Кэпсээ
Войти Регистрация

Тыатааҕы. Мунуу (дьиҥнээх олохтон)

Главная / Кэпсээн арааһа / Тыатааҕы. Мунуу (дьиҥнээх олохтон)

K
edersaas.ru Категорията суох
25.05.2024 10:04
Бу дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэни Дьокуускайтан ааҕааччыбыт Галина Борисова суруйан ыытта. Ону хайдах баарынан бэчээттиибит.  Нам улууһун Хоҥор Биэ нэһилиэгэр суол-иис олох суоҕун кэриэтэ, ордук саас-күһүн буоллар эрэ, бу бөһүөлэк олохтоохторо күөл ортотугар турар кыракый  арыыга олорон хаалбыт курдук буолаллар. …Бу бөһүөлэккэ Охлопковтар дьиэ кэргэҥҥэ улахан уоллара, бастакы оҕолоро  Анемподист быйыл тохсус кылааһы  ситиһиилээхтик бүтэрдэ уонна үөрэх туттарса Дьокуускай куоракка барар буолла. Төрөппүттэрэ сөбүлэһэн докумуонун хомуйан биир үтүө күн куораттыыр буолла. Бу кэмҥэ аны ким даҕаны куорат диэки айанныыр киһи көстүбэтэ. Аны барар-кэлэр дьону кэтэстэҕинэ докумуон туттарар болдьоҕо  бүтэн, таах хойутаан үөрэххэ киирбэккэ төннөн кэлэн халтай сырыы буолан хаалыыһы. Инньэ гынан тыа оҕото элбэхтик сылдьыбыт сиринэн бэйэм тиийиэм диэн ылыннарыылаах соҕустук этэн кэбиспитин, дьонноро сөбүлэстилэр. Ити курдук быһаарсан,  массыына сылдьар сиригэр диэри  суос соҕотоҕун айанныахтааҕа. Оттон кэлэр дэриэбинэҕэ доҕор уола кинини кэтэһиэх буолан телефонунан үлэспиттэрэ. Дьэ, уонна иккиэн куорат диэкки үөрэх сырдык суолугар түһэ туруохтаахтара. Киэһэтин  ийэтэ оҕотугар ыһык бэлэмниир түбүгэр түстэ.  Аҕата аарааҥҥа диэри  атаарарга бэлэмнэннэ. Сарсыарда күн ойон тахсыыта Анемподист бэҕэһээ ийэтэ бэлэмнээбит ыһыгын рюкзагар докумуоннарын кытары кичэллик угунна уонна санныгар быраҕан айан суолугар тахсан барда. Аҕа барахсан оҕотун аарааҥҥа диэри  атаарда. «Аара суолга тыатааҕы көстөр үһү сыллыай,  сэрэнэн сылдьаар, кэтэнэн хаамаар, айан суолуттан туораамаар,  этэҥҥэ тиийээр», —  диэтэ. Уонна бэйэтэ билэринэн оҕотун алҕаан, сүүһүттэн «сык» гына сыллаан ылла. * * * Анемподист  тохсус эрэ кылааһы бүтэрбит, 15 саастаах оҕо диэтэххэ, бэйэтин саастыылаахтарыттан таһыччы улахан көрүҥнээҕэ. Көрбүт киһи бу оҕо быйыл  тохсус кылааһы бүтэрбит дии санаабаккын. Улахан уол оҕолуу киппэ, модьу-таҕа көстүүлээҕэ. * * * Уол эрчимнээхтик сатыы билэр суолунан хаама турда. Төһө өр барбыта эбитэ буолла, кини кыһыҥҥы айан суолуттан тахсыбат сыаллааҕа. Үксүн бу сирдэри барытын кэриэтэ билэттиирэ. Аҕата куруук батыһыннара сылдьан бултуура, балыктыыра. Онон аҕатын кытта сылдьан  бултаабыт, оттообут түгэннэрин саныы-саныы хааман истэҕинэ, иннигэр суол ортотугар, туох эрэ хара барыйан олорор эбит. «Сылгы буоллаҕа дуу» диэн санаатын аралдьыта сатыы-сатыы көрдө. Арай үчүгэйдик өйдөөн көрбүтэ, суол  ортотугар сүүнэ улахан, хап-хара тыатааҕы багдаллан олорор эбит. Тыатааҕы мин суолбун тоҕо быһа түстүҥ   диэбиттии, көхсүн иһигэр суостаахтык ырдьыгынаата. Анемподист барахсан манныгы эрэ кэтэспэтэх буолан, олус долгуйда, куттанна. Ол да буоллар, уолуйбут уолугун уоскута охсон, хаһан эрэ бу эҥээргэ аҕатынаан сырыттаҕына ойуур иһигэр, чугас соҕус вышка баарын өйдөөн хаалла. Онон били  быыһыах-абырыах вышкатын диэки  хара күүһүнэн түһүнэн кэбистэ. Санаатыгар  кулгааҕа куугунуур, хараҕа дьиримниир, көхсүгэр рюкзага  саайыллар. Хайдах эрэ гынан  тыатааҕы иннинэ вышкаҕа эрэ тиийбит киһи диэн саныы сүүрэн истэ. Хараҕын кырыытынан халытан  көрдөҕүнэ, эһэтэ кини диэки ыстанан эрэрэ. Хата биирдэ өйдөөбүтэ били абыраллаах вышкатын үрдүгэр  баар буола түстэ.  Онтон тыатааҕы обургу хаалсыа баара дуо, субу сабыта баттаһан   кэлэн, кыл мүччү сыыһа туппут кыһыытын таһааран, адьырҕа аһыытын көрдөрөн, бу дойдуга миигиттэн ордук улуу  туох да суох диэбиттии, араастаан оту-маһы силистэри-мутуктары тоҕута тардан  барда. Онтон устунан өһүөннээх хараҕынан үөстээҕинэн көрөн, көхсүн иһэ кырдьыгыныы-кырдьыгыныы хаһан түһэн айахпар киирэҕин диэбиттии олох даҕаны сытынан кэбистэ. Ол аайы Анемподист барахсан уйулҕата хамсаан, сүрэҕэ бирээмэ уолугунан уһулу ойон тахсан барыах курдук буолла.  Ол туран үөһэттэн өйдөөн көрбүтэ эһэтэ икки оҕолоох эбит. Оҕолоро ийэлэрин үлбүрүйэн биир сиргэ таба олорбокко мээчик курдук  үрдүнэн-аннынан эргичийии бөҕөлөрө. Маныаха уолбут барахсан оҕолорун  уонна эһэтэ үөһэ тахсар санаата суох курдугун көрөн хаһыытааччы буолла: «Бар, киэр буол мантан, мин үөрэнэ баран иһэбин. Мин эмиэ оҕобун, эн эмиэ оҕолордоох эбиккин дии, эн оҕолоргун сиэри гыннахтарына төһө үчүгэй буолуой», — диэн ытыыр икки ыһыытыыр икки ардынан ыгылла-ыгылла хаһыытааччы буолла. Хата кини хаһыытаатаҕын аайы тыатааҕыта кыыһырара, кыйаханара кытаатар, от-мас титирэстии түһүөр диэри сири-буору логлорута саайталыыра күүһүрэр. Барар сирэ баҕана үүтэ, куотар сирэ кутуйах хорооно буолан, кутталыттан курулуу хаппыт баҕана маһын  кумуччу кууһан олорон, илэ дуу, түүл дуу диэххэ айылаах араастаан толкуйдуу сатаата. Ол эрэн маннык суолтан хайдах быыһанан тыыннаах хааларын сатаан быһаарбакка олорон, бастаан  хоргуппут оҕолуу   мэрбэйэ-мэрбэйэ ытаан сыҥсыйда. Онтон салгыы  быыһыах-абырыах дьоннорун ийэлээх аҕата кини ытыырын истэн  субу кэлэн быыһаан ылыахтарын курдук көмөҕө ыҥыран,  элэ сэниэтэ эстиэр, икки хараҕын оҕото көстүбэт буола иһиэр диэри маккыраччы ытаан баран, кэлиҥҥинэн саҥата да сатаан тахсыбакка  ыгыстан  ыҥыргыы-ыҥыргыы  түүнү быһа   вышка төбөтүгэр хоройбутунан хонно. Арай сарсыарданан күн көрбүтүгэр кыратык нуктаан ылла, онтон уһуктан тулатын көрүммүтэ, эһэтэ онно  оҥос, бэйэтэ мэлис эгэ оҕолоро кэлиэхтэрэ дуо. Ол олорон дьэ өйдөнөн рюкзагын хаһан көрбүтэ били ийэтэ барахсан бэҕэһээ киэһэ бэлэмнээбит астара сылдьалларын минньигэс бэйэлээхтик хараҕын уутун сотто-сотто сиэн кэбистэ. * * * Мин ити кэпсээни истэ олороммун этим-сииним дьырылаан ылла уонна харахпар хайдах быһыылаах куотан иһэрин ойуулаан көрдүм: «Уу, оҕобун даҕаны ити эһэттэн куотаргар рюкзаккын быраҕан кэбиһиэҥ этэ буоллаҕа дии, оччоҕуна сүүрэргэр арыый чэпчиэ этэ»,- диэн ааспытын кэннэ сүбэлээччи буолбуппар, уолум саба саҥаран кэбистэ. «Галина Ивановна, хайдах быраҕыахпыный рюкзакпар докумуонум барыта баар этэ дии, докумуона суох куоракка кэллэхпинэ ким миигин үөрэххэ ылыай», —  диэн баран мин диэки тоҕо сыыһа саҥараҕын диэбиттии көрөн кэбистэ. Онтон мин ол  астаах рюкзак ыйааһыныттан сылтаан бу оҕону ол тыатааҕы кыыл сиппит буоллун диэн санаан баран, харахпар оҥорон көрөн хараастан ыллым уонна тымныы муустаах ууну испит сылгы курдук ис испиттэн этим сииним тардан өрө дьигиһийэн ыллым. Хата кини дьолун быатыгар барыта этэҥҥэ ааспыт диэн күлүкпэр  имнэнним. * * * Ити курдук вышкатын үрдүгэр олорон хараҕа ыларынан үөһэттэн били тыатааҕытын оҕолорун кытта көрдөөн хас хараара хаппыт маһы, чөҥөчөҕү барытын аахтара сыныйан  көрдө да хата чугаһынан көстүбэттэр эбит. Ол гынан баран син биир чугас бааллара буолуо диэн өр баҕайы абыраллаах вышкатыттан түспэккэ олордо, адьаһын арахсыан баҕарбата.  Онтон билигин түһэн   суолга таҕыстар эрэ,  тыатааҕы маныы сылдьара дии  санаан,  вышкаттан түстэ да иннин диэки мээнэ сүүрэн буут быста турда. Үлтү аҕылыар, ийэ хара көлөһүнэ тахсыар диэри  тэппит атаҕын кубулуппата. Ол сылдьан ханна тиийбитин, ханна барарын да билбэт курдук  буолла. Санаатыгар тыатааҕыттан эрэ тэскилиир сыаллаах. Ити курдук киэһэрэн  тыатын маһа хойуннар хойдон, халлаана хараҥардан хараҥаран  барда. Уолбут барахсан хайа да диэкки  барарын билбэккэ төбөтө хайа диэкки хайыһарынан харбыалаһан истэ. Онтон эмискэ  инчэҕэй уулаах сиринэн хааман истэҕинэ арай атаҕын анныттан туох эрэ кустара көтөн таҕыстылар,  атахтара уһуна диибин диэн аҥардас атахтара  кинитээҕэр уһун курдуктар. Уолум соһуйан кутталыттан олоро түстэ уонна муммутун өйдөөн аҕыйах кэмҥэ  бэл диэтэр кутталлаах  эһэтин кытта умнан, аны мунан муҥу көрөрүн санаан муммут кус оҕотунуу мулукучуйа түстэ уонна уулаах  бадарааныттан  кураанах сиргэ тахсан сиргэ төкүнүйэ сылдьан сири тарбыы-тарбыы уйа-хайа суох маккыраччы ытаата уонна оҥостон олорон тоҕо эрэ бу күн сириттэн номнуо суох буолан хаалбыт эһээтин аатын ааттыы ааттыы аттыы сылдьан: «Эһээ, ханна бааргыный, кэлиий оҕоҕор сиэҥҥэр көмөлөһүүй, абыраарыый, суолбун сирдээриий, ийэлээх аҕабар тириэрдиий»,- дии -дии  устунан элэ сэниэтэ эстэн,  сатаан саҥа да таһаарбат буола сыҥыргыы сытан үлтү сылайан   утуйан хаалаахтаата. Эмискэ ким эрэ  уһугуннарбытын курдук күн тахсыыта уһуктан кэллэ. Өйө-санаата ырааһырбыт, саныыр санаата дьэҥкэрбит курдук да буолла.  Хайа  диэки бардаҕына киһи хара буолуоҕун, хайа диэки хайыстаҕына халыҥ тыа хаппахчытыгар хатанан хаалыаҕын  хайдах даҕаны сатаан санаан тобулбата. Онтон дьикти баҕайытык  ким эрэ кини санаатын салайар курдук  турукка киирэн, хараҕар вышката көһүннэ ээ. Кырдьык даҕаны  ол абыраллаах вышкатыгар тиийдэр эрэ быыһанар суолун булара чуолкай буоллаҕа эбээт. Онтон ол вышката барахсан хайа диэки хаалбытын ким этэн биэриэ баарай бу халыҥ тыа ортотугар, ол эрэн эмиэ ким эрэ олус чуолкайдык кулгааҕар сипсийэн: «Мас  үрдүгэр тахсан көр», — дииргэ дылы буолла.  Иһиттим эрэ истибэтим эрэ диэбиттии дьикти күүс этиитин толорон иннигэр турар биир арыый сонос соҕус маһы көрөөт  хатаастыбытынан барда. Бу, дьолу ыраах да буоллар вышката көһүннэ. Үөрүүтүттэн бэҕэһээҥҥиттэн куурбатах хараҕын уута субурус гыммытын бэйэтэ билбэккэ хаалла. Бу сырыыга үөрүүттэн түһэр хараҕын уутун икки илиитинэн туора-маары соттон кэбиһэ – кэбиһэ иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Уонна балачча бардым ээ дии санаан төһө чугаһаабытым эбитэ буолла  диэн бэрибиэркэлээри эмиэ мас үрдүгэр хатаастан таҕыста. Пахай, олох даҕаны атын сир диэки баран иһэр эбит. Ити курдук хаста даҕаны  төхтүрүйэн маска тахсан көрдөҕүн аайы, син биир туора халыйан тахсыбыт буолар. Дьэ, дьикти  бэйэтиттэн сөҕүү бөҕөнү сөхтө.  Тоҕо диэтэххэ вышката арыт хаҥас диэкки турар буолар, арыт уҥа диэкки буолан соһутар. Хайдах да көнөтүк бара сатаабытыҥ иһин син биир туора тахса турар эбиккин. Ол иһин бастакы омунун курдук аһара быһа түспэккэ кыралаан бара түһэ-түһэ мастан маска тахсан бэрибиэркэлиир буолла. Инньэ  гынан били абыраллаах вышкатыгар сарсыардаттан айаннаан хата син киэһэлик сырдыкка тиийдэ. Бу сырыыга билэр сиригэр-уотугар, бэйэтин дойдутугар тахсыбыт киһи быһыытынан арыый  уоскуйда уонна  аҕыйах чаас иһигэр оҕо бэйэтэ улаата охсон уларыйан улахан киһилии дуоспуруннаахтык туттан күн бэҕэһээ күн тыынын көмүскээбит, хара тыынын харыстаабыт, үрүҥ тыынын өрүһүйбүт  вышкатын маһыгар кэлэн тобуктуу түһээт хайыта хаппыт хап хара маһын харытынан хатыйа тутан,  сүүһүн быатынан ыгыччы сыстан,  икки илиитинэн бобуччу кууһан туран  халыйан кэлэр хараҕын уутун хаһыйа сотон кэбиһэ- кэбиһэ   оҕолуу хайдах сатыырынан олус истиҥник ис иһиттэн ытамньыйан ыла-ыла   махтал тылларын анаан ботугураан эттэ. Ити курдук силигин ситэрэн, сиэрин-туомун толорон, ордугун олоро түһэн сынньанан баран, кини улууһугар мантан чугас  газ турбатын тарда сылдьар дьоннор ханан баалларын удумаҕалатан, син  билэр буолан быһа кинилэр диэки айаннаабытынан барда. Хата кини дьолун быатыгар чугас бааллар эбит. Тиийбитэ  итирбит диэн, итирбэтэх дьон диэн буолунай эбит. Киниэхэ супту биир доп-доруобай итирик киһи кэлэн үлтү күргүйдээн, саҕатыттан ылан сахсыйда. «Муна сылдьабын, куоракка баран иһэбин», —  диэн этинэ сатаан көрбүтүн истэ да барбата. «Киэр буол мантан икки харахпар көстүмэ», —  диэн хаһааҥҥыта эрэ киниэхэ туох эрэ куһаҕаны оҥорбут улуу өстөөҕүн дьэ булан  көрсүбүт киһилии, этээстээх маатырыннан төбөтүн оройугар кутан кэбистэ. Икки суукка халыҥ тыаҕа мунан , эһэҕэ сиэтэ сыһан баран бачча дьону булан баран итирик киһини кытта аахса сылдьыа баара дуо үүрдэхтэринэ даҕаны саатар аттыларыгар хонуом  уонна сасыарда өйдөннөхтөрүнэ суолга дылы бырахтарарга көрдөһүөм диэн кытаанах санааны ылынна Ити курдук мучумааннана турдахтарына өссө биир эдэр киһи кэллэ  уонна туох да биир биэс тыла суох  били доруобай киһини биирдэ саайан түһэрдэ, Анемподиһы оҥкумалыттан ылан, бэйэтин палаткатыгар аҕалан ханна баран иһэрин, хаһан муммутун  барытын сиһилии кэпсэттэ  уонна уолу аһыныы бөҕөнү аһынан баран палаткатын иһигэр ас бөҕөтүн аҕалан тардан кэбистэ.  Саҥа билсибит киһитэ сарсын массыынанан куоракка наадаҕа киириэхтээҕин уонна таарыччы кинини киллэрэн биэриэм, эн наҕылыччы төһө кыайаргынан аһаа, уоскуй уонна туохтан да куттаммакка утуй сарсын хайаан да дьоҥҥор тириэрдиэм  диэн уолбутун букатыннаахтык уоскутта. Инньэ гынан икки түүн, үс күн киһитэ суох хара тыаны кэрийэн хараҕын уутунан сууна сылдьыбыт уолбут барахсан чээн, диир киһини көрсөн чэмэлийэ түстэ уонна сарсын  дьонугар тиийиэхтээҕин саныы сытан сылаата таайан утуйан буккураан хаалла. Сарсыарда турбута абыраабыт атаһа туран ас бэлэмнии сылдьара уонна уолу эмиэ туох баар аһынан күндүлээн аһатан баран айан суолугар туруммуттара. Дьокуускай куораты булаат аймахтарыгар тиийэн дьонугар эрийэн: «Бу мунаммын куораты сабыс саҥа буллум ээ», —  диэбитигэр телефон трубкатын нөҥүө өттүгэр: «Алуо, алуо» —  диэн иһэн ылы чып баран саҥа сүтэн хаалла, арай ким эрэ ис иһиттэн  бөтө-бөтө сыгыргыыр эрэ саҥата иһиллэрэ. Онтон билбитэ дьоно кинини сүтэрэн нэһилиэк кыанар дьоно бары мунньустан ойууру, тыаны барытын кэрийбиттэр,  кыаммаккалар өссө вертолет сакаастаан үс күн көрдөтө сатаан баран булбаккалар аккаастарын биэрэннэр саҥаларытттан да матан олороллор эбит. Аҕалаах ийэ барахсаттар уолларын аар тайҕа аһыммакка айаҕар мэҥиэстибитин курдук санаан  абаккаларыттан аһаабат да буолбуттара хас да хоммут инньэ гынан дьиэ иһинээҕилэр, чугас дьоннор  бары уку-суку туттан уолуйан тугу гыныахтарын булбакка олордохторуна дьоллоох Дьокуускай куораттан соһуччу үөрүүлээх сонун дьиэ иһин тилийэ көтөн иччитэхсийэ сыспыт ис туруктарын өрө көтүтэн таһаарда. Үөрүү-көтүү муҥура суох үрдээтэ. Били тиийиэхтээх табаарыһыгар тиийбэтэҕэр уола кэтэһэ сатаан баран Анемподист кэлбэтэ, дэриэбинэттэн хаһан тахсыбытай диэн телефонунан эрийэн дьонун ууга –уокка түһэрбит эбит. Ол онтон ыла көрдөөһүн саҕаламмыт. Онтон кини сүппүтэ төрдүс күнүгэр куораттан эрийэн дьонугар улахан үөрүүнү аҕалан Охлопковтар дьиэ кэргэҥҥэ хаһан да  умнуллубат ураты үрдүк  дьол үөрүүтүн бэлэхтээтэ. Аар айылҕам барахсан барҕа махтал буолуохтун! Ойуур ортотугар  уолчааммытын оройуттан көрөн оҕолуу оҕолообуккар, Аар тайҕа быыһыгар атыҥыраабакка  араҥаччылаабыккар, Күн сиригэр күндү мааны уолбутун көҕүлүттэн тутан  көҥүллүк көмүскээбиккэр, Хара тыаҕа хаарыаннаах уолбутун харах харатын курдук харыстаабыккар! Галина Борисова, Дьокуускай куорат
edersaas.ru сайтан