Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Дэгэрэҥ эйгэтэ» кэнсиэр туһунан көрөөччү санаата
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Дэгэрэҥ эйгэтэ» кэнсиэр туһунан көрөөччү санаата
K
edersaas.ru
Категорията суох
06.02.2021 12:18
Олунньу 4 күнүгэр киэһэ 16:00 уонна 18:30 чаастан «Кыл Саха» @kyl_sakha төрүт дорҕоон бөлөҕө уонна Христофор Максимов аатынан саха ырыатын-тойугун сайдыытыгар өйөбүл пуондата «ДЭГЭРЭҤ ЭЙГЭТЭ» саха ырыатын, муусукатын кэнсиэрин ыытта. edersaas.ru Кэнсиэри С.А. Зверев-Кыыл Уола аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үҥкүүтүн тыйаатырын дьоҕус кээмэйдээх сыанатыгар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Лобанов иилээн-саҕалаан ыытта. Хамсык кэмигэр олохсуйбут сиэринэн көрөөччүлэри “саахыматтыы” олортообуттара эрээри, дьон ырыалаах тэрээһини ахтыбыта өтө көстөр этэ — анаммыт миэстэлэртэн биирэ даҕаны кураанах хаалбатаҕа. Кэнсиэри “Кыл Саха” доҕоһуолунан сахалар таптыыр ырыаһыттара Саарын “Ахтылҕан” уонна “Иһит, Олоҥхо дойдутун оҕото” ырыаларынан арыйбыта. Бу киэһээ ылламмыт ырыалар үгүстэрэ Христофор Максимов ыллаабыт, айбыт ырыалара буолбуттара. Ол эрэн, кэнсиэр хомуллубут сүрүн хайысхата сахалыы “дэгэрэҥ” ырыа буолбута. Дэгэрэҥ туһунан “Кыл Саха” ансаамбыл салайааччыта Анна Томская кылгас быһаарыы тыл эппитэ. Киэҥ өйдөбүл дэгэрэҥ үҥкүүнэн, дэгэрэҥ ырыанан эрэ муҥурдаммат эбит, оннооҕор “дэгэрэҥ ас” диэн өйдөбүл эмиэ баар эбит — “быстах, сүүрэн иһэн аһылык” диэн суолтаҕа туттуллар эбит. Кэнсиэргэ Дьокуускайга олорор ырыаһыттары кытта атын улуустартан кэлбит мусукааннар, ырыаһыттар кытыннылар. Амматтан, Чурапчыттан, Үөһээ Бүлүүттэн саха ырыатын таптааччылар хамсык кэмигэр суохтаабыт, ахтыбыт артыыстара кэлбиттэр. Эдэркээн Амма ырыаһыта Туйаара Софронеева бэйэтин кытта доҕуһуоллуур ансаамбыллаах кэлбит, кини Күннүк Уурастыырап “Түүл” диэн хоһоонугар, норуот матыыбыгар ырыаны ыллаан, саалаҕа мустубут дьону үөрдүбүтэ. Үөһээ Бүлүүттэн кэлбит Сахаайта Мойтохонова “Доҕоччугуом” диэн Христофор Максимов ырыатын тэҥэ соторутааҕыта архыып нуоталартан сөргүтүллүбүт “Кырыымпа буолларбын” диэн норуот тылларыгар Марк Жирков айбыт ырыатын саҥалыы сүрэхтээбитэ. Иннокентий Максимов, Ньургуйаана Никитина, Артур Семёнов, Мичийэ “Кыл Саха” ансаамбылынан доҕуһуоллатан ол киэһээни бэйэлэрин куоластарынан киэргэппиттэрэ. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытааччы Валерий Лобанов бэйэтэ эмиэ ыллаата. Биллэр баяниһы Василий Неустроев-Байаан Баасканы кытта кыра интермедия курдук оҥорон көрдөөх “Хаппытыан, Хаппытыан” уонна “Мэттэки-тэттэкэ Миитэрэй” ырыалары толорон күүстээх ытыс тыаһынан хайҕаммыта. Кэнсиэри норуот таптыыр ырыаһыта Байбал Сэмэнэп түмүктээбитэ. Степан Дадаскинов тылларыгар суруллубут “Оҕо мичээрэ” ырыаны кытта уруккуттан таптаан айар бэйиэтин Иван Арбита тылларыгар “Күөрэгэй” диэн ырыаны ыллаан иһитиннэрбитэ. Ити курдук, олус истиҥ оҥоһуулаах, “хамсык иннинээҕи” курдук өрө көтөҕүллүүлээх кэнсиэр буолан ааста. Харантыыннар, хааччахтар ааһан маннык кэнсиэрдэр үгүстүк ыытыллар кэмнэрин күүтэбит. Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан