Кэпсээ
Войти
Регистрация
ЭРГИЛЛИЭ ХАЙААН ДА… өлбөт үйэлээх айымньыларынан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ЭРГИЛЛИЭ ХАЙААН ДА… өлбөт үйэлээх айымньыларынан
K
edersaas.ru
Категорията суох
05.02.2021 16:15
Этитиилээх киһи этэ… Норуот суруйааччыта Василий Егорович Васильев-ХАРЫСХАЛ. Олус да соһуччутук бу күн сириттэн барда. Наһаа да хомолтолоох. Киһи дууһатынан да, эт мэйиитинэн да итэҕэйиэн баҕарбат… Соторутааҕыта курдук этэ эрээри, икки сыл ааһа охсубут эбит – 2019 сыл тохсунньу 19 күнүгэр Саха тыйаатырыгар Баһылай Харысхал айар киэһэтэ буолбута. “Аммаҕа саас этэ”, “Эргиллиэм хайаан да”, “Көмүөл”, “Бастыҥ хатыыта”, “Тэпсиллибэт үтүө аат”, “Учуутал”, “Кэт Марсден. Үтүө санаа аанньала”… Харысхал мантан да атын пьесаларын көрбөтөх киһи диэн, арааһа, суоҕа буолуо. Ол күн эмиэ тыйаатыр саалатын ыы-быччары киһи мустубута. Харысхал — аҕа көлүөнэ саха суруйааччыларын үгүстэрин кытта бииргэ алтыспыт, доҕордоспут, кинилэртэн элбэххэ үөрэммит, алгыстарын ылбыт айар куттаах киһи. Дэлэҕэ даҕаны доҕотторо-суруйааччылар, саха норуодунай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов драматургияҕа саха литературатын кэскилин чуолаан Харысхалга көрөрө, диэхтэрэ дуо… Ону туоһулуурдуу, быйыл саха тэлэбиидэнньэтигэр суруналыыс Евдокия Избекова Кэбээйигэ, Таас Тумуска устубут биэриилэригэр, саха саарыннарын – норуодунай суруйааччыларбыт тустарынан Николай Лугинов, Сэмэн Тумат уонна Баһылай Харысхал, киһи эрэ иһиттэр-истэн олоруох курдук, олус да умсугутуулаахтык, элбэх да интэриэһинэйи кэпсээтилэр-ипсээтилэр?! — Баһылай эдэр эрдэҕиттэн этитиилээх киһи эбит. Биһигиттэн ураты. Саха бастакы интэлигиэнсийэтин дьылҕатын хара маҥнайгыттан кэрэхсиирэ, интэриэһиргиирэ. Бу тиэмэтин хаһан даҕаны ыһыктыбатаҕа. Онто – кини дьылҕата эбит! Кини эрэ дьылҕата буолуо дуо – барахсаттар, сүтэн хаалбыт, былаҕайга былдьаппыт дьон дьоллоругар маннык киһи көстөн, тахсан, кинилэр норуоттарыгар төнүннэхтэрэ.., — диэбитэ ол айар киэһэҕэ норуодунай суруйааччы Николай Лугинов. Оттон норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат саха литературатын устуоруйатыгар олус улахан суолталаах суолу солообут дьоннортон бастакынан Өксөкүлээх Өлөксөйү, иккиһинэн Баһылай Харысхалы ааттыыбын, диэбитэ. Суруйааччылар өлбөттөр. Суруйааччылары умнубаттар. Суруйааччы тыыннаах – айымньыларыгар. Өйдөбүнньүк туруорар наада Анатолий НИКОЛАЕВ, РФ үтүөлээх, саха норуодунай артыыһа: — Биһигини 1975 сыллаахха айар үлэбит билиһиннэрбитэ, убай-быраат курдук буолбуппут, дьиэ кэргэнинэн доҕордоһорбут. Кини Кыайыы 35 сылын көрсө “Сержант Попов” диэн сэһэнинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай куонкуруска иккис бириэмийэни (бастакыны кимиэхэ да биэрбэтэхтэрэ) ылбыта. Бу айымньынан Саха тыйаатырыгар “Аммаҕа саас этэ” диэн испэктээги бастаан режиссер Федот Потапов туруорбута. Онно сүрүн оруолу Симон Федотов оонньообута. Онтон 1984 сыллаахха Карл Сергучев туруоруутугар мин сержант Попов оруолун толорбутум. Оччолорго Василий Васильев “Кыым” хаһыат кэрэспэдьиэнэ этэ. “Аммаҕа саас этэ” испэктээги, уопсайынан, көрөөччү чугастык ылыммыта. Хайдах эрэ, тыйаатырга саҥа тыыны киллэрбитэ. Саҥа драматург баар буолбутун биллэрбитэ. Эпизодическай оруоллары аахтахха, мин кини 5 дырааматыгар оонньообут эбиппин. Олортон биир саамай сүрүннэрэ — “Эргиллиэм хайаан да” (2001). Гавриил Никифоров-Манньыаттаах уола. Режиссер Андрей Борисов. Харысхал бу уонна “Көмүөл”, “Бастыҥ хатыыта”, “Тэпсиллибэт үтүө аат”, “Учуутал”, о.д.а. айымньылара – тыйаатыры тыйаатыр оҥорбут дыраамалар! Бу, Гавриил Никифоров-Манньыаттаах уолун, Хаҥалас Ксенофонтовтарын, Василий Никифоров-Күлүмнүүр, Илья Егорович Винокуров курдук саха бастакы
интэлигиэнсийэлэрин уустук дьылҕаларын туһунан айымньылар саха омугун өйүн-санаатын уһугуннарбыттара. Холобур, бу иннинэ атыыһыт диэн омсолоох персонаж курдук көрдөрүллэр этэ буоллаҕа. Оттон “Эргиллиэм хайаан да” испэктээги көрөн баран саха киһитэ букатын атын турукка киирэн хаалбыта. Мантан сөргүтүллүбүтэ Саха сиригэр меценатство. Улахан хамсааһын тахсыбыта. Дьон устуоруйаны саҥалыы хараҕынан көрбүтэ. Кини бэйэтэ олус уйан дууһалааҕа. Элэккэй майгылааҕа, доҕотторугар бэриниилээҕэ. Ыктарыылаах, ыарахан кэмнэргэ кини хайаан даҕаны көмөҕө кэлэрэ. Дойдутун, Амматын патриота этэ. Кэргэнин, оҕолорун, сиэннэрин олус таптыыра. Олох үөрүүтүн-хомолтотун чараас дууһатынан чугастык, күүскэ ылынара. Айар үлэтигэр, олоҕор былаана үгүс этэ… Баһылай Харысхал, архыып матырыйаалларыгар олоҕуран, саха литературатыгар саха бастакы интэлигиэнсийэтин, өйдөөх, суобастаах уолаттарбыт уобарастарын арыйбыт, айбыт, бастакы үөрэхтээх интэлигиэннэр дьыалаларын, санааларын дьоҥҥо тиэрдибит, сыанаҕа тилиннэрэн көрдөрбүт бастакы суруйааччынан буолар. Маны кини барытын бэйэтин дьулуурунан, мөккүөрүнэн, сүрэҕин баҕатынан уонна улахан талаанынан баар оҥорбута, олоххо киллэрбитэ. Бу да иһин киниэхэ өйдөбүнньүк туруорар наада. Бу айымньыларга этиллэр санаалар эдэр көлүөнэлэрбитигэр, ыччаттан-ыччакка тиэрдиллэн иһиэхтээхтэр. Доҕорум Баһылай Харысхал суруйааччы быһыытынан суолтата итиннэ! «Тыгын Дархаҥҥа» кини тылларын истиэххэ сөп Никита АРЖАКОВ, киинэ режиссера: — “Тыгын Дархан” киинэ уһулларын былаһын тухары Баһылай Дьөгүөрэбис наар аттыбар сылдьыбыта. Элбэҕи сүбэлиирэ-амалыыра. Дьон кэпсэтиитин кини тылбаастаабыта уонна озвучкаҕа — киинэ тылын-өһүн таҥыыга сорох сирдэринэн суолталаах көннөрүүлэри киллэртээбитэ. Олус күүстээх санаалаах, дириҥ, киэҥ билиилээх киһи этэ, Баһылай Харысхал. Сахалыы тыына күүстээх буолан, уустук, ыарахан да кэмнэргэ биир-икки олус наадалаах этиилэринэн санааны көтөҕөн, эрчими эбэн, тилиннэрэн кэбиһэрэ, оччоҕуна салгыы иннибит диэки бара турарбыт… Кини Даланы кытта, “Тыгын Дархан” арамаанын суруйар кэмигэр, илин эҥээринэн, алаастарынан, үрэхтэринэн элбэхтик бииргэ сылдьыбыт киһи. Онон, арамаан да суруллуутугар, киинэ да айыллыытыгар иккиэннэригэр баарбын, диэн ис-иһиттэн астынара, үөрэрэ. Василий Егорович элбэх доҕордооҕо, бэрт элэккэй майгылааҕа, доҕотторугар аһаҕас киһи этэ. Саха тылын дириҥник билэрэ, тылы сөпкө туттара, төрөөбүт тылбыт сүмэһинин үчүгэйдик өйдүүрэ. “Тыгын Дархан” киинэҕэ, уус-уран тылынан бэйэтиттэн элбэҕи эппитэ, тупсаран биэрбитэ. Онон, бу киинэни көрө олорон, Далан уонна Харысхал тылларын эрэллээхтик булуохха, истиэххэ сөп. Василий Егорович үгүс сиринэн-дойдунан сылдьан, элбэхтик айаннаан, араас дойдулар архыыптарыгар үлэлээн, хасыһан, дириҥ чинчийиилэри оҥорбута. Ол архыыба өссө да элбэхтик үөрэтиллиэҕэ, чинчийиллиэҕэ турдаҕа… Биһиги улахан сүтүктэннибит. Айманныбыт. Харысхал аны суох диэҥҥэ итэҕэйиэҕи баҕарыллыбат… Саарын дьоммут сырдык ааттарын төнүннэрбитэ Саргылаана ГОЛЬДЕРОВА-Саргы Куо, бэйиэт: — Устуоруйа кырдьыгын туруулаһан, саарын дьоммут сырдык ааттарын норуокка төнүннэрэр туһуттан, аан дойду устунан сындалҕаннаах айаҥҥа сылдьан, сүһүөҕэ уйарынан, сүрэҕэ кыайарынан сүдү үлэни оҥорбут биир дойдулаахпыт, дурда-хахха буолар убайбыт Баһылай Харысхал соһуччу Орто дойдуттан барбыта олус да хомолтолоох. Оргуйар олох үөһүгэр суруйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл быһыытынан киэҥ хоннохтоохтук үлэлии-хамсыы сылдьан эмискэччи баран хаалбыта барыбыт сүрэҕин аймаата. Сүүрбэһис үйэ
улаҕалаах, утарсыылаах устуоруйатын дьылҕатын нөҥүө аһаран, Бириэмэ кубулҕат оонньуутун кутунан-сүрүнэн аймана ылынар суруйааччыга сирдиир сулуһунан – Устуоруйа кырдьыга буолбута. Кини ааспыт кэм аргыардаах аартыктарынан айаннаан, балыйар-дьарыйар балкыырдаах, хотторуулаах бириэмэ хойуу туманнарыгар чачайан, хоргуппут-хомойбут, кэп туоммут куттар мууһура чоҥкуйбут харахтарын ууларыттан хараастан, норуотун хараҕын баайбыт былаас икки аҥы араарбыт кылаастарын кылыс биитинэн хаампыт хаан тамайар айана манан аҕай буолбатах этэ. Саха Саарыннара эрэ саннылара уйар сүгэһэрдэрин уйар дуулаҕа санааланан, хорсуннук, чобуотук, сыыдамнык, сырдыктык чаҕылыйан, айар үлэнэн төлөннүрэ, үлүһүйэ үлэлии сылдьан, хаарыаннаахай доҕорбут, убайбыт, саха норуодунай суруйааччыта Баһылай Харысхал Орто дойдуттан барда. Сахатын омугун Күн Айыы дьонун, Айыы Сирин – Аар Айылҕатын көмүскэһэр көмүөл күүһүн уһугуннарбыта, үтүө, сырдык олох туһугар туруулаһар кырдьыктаах санаанан салайтаран, норуотун туһугар олох олорбута ыччат дьонунан салҕанан бара туруоҕа. Эргиллэн кэлэ туруоҕа Иван УШНИЦКАЙ, суруналыыс, суруйааччы: — Талааннаах дьон барыга талааннаахтар. Мин, дьиҥэр, доҕорум Баһылай туһунан үгүһү-элбэҕи кэпсиэхпин сөп, ол эрээри, бииргэ тохтуом этэ… Василий Васильев айар үлэтин суруналыыстыкаттан саҕалаабыта. Бу эйгэҕэ элбэх табаарыстааҕа. Холобур, “Молодежь Якутии” хаһыаттан Вячеслав Степановтыын истиҥ доҕордуу этилэр, ыаллыы олороллоро. Вячеслав чаҕылхай суруксутун таһынан олус үчүгэйдик… баттах кырыйара! Баһылай наар киниэхэ кырыттарара. Ол иһин куруутун аккуратнай, аныгылыы, стильнэй кырыллыылаах баттахтаах буолара. Ол мээнэ баттах кырыттарыыта буолбатах – ол сылдьан үгүһү да үгүһү, интэриэһинэйи кэпсэтэллэрэ. Оттон биһиги Баһылайбыт биир ураты талаана – бэртээхэй асчыт этэ. Кини, наада буоллаҕына, кыракый да куһуок эттэн, биитэр балыктан, туустаан-тумалаан, арааһы эбэн, бүлүүдэ бэрдин бэлэмнээн кэбиһэрэ. Айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүрэ. Ардыгар, массыынатыгар олоро түстэ да, Чочур Мырааҥҥа бардыбыт, диирэ. Аара баран иһэн, ырыынактан эт атыылаһар, онтун тутатына бэйэтэ маринуйдуур. Оччолорго, “доширак” приправатынан шашлык этин маринуйдуурун көрөн сөхпүттээхпин. Уопсайынан, мин киниттэн элбэххэ үөрэммитим. Кинилиин айаҥҥа сырыттахха, киһиэхэ туох наада буолуохтааҕа барыта массыынатыгар баар буолара. Онто барыта аккуратнайа диэн, уурбут-туппут курдуга диэн!.. Оннук, айылҕаҕа сылдьан арааһы кэпсэтэрбит, сүбэлэһэрбит да элбэҕэ. Иккиэн 1990 сыллаахха бастакы демократическай быыбарга – кини Амматтан, мин Дьокуускайтан Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр норуот дьокутааттарынан талыллыбыппыт. “Орто Дойду” хаһыаты тэрийбиппитигэр (бастаан “Саха сирэ” хаһыат уонна “Илин” сурунаал сыһыарыылара этэ), кини миэхэ солбуйааччы эрэдээктэринэн сөбүлэспитигэр олус үөрбүтүм. Бу сылларга кини устуоруйа “үрүҥ-хара” бээтинэлэрин арыйан ситэриигэ аан дойду ыырдарын кэрийэн, чинчийбитэ. Кини күннүк сурунара. Онтун хас күн аайы кэриэтэ толорон иһэрэ. Баһылай Харысхал 12 сыл устата “Кыым”— “Саха сирэ” хаһыакка кэрэспэдьиэнинэн, Нерюнгригэ собкорунан айымньылаахтык үлэлээбитэ. “Кыымтан” биир хотугу улууска командировкаттан улахан суолталаах ыстатыйалары суруйан, оччотооҕу эрэдээктэргэ Савва Томскайга хотулар махталларын биллэрбиттэрин өйдүүбүн. Оттон “Саха сирэ” хаһыат эрэдээктэрэ Василий Кириллин Харысхалы мэлдьи хайгыыра, эдэрдэргэ холобур туттара. “Хайаан да эргиллиэм” диэн ааттаабытын курдук, Харысхал
бу испэктээгин хас көрдөх, айымньыларын хас аахтах аайы, кини эргиллэн кэлэ туруоҕа… Ыспыраапка Васильев Василий Егорович-Харысхал (1950-2021) Амма улууһун Соморсун нэһилиэгин Мээндиги учаастагар 1950 сыл сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүтэ. 1968 с. орто оскуоланы бүтэрээт, сопхуоска тырахтарыыһынан үлэлээбитэ. 1974 с. Саха госуниверситетын үөрэнэн бүтэрбитэ. “Кыым”, “Саха сирэ” хаһыаттар кэрэспэдьиэннэринэн үлэлээбитэ. 1982-85 сс. Суруйааччылар сойуустарыгар уус-уран литератураны пропагандалыыр бюро салайааччыта. “Аммаҕа саас этэ” пьесата 1980 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи айар куонкуруска кыайбыта, Саха тыйаатырын сценатыгар турбута. 10 дыраама, уонча кинигэ ааптара. Амма улууһун бочуоттаах гражданина. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Духуобунас академиятын академига, Арассыыйа Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата. Саха норуодунай суруйааччыта.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан