Кэпсээ
Войти
Регистрация
Убайым Күндэ (Уйбаан Нуолур ахтыыта)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Убайым Күндэ (Уйбаан Нуолур ахтыыта)
K
edersaas.ru
Категорията суох
29.01.2021 19:00
Мин кинини уу харахпынан көрөрдүү дьолломмотохпун, тиһэҕин дойдутугар, Сунтаар Хаҥалаһыгар, мин биирдээхпэр (1930 с.) кэлэ сылдьыбыта үһү. Онон эт кулгаахпынан эрэ истэ улааппытым уонна убайым олорбут сааһын быдан ааһар дьылҕаланным. Күндэ отут алтатыгар 1934 сыллаахха Дьокуускайга уһуннук ыалдьан өлбүтэ. Сэллик саас-үйэ тухары саханы сарбыйан кэлбитэ, убайбын да кини тумнубатах… Сорох аныгы, билбэт дьон Күндэ бырааттаах эбит дуу диэхтэрин көҥүлэ. Биир ийэттэн, аҕаттан төрөөбөтөхпүт. Өлөксөй Өндүрүөйэбис аҕам Дьарааһын Өндүрүйүөбүс бииргэ төрөөбүт быраата, Өлөксөйө уон биир сыл балыс, дьэ онон Күндэ миэнэ убайым. Аҕалара Өндүрэй Уйбаанабыс Уйбаныап, сахалыы аата Бучуука, сааһын ортотугар икки хараҕа суох буолбут, олус сэһэннээх-сэппэннээх оҕонньор эбитэ үһү. Миэхэ тайаҕынан сиэттэрэн ыалларга “ыаһахтаһа” диэн ааттаан сылдьыталыыра, үксүн бэйэтин айаҕа хам буолбат этэ. Арыт миигин көтөҕөн, сылаас ытыһыгар бобуччу тутан, саҥарарыгар иэҕэҥнии олороро. Бэрт кырабар, көрбөт диэни билбэт бэдик, таһырдьаттан “эһэм харахтаах эбит” дии-дии сүүрэн киирэн, үөрүүбүн “тыллаан, мөҕүллүбүттээҕим. Сайын эһэм иннин хоту хааман, от мунньара, ону кэнниттэн мин оҕо кыраабылынан ситэри харбыырым. Аҕам Тураах диэн үөрэнэн хаалбыт хос ааттааҕа, ыаллара, доҕотторо “Тураах ханнаный?” дииллэрэ. Кини сүөһү, ас дьарыктааҕын үрдүнэн, бэйэтин түбэтигэр мас ууһунан биллэрэ. 1928 сыллаахха дьиэ толору тэрилин (элбэх дьааһыктардаах ыскаап, түөрт уонна үс муннуктаах остуоллар, икки дьыбаан, устууллар) оҥорбут, онтон сорохторо билигин Кутанаҕа (Сунтаар) Күндэ музейыгар туруоруллубуттара. Оҕону кыратыттан үлэҕэ иитии – саха үтүө үгэһэ. Аҕам биһиэхэ оҕо кыраабылын, сүгэччитин, бултуурга оҕо айатын (оччотооҕуга көҥүллэнэрэ), кыра туукка сааны оҥороро. Аҕам ийэбинээн урукку сиэринэн уон алталарыгар (Өлөксөй биэстээҕэр) холбоспуттар. Ийэм ыаллыы Күүкэй, Татыйыына Ньукулаайабына Киргилэйэбэ (кэлин Уйбаныаба), ыраах хаһыс да көлүөнэ, сир биэдэмэһин оҥоро сылдьыбыт Кычкин диэн нуучча төрүттээх, онон эбитэ дуу, ыраас хааннаах, номоҕон сирэйдээх, сүһүөхтээх соҕус муруннаах этэ. Кини бииргэ төрөөбүт убайа Уһун Успурдуон уола саха тылын биир бөдөҥ учуонайа Микиитэ Успурдуонабыс Киригиэлийэп этэ. Кини Күндэлиин – сыбаатыныын (эдьиийдээх убайа холбоспуттар) кэлин элбэхтик алтыспыттара. Ийэм олус холку, намыын, сымнаҕас майгылааҕа. Өлөксөй инньэ гынан, кыратыттан мин төрөппүттэрбин дьон оҥостубут. Үксүн Хоноһо (дьиэтээҕи аата), арыт эрэ Өлөксөй дииллэрин өйдүүбүн. Ити Хоноһо сахаҕа тарҕаммыт аат. Былыр, оҕо турбат кыһалҕатыттан, саҥа