Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иэйии кэрэ түгэнэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иэйии кэрэ түгэнэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
31.01.2021 17:00
Арай түүн кэпсэтэр саҥаттан уhугуннум. Хаҥас остуолга чүмэчи умайар. Төгүрүк тимир хобордооххо ыhаары астаммыт. Симик чүмэчи уотугар аҕам уонна суруйааччы иккиэн хоhоон ааҕа аҕай олороллор. Мин бу суруйааччы аттыгар тиийэн өр иhиллээн турбутум. Суруйааччы хоhоон ааҕар уонна хараҕыттан уу сүүрэрэ, кини ытыыр этэ. Мин эр дьон ытыыр эбит диэн олус муодаргыы санаабытым. Кини этэриттэн, суруйааччылар кыыhы, дьахтары сибэккигэ тэҥнииллэр, оттон мин саха дьахтарын, ийэбин хатыҥҥа, ытык хатыҥҥа тэҥниибин диирин умнубаттыы өйдөөн хаалбыппын. Аҕам этэриттэн, суруйааччы дьоҥҥо тугу эрэ этиэхтээх, суруйуохтаах эбит диэн өйдөөбүтүм. edersaas.ru, Сэгэлдьийэ Чээлэй Сарсыарда мин баттахпын биир гына өрүммүппүн көрөн баран суруйааччы: “Кыыс суhуоҕун икки гына өрүнүөхтээх” диэбитигэр, улгум баҕайытык баттаҕым өрүүтүн уларытан, икки өттүнэн саhархай лиэнтэбинэн баанчыктаммытым. Суруйааччы аҕабар: “Уйбаан, кыыhыҥ норуот кыыhа буолуо,” — диэбитэ. Аҕам киниэхэ наскы биэрбитэ. Таҥаhа-саба мөлтөҕө көстөрө. Аҕам барахсан биэрэрэ ол эрэ буоллаҕа, суруйааччы: “Оо, Уйбаан, бэйэҥ бачча элбэх оҕолоох эрээри”, — диэн ылымаары гыммытын күүhүнэн “кэт” диэбитэ. Атаҕын таҥаhын уларытыан баҕарбытын иhин биhиэхэ суоҕа. Хаатыҥканы нулевой кылааска бииргэ үөрэммит доҕоро, бэйиэт Трофим Акимович Егоров биэрэн, ону кэтэн оскуолаҕа көрсүһүүгэ барбыт эбит. Хаатыҥканы кэтэн Тэрэппиинин кэнниттэн иһэн “Оо, хаатыҥка биир сиринэн сылытар ээ. Билэҕит дуо, бу хаатыҥка ханан сылытарын? Бу хаатыҥка УЛЛУҤАҔЫНАН сылаас” диэн дьиибэлэнэр эбит. Доҕорун-атаһын хос аата Түүлээх Уллуҥах диэнинэн саҥара-саҥара күлэр-үөрэр эбит. Трофим Акимович бэйэтин кэмигэр суруйааччыга элбэхтик көмөлөспүт доҕоро. Холобур, сарсыарда үлэтигэр барарыгар, Аалбар утуйа сыттаҕына, айанын харчытын остуолга ууран кэбиһэр эбит. Күнүс убайым Баанньа оскуолаттан кэлэн баран: «Ирииҥкэ, билэҕин дуо, бөлүүн биhиэхэ ким хоммутун? Суруйааччы Альберт Бүлүүйүскэйи суруйааччылар бэйэлэриттэн үүрбүттэр. Ол иhин итинник сылдьар эбит. Биhиэхэ оскуолаҕа кэлбитэ, Барыыс кэпсээтэ”, — диэн эбии сырдатта. Барыыс диэн аҕабыт бииргэ төрөөбүт быраата, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала этэ. Кини алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан суруйбут хоhооно “Бэлэм буол” оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи хаhыатыгар бэчээттэммит, онтон ыла кинини доҕотторо “бэйиэт” диэн ааттыыр буолбуттар. Убайбыт Барыыс Бүлүү педучилищетыгар М.С.Ивановка-Багдарыын Сүлбэҕэ үөрэммит. Кини Б.Уйбаныап диэн сахалыы илии баттыыр, тэлэгирээмэлэри эмиэ сахалыы суруйан ыытар эбит. Ханна да сырыттар, үрүксээккэ элбэх кинигэ кэhиилээх кэлэрэ. Хомойуох иhин, Борис Софронович олус эдэр сааhыгар суох буолбута. Кини бу үөhэ кэпсиир кэммэр оскуолаҕа Альберт Бүлүүйүскэй бэйиэти кытта оскуола оҕолорун көрүhүннэрбит этэ. Бу көрсүһүүнү, Борис Софронович, Трофим Акимович, Игнатий Иннокентьевич, үс доҕордуу дьон-тэрийбиттэр. Суруйааччы Альберт Бүлүүйүскэй төрөөбүтэ 75 сааһын Кутана ыһыаҕар бэлиэтээһиҥҥэ Трофим Акимович ыҥырыллан сылдьыбыт. Түүнү быһа суруйааччыны, ааспыт кэм саһарҕалаах-былыттаах күннэрин санаан, кыайан утуйбакка, сарсыарда хоһоон тылларынан уһуктубут: Утуйар-утуйбат аҥаардаах, Уйгууран уум көтөн Түүл дуу, илэ дуу бадахтаах Түһээтим, быһыыта, ол сытан… “Улуу сыһыы уҥуоргу кэриититтэн Дайа охтубут
хаас оҕотунуу даллаахтаан, Уҥа дабыдалын былаат быраҕан, Хаҥас атаҕын урут ууран, атынын соһо тардан Атаспыт, доҕорбут, Аалбарбыт Адьастанан иһэрин, адьас илэ бу баардыы Дайдар дайан даллаахтаан, күөрэйдэр күөрэйэн, Көтөҕүллэн дэгдэйэн, көстө-сүтэ көтөн иһэн, Дьонуҥ-сэргэҥ тоҕуоруспут түһүлгэтин оройугар Тохтуу түһэн, саантаан, сатарыччы күлэр саҥаҥ Дохсун дуораана охсуллан ааста. Үөрдэҕиҥ буолуо дуу, Эн ааккын ааттаан Үрүҥ тунах ыһыах ыспыттарын? Доҕотторуҥ түмсэннэр доргуччу хоһоон аахпыттарын? Сиилээбитиҥ эбитэ дуу, сити курдук эһигинниин Сиэттиһэ хаамсар эрдэхпинэ, тэҥнии көрбөт этигит, Тэйиччинэн сылдьаргыт диэн? Дьэ, билбэтим ону… Көйгө оҕо курдук маанылаппакка маппыт Матайдаммыт олоҕуҥ, Соҕотох бэйэҥ тэлбит – эн суолуҥ. Үөһэ үрдүк айыыларыҥ араҥ-бодоҥ гынан Айдаллар даҕаны, айар-суруйар илбиһин иҥэрэн, Алыптаах-хомуһуннаах, тыыппалаах тыллан диэн Сир ийэ ньууругар сиэтэн түһэрдэхтэрэ. Олоҕуҥ-оҥоһууҥ бу маннык буолар диэн Чуос, кэрбэҥ саайан ыйаахтаан ыыттахтара. Үтүө доҕотторуҥ- атастарыҥ хойутаан да буоллар, Хата, хаттаан хасыһан, үбү-харчыны кэрэйбэккэ, Үмүрү тутан, ымыы гыммыт ыра санааларгын Ыраас илиискэ ырылыччы тиһэннэр “Эн дойдугар иккистээн эргилинниҥ!” Эн суруйан-айан хаалларбыт дьикти-дириҥ иэйиилэриҥ Эн уҥуоҕуҥ үрдүгэр кимиэниттэн да итэҕэһэ суох Килбэчигэс кириэс буолан кэрэхсэнэ туруохтара, “Ииҥҥин күүдээх да түрбэйбэтин!” Ол орто дойдуттан өлүүҥ, босхо тиксэр бэлэҕиҥ — Балтараа миэтэрэ буоруҥ. Бу хоһооҥҥо ЧУОС, КЭРБЭҤ, ХОЙГУО диэн тылы ааптар Трофим Акимович былыр саҥа сиргэ кэлбит киһи бэлиэ охсуута диэн быһаарар. Бу Трофим Акимович хоһооно суруйааччы “Өлбүт сурахпын суор тарҕаттын, Өлүкпэр тураах муһуннун” диэн суруйбут хоһоонугар харда курдук тахсыбыт эбит. Ол аата, суруйааччы салгын кута доҕотторун кытта кэпсэтэр эбит. Альберт Бүлүүйүскэй ийэтигэр анаабыт, бэйэтэ эппит хоhоонун наар саныыр этим уонна 1992 сыллаахха Сунтаарга тахсыбыт “Ньургуhун” түмсүү бастакы тэттик хомуурунньугар баарын ааҕан үөрбүтүм: Хатыҥы хас поэт ыллаабатаҕай? Хаарыаннаах тапталга ханыылаабатаҕай? Хатыҥы көрдөхпүнэ, хайаан да өйдүүбүн Хатыҥыр сарыннаах ийэм мөссүөнүн… Саха дьахтарын тыйыс дьылҕата Олус да уруулуу ол ытык хатыҥҥа! Оттон А.Бүлүүйүскэй өлбүтүн туһунан эмиэ аҕабыттан истибиппит. Аһыы олордохпутуна эппитэ уонна чочумча саҥата суох сөҥөн олорон баран: “Суруйааччылар сиэтилэр”, — диэн тыл ыһыктыбыта. Оччолорго мин, суруйааччы суруйааччыны тоҕо туспа-туора көрүөхтээҕий диэн, оҕотук санаабар, кыайан батарбатаҕым. Улаатан баран, кини соҕотох этэ, бу айар эйгэҕэ кэмигэр өйдөммөккө, кэмигэр өйөнүллүбэккэ, хаамаайы кэриэтэ олоҕор суруйааччылар ортолоругар кыайан сыаналаммакка, ыарыһах, иринньэх бэйэтэ эрдэ бу олохтон барбытын аҕам барахсан бэйэтин тылынан итинник тиэртэҕэ диэн өйдөөбүтүм. Иэйии кэрэ түгэнэ Умнуллубат түгэннэр… Кылгас да түгэн киhи сүрэҕэр сүппэттии уйаланар эбит. Алын кылааска үөрэнэ сырыттахпына, биир киэhэ ааммыт тэлэччи аhылла түстэ да аҕабыт биир билбэт киhибитин иннигэр уктан киллэрдэ. Киирээччи аҥар илиитэ үлэлээбэт курдук, эмиэ да буруйдаах курдук, эмиэ да туохтан эрэ үөрбүт курдук туттубут. Аҕабыт: “Ким да тугу да саҥарымаҥ. Мин эhиэхэ суруйааччыны
аҕаллым. Кэнники оҕолорум махтаныаххыт”, — диэтэ. Оттон ийэбэр: “Маҕаhыыҥҥа кулук-халык тутта турарын көрөн аҕаллым, хонор”, — диэн сибигинэйэ былаан эппитин иhиттим. Тыа дьоно сылаас эт миининэн, хойуу үүттээх итии чэйинэн күө-дьаа кэпсэтэн суруйааччыны күндүлээбиттэрэ. Кэнники, университекка бииргэ үөрэммит табаарыспыт Максим Васильевич Ксенофонтов, Дьокуускай куорат 3-с нүөмэрдээх оскуолатын учуутала, бу курдук кэпсиирин иһиттим: — 1978 сыллаахха Альберт Бүлүүйүскэйи аан бастакыбын көрбүтүм. Ньурба Маалыкайыгар мин дьоммор ыалдьыттыы кэлбитэ. Таҥаһа-саба олус мөлтөх, бэйэтэ муор-туор сылдьар кэмэ этэ. Ийэм таҥаһын сууйан-сотон, аҕам баанньыктатан, арыый бэттэх кэлбитэ. Улахан бартыбыалга хоһооннорун суруммут уопсай тэтэрээттэрин илдьэ сылдьара. Маалыкайга үөрэппит учуутала Иннокентий Гаврильевич Иванов олорор этэ. Учууталын баран көрсүбүтэ. Нэдиэлэ буолан баран, махтанан, үтүө баҕа санаа бастыҥын этэн дойдулаабыта. Биһиэхэ сылдьар кэмигэр арыгыны батан испэтэҕэ. Киэһэ аайы аҕабын, Василий Кириллович Ксенофонтовы кытта хоһооннорун ырыталлара, саҥа суруйбут хоһоонун ааҕан иһитиннэрэрэ. Дойдутугар Сунтаарга соччо бэрдэ суохтук олорорун ахтан ааспыта. “Миигин, бу инбэлиит киһини, сороҕор тутан ылан, вытрезвительгэ хоннороллор,” — диэн муҥатыйбыта. “Үчүгэй издатель буларым буоллар, рукопистарбын бэрийэн кинигэ оҥоруом этэ,” — диэхтиирэ. Саха араадьыйатын олус сэргээн истэр этэ. Уонна, санаатыгар, кини хоһоонноругар ырыа кэлэрин күүтэр курдуга. Оччолорго «Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай» уонна «Үчүгэй да этэ ол сайын» кини ырыалара субу-субу араадьыйаҕа тыаһыыллара. 2015 сыллаахха норуот ырыаhыта Зинаида Токуева-Евсеева, дьон ытыктаан Тойуктаах Токууйабанан ааттыыр саҥаспыт 85 сааhын бэлиэтиир дьоро күнүгэр ыҥырыллыбытым. Эмиэ А.Бүлүүйүскэй хоhооно саҥа тыыннанан иһиллибитэ. Бырааhынньык сарсыарда эҕэрдэм тылларын сааhылыырбар А. Бүлүүйүскэй ийэтин туhунан эппитэ, чүмэчи сырдык уотугар хоһоон ааҕар аҕам уонна суруйааччы харахтара, аахпыт хоhоонум өйбүттэн-санаабыттан ааһан-арахсан биэрбэтэҕэ. Саҥаспыт А.Бүлүүйүскэй “Үчүгэй да этэ ол сайын” ырыатын олус таптаан толорор этэ. Ол сарсыарда “Аар хатыҥ буолаҥҥын” хоhоонум үөскээбитэ, композитор Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй ырыа гынан көтүппүтэ. Аҕам барахсаҥҥа ол ааспыт сылларга, мин кыра кылааска үөрэнэр кэммэр, дьиэтигэр ыҥыран соhуччу тэрийбит көрсүhүүтүгэр өрүү махтанабын. Аар хатыҥ буолаҥҥын Лаглайбыт аар хатыҥ буолаҥҥын Сып-сырдык иэйиини ыһаҕын, Сымнаҕас куолаһыҥ сыыйыллан Сир ийэ кэскилин түстүүгүн. Лаглайбыт аар хатыҥ кэриэтэ Уунаҕын суугунуур суһуоххун, Оҕо саас кэмнэрин санатан Ийэлии кууһаҕын арчылаан. Лаглайбыт аар хатыҥ иэйиитин Эн ыллыыр ырыаҕар истэбит, Сирдээҕи тапталбыт сылааһын Эн илииҥ суоһугар билэбит. Лаглайбыт аар хатыҥ буолаҥҥын Сып-сырдык иэйиини ыһаҕын, Сымнаҕас куолаһыҥ сыыйыллан Сир ийэ кэскилин түстүүгүн! Аҕам барахсан бэйэтин кылгас олоҕор, ол биир түүн чүмэчи уотунан сырдатыллыбыт поэзия хонуутугар сылаанньыйар санаатын этиммит, хоһоон тылын истиҥник түөһүн иһиттэн сайа көтүтэн таһаарбыт кэрэ күнэ, түүнэ мин олохпор эмиэ биир умнуллубат түгэни бэлэхтээбит махталлаах. Сэгэлдьийэ Чээлэй.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан