Кэпсээ
Войти Регистрация

Оонньуур олох

Главная / Кэпсээн арааһа / Оонньуур олох

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
30.07.2020 11:04
Көмүс күһүн тиһэх сэбирдэхтэрин сиргэ тамнаабыта. Биир да күн тохтообокко ардах түһэрэ. Суол-иис дьаабыланан, киһи саппыкыта суох сатаан сылдьыбат буолбута. Маайа ыарытыйар буолла. Кини аттыгар олоҕун күнэ-ыйа — мааны кыысчаана, Людукката эрэ баар. Люда үөрэҕин бүтэрэн, ийэтигэр чугас буолаары дойдутугар математика учууталынан үлэлии тахсыбыта. Сайын устата бэрээдэктэрэ, дьиссипилиинэлэрэ ыһыллан хаалбыт үөрэнээччилэрин саҥа үөрэх дьылын «колеятыгар» киллэрээри күнү быһа тиниктэспит Люда, сарсыҥҥы уруоктарыгар бэлэмнэммитэ буолан баран, борук-сорукка дьиэлээн испитэ. Дьиэтэ ыраах, дэриэбинэ арҕаа баһыгар турар, эбиитин бадараан мэһэйдээн, чааһы быһа ынчыктаһан тиийиллэр буолбута. Люда бадарааны тэпсимээри суол кытыытын кыйа хонуунан, ыарахан суумкатын илиитигэр иилэ быраҕан баран, сэниэтэ суохтук хааман испитэ. Кэнниттэн балачча уһуннук бирилэтэн-бурулатан биир массыына иһэрэ. Бу — оскуолаларын саҥа дириэктэрэ Симон Степанович этэ. — Людмила Петровна! Тоҕо бачча хойукка диэри үлэлээтиҥ? — Симон Степанович мичээрдээбит сирэйэ кэбиинэттэн мылтас гыммыта. — Массыынаҕа киир, дьиэҕэр быраҕан биэриэм, хайа диэки олороҕун? — диэн буолбута. Людмила Петровна дьиэтэ «учууталлар уопсайдарыттан» соччо тэйиччитэ суох буолан биэрдэ. Люда массыынаҕа дьылыс гыммытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Үөрэ санаата, ийэтэ эрэйдээх кэтэһэн аҕай олороохтуура буолуо. Симон Степанович нэксиэ быыһыгар массыынатын сиэркилэтинэн Люданы сэмээр одуулаһа олордо. Тугу да кэпсэппэтилэр. Кыыс кэлииккэтин көрүө эрэ кэрэх, баһыыбалаат, тахсан барда. Ити кэннэ икки нэдиэлэ ааспыта. Абаанса кэлбитэ. Люда бастакы хамнаһын ылбыт үөрүүтүгэр, икки бакыаты толору бородуукталаан, атаҕар турбут, улааппыт, киһи-хара буолбут саҕа сананан истэҕинэ, эмиэ дириэктэрэ ситэн кэлбитэ. — Көмө наада дуо? Дьиэҕэр илдьэн биэриэхпин сөп. — Аата үчүгэйин! – Люда саҥа аллайбыта. Симон Степанович кыыс илиититтэн ыарахан бакыаттары ылан дьиэҕэ киллэрэргэ көмөлөспүтэ. Маайа дириэктэргэ чэй куппута. Күн-дьыл туругун, күһүн хойутаан эрэрин, «учууталлар уопсайдара» сылааһын-тымныытын, хаһан оттуллуохтааҕын туһунан күө-дьаа буолан кэпсэтэ-кэпсэтэ, эйэлээх баҕайытык, үһүөйэҕин чэйдээбиттэрэ. — Ити үчүгэй баҕайы уол ээ. Муҥнаах баччааҥҥа диэри хайдах ойох ылбакка сылдьаахтаабытай? – диэбитэ Маайа биир киэһэ. Симон Степанович түгэн көһүннэр эрэ Люданы дьиэтигэр аҕалара, ардыгар чэйдииллэрэ. Кэлэ-бара иһирдьэ-таһырдьа үлэлии сылдьар Маайаны кытары «пирибиэттэһэрэ». Саҥа дьылы Маайалаах дьиэлэригэр бииргэ ылбыттара. Ол кэннэ Маайа ыала дьахтардыын түүҥҥү шоу-бырагырааманы көрө барбыттара. Оттон Людалаах Симон өр да өр, ийэлэрэ кэлиэр диэри остуолтан турбакка кэпсэтэ олорбуттара. Дэриэбинэ дьоно бука бары Людалаах дириэктэри «ыал оҥорон» ырааппыттара. Күүтүүлээх-кэтэһиилээх сандал саас тыала-кууһа биллэн барбыта, сааскы маҥнайгы бырааһынньык — Дьахтар күнэ — үүммүтэ. Люда күнү быһа ас бөҕөтүн астаабыта, санаатыгар, Симон бадаарактаах, сибэккилээх киирэн кэлиэхтээҕэ... Кыыстаах ийэ кэтэһэ сатаан баран бэйэлэрэ аһаабыттара. Люда хоско киирэн эрдэ сыппыта. Ийэтэ «үҥкүүгэ барбаккын дуо?» диэн көрбүтүн улаҕа хайыһан кэбиспитэ. Симон Степанович сааскы бырааһынньык өрөбүллэригэр кимиэхэ да эппэккэ куораттаабыта. Туох-ханнык иннинэ ийэтин эҕэрдэлиир санаалааҕа, соһуччу тиийэн кэлэн
сюрприз оҥорбута. Симон тыаттан кэлбиччэ, ыбылы баанналанан-душтанан тахсыбытыгар, бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ Снежка эрийбитэ. Куораттааҕылар кылааһынан мустан рестораҥҥа бырааһынньыктыы сылдьалларын туһунан эппитэ, түргэнник кэлэ тарт диэн буолбута. Снежка, Снежана Даниловна — Симон баар-суох дьүөгэтэ, бастакы таптала. Улахан аптарытыаттаах киһиэхэ кэргэн тахсан, икки оҕолонон баран арахсыбыта. Билигин бэйэтэ-бэйэтигэр хас да маҕаһыыннаах хаһаайка. — Киһи наһаа элбэх буолан, үчүгэйдик кэпсэппэккэ хааллыбыт дии. Тус олоххор туох да уларыйыы суох дуу? — диэтэ Снежка таксинан түүн дьиэлээн иһэн. — Дэриэбинэҕэ миигин «ыал оҥорбуттара» ыраатта. Биир учуутал кыыһы кытта билсэбин даҕаны, кыбыстаммын этэ иликпин... — Сима, ыал буолуоххун наада. Хаһааҥҥа диэри кыбыста хайыы сылдьыаххыный? Бэйэҕин сэнэнимэ, кылаабынайа, үчүгэй кыыһы буллаххына, оҕону иитэ да ылыаххытын сөп буоллаҕа, — диэн баран, Снежана мүчүк гыммыта. Бырааһынньык кэннэ Симон Петрович икки букеттаах Маайалаахха киирэн кэлбитэ. Маайа суоҕа, ыалыгар тахсыбыт быһыылааҕа. Симон Люда хоһугар киирбитэ. Кыыс өсөһүн киллэрэн, сыттыкка умса түһэн сытара. — Туох буоллуҥ, Людочка? Кыыс тугу да саҥарбатаҕа. Симон Люда илиитин күүскэ туппута, эмискэ тиэрэ баттаан сыллыы сатаабыта. — Айыкка, ыыт миигин, бар, киэр буол! Зараза!!! — диэн хаһыытыы-хаһыытыы Люда тэбиэлэммитэ. Эр киһи кыыһы сирэйгэ сырбаппыта. Люда саҥата суох ытаан барбыта, утарылаһар кыаҕа суоҕа. Симон хайдах эрэ дьиикэйэ киирбит курдук этэ. Барыта бүппүтүн кэннэ Симон кыра оҕо курдук ытаан барбыта, ол кэннэ тугу да саҥарбат буола кэлэйбит, соһуйбут, саҥата суох сытар Людаҕа уһун да уһуннук тугу эрэ кэпсээбитэ уонна: — Онон, мин сатаан оҕоломмоппун, онтон наһаа санааргыыбын, «агрессивнай» буолан ылабын, сатаан туттуммаппын, бырастыы гын, Люда, миигин... — диэн түмүктээбитэ Симон. Ол киэһэ Люда сиэркилэ иннигэр Симон бэлэхтээбит көмүс биһилэҕин эргим-ургум туппахалыы олорон, ийэтэ киирбитигэр: — Хайыыбыный, Симон кэргэн таҕыс диир ээ? — диэн ыйыппыта. Маайа үөрэн сэгэйэ түспүтэ. Симоннаах Люда холбоспуттара, дэриэбинэттэн куоракка көһөн киирбиттэрэ. Бэрт сотору саҥа ыал эһээкийдэммиттэрэ. Барыта орун-оннугар курдук буолбута. Симон саҕа дьоллоох киһи суоҕа. Иитиэх кыыстарын Жанна диэн сүрэхтээбиттэрэ. Симон Степанович дьүөгэтин Снежана Даниловна тэрилтэтигэр ботуччу хамнастаах миэстэни булбута. Оттон Люда кыыһын балтараа сааһыгар диэри дьиэтигэр олорбута. Хам-түм кинилэргэ Снежана Даниловна кэлэн ыалдьыттаан барара. Людаҕа ону-маны сүбэлээбитэ буолан дьүөгэлэһэ сатыыра. Симон Степанович кэргэннэниэҕиттэн, оҕолонуоҕуттан ыла бэйэтигэр эрэлэ күүһүрбүтэ, дьоһун баҕайытык туттар-хаптар буолан барбыта. Доҕотторунуун, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэриниин иһэн-аһаан, холуочук кэлэрэ элбээбитэ. Биир түүн адьас да дьиэтигэр хоммотоҕо. Сарсыарда аат эрэ харата сукуҥнаан кэлбитэ. —Баччааҥҥа диэри ханна сырыттыҥ? – диэн, сэрэнэн ыйыппыта кэргэнэ. Симон тугу да хардарбатаҕа, киирэн утуйан хаалбыта. Люда эрин таҥаһын сааһылыы туран көрбүтэ, Симон халлаан күөҕэ ырбаахытын түөһүгэр памаада биһиллэ сылдьара, эбиитин дьикти минньигэс духуу сытынан аҥылыйара. — Кимиэхэ хоннуҥ? — Люда
утуйа сытар эрин уһугуннарбыта. — Миэхэ сылаастык сыһыаннаһар дьахтарга! Онно эн тугуҥ наадатай? — Кэргэннээх эрээригин итинник сылдьаҕын? Маннык гынаргын билбитим буоллар, таах сибиэ.... — Бар ээ оттон, ким эйигин тутар? Эн миигин аһынаҥҥын эрэ кэргэн тахсыбытыҥ. Билигин даҕаны тус-туһунан утуйабыт буолбат дуо, биирдэ эмэ тойон эрим диэн оройбуттан имэрийдиҥ дуо — суох! — Күнү быһа оҕобуттан ордубаппын билэҕин, бэйэҥ да миэхэ тоҥуйдук сыһыаннаһаҕын буолбат дуо, — дии-дии ытаабыта Люда. Төһө да Симатын аһына санаатар, абаран: — Эн комплекскын, итэҕэскин миигинэн таһаарыма. Мин эйиигин таптаан кэргэн тахсыбытым, аһынан буолбатах. Люда сарсыарда турбатаҕа, эрин үлэтигэр тэрийэн ыыппатаҕа. Симон өрүү буоларын курдук таҥнан барбыта, ол эрээри бу сырыыга — аччык. Хас да хонук ааспыта. Кэргэнниилэр туох да быһаарсыыта суох эйэлэһэн, салгыы олорон барбыттара. Ким иһигэр тугу саныы сылдьара биллибэт этэ. Биир үтүө субуота күн Симон кэргэнигэр субуоннаан: —Бүгүн хоно кэлбэппин, итирэн хааллым, уруулбар сатаан олоруо суохпун, — диэн баран, туруупканы ууран кэбиспитэ. Баскыһыанньаҕа ардах бөҕө түспүтэ. Люда ыар санааҕа ылларбыта. Кини мөлтөх киһиэхэ эргэ тахсыбытын кэмсинэ, эбиитин оҕо иитэ ылбыттарын, иһигэр, «акаарытык да быһыыламмыппын» дии санаабыта. Хара маҥнайгыттан олохторо сатамматах оонньууга майгынныыр эбит буолбаат! Симон кыһалҕатын кини кыһалҕа оҥостон, эдэригэр тэптэрэн, тапталы итэҕэйэн. Ол гынан баран Люда кыракый Жанночкаҕа хайыы-үйэҕэ ылларбыт этэ. Жанночка туох да буруйа суох, саҥа олоххо үктэнэн, саҥарар буолан эрэрэ, туппаһырара. *** Симон үлэтиттэн кэлбитэ — дьиэҕэ ким да суоҕа. Онно-манна эрийэн көрбүтэ, Люда дьүөгэлэригэр да, кимиэхэ да тугу да биллэрбэтэх. Симон кэргэнэ дьонун аахха куоппутун сэрэйбитэ. Хас да күн тохтообокко арыгылаан баран, ыксаан, дэриэбинэҕэ Маайалаахха эрийбитигэр, бэркэ билэр сымнаҕас куолаһа «Алё... Алё-оо...» — диэбитэ... Симон саҥата суох истэн турбута. Бу санаатаҕына кэргэнин уонна оҕотун олус да таптыыр, суохтуур, ахтыбыт эбит. Холуочук киһи гарааһыгар ыстаннаран тахсан, массыынатын собуоттаан, Нам улууһун диэки элээрдэ турбута. Тоҕо эрэ ГАИ үлэһиттэрэ, хара “джиби” тохтото сатаабатахтара. Симон арыгыта төбөтүгэр тахсан, олус утуктаабыкка дылы буолбута. Уруулун уҥа-хаҥас тута олорон утары иһэр массыынаҕа киирэн биэрбитэ... Симон Степанович оһоллонон балыыһаҕа киирбитэ. Люданы ол күн тута ыҥыртарбыттара. Люда түүнү быһа өй-мэй сытар, кубарыйан хаалбыт кэргэнин аттыттан арахпатаҕа... — ¤ыллыай, Си-иим, истэҕин дуо? Мин таптыыбын, аны хаһан даҕаны эйигин хаалларыам, быраҕан барыам суоҕа... Люда санаатыгар, кыыһыран барбатаҕа буоллар, Сима маннык иэдээҥҥэ түбэһиэ суохтаах этэ. Кыыс өр да өр кэмсинэн ытаабыта, саҥа таһааран бэйэтин мөҕүттэрэ, ол быыһыгар таҥараттан «Симабын былдьаама, биһиги хайдах олоруохпутуй, тулаайах хаалларыма...» дии-дии ботугураан көрдөһөрө. Сима барытын истэ сытар курдуга. Бэйэтин этин-сиинин уонна кэргэнин ытабылын туораттан туран дууһата истэрэ... Светлана Тимофеева.
kyym.ru сайтан