төрөөбүтү, тута атын ыалга саһыаран, “абааһыттан куоттараллара” үһү. Өлөксөйү эмиэ хас да хоннорон, эргитэн аҕалбыттар уонна, ситэри тэгэлитэн, “бу хонор хоноһо кэллэ” диэн буолбут. Онтон ыла дьонугар-сэргэтигэр Хоноһонон ааттаммыт. Өлөксөй үөскээбит сирэ-уота – Хаҥалас. Онно Дириҥ Күндэ, Арыылаах диэн кэрэ алаастарга улааппыта. Сибэкки сибигинэһэрэ, хонуу ото хобугунаһара, чыычаах чыбыгыраһара, туруйа турууктуура, сылгы кымыһа, ала дьоруо ата кинини кыратыттан айылҕа оҕото гына ииппиттэрэ. “Оҕо-оҕо курдук, сайын таһырдьа талаһара. Улаатан да истэр, элбэх саҥата суоҕа, тэҥнээхтэриниин соччо иилиҥкэйдэспэккэ, үксүн бэйэ-бэйэтигэр сылдьара”,
— диэн ийэм кэпсиирэ (Өлөксөй ийэтэ эрдэ өлбүтэ). Биһиги дьоммут оччотооҕуга орто ыал ахсааныгар киирэллэрэ эбитэ үһү. Ынах, сылгы сүөһү хото ииттэллэр, аҥардас бэйэлэрэ оттоон-мастаан. Урукку киһи үлэһит. Аҕабын, уута суоҕун иһин, “Бу Тураах саһыл хараҕын сиэбит” дииллэрэ. Хойут холкуоска оттоһоругар дьону утуталаабакка, “эрэйдиир” эбит. Дьэ оннук бас-көс аҕалаах ыал сүөһүнэн балачча байбыттар. Ол эрээри кулаак буолбатахтар. Ол үрдүнэн “Күндэ бэйээт таптыыр эбээт кулаак дьиэтин киитин сытын” диэн көр-күлүү аҥардаах сирэй-харах анньыһыыны убайым тумнубатах… Былыр кыахтаах ыаллар, сурахтаах да буолбатар, сэмэй соҕус ыһыах ыһааччылара, биһиги дьоммут эмиэ. Аатыраары буолбакка, саха киһитэ самаан сайыны көрсө мустан оонньуу, оһуокайдыы, кымыс иһэ түмсэллэрин көҕүлүүр. Өлөксөй, чороччу улаатан баран, оонньуу тылын батыһа сылдьан, арыт оҕуруот үөһэ тахсан олорон, иһиллиирин дьоно эмиэ кэпсииллэрэ. Хойут уоппускатыгар сынньана кэлэ сылдьан, айылҕаттан арахпат эбит. Онно кини уруһуйдуур, хаартыскаҕа түһэрэр. Кыраасканан хас да суол хартыынаны оҥорбутун Бүлүү куорат музейыгар учуутала П.Х. Староватов уура сылдьыбыттааҕа, хомойуох иһин, сүппүт сурахтаахтар (алҕаһаабатарбын үчүгэй этэ). Дойдутун сирин-уотун, дьонун-сэргэтин хаартыскаҕа устубутун сорохторо кини тононон хаалбыт фотоальбомугар кыбыллыһан, Дьокуускайга бааллар (ол туһунан суруйбуттааҕым). Миигиттэн быдан аҕа Мааса уонна Ааныска диэн эдьиийдэрдээх этим. Өлөксөй хойут, Иркутскай семинариятын бүтэрэн, Кутанаҕа учууталлыырыгар балтыларын илдьэ олорон, оскуола боруогун атыллаппыт. Өссө кэлин, Дьокуускайга олорон, улахан эдьиийбин ыҥырбытын, тыа кэнэн кыыһа кэтэмэҕэйдээбит, куораттыыртан куттаммыт. Үөрэттэрээри, соҕотохсуйан, доҕор гынаары… “Убайбар таах барбаккабын, баҕар, өйөбүллэнэн, уһуо этэ”, — диэн Мааса эдьиийим хойут хомойон ытамньыйара. Күндэ олоҕун тиһэх сылларыгар диэри тугу-ханныгы үлэлээбитэ ааҕааччыга сүнньүнэн биллэрин быһыытынан, онно тохтообоппун, ол туспа, киэҥ кэпсэтии буолуон наада. Оттон бу бэлиэтээһиннэрбит убайбыт тус бэйэтин олоҕуттан, хомойуох иһин, бэрт дуона суох уонна кутурҕаннаах түгэннэр. Ону салгыыбын. Өлөксөй 1934 сыллаахха атырдьах ыйын 2 күнүгэр дьонугар маннык суруйбут (кылгатабын): “Төрөөбүт дьонум, дорооболоруҥ. Урут суруйбутум, ыарытыйабын эҥин диэн, ол быһыытынан олоробун. Быйыл сайын быһа кэриэтэ: икки ый сонотуоруйга эмтэнэ сыттым. Үтүөрэммин сүүрэн-көтөн барбаппын, үксүн олорон, сытан, эргитэбин. Быһааскыттан ыла үлэлээбэппин. Сотору инбэлииккэ тахсыам, биэнсийэ ылыам, билигин кинигэ суруйталаан, эбии үп-харчы киллэрбэппин… Манна Дьокуускайга ас сыаната туох да олус ыарахан – арыы буунтата 23-30 солк. тиийэр, үүт бытыылката 3 с., эт буунтата 6-8 с., курууска иэдьэгэй – 1 с. Дьокуускайга соҕурууттан, олох үчүгэй үһү дии-дии, норуот туох да баһаам кэлэр. Төһө эмэ оҕолоох эҥиннээх дьиэ кэргэттэр өрүс биэрэгэр таах лыык курдук сыталлар үһү. Ол гынан баран, күһүн хаар түһүүтэ, олохторун син булаллар. Бу куоракка саҥа дьиэ хара баһаам оҥоһуллар, ол гынан баран, олорор сир улам-улам суох буолан иһэр… Бу эһиги тоҕо суруйбаккыт, харчы, баһыылка да ыыппытым. Суруйуҥ, аадырыһым: Якутск, Сабунаевская, 9. Бу суругу
кытары соторутааҕыта түспүт хаартыскабын ыытабын”. Тиһэх сурук… Бу кэнниттэн, ыар дьылҕа киниэхэ икки ый биэс эрэ хонугу хаалларбыт… Кутурҕан сурах ыраах тыаҕа дьонугар син тиийбит буолуохтаах, ол өйбөр чопчу хатамматах. Арай кэлин соҕус мала-сала, таҥаһа-саба кэлбитигэр, “оҕобутуттан бу эрэ хаалбыт”, — дии-дии дьонум ытаһалларын, ордук эһэм тохтуу-тохтуу уйа-хайа барарын, туох эрэ таҥаһын имэрийэ олорорун өйдүүбүн… * * * Күндэ, биллэрин курдук, 1934 сыл алтынньы 30 күнүгэр өлбүтэ. Хаһыаттарга кутурҕаннар бэчээттэммиттэр, олортон билигин миэхэ бааллартан быһа тардан аҕалыым. “Авт.Якутия”: “…Умер советский писатель, культурный товарищ и честнейший человек, многие годы жизни отдавший борьбе за социализм на фронтах литературы и искусства, науки и педагогической деятельности. Умер один их скромнейших борцов, все свои широкие знания, силу без остатка посвятивший делу создания… культуры. Жизнь Кюндя оборвалась на пороге осуществления им ряда широко задуманных литературных и научных работ. Тяжела утрата, постигшая немногочисленных якутских псиателей и всех трудящихся Якутии…” …Оттон “Соц.Якутияҕа” (2.11.1934) этиллэр: “Алексей Андреевич в беспрерывной и самоотверженной деятельности не использовал очередные отпуска. Он не был доволен изданными сборниками художественных произведений, которых не имея физической возможности, издавал без тщательной отделки. Поэтому за последнее время переделывал свои ранее изданные произведения до желательной художественной высоты, предъявлял к себе высокие требования. В лице Кюндя потеряли одного из немногих крупных научно-творческих работников, которые так нужны для расцветающей социалистической культуры Якутии…” * * * Итиэннэ ааҕааччыттан көҥүллэтэн, ол күһүҥҥү курус-санньыар күннэри аҕыйах докумуоннарынан кэпсии түһүүм. Үөһэ ахтыллыбыт Микиитэ Киргиэлэйэп (таайым) Күндэ тиһэх сылларыгар киниэхэ чугас киһитэ этэ. Микиитэ туһунан, уруум уонна учууталым да буоларынан, киһи быһыытынан уратылардааҕын лаппа биллэрбин да, үтүө өйдөбүллээхпин. “Өссө бу биир кумааҕы көһүннэ” дии-дии Күндэҕэ сыһыаннаах тугу эмэ ычык-бычык биэрэр буолара… Күндэ өлбүтүгэр, САССР КСК предс. Емельянов Н.С., секр. Кочнев П.П. дьаһалларынан “по организации похорон пролетарского писателя и научного деятеля” диэн хамыыһыйа тэриллибит, онно киирбиттэр (хайдах суруллубутунан): “в составе Кочайцева И.Ф. – предс. и членов – Мординова (от Союза писателей), Гермогенова (от к Н.А.), Дексиляхова А (от горсовета), Тарского (от ЯкГИЗа), Андросова Ф (от НКПроса), Лебедева (от Облпроса) и Григорьева Н. (от нацбиблиотеки)…” Үксүлэрэ биллэр дьон, аймахтарыгар бу түгэн туһунан туох эмэ ахтыы хаалбыт буолуон сөп. Аны маннык. Киһи суох буолтун кэннэ, кини урут кэриэс эппиттээҕэ диэн хойутаан докумуон оҥоруу баар буолар эбит. Суруйааччылар союзтарыттан И. Степанов, Наркомпростан Ф.Андросов 1934 с. сэтинньи 18 к. справка суруйбуттар. Онно этиллэринэн, А.А. Иванов ити дьыл муус устарга поликлиникаҕа эмтэнэр кэмигэр “…сделал следующее завещание при нашем присутствии: 1. Книги и всю свою литературу передал нацбиблиотеке. 2. Одежду, вещи и деньги, хранящиеся
в сберкассе своим отцу и брату. 3. Рукопись – ЯкутГосИздату… гонорарную оплату перевести отцу. 4. Получение денег из сберкассы и перевод их доверил Оргкомитету Союза писателей Якутии”. Суруйааччы суох буолтун кэннэ инньэ ый ааһыытын кэннэ кэлэн бу маннык докумуон оҥоһуллубута таабырыҥҥа хаалар. Ол да гыннар ити ыйыллыбыттар төһө туолбуттарый, тутуһуллубуттарый? Кинигэлэр толору испииһэктэрэ баар, онно нууччалыы, омуктуу тылынан 348 ааттаах (ахсаана 551), сахалыы 96 кинигэлэр бааллара бэлиэтэммит, оттон сүүрбэччэлии томнаах Энциклопедия эҥин баарыттан сыаллаатахха, уопсай ахсаана олус чуолкайа суоҕа көстөр. Бу өрдөөҥү саһарбыт саҥата суох испииһэк хаһаайына билиитэ-көрүүтэ, кэрэхсиирэ киэҥин кэпсиир курдук. Күндэ английскай, тюрк, туркмен, калмык, бурят тылларынан литературалаах эбит… Кинигэлэри туппуттарын туоһулаан илии баттаабыттар. Билигин Дьокуускайдааҕы Нац.библиотекаҕа урут итинник бэриллибит кинигэлэри аны наардааһын баран эрэрин библиотека үлэһитэ А.Н. Алексеева кэпсиир. Онуоха Күндэ киэннэрэ эмиэ хомуллан эрэллэр эбит, ол үбүлүөйүгэр биир бэлиэ түгэн буолсу. Аны “рукопись — ЯкутГосИздату” диэннээх этибит. Куһаҕан күн буолбутугар, бокуонньук малын-салын ааҕан акт оҥорбуттар. Биир сиргэ ааҕабыт: “…блокноты с разными записями – 13 шт., общих тетрадей – 5 шт., рукописи пьес, рассказов с черновой – 11 названий, архив: планы задуманных литработ, наброски, и.т.д. — 2 папки…” Бу саба кулаан, аата-суола этиллибэккэ, көтүмэхтик, быһа тарыйан эрэ бэлиэтэммиттэр туохтарый? Суруйааччы хаалларбыт “баайыттан” саамай сыаналааҕа – литератураҕа, атын да салааҕа айбыт, былааннаммыт нэһилиэстибэтэ буолуохтаах (өссө сороҕо да ини), балары: “…по сей описи для Союза писателей Якутии принял Н.Мординов”, ситиннэ дьыалаҕа араспыыска суруллан, илии баттаммыт. Онон Күндэ архыыбата, бэйэтин баҕатынан, Издательствоҕа буолбакка, Суруйааччылар союзтарын диэки хайыспыт. Ханнык да суруйааччы иккиэннэрин итэҕэйэр тэрилтэлэрэ. Ол эрээри Күндэ, кэриэһигэр салгыы суруйбуттарынан, издательство кинигэ бэчээттээн баран, гонорарын дьонугар ыытарга эппит. Ити аата, кини хайыы-үйэ кинигэ (кинигэлэр?) буоларга бэлэм суруйуулара эбит. Оттон оччоҕо ол архыыба ханна тигистэ эбэтэр мунна-тэннэ диэн ааҕааччы да ыйытыа суоҕа дуо? Биллэринэн, учуонай В.А. Семенов госархивтан үс айымньыны булан (“Солооһун”, “Туорах”, “Сир” — пьеса) өлбүтэ үйэ чиэппэрэ (1960) ааспытын кэннэ дьэ тахсыбыт хомуурунньугар киллэрбитэ. Кыбытан эттэххэ, ол кэмҥэ мин студенныы сылдьаммын хаһыаттартан, “Кыһыл ыллыктан”, Күндэ урут кинигэҕэ киирбэтэх хоһооннорун хомуурунньугу оҥорооччуларга булан аҕалбыппын, кинигэҕэ бэрт аҕыйаҕы (“Холкуос”, “Ыстаал ырыата”, “Күһүҥҥү ырыа”, о.д.а.) киллэрбиттэрэ. Суруйааччы биир айымньытын тэҥэ, Амма Аччыгыйа кэлин ахтыытыгар бэлиэтээбитинэн, “хаартыскалардаах баай альбомнааҕа”, онтон үөһээҥи актаҕа уонна бокуонньук кэриэһигэр ыйыллыбытынан, малын кытта дьонугар ыытыллыахтааҕа куоракка хаалан, тоҕо эрэ тономмута-дьадайбыта бэркиһэтэр. Онон Күндэ архыыба ханнаный? СГУ доцена В.В. Илларионов бу боппуруоска манныгы туоһулуур. Саха нац-архивыгар Издательство фондата баар эбит. Онно Күндэ машинкаҕа бэчээттэммит алта суол айымньылара, онтон үһэ нууччалыыга тылбаастар сыталлар. 1920-1934 сыллар истэринэн бэлиэтэммиттэр. Балартан “Солооһуну” В.А. Семенов
кэлин кинигэҕэ киллэртэрбитин эппиппит. Атыттара? Тылбаастартан биири да таһаара сорумматахтар. Итиэннэ бу Киин архивка Күндэ тус бэйэтин фондата (үөһээ этиллибит илиинэн суруйуулара, блокноттара, тэтэрээттэрэ, о.д.а) мэлигир… * * * …Айылҕа сарбыйарынан, араас да дьылҕаланан, оччотооҕу саха үтүө, үөрэхтээх дьонуттан тутах үйэлэммиттэр аҕыйаҕа суохтара буолуо. Убайым отут алтатыгар тиийбититтэн үлэлээбит, айбыт сыллара – сыччах 17 (1917-1934). Саха олоҕор суолтатын билигин билинэр буоллахха, культурнай революция ити саҕана муҥутуур хардыылааһыннара. Күндэ бу саҥа сүүрээн үллэр үөһүгэр эрдиилэнэн киирэн, бэйэтин харыстаммакка, үгүс өрүттээх дьоҕурун, талаанын төрөөбүт норуотугар анаабыта: учуутал, учебник оҥорооччу, тыл учуонайа, хаһыаты (“Кыым”), кинигэ бэчээттээһини (Москваҕа) төрүттэһээччи, баларга кэлин редактордаһааччы, бэйиэт, прозаик, драматург, публицист, критик, суруналыыс, научнай үлэһит (саҥа алфавит)… Олорон ааспыта алта уонуттан тахсыар тухары Күндэ туһунан киэҥ, дьоһуннаах үлэ сурулла илигэ дьиктиргэтэр да курдук. Аҕыйах кинигэтигэр киирии тыллар, оскуола учебниктарыгар кыбытыы, элбэҕэ суох ахтыылар эрэ бааллар. Урут да, билигин да биһиэхэ кириитиктэр элбэхтэр, суруйааччыларга аналлаах монографиялар тахсаллар. Оттон Күндэни лириҥник үөрэтэртэн тоҕо туттуналларай? Олорбута ырааттар да, айбыта-үлэлээбитэ ханна да барбат, умнуллубат. Арай ханнык эмэ мэһэйи, саараҥнааһыны биир суол оҥоруо эбитэ дуу. Ол тугуй? Күндэҕэ сыһыаннаан араас кэпсэтиилэргэ, лекцияларга, сорох суруйууларга да, кини тугу айбытыгар-үлэлээбитигэр иҥэн-тоҥон киирэн чинчийбэккэ эрэ, дьэ кини ол киһиэхэ оннук сыһыаннаспыта, ол туһунан оннук-маннык диэбиттээҕэ, бу курдук суруйбута, кини ол киһиэхэ тиийбэт, бу киһиттэн итэҕэс, маннык алҕастааҕа эҥин диэн, ылсыһыах да айылааҕы, ордук эдэрдэри салыннаран кэбиһэллэрэ оруннаах соҕус ини. Ити курдук Күндэ “үөрэтиллэн” ааһан иһэр. …Кэриэс диэн “кэхтибэт кэрэкэ тыл” (Ойуунускай) Күндэҕэ да бастатан тугу суруйбута, айбыта буолар. Оннук да диэннэр, кинини араас сылларга биллиилээх дьоммут үрдүктүк сыаналаабыттара аҕыйаҕа суох: “Күндэ дьиҥнээх национальнай советскай поэт” (Амма Аччыгыйа), “Саха национальнай культуратыгар үгүс үтүөнү оҥорбут үрдүк культуралаах, киэҥ билиилээх бөдөҥ суруйааччы этэ” (Кулантай), “Кини хаалларбыт нэһилиэстибэтэ биһиги бука бары киэн туттар күндү баайбыт буолар” (Софрон Данилов)… Оттон Өлөксөйдүүн кыратыттан дьонурҕаспыт, Бүлүүгэ учууталлыырыгар киниэхэ олорон үөрэммит, кэлин тыл бөдөҥ учуонайа Микиитэ Киргиэлэйэп биир суругар эппитэ: “Сиэним Уйбаан… А.А. бар дьонун олоҕо тупсарыгар туох баар күүһүн, доруобуйатын харыстаммакка эрэйдэммитэ…” Кырдьыга да оннук, Күндэ “кыра дьон үтүө дьоллоох олоҕо үүннүн диэн сырата баарын тухары айбыта, үлэлээбитэ. Убай быһыытынан саҕалаан баран, ситэри этэр сиэринэн, аны удьуор өттүнэн түмүктүүм. Өлөксөй соҕотох бииргэ төрөөбүт убайа Дьарааһынтан, миигиттэн аҕа өссө үс киһи (Мааса, Ааныска, Борокуоппай) олох олорон ааспыттара, холбоон Күндэ сиэн аймахтара отуттан тахсабыт. Бэйэбин таарыйдахха, кэргэмминээн Зоя Тимофеевналыын үстэ уолламмыппыт. Кырабыт Ньургун (суруналыыс, магистр этэ) быйыл хомолтолоохтук олохтон туораата, улахаммыт ийэтин курдук быраас, Дьулустаан эмиэ суруналыыс, Москваҕа Академияҕа үөрэнэр. Удьуор салҕанар, убайдарын үтүө аатын сүрэхтэн
сүрэххэ илдьэ сылдьыахтара. (кылгатыллан бэчээттэннэ). Уйбаан Нуолур. 1997 сыл, балаҕан ыйа. “Чолбон” 1-кы №-рэ, 1998 сыл.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан