Кэпсээ
Войти
Регистрация
БУЛТ СОНОРО
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ БУЛТ СОНОРО
K
edersaas.ru
Категорията суох
22.06.2022 22:05
Булка сүрэхтэнии Күн-дьыл күлүмэхтэнэн түргэнник да ааһар. Кырдьаҕастар сөпкө да этэллэр эбит: «Мутугунан быраҕар муҥур үйэ, чыычаах түннүгүнэн элэс көтөн ааһарыгар тэҥнээх,» диэн. Арай олорон ааспыт олоҕуҥ кэрдиис кэмнэрэ өйгөр-санааҕар, сүрэххэр-быаргар үтүө өйдөбүл буолан хааллахтара. Мэхээлэ бэлиэр алта уон биирэ буолла. Бэҕэһээ курдук өйдүүр ээ, уон аҕыстаах уол аар тайҕаны сирэйдэнэн, үүтээн дьиэлэнэн, тоҥуу хаары оймоон, бултуу тахсыбытын. Оччолорго оскуоланы бүтэрбиттэр»Оскуола, үлэ, үөрэх!» диэн бачыымынан салайтараллара. Нам оройуонун Бөтүҥ нэһилиэгин 1975 сыллаах выпускниктара тутуспутунан сопхуоска үлэҕэ тахсыбыттара. Эдэр, эрчимнээх- уолу, Миисэни сүөһү аһатааччынан анаабыттара. Оччотооҕу тыа оҕотун сиэринэн, сайынын биригээдэлэргэ улахан дьоннуун тэҥҥэ оттоон, кыһынын дьиэ ис-тас үлэтигэр буспут-хаппыт уол, пиэримэ сүөһүтүн аһатыытыгар түргэнник сыстыбыта. Миисэ аҕата Дарыбыан, уоттаах сэрии бэтэрээнэ, инбэлиитэ. 1941 сыллаахха алааһыттан арахсыбатах, үрэх баһыттан өнүйбэтэх, нууччалыы кыраам да билбэт киһи, үс сыл хайдах эрэйи-муҥу көрө сылдьыбыта, бэйэтэ туһунан, муҥурун булларбат сэһэн буоллаҕа… Сэрии толоонугар улаханнык бааһыран, дойдутугар этэҥҥэ кэлэн, таптыыр идэтинэн үйэтин тухары бултаан, улахан олоҕу олорон, 92 сааһыгар Орто дойдуттан арахсар. Аҕата Миисэни борбуйун көтөҕүөҕүттэн булка уһуйан, сиэргэ-туомҥа үөрэтэн, булт абылаҥар силлибэттии баайбыта. Булчут хаана оонньоон үлэтин быыһыгар, чугас эргин сылдьан тииҥниир, улахан булка умсугуйан Дьампа аартыга диэн сиргэ, бааһына солооһунугар, саһыл суолугар хапкаан уурар. Булчуттар сүрүннээн тииҥи, кырынааһы, солоҥдону, саһылы, андаатары бултууллара. Эдэр булчут санаата — саһыл. Саһылы хапкааҥҥа үктэтии улахан сатабылы, өйү, тулууру эрэйэр. Ылбычча киһи ылсыбат. Эдэр киһи дохсун. Тииҥнии таарыйа кэлэ-бара тоһуурун быһа ааспат. Хара тыа маанылаах саһыла кинитээҕэр өйдөөх буолан биэрэр, биир түгэҥҥэ хапкааҥҥа чугаһаан баран төннөр. Дьэ, кыһыы. Уол ол аайы, өссө тэптэн, аҕатыттан ыйыталаһан, сахалыы эт мэйиитинэн толкуйдаан, тоһуурун араастаан уларыта сылдьан иитэр. Саһыл соноругар турунуоҕуттан утуйар уута уйгуурар, аһыыр аһа амтанныын сүтэр. Арай биир үтүө күн, биир хапкаанын хаара бурҕайбыт, уол сүрэҕэ, доҕуурга иннибит туллуктуу, үөрүүтүттэн долгуйан, тиҥиргэччи тэбэр. Атын тиҥилэхтээн кэбиһэр. Үлэҕэ көлүллэн айаҥҥа үөтэлээбэтэх, күөх оту үрдүттэн тэпсэ сылдьан сиир, тот, нэс баҕайы ат аатыгар хойуулуу-хойуулуу, кыратык сиэлбит омунугар иһэ-үөһэ барыта биэтэҥэлээн, ол аайы утуруктаан, бүдүрүйтэлээн ылбахтаата. Миисэ атыттан ыстанан түһэн, кырыатын сотто-сотто чинчийэн көрбүтэ, бэдэр тоһууру үктээн, чэҥкээйитин быһан, хапкааны илдьэ барбыт. Уол өрүкүйбүччэ, атыгар хатана түһээт, сибилигин ситэ баттыахтыы суоллаабытынан барар. Бэдэр хапкааны таһаҕас оҥостубат эбит, эчи, ыарыыламмыт да быһыыта биллибэт. Кыһыҥҥы күн кылгаһа, онно эбии аппыт бытаан айана сонордьуту төннөргө күһэйэр. Сарсыҥҥытыгар сылгыһыттартан айаҥҥа үөрүйэх, ахсым аты уларсар уонна доҕорунаан Уйбаанныын икки ыҥыыр атынан эрдэттэн олохтоохтук оҥостон бэдэри сонордоспутунан бараллар.Миисэ аан бастаан манна билэр, булка үчүгэй ат оруолун. Дьөһөгөй оҕото барахсан аан туманы бүрүнэн, тоҥуу хаары билиммэккэ, маска иччитин кыһарыйтарбакка, уу дьоруонан айана эриэккэһин. Бэдэр төһө да бэдэр мэйии буоллар, идэмэрдээх хапкааны алҕас үктээн кэбиһэн, атаҕа сүүлэ иһэн, ыарыыта сүрэҕэр тиийэ охсон айана бытаарда. Эккирэтэн иһэллэрин билэн, араастаан албаһыран айанныы сатыыр даҕаны, тоҥуу хаарга суола бу ырылыйа сыттаҕа. Киһи өйө балысхан буоллаҕа. Бэдэр барбыт суолугар эргийэн кэлэрин биллилэр. Миисэ тоһуурга хаалла, Уйбаан бэдэр суолун батыста. Халлаан хараҥаран барда, ахсым айантан тириппит ат сойон муус кыаһаанынан бүрүлүннэ, хамсаабакка турар киһи бабыгыраччы тоҥно. Борук-сорукка бэс чагданан хапкаанын туора соспут, ытарчалыы ылыыттан ыарыыланан, тоҥуу хаары модун түөһүнэн солоон, бэдэр барахсан бу таҥкычахтанан тахсан кэллэ. Киһини көрөөт куота соруммата, суолтатыгар, ыстанарга бэлэмнэнэрдии, хаары хаһыйбыта буолла. Бэдэр төһө да сэниэтэ эһиннэр, кыра ычалаах киһини тоһоҕолоон кэбиһиэхтии, сиэрэ уотунуу сириэдиспит харахтарынан супту көрөн, ыстанар кыаҕа суоҕуттан абатыйбыттыы, көхсүн иһигэр курдьугунуу, дьылҕатыгар бас бэринэн сытта. Будулҕан туманы хайа суруйан, бэргэн буулдьа бэдэр сүүһүгэр түстэ. Маннык буолуохтааҕын билбиттии, бэдэр аа-дьуо хоолдьугун тэлгэммитинэн барда. Сүүһүттэн ыраас хаарга хаан тыккырыы сүүрдэ, сытыы хараҕын уота өстө, бытыгыраабыт тиистэрин килэппитинэн тыына быһынна. Өлөрбүт бэдэрдэрэ тыһы буолан. Бу, икки оҕолоох бэдэр буоларын булчуттар эндэппэккэ биллилэр. Бу эргин түөрт бэдэр баарын Миисэлээх истэн билэллэр эбит. Биирдэ бааһына солооһунун быһа охсон ааспыт суолларын көрбүт даҕаны, бултаспатах кыыла буолан баардыылаабатах. Миисэ бэдэри бултаан харыс үрдүүр, санаата бөҕөргүүр. Улахан булка үлүһүйэн, анаан-минээн тииҥниирин тохтотор. Алҕас таба хаамтаҕына эрэ өлөрөр. Улахан булт умсулҕаныгар ылларар. «Көрдүүр көһөҥө көмүһү булар,» дииллэринии хаалбыт үс бэдэр орохтонон барбыт суолларын, дьэ таба хаамар. Суолларын ырааҕынан хайан, туртаһы тарпыт сирдэрин булар. Сэмнэхтэригэр бэркэ мындырдаан, туох баар сатабылын киллэрэн, бөрө хапкааннарын иитэлээн кэбиһэр. Суолун-ииһин сыа хаарынан көмөн, убаһа кутуругунан илбийэр. Миисэ ийэтэ Дьэбдьиэ сүрдээх түүллээх дьахтарынан биллэрэ. Сороҕор олох сирэйинэн түһээн соһуталыыра. Арай биир сарсыарда чээйдии олорон, маннык саҥалаах буолла: —Миисэ, эн Байанайыҥ эбэҥки кыыһа быһыылаах, сарыы, оһуордаах таҥастаах. миэхэ кэлэн этэр:»Миисэ миигин тоҕо батыспатый?» диэн уонна аҥара үрүҥ, аҥара кыһыл арыгыны туттарда. арааһа, бултуйаары гыннаҕыҥ дуу… — диэн. Миисэ ыал соҕотох оҕото буолан, болҕомто киинигэр иитиллэн, булт түүлүн-битин билбэттээх буолуо дуо?. Аҕатынаан күһүҥҥү хаамыы кыылга элбэхтэ сылдьыһан, оҕонньоттор түүллэринэн сирдэтинэллэрин көрө улааттаҕа, онон ийэтэ этэрин итэҕэйдэҕэ. Ол күн баран, атыыр бэдэр бэрийэр бэрдиҥ, хара тыа маанылаах кыһыл саһылын хапкааннарыгар үктэтэн, булчут эрэ билэр, балысхан үөрүүтүгэр саба куустарар. Дьэ, онно өйдүүр, ийэтин түүлүн. Үрүҥ арыгы — бэдэр, кыһыла — кыһыл саһыл буоларын уонна айылҕаҕа кыыллары кытары биллибэт ситим баарын итэҕэйэр. Оччолорго да бэлэмҥэ мэҥийээччилэр бааллар буоллаҕа. Булт сиэрин кэһэн, атын булчут тоһууругар иҥнибит булдун иҥэринэн, иҥсэлэрин кыаммакка Байанайдарын кэлэтэн, бултарын ханарыталларын өйдөөбөт көкөттөртөн киһи кэлэйэр. Байанайдаах булчут буолуоххун баҕарар буоллаххына, булт суруллубатах сокуонун эҥкилэ суох толоруохтааххын. Алҕас атын булчут тоһууругар иҥнибит булду, ботуоҥкаҕар уктубакка, кыыл-сүөл тиийбэт сиригэр мутукка ыйаан кэбиһиэхтээххин. Байанай онтон үөрэр, «бэйэ киһитэ» диэн булдуттан өлүүлүүр. Биирдэ табаарыспынаан саһылга ииппит хапкааммытын көрөөрү, дьиэттэн тахсан истэхпитинэ ийэм: — Дьэ нохоо, саһылгын Куоста ылбыт, — диэтэ.Бүлүүһэлээх итии чэйин, сыпсырыйан иһэ олорон. Онуоха Миисэ соһуйан: — Бай, бу эмээхсин туох буолан дьону мээнэ уорбалыыгын? Эчи, аньыыта да бэрт дии, — онуоха ийэтэ түннүгүнэн бэрт ырааҕы одуулуурдуу саҥата суох олоро түстэ уонна: — Мин эппэтим ээ, түһээтэхпинэ, ыалбыт Балбаара эмээхсин, «эн булкун ким эрэ ылар,» диэн аргыый эппитэ. Уолаттар Хахача арыыга тиийбиттэрэ, дьэ доҕоор, хапкааҥҥа иҥнибит саһылларын, кинилэр кэлиэхтэрин эрэ иннинэ, хайыһардаах киһи кэлэн ылан барбыт. Мэктиэтигэр бэл, суола буруолуу сытар. Уолаттар аттарын кымньыылаан кэбиһэллэр. Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар, тоҥуу хаары модун күөннэринэн солоон, будулҕан туманы бүрүнэн, хайыһардаах киһини ситэ баттаан ылаллар. Миисэ киһиэхэ атынан ыга астаран кэлэр. Уйуһуйбут ат Куостаны күөнүнэн түҥнэри көтүөхтүү бөтөрөҥкөлөөтө. — Куоста, саһылбын тоҕо ыллыҥ! Иҥсэҕиҥ кыаммакка бэйэҕэр бэйэҥ куһаҕаны оҥостоҕуҥ! — Миисэ кыһыйбыта оччо буоллаҕа. Бу саһыл иннин ылаары, төһөлөөх эрэйдэммитэ буолуой?! Кыһыҥҥы дьыбарга саҥата дуорааннанан, Куостаҕа этиҥ буолан саалынна.. Куоста ыксаата, мух-мах барда, килиэ-халаа көрдө уонна ыксаабыт, куттаммыт куолаһынан: — Ээ, ээ, эйиэнэ эбит дии, — үрүксээгиттэн, бөһүйэ тоҥмут, саһылы ылан утары уунна. Ити кыһын Миисэ байанайа мичик гынан, түөрт бэдэри, үс кыһыл саһылы ылан, булчут буолан сиппитин көрдөрөр уонна үөрэххэ барбакка, сопхуоска идэтийбит булчутунан киирэн, аҕатынаан Кэҥкэмэ үрэх Бэтэкээн диэн сиргэ бултаһа тахсар. (Салгыыта бэчээттэниэ) Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах, Суотту, Уус Алдан Уруһуй: ru.dreamstime.com
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан