Кэпсээ
Войти Регистрация

БУЛТ СОНОРО (САЛГЫЫТА)

Главная / Кэпсээн арааһа / БУЛТ СОНОРО (САЛГЫЫТА)

K
edersaas.ru Категорията суох
23.06.2022 19:30
Бастакы адьырҕаны бултааһын Мэхээлэ сүүрбэ биэс сыл бултаабытын тухары уонча эһэни бултаата. Кырдьаҕаһы анаан-минээн сонордоспотоҕо. «Сүдү кыыл бэйэтин дьаалатынан сырыттын,» — диэн тойоннуур. Алҕас үүтээнин таба хаамтахтарына эбэтэр арҕахха киирбэккэ торҕоннообукка түбэстэҕинэ бултаһара. Эһэни ылбычча киһи мээнэ бултаабат. Өлөн да баран, киһи кутун баттыыр, тайаҕы курдук, киһи үөрэ-көтө астаабат сүдү кыыла буоллаҕа. Дьоннор эһэни аа-дьуо бэйбэрэҥнээн хаамарын аанньа, нэс, бытаан курдук саныыллар. Ыксал тирээтэҕинэ кини саҕа сымса, түргэн кыыл суох быһыылаах. Ыттартан куотарын туораттан көрдөххө, ыттар биир сиргэ үрэ-үрэ, лаҕыйа турар курдук көстөөччүлэр. Оннук түргэнник субуруҥнатан сүүрэр. Хайа да бэйэлээх киһи таба ытыах быһыыта суох. Арай биир күһүн, Кэҥкэмэ үрэҕинэн, Кэбээйи ыпсыытынан, табаарыһынаан Бааскалыын кыылга хаама сылдьан, күн ортотун саҕана ыттара бэс чагдаҕа үрэн лоҥкунаттылар. От-мас хагдарыйан, көтөҕө түһэн, тыа ырааһыран турар кэмэ. Дьыл бу кэмигэр, ыт үрэрэ сатараан, ыраахха диэри дуораһыйан, булчут сүрэҕин үөрдэр, долгутар кэрдиис кэмэ. Айгыр силик айылҕа хотун дьахтардыы нуоҕайа нусхайан, уурааннаах уһун кыһыҥҥыга бэлэмнэнэрдии иһийэн, кыра да тыаһы энчирэппэккэ иһитиннэрэр. Сүүрбэччэлээх эдэр уолаттар ыттар үрэллэрин истээт, аттарын быһа тиҥилэхтээн кэбистилэр. Булка үөрүйэх дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар ыҥыырдара хоодьугунаан, ындыылара эйэҥэлээн, сэндэҥэ ойуурунан сиэлэн сиэллэрэ арбаҥнастылар, кутуруктара сыыйылыннылар. Уйуһуйбут аттарын тохтотоот, ыстанан түһээт, көнтөстөрүттэн маска туомтуу тардаат, сааларын ылаат, бөкчөйөөт, сүүрбүтүнэн бардылар. Ыттар бэс чагда ортотугар, кыра ыркый ойуур быыһыгар, иҥнэри барбыт муҥураат тиити эргийэ сылдьан үрэллэр. Кыыл баара көстүбэт. Оттон ыттар үрэллэрэ уора диэн сүрдээх. Ол быыһыгар, эмискэ саҥалара сүтэн ылар. Уолаттар өйдөрүгэр кыылтан атын санаа суох. Бара сатаан, «бэдэри маска таһаардылар дуу?» диэн муҥураат тиити кыҥастаһаллар. Харабыыннарын ытарга бэлэм тутан, аргыый хааман киирэллэр. Онно көрдөхтөрүнэ, тиит тула саҥа хаһыллыбыт буор ыһыллыбыт. Сир анныттан бүтэҥитик ырдьыгыныыра иһиллэр. Уолаттар урут төһө даҕаны эһэни бултуу илик буоллаллар, арҕаҕы таба хаампыттарын билэллэр. Бааска дьиэни эргийэ баран, хадьы соҕус турар. Миисэ арҕахха ыга киирэр. Ыттар иччилэрэ кэлбиттэриттэн эрдийэн, арҕахха киирэ-киирэ тахсаллар. Урут эһэҕэ сылдьыбатах ыттар эрээри, киҥнэрэ сүрдээх. Төбөлөрүн иһирдьэ уга-уга төттөрү ойоллор. Син, саллаллар быһыылаах… Кырдьаҕас аҥардас сыта даҕаны, куттаан эрдэҕэ. Сир хара буолан, утуйбакка сыппыт эһэ сэргэх, ыттарга суоһурҕанан былтаҥныыра түргэн. Сыал олох биэрбэт. Бүө мас быстар да түгэн суох, бу тахсан барыах курдук. Миисэ «лось» харабыынынан былтайдаҕын аайы иккитэ ытан сыыһан кэбиһэр. Дьэ, үсүһүгэр сүүскэ түһэрэн уоскутар. Өлөрөн баран, салыбырас буолбуттарын дьэ билэллэр. Аны дьиибэтэ, Бааска тэйиччиттэн көрдөҕүнэ, адьырҕа арҕахтан былтас гынаат, хаҥас баппаҕайынан ыттары хаһыйаат, төттөрү тимис гынан хаалар эбит. Оттон Миисэ көрөрүнэн төбөтө эрэ былтаҥныыр. Дьэ, түргэн хамсаныы диэтэҕиҥ. Бултарын арҕахтан хостообуттара, иккилээх атыыр, кыра эһэ эбит. Уолаттар бастакы эһэлэрэ буолан, төһө билэллэринэн, сиэри-туому тутуһан сыыллараллар. Миисэ манна эрэ, бөлүүн үүтээҥҥэ түһээбитин өйдүүр. Били, ийэтэ кэпсиир, сарыы, оһуордаах таҥастаах эбэҥкитин кыыһа кэлэн, кэтэ сылдьар сонун устан биэрэрин. Эһэ тириитэ киниэхэ тиксэр. Ол аата, кыыс соно кырдьаҕас тириитэ буолан киниэхэ тиксибит эбит. Мэхээлэ сааһыран, түспэтийбит кэмигэр, биир адьырҕа, күөҥ көрсөөрү, икки сыл сонордоспута. Суолуттан сылыктаатахха аарыма кырдьаҕас быһыылааҕа. Мэхээлэ суолун быһарын, кэнниттэн батыһарын, бэл маска бэлиэ хаалларарын билэрэ. Арааһа куруук ыттаах сылдьарыттан дьаахханан эрдэҕэ. Ыттар эһэ сытын ылан, арҕастарын түүтүн туруоралларыттан уонна ырдьыгынаан тиистэрин килэтэллэриттэн, адьырҕа чугас сылдьарын билэрэ. Күһүн табаарыстарынаан тайахтыы сылдьан, эһэ маска бэлиэ хаалларбытын уолаттарга көрдөрбүтэ уонна иккис сылын биллибэтинэн батыһарын кэпсээбитэ. Онуоха уолаттар: — Миисэ, быһаҕынан арыый үөһэ суолла хааллар. Хайыыр эбитий, — дэстилэр. Быстах кэлэн ааһар дьоҥҥо көр курдук буоллаҕа. — Ээ, кэбис бээ, аар дьаалы бэйэтин киэбинэн сырыттыҥ. Тугун баран тыытыстахпыный, — Миисэ туох иһин сөбүлэспэт. Бэтэкээн сааһын тухары бултуур сирэ буоллаҕа. Бэйэ бодотун тардына сылдьара ордук. — Бу да киһи доҕор, куттаныах сир баранан. Элбэхпит дии уонна ыттар да, саалар да үчүгэйдэр. Былыр өбүгэлэрбит улуу, хоһуун булчуттара, эрэлэ суох, биирдэ эстэр чокуур саанан эбэтэр тайыынан бултууллара дии, — уолаттар күөттүү сатыыллар. — Бээ кэбис, сырыттын. Тыытыспаппын биллэҕинэ бэйэтэ дьаадьыйар ини… — кырдьык Миисэ эппитин истибит курдук, эһэтэ сурахтыын сүппүтэ. Дьэ, арай онно Миисэ, уолҕамдьы санаатыгар оҕустаран, эһэ маска бэлиэтин үрдүнэн быһаҕынан хайа суруйбут буоллун. Кырдьаҕас өй бөҕө буоллаҕа, дьон баарыгар саба түспэтэ биллэр. Аны тыаҕа сылдьар ыттар куруук атаҕын анныгар эриллэ сылдьыбаттар. Чааһы чааһынан сүтэллэрэ кэмнээх буолуо дуо. Дьэ, ол кэмҥэ, соҕотоххор түбэһиннэрдэҕинэ — иэдээн! Көрсүһүү тугунан түмүктэниэҕин айбыт айыылар эрэ билэн эрдэхтэрэ. Саныахха ыарахан. Билигин Мэхээлэ кырдьан олорон, сөпкө быһыыламмытыттан үөрэр. (Салгыыта бэчээттэниэ) Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах, Суотту, Уус Алдан Хаартыска: funart.pro ылылынна
edersaas.ru сайтан