоу көрдөрүөххэ наада диэн буолла. Хаһан да буолбатах ви­­деография, Москва режиссера үлэлэһиэҕэ. Бу атын кэнсиэр буолуоҕа. Тугу эрэ тэрийэр буоллахха, киһи үрдүк таһымнаахтык оҥоруохтаах. Буоллун-хааллын диэн харчы эрэ туһуттан кэнсиэрдиири утарабын. Кэнсиэрбэр туох баар урукку-хойукку хит буолбут ырыаларбын ыллыаҕым. Николай Курилов дьүкээгирдии тылбаастаабыт “Аве Марияны” эмиэ ыллыыбын. Ырыа дууһаттан тахсыахтаах, киһини үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдиэхтээх. Бу буруолуу сылдьар саҥа килиибим күн сирин көрдө. Ону сэргэ, Арассыыйа ырыаһыта Земфира продюсера Леонид Бурлаков уон сэттэ омук тылынан оҥорбут ки­­лиибигэр мин сахалыы ыллыыбын. Уон мөлүйүөнтэн тахса киһи көрбүт. — Ханнык артыыстары кытта алтыһаҕын, доҕордоһоҕун? — Улаханнык алтыспаппын. Арай Наталья Гулькина диэн «Мираж” бөлөххө ыллаабыт ырыаһыты кытта билсэбин, дьүө­гэлэһэбит. Мин саныахпар, артыыстар икки ардыларыгар доҕордоһуу суох быһыылаах.
КҮЛҮМҮРДҮҮРҮ БАТЫҺЫМАҤ — Билиҥҥи саха эстрадатыгар ыллыыр ыччакка тугу сүбэлиэҥ этэй? — Мин саныахпар, киһи тус бэ­­йэтин уратытын сүтэриэ суохтаах. Омук, Арассыыйа сулустарын үтүктүү баарын көрөбүн. Элбэх талааннаах ыччат ис дьиҥнэрин сүтэрэн аҥаардас күлүмүрдүүрү батыһалларын өйдөөбөппүн. Билигин саха эстрадатыгар туох эрэ тиийбэт курдук. Омук ырыаларын матыыбыгар дьүөрэлэспэт тыллаах ырыалары ыллыыллар. Мин кэнсиэрбэр артыыс, ырыаһыт дьиҥнээх маастарыстыбатын көрдөрүөҕүм, аан дойду таһымнаах кэнсиэр аан бастакытын Дьокуускайга ыытыллыаҕа диэн этэбин. — Олоххо тутуһар санааҥ. — Судургутук, айылҕа анаабытынан олох суолун олоруу буолар. Мин бу сайдыы киинин тэри­йиэхпиттэн, олоххо көрүүм уларыйда. Жанат Жусуповка махтанабын. Хас биирдии киһи иһигэр сөҥө сылдьар кистэлэҥ талаана, санаата хаһан баҕарар арыллар кыахтаах. Дорҕоон күүһүн биһиги айылҕаттан эрэ ылабыт. Онон айылҕаҕа чугас буолуу, бэйэни иһиллэнии, ылыныы – билигин олохпор мин тутуһар санаам. Онон вокальнай йога киһини эмтиир ураты айылгытыгар дьону ыҥырабын. Ульяна Захарова, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан