Кэпсээ
Войти Регистрация

Үтүө ыал үөлэһэ кыымнаах (Кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Үтүө ыал үөлэһэ кыымнаах (Кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
12.10.2024 10:27
Наталья ыксал бөҕөнөн оскуолатыттан кэлээт, оҕолоро үөрэнэн кэлиэхтэрин иннинэ, дьиэ үлэтин бүтэрэ охсоору, швабралаах биэдэрэтин  ыла охсон, дьиэтин сотон ылла. Ол быыһыгар билиитэтигэр уулаах миискэ ууран, оргута туруорда. Бэҕэһээ эт кэнсиэрбэтэ атыыласпыта, оҕолор кэлиэхтэрин иннинэ кэнсиэрбэтин луугу, моркуобу кытта ыһаарылыы охсон, мокоруону булкуйдаҕына, бэртээхэй күнүскү эбиэт буолуо диэн   манньыйа санаата.  Аан аһыллар тыаһын кытта кыра уол Гришка биирдэ дьиэ ортотугар баар буолла. Суумкатын, кууркатын аан таһыгар турар дьыбааҥҥа элитээт, ийэтин кууһан ылла.  -Маа, бүгүн математикаҕа хонтуруолунай үлэҕэ «5» ыллым. Онтон ботаникаҕа сибэкки, үрүмэччи хатарыахтаах эбиппин. Ону умнубуппун, — ийэтин өрө мыҥаан туран, атаахтаабыт куолаһынан, өрө сыҥарын быыһыгар бөтүгүрээтэ.  — Ыы, чыычааҕым сыыһа, сайыны быһа кэҕэ курдук ыллаан-туойан баран, дьиэтээҕи сорудаххын от-мас хагдарыйбытын кэннэ, дьэ, долоҕойгор түһэрдиҥ дуо? – ийэ уолун мэниктээн көлөһүннүрбит баттаҕын өрө-таҥнары имэрийбэхтээтэ.  — Эн өйдөппөтөххүн дии. Колик ийэтэ альбомҥа булавканан анньан, барытын оҥорон бэлэмнээбит, — Гриша өрө сыҥарын быыһыгар хараҕын уутун соттон ньуххайданна.  — Чэ, һыллыы, бүт. Билигин аһыахпыт,- ийэтэ луук кырбыырын быыһыгар уолун таптаан ымманыйда. — Киэһээ оҥоруохпут. Оҕом оннугар бэйэм сибэкки үргээн, үрүмэччи эккирэтэн хатардаҕым дии. Хайыахпыный, солото суох оҕолоох киһи, — Наталья күлэр.  Ити кэмҥэ орто сүһүөххэ үөрэнэр кыргыттара Настялаах Соня күлсэ-күлсэ киирэн кэллилэр. Уһун курбуу уҥуохтаах, ыраастык, маанытык таҥныбыт, хойуу хара суһуохтарын икки гына мөлбөччү өрүнэн иннилэригэр түһэриммит ис-киирбэх сэбэрэлээх кыргыттарын ийэ астыммыттыы имэрийэ көрөн турда.  -Хайа, ийээ, тугу астаатыҥ? Эмиэ лапса. Онтон хортуоппуй диэн ас баарын билбэккин дуо? – Настя, миискэ хаппаҕын аһан көрөн баран, чобуорхайда.  -Оттон ол хортуоппуй диэн аһы ким хостууруй? Соҕотох ийэҕитин хас оҥороҕут? Мин кыайбаппын көрө сылдьаҥҥыт, биир эмэ күн тохтоон хортуоппуйу хостуо да этигит. Наар эһиги оскуолаҕа барар түбүккүт бүппэт,- дьахтар улахан кыыһын сэмэлээбиттии көрөр.  -Мин олох солом суох. Биир кэлим экзаменнаахпын умуннугут дуо?  Хайдах эмэ гынан үчүгэйдик туттаран, үөрэххэ киириэхпин баҕарабын. Эн курдук үйэм тухары дьиэ сууйааччы буолуохпун баҕарбаппын. Мин үөрэхтээх, харчылаах, баай дьахтар буолуохпун кыра сааспыттан баҕарабын. Ол иһин хайаан да үөрэниэхтээхпин. Эн курдук дьадаҥы, тиийиммэт олохтоох дьахтар буолуохпун олох баҕарбаппын,- Настя ийэтин утары көрөн туран өрө хабылла түһэр. – Икки уолаттардааххын дии, хостоотуннар. Мин быыспар-арыппар сүбүөкүлэни уонна моркуобу хомуйуом. Онтон Соня оскуоланы сууйустун.  -Хата, улахан кыыһым дьаһайдаҕа үчүгэйин. Уолаттары соруйаҥҥыт хортуоппуйгутун хостуо этигит. Сотору ардах кэлэр дииллэр. Оччоҕо кыайтарыа суоҕа. Сүбүөкүлэ, моркуоп онто суох хостонон бүттэ. Сиэн бүтэрдигит дии. Быйыл күһүнү быһа сиэтигит буолбат дуо? Соня оскуола сууйсуо. Чэ, аһааҥ,- Наталья үһүөннэригэр бүлүүһэҕэ толору лапса өрөһөлүү кутан биэрэр.   -Фуу, сиэбэппин. Ийээ, эн лапсаҥ, риһиҥ биһигини сибиинньэ курдук уотан эрэр. Саатар, гречкэ буһарыаххын. Сылбырхай да уунан сылдьыам,- Настя бүлүүһэтин бэйэтиттэн антах анньар.  -Тот буолан аһаабаккын, — ийэ хомойбуттуу саҥарар.  -Хайа соркуой сыта олох уулусса уҥуортан биллэр. Таныым кычыгыланна, — дьиэ тойоно, улахан уоллара Андрей саҥаран дьабыгыраабытынан киирдэ. Киирээт, рюкзагын дьыбааҥҥа быраҕаат, остуолга аһыырдыы олордо. Ийэтэ тэриэлкэҕэ кутан биэрбит соркуойун хабыалаабытынан барда. Андрей үчүгэйэ, аска олох сиримсэҕэ суох, тугу барытын хамсаабат эрэ буоллар, аһыыр. Эр киһи эр киһи курдук. Дьиэтигэр соҕотох эр киһи. Сүрэҕэлдьээтэр да, оскуола үөрэнээччитигэр дьиэтин-уотун ис-тас үлэтин барытын көрөн олорор. Мас мастаан, муус ылан, хаар күрдьэн, уу баһан, хортуоппуй, оҕуруот аһын олордуһан абырыыр. Арай куһаҕана диэн аҕатын курдук хадаар майгылаах. Наталья төһө кыалларынан уолугар амарахтык сыһыаннаһа сатыыр. Аҕатын курдук арыгыһыт буолуо диэн куттанар. Испэтэр эрэ, сымнаҕас, дьаһаллаах дьахтарга түбэстэҕинэ, үлэһит, онон үчүгэйдик олоруо диэн эрэнэр.  -Хайа, хаан аймахтар, бүгүн туох былааннааххыт? Бары хортуоппуй хостоон бүгүн бүтэрэҕит. Мин государственнай биир кэлим экзаменнаах киһи буоларым быһыытынан, эбии үөрэххэ барабын. Аттестат ыллахпына, биир эмэ орто үөрэххэ киирэн көрүөм этэ,- Андрей тото аһаабыт киһи быһыытынан дьыбааҥҥа тиэрэ таһылла түһэр.  -Үчүгэйэ бэрт ээ, мин эмиэ экзаменнаахпын,- Настя, өс саҕа буолан, хадаардаһар куолаһынан хоруйдуур.  -Ол эн туох улахан эксээмэннээх үһүгүн. Араас буолума. Тохсуһунан бүтээри гынаҕын дуо? Ийэбит икки кыраны кытта хайдах бэйэтэ эрэ олоруой? – Андрей балтын күрдьүөтээбиттии көрөр.  -Олоруохтара. Бырааһынньыктарга, өрөбүллэргэ уочаратынан кэлэн, дьиэ үлэтин үмүрүтэн, көмөлөһөн барыахпыт буоллаҕа.  -Чэ, бүт. Тохсуһунан син-биир барбаккын. Мин эттим – бүттэ. Туочука турар,- убайдарын куолаһа кытаатан барар.  -Эн миигин наһаа дьаһайан бырдааттаныма. Син биир үөрэммэккэ аармыйаҕа барыаҥ. Онтон мин тохсуһунан бүтэн, орто үөрэххэ киирэн үлэһит буолбутум ордук. БКЭ-ни миигиннээҕэр буолуох үчүгэй үөрэнээччилэр сатаан туттарбаттар,- кыыс да хаалсыбат, аахсан тэйэр.   -Ким билбэтэҕэй, эргэ тахсаары ыксыыбын диэ,- уол, балтын диэки күлүү гыммыттыы көрөрүн быыһыгар, күлэн кыччыгыныыр.  -Бүтүҥ, оҕолоор, бүтүҥ. Кыаллар буоллаҕына, иккиэн да үөрэнэ барыҥ, мин хааххайдаспаппын. Хайдах эмэ гынан бэйэбит да бөрөһөн олоруохпут. Үөрэххэ киирдэххитинэ, үлэһит буолуо этигит. Оччоҕо дьонтон тутулуктаммакка, кимнээҕэр бэйэҕит иннигитин солонуоххут. Баҕар, биир эмэ үчүгэй киһини көрсөн, дьылҕаҕыт үчүгэй өттүгэр салаллаарай? Наар маннык ыыспаҕа эдэр дьон олоруоххут дуо? Олоххут үчүгэй өттүгэр салаллан, бырааттаах балтыгытын киһи гынарга суолларын тэлиэххит этэ буоллаҕа. Үтүө ыал үөлэһэ кыымнаах. Биһиги да тэлгэһэбитигэр күөх от үүнүө,- Наталья оҕолорун хардары-таары кэриччи көрүтэлиир.  -Арыгыһыт оҕото хайаан да арыгыһыт буолар диэн этэр этиҥ,- Андрей ийэтин кыыһырбыттыы өһөхтөөҕүнэн көрөр.- Аҕабыт арыгылаан кэллэҕинэ, мин диэки куһаҕан баҕайытык көрөрүн быыһыгар ытыы-ытыы этэргин олох умнубаппын.  -Тоҕо оннук эппиппин олох өйдөөбөппүн. Чэ, эппит буоллахпына, бырастыы гын. Аҕаҕыт итирик кэллэҕинэ, баҕар, кыһыыбыттан алҕас да эппитим буолуо,- ийэ уолун амаҕаччылаабыттыы көрөр.  -Бүтүҥ эрэ, күн ахсын бары муһуннугут да, этиһиинэн эрэ кэпсэтэҕит. Хаһан да эйэлээхтик кэпсэппэккит. Гришкалыын биһиги бэйэбит бу нэдиэлэҕэ хортуоппуйу хостоон бүтэриэхпит,- Соня ийэтиттэн өйөбүл күүтэрдии күлүм аллайан этэр.  -Оо. Маладьыастар. Тиийиммэт-түгэммэт ыаллар оҕолоро итинник сүрэхтээх буолуохтааххыт. Элбэх хортуоппуйу хомуйдахпытына, биир эмэ куул хортуоппуй атыылаан, эбиискэ гыныа этигит. Чэ, мин бардым. БКЭ-ҕэ бэлэмнэн, эбии үөрэххэ сылдьыбат буоллаххына, көмөлөһүөхпүт суоҕа диэн сааналлара сүрдээх,- Андрей, солуута суох саҥаран дьабыгырыырын быыһыгар, тахсан барар.  -Чэ, бардын. Хайдах эмэ гынан оскуоланы бүтэрэн, биир эмэ орто үөрэххэ киирэрэ буоллар, баҕар, кимнээҕэр оттомуран киһи бэрдэ буолуо. Онтон, Настенька, тохсуһунан бүтэн барыам дииргин тохтотуоҥ этэ. Бэйэҥ үөрэммит оскуолаҕын бүтэрэриҥ ордук этэ. Учууталларыҥ да өйөөн бүтэттэриэ этилэр. Оннооҕор үөрэҕэр мөлтөх, аанньа ахтан үөрэммэт киһини, Андрейы, сыһан-соһон үөрэҕин бүтэттэрэн эрэллэр. Учууталлартан иҥнэбит да, оскуолаларын оҕолоругар баҕас кыһаналлар, син сысыһан-сосуһан оскуоланы бүтэттэрбит оҕолоро элбэхтэр. Оҕо эрдэхтэринэ мэниктэринэн баппатах, сүгүн үөрэммэтэх, үөрэхтэригэр баллаас аатырбыт уолаттар кимнээҕэр дьон бэртэрэ, нэһилиэк тутаах механизатордара, сис ыаллара буолан олороллор. Сөп ээ, үөрэҕэр мөлтөх диэн үүрэн кэбистэххэ, бу оҕо кэскилэ кэхтэр, инникитэ сарбыллар буоллаҕа.   -Чэ, ийээ, куолулаан бүт эрэ. Өйдөөҕүмсүйээччилэр эйигинэ да суох элбэхтэр,- Настя ийэтигэр өс саҕа буолар.  -Киһи тылын мундуйдаабакка, сүгүн иһит. Билигиттэн уон алталаах оҕо ханна муор-туор, үтүрүм-хатырым сылдьыаххыный? Манна төрөөбүт дьиэҥ кэм сылааһынан илгийэ, угуттуу сыттаҕа, аһыыр ас, таҥнар таҥас суох буоллаҕай? Хата, билигин отоннуу барыаҕыҥ. Уоннаах биир биэдэрэни “Темп” маҕаһыыҥҥа биир тыһыынча солкуобайга туталлар. Пахай дуо, харчы буоллаҕа. Атын чааһынай да дьоннор отону туталлар. Бары куурка, сапожка көрдүүгүт дии. Отонноон таҥаскытын бэйэҕит булуҥ, онно бу ыйдааҕы пособиеҕытын эбиэм. Хортуоппуйу киэһээ бары саба түһэн хомуйуохпут, — ийэлэрэ дьаһайарын быыһыгар тимир биэдэрэлэри сууйан таҥкынатар.  -Онтон оччоҕо оскуолаҕын хаһан сууйаҕын? – Соня ийэтин диэки ыйытардыы чоҕулуччу көрөр.  -Сарсын сарсыарда алта чааска туран хомуйа барар инибин. Бу былдьаһыктаах кэмҥэ хортуоппуйбутун үмүрүтэн, сир астаан хаалыа этибит.  -Ээ, оччоҕо мин күн ахсын отоннуу барар эбиппин. Бүгүн отонноотохпуна биир тыһыынча, сарсын икки тыһыынча буолар. Онтон уон күҥҥэ уон тыһыынча солкуобай лас. Үчүгэй эбит,- Гриша өрүкүйэ түһэр.  -Онтон хортуоппуйбутун кирээдэнэн үллэстибэппит дуо? Андрейга эмиэ биэриэхпит буоллаҕа. Кини биһигиттэн туох ордуктааҕый, арыый эрдэ төрөөн арай элбэх хааһыны сиэбитэ буолуо,- Соня быраатын өйөөн сөбүлэһэрин биллэрэн кэҕиҥниир. – Мин куурка ылыахпын баҕарабын. Биһиги кылаас кыргыттара бары наһаа үчүгэй, саҥа кууркаламмыттар.  -Чэ, бэрт. Хомуна охсон барыаҕыҥ. Бары бэйэҕитигэр таҥас ылар интэриэстээх дьон быһыытынан бэйэҕит киэнин тус-туспа хордуон дьааһыкка мунньуо этигит. Настя, эн да саҥа таҥас ылынаргар, бука, бэйэҥ хамнаннаххына, харчы көстөрө буолуо,- Наталья улахан кыыһын тургутардыы көрөр.  -Сөп, чэ, отоннуу да барыахха син. Ол эрээри мин эһигини кытта барбаппын. Ийээ, эн сири-сибиири мээнэ кураанах кэрийэр идэлээххин, отонноон олоро түспэккэ, киэҥ сиринэн тэлэһийэ хаамаҕын. Биһиги Лиялыын барыах буолбуппут.   -Сөп, чэ, хадаардаһа олорума. Бара охсуоҕуҥ,- ийэлэрэ хамаандалыыр.  -Киэһэ ким элбэх отонноох кэлбитин көрүөхпүт. Хата, эн кураанаҕы кууһан олороргун көрбүт киһи,- Гриша эдьиийин күлүү гынардыы күлэн ардьайар.  -Сааппат сирэй, бэйэҥ отоно суох дьэлтэччи кытаран тураргын көрбүт киһи баар ини,- Настя да хаалсыбат, быраатын сиирэ-халты тирээпкэнэн быраҕар. Төрдүөн биэдэрэлэрин лаҥкынатан дьиэттэн тахсан бараллар.  ххх  Дьиэ иһэ борук-сорук хараҥа. Ыраастык, кичэллээхтик хомуллубут дьиэ итиинэн илгийэр. Миэбэллэр эргэлэр гынан баран хоп-дьип көрүҥнээхтэр. Тупсаран лааҕынан соппуттара саҥаларыгар түспүттэр.  Наталья ниэрбинэйдээбит көрүҥнээх телефонунан кэпсэтэ олорор. Кыйахаммытыттан сирэйэ кытара сатаан баран үллэн хаалбыт.  -Кэлэр ини. Сарсын экзаменнааҕын билэр. Бэҕэһээ төһө эмэ этэ сатаабытым. Ханна да барыа суох курдук тутта сылдьан баран, эмискэ дугдаҕа сыта бардым диэн барбыта. Кэлбэтэҕинэ, биир эмэ уолу кэпсэтэн, мотоцикл ыыппыт киһи да, ол сөбүлэһэн бараллара биллибэт. Ыксаатахпына, Гришабын бэлисэпиэтинэн ыытарым дуу, аҕатын дугдатыгар барда ини? Сөп, чэ, — дьахтар телефонун ыалдьыа диэбиттии сэрэнэн уурар. Хараҕын уута бычалыйан тахсыбытын туора-маары соттор. «Сатана уола ханна түстэ? Аны пиибэлээн кэбиһэн, олох да экзаменыгар кэлбэккэ, муҥмутун элбэтэрэ буолуо. Үүт-үкчү аҕатын курдук туох да эппиэтинэһэ суох. Оскуолалар төһө эмэ сысыһан-сосуһан бүтэттэрэ сатыылларын үрдүнэн, күүлэйдии сырыттаҕа. Хантан кустуой, сымыйата буоллаҕа. Халлааны хабарҕатынан, муораны тобугунан буолан, киһиргээн дьаллараҥныы сырыттаҕа. Оскуолатын этэҥҥэ бүтэрэн, ситэри аармыйаҕа барара буоллар, баҕар, кимнээҕэр киһи киэбин кэтэн кэлиэ этэ. Чэ, бээ, тугу эмэ күөстүөххэ. Экзаменнаах оҕону үчүгэйдик тото-хана аһатан ыытыллыа этэ. Ити улахан кыыс кэлэрэ буоллар, алаадьы астаппыт киһи, — диэн иирбэ-таарба санааларын сыымайдыырын быыһыгар кыра сибиинньэ этэ ириэрэ таһаарбытын, соркуой буһарардыы, кырбаан киирэн барда.  Аан чэпчэкитик аһыллар тыаһыттан уол кэллэ дуу дии санаан, быһаҕын да уурбакка, ааҥҥа ыстанна. Онтон Настя киирэн турарын көрөн, аанньа ахтыбатахтыы, остуолугар төнүннэ.  -Хайа, тоҕо хараҥаҕа олордуҥ? Уоккун холбуоххун,- кыыс выключатели холбоон тыс гынна.- Киһини көрөн хомойбуттуу туттаҕын дуу? Улахан мааны уолуҥ мардьаллан кэлэ илик дуу, пиибэлээн кэдэриҥнии сырыттаҕа дии,- Настя кыйахаммыттыы туттан олоппоһу күүскэ сыҕарытан остуолга сыҥаах баттанан олордо.  -Чэ, бээ, убайыҥ кэллэҕинэ наһаа кыйахаама. Кэллин эрэ. Сарсын экзамена. Хайдах эмэ гынан аҕыйах күнү тулуйан көрөөхтөө. Бары да өһүргэскит сүр, тэппини тулуйбат оҕолоргут,- кыыһын эйэргээбиттии көрөр.   -Сөп, сөп. Тойон иннин туора-маары хаамыллыа суоҕа.  -Хата алаадьыта астаа. Ити миискэҕэ халбыыр үүт баар. Экзаменнаах киһини аччык ыытыахпыт дуо?  -Бэҕэһээ мин эмиэ экзаменнаах этим да, алаадьы астаабатаҕыҥ дии,- Настя өс-саҕа буолар.  -Ээ, чэ, эн бэйэ киһитэ буоллаҕыҥ дии,- ийэлэрэ күлэр.   Ааннара тэлэччи аһыллан балачча турбахтаат, Андрей, аан холуодатыттан иҥнэн, умса-төннө түһэн, тэмтэриҥнээн, дьиэ ортотугар биирдэ баар буолар.  -Хайа, нохоо, ханна сүтэ сылдьаҕын? Сарсын экзаменыҥ буолбат дуо? – Наталья сибилигин уола кэллэҕинэ, сирэй-харах анньыам суоҕа диэбитин таһыччы умнан кэбистэ.  -Суох. Ханна сылдьыамый? Экзамен сарсын буоларын эйигиннээҕэр билэбин. Улахан эбит. Суруйуллуо.  -Бу уол, пиибэ испиккин дуу? Сааппат сирэй. Бүтэрэриҥ да чугаһаата. Туттунуо да эбиккин. Эйигин оскуолаҕын бүтэттэрээри сүүрэн-көтөн аххан биэрэр учууталларгын да убаастыа эбиккин.  -Миигиттэн босхолоноору бүтэттэрэ сатыылларын ким билбэтэҕэй? – Андрей атаҕын истиэнэҕэ өрө тэбэн дьыбааҥҥа сытар.- Текстэрин сэрэйэн да суруйуллуо. Сураҕын иһиттэххэ, иккини да ыллахха, аттестакка “3” туруораллар үһү. Хата, бу кыыс гелевай уруучука ыллыҥ дуо? Онтон пааспарым баар дуо?  -Баар, эн тот оҕо түүннэри илэчиискэлии сылдьаҕын, онтон манна биһиги эн хаппырыыскын толоро сүүрэр туохтарбытый, көр эрэ маны,- кыыс убайын сөбүлээбэтэхтии көрөр.  -Туох диигин? Сиртэн сэрбэйбэккэ сылдьан улахан киһини утары көрөҕүн дуо? Сэрэн эрэ, биирдэ эмэ тутан биэрдэхпинэ билиэҥ,- Андрей кыбдьырыммытынан олоро түстэ.  -Бүтүҥ эрэ. Бар, мантан. Боруогу көрдөөн манна олорума. Бэйэм алаадьы буһарыам. Киһиэхэ саатар кыраны да туһалаан эппэт оҕолор буоллаххыт,- дьахтар иирсиэхтэрэ диэн аймана түһэр.  -Тохтуу түстүн. Алаадьыбын оҥоруом, тиэстэбин охсон бүтэрдим буолбат дуо? – кыыс да иннин биэрэр санаата суох.  -Чэ, итиннэ күрдьүөтүү олорума, суун, баанньыгы оттубутум. Бэйэ бодоҕун тардын. Суунан-аһаан баран утуй, сарсын оскуолаҕар чэмэлгэн киһи барыаҥ этэ,- ийэлэрэ барахсан сымныы быһыытыйар.  -Ийээ, мин биир ыйытыылаахпын. Куруутун ыйытыахпын баҕарабын,- уол хадаардаһардыы туттар. – Эн аҕабын тоҕо аанньа ахтыбат этигиний? Оннооҕор аҕам өлбүтүгэр хараҕын уутун түһэрбэтэҕиҥ?  -Чэ, араас буолума. Ону-маны солуута суоҕу мээнэ токоолоһума.  -Ону эн тоҕо наар ыаһыйалаан хаалаҕын. Аҕабыт күнү супту арыгылыыр этэ буолбат дуо? Уонна иһэн дэлбэрийэн кэлэн ийэбитин кырбыырын умуннуҥ дуо? – Настя, буойун хаанын киллэрэн, ийэтин көмүскэһэрдии, убайын куһаҕан баҕайытык кынчарыйа көрөр.  -Ийээ, ийээ, иэдээн, — иннин-кэннин билбэт буола ыксаабыт Гриша дьиэ иһигэр биирдэ баар буолла.- Ити… итиннэ гараж таһыгар улахан баҕайы хаспах баар дии. Сүөһүлэр түһүөхтэрэ диэн бүтүннүү маһынан саппыттара дии… ол таһыгар оонньуу сылдьан Диимискэлээх Гоша эмискэ сыыһа үктэнэн аппа хаспаҕар түһэн хааллылар. Ким да суох. Мин таһаара сатаатым да, кыайбатым,- уол ыксаабытыттан  ийэ-хара көлөһүнэ саба түспүт, эп-эппэҥнэс. Хараҕын уута иэдэһин устун тохтоло суох сүүрэрин ньуххана сатыыр.  -Оо, туох алдьархайый, сордоох хаспаҕа… оҕолору сиэтэҕэ,- диэн саҥа аллайбытынан дьахтар таһырдьа ыстанна. Андрейдаах Настя  ийэлэрин кэнниттэн эмиэ саппай уопсан тахсан, иннигэр түстүлэр. Ыраах оҕолор хаһыыларын дорҕооно иһиллэр.  -Гриша, эн хонтуораҕа сүүр, дьоҥҥо тыллаа,- диэн Наталья этэрин быыһыгар, кыс маска чохороон сүгэ сытарын харбаан ылаат, оҕолорун кэнниттэн сүүрэн сарымтахтанна.       Били ортотунан сиҥнибит аппаҕа хорус гыннылар. Бу аппаҕа хаспах кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн баар. Сыл ахсын сиҥнэн хаспаҕа эбии улаатан, дириҥээн иһэр. Оҕо-уруу, сүөһү түһүө диэн сыл ахсын күрүөлүөх буолаллар да, үлэҕэ үтүрүйтэрэн, умнан иһэллэр быһыылаах. Андрейдаах Настя харса-хабыра суох туора-маары быраҕыллыбыт сиэрдийэлэри өрө тарда сылдьаллар. Андрей, ийэтиттэн сүгэни ылан, уһун тиит маһы сууллара охсон, суллуу оҕуста. Эр киһи эр киһи курдук, сүрдээх кыайыылаах туттуутун ийэтэ хайгыы көрдө. Андрей, ураҕас маһын туппутунан, онтон-мантан тутуһан, сыырынньы намыһах өртүнэн аллараа түспүтүнэн барда. Маһын оҕолорго тириэрдэ сатыыр да, хаспахтара дириҥ баҕайы быһыылаах. Эбиитин халлаан хараҥаран барда. Уол сыыйа аллараа түһэн истэ. Наталья сүрэҕэ бып-быллыгырас, “Таҥара чахчы баар буоллаххына, көмөлөс,”— диэн уоһун иһигэр ботугуруу турда. Андрей: “Тутус”,- диэн саҥатын истэн, хаспаҕы өҥөс гыммытыгар аппа буора көөрөттөн аллараа сурулаабытыгар, хата, кыыһа кууркатын тэллэҕиттэн харбаан, нэһиилэ өрүһүннэ. Дьахтар кутталыттан сүрэҕэ айаҕынан тахса сыста, кэннинэн чугуруҥнаата. Хайа эрэ кыра уол тутуста быһыылаах, Андрей сэрэнэ туттан маһын сыыйа тардан истэ. Сотору кыра уолу ньылбы соһон таһаарарын кытта, аппалара, соруйан курдук, көҥү баран, мөчөкө буор бөҕө аллараа курулаата. Оҕо куттаммыт саҥатын истэн, дьахтар сүрэҕэ бар гынна. Аллараа Дима төбөтө лэкээриҥнээбитигэр, өрө тарбачыһар илиититтэн, таҥаһыттан-сабыттан дьон харбаан, бүтүннүү бадараан буолбут, буорунан-сыыһынан  бүрүллүбүт уолу сор-муҥ бөҕөнөн ороон таһаардылар. Дэриэбинэттэн, дьолго, эр дьон сырсан кэллилэр. Хата, бирээдьинэ быалаах кэлбиттэр. Эр дьон сүбэлэһэ охсон, икки киһи быанан маанан баран, аллараа түспүтүнэн бардылар.   -Сэрэнэн түһүҥ. Аппа сиҥнэ турар. Оҕолору баттатыаххыт,- диэн кэннилэриттэн этэ хааллылар. Наталья, тулуйбакка, хаспаҕы өҥөйөн көрө сатаата. Ханна да туох да көстүбэт. Хабыс-хараҥа.  -Андрей, Андрей, ханна бааргын?- диэн уолун ыҥыран көрдө да, эппиэт суох.  Сотору буолаат: «Эбии быата быраҕыҥ эрэ, Андрей уолу илдьэ иһэр»,- диэн саҥа иһиллибитигэр дьон суугунаһа түстүлэр. Быа быраҕалларын кытта ситэ уонча мүнүүтэ буолбата: “Билигин бырахпыт быаҕытын сэрэнэн тардыҥ”,- диэн саҥа иһиллибитигэр эр дьон сэрэнэ туттан, уу дьалкыйбатыныы, сыыйа тарпытынан бардылар. Сотору бүтүннүү бадарааны бүрүнэн, хараҕа, тииһэ эрэ килэйэр уол сүгүүлээх Андрей быаттан тардыһан тахсан кэлбитигэр дьон үөрэн саҥа аллайа, күүгүнэһэ түстүлэр. Оҕо хаһан да ыытыам суоҕа диэбиттии хам кууспут илиитин Андрей моонньутуттан нэһиилэ араардылар. Бүтүннүү бадараан буолбут оҕону дьахталлар саба түһэн ыллылар. Эр дьон хардары-таары бырахпыт быаларын субуйа тардалларын кытта, утуу-субуу таҕыстылар. Һуу-һаа бөҕө буолла. Наталья оҕо-уруу бөҕө мустубутун үөрэ көрдө. Суһал көмө массыыната кыра уолаттары олордо охсон дэриэбинэҕэ сыыйылыннарда. Ийэ бэйэтин Андрейын хараҕынан көрдөөн көрдө да, булбата, дьиэтигэр ыстаннаҕа диэн сэрэйдэ.  Настята кэнниттэн кэлэн ийэтин хонноҕун анныттан ылбытыгар үөрбүттүү кыыһыгар ыга сыһынна.  -Наталья, махтал. Андрей маладьыас, уолаттары быыһаата,- үөрбүт-көппүт оскуола физруга Николай Николаевич кэлэн ыга илии тутуста. Дьоннор үөрбүт-астыммыт сирэйдэрин көрөртөн, махтанар тылларын истэртэн ордук үчүгэй суох эбит.  Ийэлээх кыыс хоннохторуттан ылсан аа-дьуо дьиэлэригэр бардылар.  -Андрей маладьыас, ити көрдөххө эрэ, үчүгэйтэн куһаҕаны араарбат курдук туттан аа-дьуо даадаҥныыр. Дьиҥинэн хорсун. Эппит тылын, санаабыт санаатын толорор, дьоҥҥо уйаҕас сыһыаннаах, киһи бэрдэ. Дьоҥҥо бэйэтэ дьиҥнээҕин, хайдах киһитин көрдөрдө,-Настя астыммыт куолаһынан ийэтигэр кэпсии истэ.  -Оо, оҕом сыыһа, эн эппэтэҕин, айбыт таҥара эппитэ буоллун. Төрөппүт аҕатыттан чыҥха атын киһи эбит. Аҕабыт барахсан чычаас, кэннинэн тэйиэккэлээбит, туохтан барытыттан дьаархаммыт, кыра ычалаах киһи этэ. Кырдьыгынан эттэххэ, Андрейтан итинник быһыыны күүппэтэҕим.  — Андрейы киһи барыта итинник буолуо диэн санаабатаҕа буолуо. Дьон барыта астыммыттарыттан мин наһаа үөрдүм,- Настя үөрбүт куолаһа чаҕааран олордо. Андрей бэрт сылбырҕатык мас хайыта сылдьарын ыраахтан көрөн, ийэлээх кыыс истиҥник мичээрдээн кэбистилэр.  “Төрүттэрин ааттатар биһиги да дьиэбит үөлэһэ кыымнаах эбит. Икки өртүттэн эһэлэрэ истэн төһө эрэ үөрэллэр”,- диэн санаатыттан ийэ эгди буолла.  Татьяна Находкина , Уус Алдан
edersaas.ru сайтан