Кэпсээ
Войти Регистрация

Тооромос лэппиэскэ сыта

Главная / Кэпсээн арааһа / Тооромос лэппиэскэ сыта

K
edersaas.ru Категорията суох
26.01.2021 19:30
Саха балаҕана. Борук-сорук хараҥаҕа көрдөххө, кырыанан бүрүллүбүт муус түннүк оһох күрүнньүгүнэн хараара өспүт. Балаҕан муннуктара чэҥинэн бүрүллэн, тымныынан аргыйан, киһи кута-сүрэ тохтообот. Көмүлүөк оһох имик-самык умайан сыыгыныыр. Хоруоран хаалбыт чугууҥҥа уу биллэр-биллибэттик оргуйан бүллүгүрүүр. Сэттэлээх Маайыс уонна киниттэн икки сыл балыс Тиимискэ, оһох сылааһыгар сыраллан туран, сотору-сотору күөстэригэр харахтарын быраҕан ылаллар. Улаханнара, аҕыстаах Кириискэ, уоттуйа тырыттыбыт ырбаахытын куул ыстааныгар ыга симинэрин быыһыгар күөһүн булкуйбахтаата. — Убаай, этиҥ буспата дуо?- Тиимискэ хап-хара кылахаччыйбыт хараҕынан убайын көрөр. — Аргыый. Мээнэ саҥарыма. Аны дьон истэригэр эт диэн хайыта бараҥҥын, ийэҕин хаайыыга ыыттараайыккыный? — Кириискэ улахан киһи быһыытынан быраатын буойар. — Дьон тугу да албыннаан ыйыттыннар, олох саҥарбат буол. Наһаа мөхтөхтөрүнэ, хайдах буолуохтаах этигиний? Убайын саҥатын дорҕооно ситэ бүтэ да илигинэ, кыра уол, хараҕын үрүҥүнэн-харанан көрбүтэ буолаат, тиэрэ таһылла түһэр. Көрөн турааччылара күлэн кыччыгынаһаллар. Тиимискэлэрэ биллэ-биллибэттик атаҕын ибирдэтэн ылар. — Тур, Тиимискэ, куһаҕаны биттэнимэ. Илдьи бустаҕына, биирдэ миинин иһиэхпит. Оччоҕо амтаннаах буолуо. Ити таһынааҕы туора топпут ыалбыт сүөһүлэрин төбөтүн бырахпыттарын көрөн, ийэбинээн эттээн, умуһахха бырахпыппыт абыраата да, бүтэн эрэр. Эбиитин кутуйахтар ыаллаһаллар. — Онтон чааркааҥҥар кутуйахтар киирбэттэр дуо? – Маайыс өрө сыҥарын быыһыгар ыйытар. — Дэҥнэтэн киирэллэр да, пахай, быраҕабын, аны кутуйах ыарыытыгар хаптарыахпыт. Учуутал инньэ диэбитэ. Ыарахан тиит халҕан нэһиилэ кыыкынаан аһыллар тыаһын истэн, Тиимискэ ааҥҥа утары сүүрэн тиийдэ: “Ийээ”, — диэбитинэн, ийэтин атаҕар сөрүөстэн кууһан ылла. — Уу, оҕом сыыһа…- Өрүүскэ уолун хам кууһан, кэтэҕиттэн сыллаан ылла,- хайа, һыллыы, хайдах олордугут? – ийэ хараҕа Кириисэтигэр хатанна. — Үчүгэйбит, ийээ. Учууталым миигин үчүгэйдик ааҕаҕын диэн хайҕаата, — Кириисэ кэпсиирин быыһыгар ийэтин чараас болтуо сонун уһулан, аан таһыгар баар мас көхөҕө ыйаата. — Ийээ, биһиги миин буһардыбыт. Олор, аһыахпыт, — уол төгүрүк остуолларын оһох таһыгар соһон аҕалла. Чугуун миискэтин нэһиилэ ыадаччы көтөҕөн остуол ортотугар уурда. — Уу, оҕом сыыһа, элбэтээри, барытын уу гыммыккын дии. Чэ, хата, син уу курдук буолуо дуо, биллэр биллибэт да буоллар, син амтаннаах буоллаҕа, — диирин быыһыгар, хас да сиринэн үрүт үрдүгэр сылгы кылынан үүйүллүбүт ылтаһын тэриэлкэлэригэр тохтубат гына көп түгэҕинэн миин куппутун оҕолор барахсаттар, ким эрэ былдьаан ылыа диэбиттии, сойутан үрэллэрин быыһыгар, барытын сыпсырыйан иһэн кэбистилэр. — Уонна сорҕотун сарсын сарсыарда иһиэххит. Билигин оҥостон утуйуоҕуҥ, — ийэлэрэ дьаһайар. — Ийээ, эн икки тэриэлкэни ис ээ, ыарахан үлэҕэ сылдьаҕын буолбат дуо, — Кириисэ ийэтигэр эбии кутан биэрэр. — Оҕом сыыһа, наар хараанныы сылдьар буоллаҕа.. Ураҕас мас курдук куйаабылланан, дьүдьэх да буолларгын, күн ахсын оттомуран, улахан киһи курдук быһаарыылаах тылгын-өскүн истэрэ буоллар, аҕаҥ барахсан төһө эрэ үөрэр, киэн туттар этэ. —
Ийээ, аҕабытыттан сурук кэлбэтэ дуо? — Маайыс ийэтин сирэйин өрө мыҥыыр. — Суох, суох. Аҕабыт биһиги көҥүлбүтүн көмүскээн, өлөрүн-тиллэрин да умнан туран, сэрии уотугар сылдьар. Билигин суруйар бириэмэтэ да суох. Суруйуоҕа. Оҕолорун умнаахтыа дуо, хаан-уруу дьоннорун күн ахсын санаан, сүрэҕэ ыалдьаахтыыр буоллаҕа, — ийэлэрэ кэпсиирин, аҕалара бэйэтэ кэлэн саҥара турарын курдук санаан, чуумпуран истэллэр. — Ийээ, ону эн хантан билэҕин? — Маайыс туоһулаһар. — Һыллыы, аҕаҕыт барахсан санаатын билбэт бэйэлээх буолуом дуо? Биһиги туспутугар сүрэҕэ-быара төһө эрэ ыалдьан сордоно сылдьаахтыыра буолла… — ийэ куолаһа титирэстээн ылар. Оҕолор саҥата суох ийэлэрин санныттан кууһаллар. — Чэ, бээ, бүтүөҕүҥ, оҕолорбун, бэйэлэрэ да кыраттан туттуна сылдьар дьону уйадытаары гынным. Бу лэппиэскэ сыыһа аҕалбытым, ону үллэстэн сиэҥ, — халадаай ырбаахытын тэллэҕэр туомтуу баайбытын сүөрэн, биир быһыы курдук лэппиэскэ тоорохойун таһааран Кириисэҕэ биэрэр. — Сарсын күнүс сиэхпит, — уол сыа-сым курдук тутан, таҥас өрбөҕөр суулаан, үөһээ өһүө баһыгар кыбытан кэбистэ. — Аам, сыта үчүгэйиин, — Маайыстаах Тиимискэ ымсыырбыттыы батыһа көрөн хааллылар, саҥата суох силлэрин быһа ыйыһыннылар, чаҕылыйа түспүт харахтарын, убайдарыттан кыбыстыбыттыы, умса көрөн кэбистилэр. Ийэлэрэ нэһиилэ сукуҥнаан туран, оҕолорун кэрийэ сылдьан баттахтарын имэрийэрин быыһыгар иэдэстэриттэн сыллаталаан ылаат, оронугар тиийэн токуллан сытта. Тиимискэни убайа ийэтин улаҕатыгар сытыаран баран, иккиэннэрин илдьирийбит нэк суорҕанынан, бэрт кыһамньылаахтык үллүйэн кэбистэ. — Чэ, Маайыс, ийэҥ атаҕар сыт. Билигин мин мас киллэрэн баран сытыам, — Кириисэ балтын дьаһайар. — Убаай, остуоруйа кэпсиэҥ дуо? — Тиимискэ ийэтин улаҕатыттан бүтэҥи саҥата иһилиннэ. — Сөп, кэпсиэҕим. Эһиги саҥата суох сытыҥ, ийэбит утуйдун, — уол аҕатын эргэрбит истээх сонун кэтэн тахсан барда. Кириисэ, таһырдьа тахсаат, күнүс сыралаһан бэлэмнээбит маһыттан аҕыйах хардаҕас, тиит мутуктара, лабаалара харааран, ыһыллан сыталларын хомойбуттуу көрөн турда. Халлаан наһаа хараҥарбатах, ый сырдыгар сир-дойду сырдаан, туналыйан көстөр. Арай көмнөҕү бүрүммүт тиит мастар халлааҥҥа харбаһан күлүктэнэн эбии уһаабыкка дылы сарбаһан, онтон хараара хаппыт чөҥөчөктөр киһини самнарыахтыы күлүгүрэн туралларыттан төһө да сүрүн баттаттар, дьоно утуйа сыттаҕына чугастааҕы тыаҕа бара сылдьарга сананна. Биир эмэ маһы соһон аҕалбыт киһи дии санаан, тэрээк сүгэтин ылан, сэниэлээх соҕустук туттан, тыаҕа барда. Куһаҕана диэн, ынах этэрбэһэ ирэ-ирэ тоҥор буолан, халтараана сүрдээх, сүһүөҕэ суохтук хаамара ыарахан соҕус, охтумаары, көмүрүө хаарга күүскэ тирэнэн хаама сатаата. Сотору халлаан сылыйыа. Чалбах бөҕө тахсан, хаары-ууну биллиргэччи кэһиэ этэ. Онтон сайын буоллаҕына, абааһы этэрбэһин, ийэтэ мөҥүө да буоллар, таһырдьа бөххө кыыратыа. Сир-дойду күөҕүнэн симэниэ, сибэкки үүнүө, үрүмэччи бөҕө көтүө, чыычаахтар ыллыахтара… . Баҕар, сэрии бүтэн, аҕалара кэлиэ. Оо, аҕалара кэлэрэ буоллар, оҕо сааһа эргиллэн, мэниктии-моҕотойдуу сүүрүө этэ. Сайын кэллэр, кэм балыктаан, кустаан эбиниэ этилэр. Дьиҥинэн, бүгүн балачча мас
бэлэмниэҕин, туһахха иҥнибит куобаҕын суоллаан, маһын ситэ бэлэмнээбэккэ хаалбыта. Куобаҕын да булбата, хата, ийэтэ барахсан мас бэлэмнэммэтэҕин көрбөккө киирэн абыраата. Онтон атын, сынньаммакка, түүннэри мас бэлэмнэһиэ этэ. Аҕыйах ый тулуйаллара буоллар, халлаан итийэн, сылааска тиийэн, хара сиргэ үктэниэ этилэр. Аҕата кыра эрдэҕинэ, көтөҕөн ылан үөһээ быраҕаттыыра, хатыылаах сэҥийэтинэн, оронноругар төкүнүтэ сылдьан сыллаатаҕына, чачыгыраччы күлэрэ. Оо, аҕам барахсан, тыыннаах эрэ эргилин, хаһан кэлэҕин, төһө эрэ үөрэр этибит. Ийэм алаадьы, кырбаһынан эт буһарыа. Санаатыгар аралдьыйан, уол мутуктан иҥнэн умса баран түстэ. Ыарыыланан балачча сыппахтыы түһээт, түөрт атах буолан сыралаһан туран, иҥнэн охтубут маһын хаартан хостоон чыраахтаста. Онтон сиэбиттэн ынах быатын таһааран, маһын төбөтүн баайаат, соһорго бэлэмнэнэн, быаны бэйэтин тула эринэ тардынаат, кэлбит суолунан дьиэтин диэки дьүккүйдэ. Нэһиилэ иэҕэҥнээн балаҕанын таһыгар кэлэн, сүгэтинэн маһын аҥардаан барчалыы сатаата да кыайбакка, нукаай курдук буолан, чигдигэ олоро түстэ, кыратык сынньанан баран туруом диэн санаан ылла. Дьиэ аана кыыкынаан аһыллар тыаһын истэн, нэһиилэ үнүөхтээн туран иһэн, балта Маайыс чуочаһыйан турарын көрөн, күүһүгэр күүс эбиллэргэ дылы гынна, ойон турбутун билбэккэ да хаалла. Балтын батыһыннаран, дьиэҕэ киирэн иһэн, оһох иннигэр турбут дьаадьаҥнаабыт төгүрүк остуоллара икки атах буолан иҥнэйэн турарын соһуйа көрдө. Остуол таһыгар ытаабыт сирэйдээх-харахтаах Тиимискэ тобугун имэринэ турар. — Тоҕо, киһиэхэ эппэккэ эрэ, түүннэри мас бэлэмнии бараҕын, суолга охтоору, — ийэтэ уолун хойуу будьурхай баттаҕын өрө-таҥнары имэрийэрин быыһыгар сэмэлээн киирэн барда, — эн суоххунан, биһиги утуйа сытарбытынан туһанан, быраатыҥ остуолу соһон, лэппиэскэ тооромоһун уоран сиэри, соҕотох остуолбутун суулларан, икки атах оҥордо, бэйэтэ, хата, улаханнык тугун да өлөрбөтөх гынан баран, иҥсэтигэр ыт буола сыста. Дьаабы киһи, — ийэтэ кыра уолун кэлэйбиттии көрөр. — Тобукпун өлөрдүм, дьуккуруйбут уонна көҕөрөн хаалбыт, — Тиимискэ өрө сыҥсыйарын быыһыгар, аһыннарыахтыы, тобугун имэринэ турда. — Бэйэҥ буруйдааххын. Иҥсэҕин кыана туттубаккын. Киэһэ аһаабыппыт буолбат дуо? Сааппат сирэй, убайа хаһааммыт лэппиэскэтин тооромоһун уорар…— эдьиийэ кыыһырбыттыы көрөр. — Мин уоруйах буолбатахпын. Онтон ити… лэппиэскэ сыта кэлэр этэ. Мин утуйа сатаабытым. Онтон… төрдүөн аҥардаһан сиэтэхпитинэ, туох да буолуо суоҕа дии санаабытым ,- уоллара бөтө-бөтө ытаан киирэн барар. — Чэ, бүт, һыллыы, ким да эйигин буруйдаабат. Ити лэппиэскэни бүгүн Эбээ Матырыас буһарбыта. Кырдьык, наһаа минньигэс сыттаах этэ, — ийэлэрэ кистээн мүчүҥнүүрүн быыһыгар кыра уолун кэтэҕиттэн сыллаан ылар. — Убаай, мэ, бу эн өлүүҥ, — Тиимискэ тооромос лэппиэскэни чиэппэрдээбитэ, айахха биирдэ угуллар, эбиитин сиигирэн хаалбыт лэппиэскэ тооромоһун убайын илиитигэр туттаран кэбистэ, — Онтон бу… ийэм, эдьиийим өлүү лэппиэскэлэрэ, — талах олоппоско уурбут лэппиэскэлэрин дьонугар ыйан көрдөрөр. Үһүөн саҥата суох сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Тиимискэ дьоно кыыһырбатахтарыттан эрдийэн, кэтэҕин тарбанарын быыһыгар, хараҕын уутун
соттон ньухханна. Татьяна Находкина Хаартыска: goodfon.ru, yakutskhistory.net
edersaas.ru сайтан