Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: «Бэчээл дьиэтэ буолаахтаабыт…»

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: «Бэчээл дьиэтэ буолаахтаабыт…»

K
edersaas.ru Категорията суох
05.02.2021 17:00
Миллийэниэр Миитээ, тута саныыр курдук, үтүмэн харчылаах баай буолбатах, экэнэмиистэр ааҕан таһаарбыттарынан, хас эмэ мөлүйүөн туонна-килэмиэтири айаннаабыт миллионер-суоппар диэн бочуоттаах аат, өссө сэбиэскэй саҕана иҥэриллибитэ. Илин эҥээр улууска үйэ аҥаарын чугаһатар кэм устата оройуон, улуус салалтатыгар суоппардаан, улахан тойоттору туох да эҥкилэ суох таһан, кэлин кэмэ кэлэн, лаппа сааһыран, чиэстэнэн-хайҕанан, былырыын бочуоттаах, сокуоннай сынньалаҥҥа тахсыбыта. Үлэлиирин саҕана тойотторун тиэйэн Дьокуускайтан арахпат буолара. Күн бастакы аҥаарыгар хаһан мунньахтаан, араас наадаларын ситиэхтэригэр диэри, куорат хабыллар ортотугар, Бэчээт дьиэтигэр бэрт минньигэс астаах-үөллээх остолобуойга ыксаабакка тото-хана эбиэттиирэ. Асчыттар, остолобуой сэбиэдиссэйэ, каассаҕа олорор нуучча дьахтара Галина Ивановна үөрэнэн хаалан, бэрт элэккэйдик көрсөллөрө. Киһи элбэҕин, субулла олороллорун сөҕөрө. Бэл, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан аймахтарын, билсэр дьонун манна көрсөн «һуу-һаа» бөҕө буолаллара. Сүрдээҕин да сэргэхсийэрэ, астынара! Элэккэй, дэлэгэй Миллийэниэр Миитээ Бэчээт дьиэтин «олохтоохторун» – элбэх суруналыыстары кытта билсибитэ-чугаһаспыта, ол дьоно, бэл, кини туһунан кэккэ хаһыаттарга суруйан аатырдан-сураҕырдан тураллар. Саха норуотун өйүн-санаатын, духуобунай култууратын чөмчөкөлөрүн: Михаил Николаевы, Суорун Омоллоону, Владимир Ларионовы, Даланы, Анегина Ильинаны, Эдьиий Дораны, Тэриһи, Роман Дмитриеви, Павел Пинигини, бэл, дуобакка, саахымакка аан дойду чөмпүйүөннэрэ оҕолору манна араас көрсүһүүлэргэ чугастан көрүтэлээбитэ, этэр тылларын истибитэ. Сыл курдук үктэммэтэх Дьоллоох Дьокуускайыгар киирбит биэнсийэниэр Миллийэниэр Миитээ ахтыбыт-суохтаабыт Бэчээтин дьиэтигэр, остолобуойугар астына эбиэттээри кэлбитэ, баахта үлэһитэ: «Остолобуой сабыллыбыта. Аны үлэлээбэт», — диэн соһутан, хомотон өлөрө сыста. Бу туран өйдөөтөҕүнэ, уруккута күө-дьаа оргуйа олорор Бэчээт дьиэтэ уу-чуумпу, им-ньим. Киһи да хааман ааспат, иин иһигэр иһийбит курдук… Миитээ, бара сатаан: «Оттон, хаһыаттар, суруналыыстар бааллар дуо. Бэркэ билсэр суруналыыстардааҕым олор бааллар дуо?» — ыйыталаһааччы буолла. «Оннук дьоннору билбэппин. Манна үлэлээбэттэр. Эрэдээксийэлэр аны манна кэлбэттэр. Дьиэлэриттэн олорон үлэлииллэр. Ону-маны олуйсума-туоһулаһыма, таҕыс», — диэн көхсүгэр «охрана» диэн суруктаах хара кууркалаах түөһүллүбүт дьахтар холдьохсон барда. Үйэтин тухары суоппардаабыт, Дьокуускай куоракка саамай сөбүлүүр, санаата тохтуур Бэчээтин дьиэтиттэн эмэһэҕэ тэбиллэн холдьоҕуллан-үүрүллэн тахсыбыт Миллийэниэр Миитээ: «Норуот остолобуойа, бэл бэчээт киоската сабыллыбыт хаһыаттар аны манна үлэлээбэт, дьон-норуот сылдьыбат Бэчээт дьиэтэ буолбатах, Бэчээл дьиэтэ буолаахтаабыт», — диэн санаата түһэн, сиргэ силлээн, аны манна эргиллибэттии аан туманынан оргуйа олорор Дьокуускай устун саллаҥныы турда. Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан