Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: Сүгэ өнчөҕүнэн сүүскэ биэрэрдии…

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: Сүгэ өнчөҕүнэн сүүскэ биэрэрдии…

K
edersaas.ru Категорията суох
29.01.2021 17:00
Саҥа 2021 сыл – Оҕус сыла үүммүтэ биир чаас буола оҕуста. Ону бигэргэтэрдии түүн оройун саҕана таһырдьа биир кэм аймалаһа сылдьар дьон кытайдар эстэр сэптэрин эһэннэр, халлаан көстүбэт аан туманы, ыыс-быдааны сандаарда дьөлүтэ-тэһитэ ытыалаан салюттааннар, уотунан-күөһүнэн уһууран аҕай биэрдилэр. Эбиитин сампааныскай бытыылкалара бүөлэрин төлүтэ тэбитэлээн кибиргэтии, ол аайы дьууктанан эрэр сибиинньэ курдук кыргыттар-дьахталлар кыланыылара-сарылаһыылара, сүүлүргээбит атыырдардыы эр дьон иҥиэрсиһиилэрэ, этэр курдук, Саҥа дьыллаҕы түүн серенадата буолан, өргө диэри өрөгөйдөөтө. Боппуоптар иллээх дьиэ кэргэн үмүрү хомуллан түмсэн, үөрэ-көтө Саҥа дьыллаатылар. Уруу-аймах күннэрэ тахсар күндү дьоно – минньигэсчээн сиэннэр ыллаан- туойан чуопчаараннар, кэпсээн-ипсээн чаҕаараннар, бырааһынньыгы эбии киэргэттилэр, сэргэхситтилэр. – Ии, көкөттөрүм, бэдэрчээннэрим, бырааһынньык да сылаалаах, сынньанаахтааҥ, күннээх сырдык түүлү түһээҥ. Барахсаттарым, сарынчааннаргыт сыыһыгар өссө биир сылы сүгэһэрдэннэххит, бороохтуйан иһээхтээтэххит, — Саҥа дьыллаабыт Чоргулла кырдьаҕас, иэйиитэ киирэн, чэпчээн, утуйан токуруһа сытар сиэннэрин бэрт минньигэстик сүүстэриттэн сыллаан сырылатта. Дьэ, өй-мэйии хаата дьон диэтэҕиҥ. Саҥа үйэ, саҥа көлүөнэ сахалар буоллахтара. Сиртэн көстүбэккэ сылдьан, бэлиэргиттэн тус санаалаах, көрүүлээх дьон. Үөйбэтэх-күүппэтэх өттүгүттэн ыйыталаһан-токкоолоһон ууга-уокка түһэрэллэрэ элбээтэ. Сиэннэриттэн сэрэнэр, дьаахханар да буолаары гынна. Эр дьон буолан, «эһээбитин кытта утуйабыт» диэн боппуруоһу быһаччы туруорбуттара. Хайыахтарай, эһээ оҕолоро буоллахтара. Кырачаана, Ээдьигэ дьыссаат киһитэ, ыстаарсай бөлөх иитиллээччитэ. Онон сарсыарда-киэһээ бииргэ бараллар-кэлэллэр, мэлдьи сиэттиһэ сылдьаллар. Инньэ гынан, ону-маны ыатараллара-ыаһахтаһаллара элбэх. Аҕыйах хонуктааҕыта, биир үтүө сарсыарда, сиэнэ сүгэ өнчөҕүнэн сүүскэ саайар курдук ыйытан хабылыннаран, эһээтин дөйүтэн түһэрэ сыстаҕа үһү: – Эһээ, эн өллөххүнэ миэхэ суотабайгынан төлөпүөннүүр буолуоҥ дуо? Чоргулла соһуйан, истибитин итэҕэйбэккэ, «ама бу мин сиэним, мин Ээдьигим саҥарар дуо», диэн бөтө бэрдэрэн туран хаалла. Сүрэҕэ кымаахтаталаан ылла, этин сааһа аһыллан «дьар» гына түстэ. Кырдьаҕаһыҥ, хата кыатанан, бэһиэлэйгэ кубулута сатаан: – Тоойуом, Ээдьиик, билиҥҥитэ, таҥара көмөтүнэн, өлбүттэр дойдуларыгар тиийбит суох. Дьэ, билбэтим, ол дойдуга суотабай төлөпүөн баара дуу, суоҕа дуу. Баар буоллаҕына, оттон, оҕобор төлөпүөннээн бөҕө буоллаҕа дии, – диэн бэһиэлэйдээбитэ буолан, бэрт нэһиилэ хоруйдаата. Дьэ, ити курдук тыллаах-өстөөх киһи, биэстээх сиэнчээнэ – Ээдьикчээнэ. Уонна, тугу булан ылаҕын… Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан