Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ааҕааччы суруга: Сахалыы хайдах саҥарабыт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ааҕааччы суруга: Сахалыы хайдах саҥарабыт
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.01.2021 17:00
Күн аайы оптуобуһунан айанныыбыт, ким үлэтигэр, ким уһуйааҥҥа оҕотун таһар, ким бэйэтин наадатыгар сылдьар. Олох сайдан, урукку курдук билигин ханна тиийдим диэн оптуобус түннүгүн манаспаккын, көмпүүтэр бэйэтэ эрдэтинэ ханнык тохтобул кэлбитин биллэрэр. Куорат олохтоохторо тохтобулу нууччалыы уонна сахалыы биллэрэллэрин истэ үөрэннибит: «Рынок — Ырыынак», “Студгородок — Устудьуон куората”, “Триумф – Өрөгөй», “Площадь Дружбы – Доҕордоһуу болуоссата”, “Музей – Түмэл» уо.д.а. edersaas.ru, В. Софронов Көстөрүн курдук, сорох тыл тылбаастанар, сорох тыл үтүгүннэриллэр. Интэриниэт ситимигэр, бэйэ да ыккардыгар элбэх мөккүөр баар, төһө да сахалыы саҥара, суруйа сатаабыт иһин, ордук хаһыакка нууччалыы тылы киьи билбэт гына сахалыы “тылбаастыыбыт” диибит. Ордук “Республика – Өрөспүүбүлүкэ», «Федерация – Бэдэрээссийэ”, «Депутат – Дьокутаат» диэн тыллар мөккүөрү таһаараллар. Бэйэтинэн тоҕо сахалыы «Республика» диэбэппитий? Тыл үөрэхтээхтэрэ научнайдык быһаараллара буолуо да буоллар, бу ыйытыыга бэйэм санаабын үллэстиэхпин баҕарабын. Хас омук тыла уратылаах Ханнык баҕарар омук тыла ийэ тылтан ситимнээх, саха тыла түүр омук, нуучча тыла индоевропейскай тыллартан төрүттээхтэр. Тыл сайдан истэҕин аайы уларыйар, атын омук тылын кытта буккуһар. Ол эрэн, төрүт биирдиилээн тыллар «кэл, бар, тур, олор, кыыс, уол», ахсаан «биир, икки, үс» уларыйбаттар, омук тылын сүрүнэ буолаллар. Тыл үөскүөн иннинэ маҥнай дорҕоон үөскүүр. Кыра оҕо маҥнай саҥарарын курдук бастаан аһаҕас дорҕоон үөскүүр: “аа, оо, уу, ии, ээ, ыы”, саха тылыгар “өө, үү”, нуучча тылыгар “ее” эбиллэллэр. Көстөрүн курдук, саҥара иликпититтэн омукпут тылын олуга уратылаах буолла. Дьэ онтон бүтэй дорҕооннор бараллар, бастакынан уос дорҕоонноро: “м-м-м, п-п-п, б-б-б”, үгүс омук маҥнайгы тыллара үөскээтэ: мама, папа, баба — сахалар маны эмиэ туһанар буоллубут. Нуучча тылыгар алын уос дорҕоонноро эбиллэллэр: “ф-ф-ф, в-в-в”. Иккиһинэн тиис дорҕооннор: “т-т-т, д-д-д, с-с-с, н-н-н”, нуучча тылыгар “з-з-з, ц-ц-ц” эбиллэллэр. Үсүһүнэн тиис төрдүн дорҕооннор: “ч-ч-ч, дь-дь-дь, нь-нь-нь”, нуучча тылыгар иһиирэр дорҕооннор “ш-ш-ш, щ-щ-щ, ж-ж-ж” эбиллэллэр. Халтай дорҕоон: “ый-ый-ый”, нуучча тылыгар ”йо-йо-йо (ё), йу-йу-йу (ю)”. Ол кэннэ таҥалай дорҕоонноро бараллар: «к-к-к, г-г-г, ҥ-ҥ-ҥ», нуучча тылыгар «кх-кх-кх» эбиллэр, онтон хабарҕа дорҕоонноро: «х-х-х, ҕ-ҕ-ҕ», сөтөл дорҕоон: “һ-һ-һ” — нуучча тылыгар суохтар. Онтон тыл уһугун дорҕоонноро: «л-л-л, ыр-ыр-ыр», нуучча тылыгар «ры-ры-ры» буолар. Сити курдук, хас омук тыла тус туһунан дорҕоонноох, уратылаах. Аны дорҕооннору сурукка буукубанан бэлиэтиибит. Саха тылын алпаабыта кириллицаҕа олоҕурар, нуучча тылын алпаабытын кытары 5 буукуба эбии киирэр. Ол иһин саха алпаабытыгар суох дорҕооннор эмиэ киирэ сылдьаллар. Икки буукубаны чопчулаан бэлиэтиэххэ наада, Х уонна Р, үөһээ этиллибитин курдук, нуучча уонна саха тылыгар тус туһунан дорҕооннору бэлиэтииллэр. Дорҕоон дьүөрэлэһиитэ Дорҕоон дьүөрэлэһиитэ. Саха тылыгар аһаҕас дорҕооннор ордук дьүөрэлэһэллэр, ол түмүгэр, бары билэбит, дифтонг үөскээбит: ыа, уо, үө, иэ. Аһаҕас дорҕооннор дифтонг эрэ көрүҥүнэн буолбакка
тыл оҥоһуутугар эмиэ дьүөрэлэһэллэр, холобур ӨРҮС диэн тыл хайдах даҕаны ӨРАС, ӨРЭС, ОРЫС буолбат, итинник тыллар суохтар. Саха тылын уратыта, тыл сүһүөҕэр бүтэй дорҕооннор кэккэлэспэттэр, хайаан даҕаны аһаҕас дорҕоонунан быысаһаллар. Сүһүөхтэр холбоһууларыгар кэккэлэһии эбэтэр хоһулаһыы баар буолар, ол иһин биир тылга иккиттэн ордук бүтэй дорҕоон кэккэлэспэт. Нуучча тылыгар 7-ҕэ тиийэ кэккэлэһиэхтэрин сөп: ТУРАГЕНТСТВО, СВЕРХВСТРЕВОЖЕННЫЙ, КОНТРВСТРЕЧА. Пааралаах бүтэй дорҕооннор – боростуой тыас бүтэй дорҕооҥҥо куолас эбилиннэҕинэ, парнай дорҕоон үөскүүр: П-Б, Т-Д, Ч-Дь, К-Г. Саха тылыгар тыл эрэ буолбакка, ааһа баран, тыл сүһүөҕэ куоластаах бүтэй дорҕоонунан түмүктэммэт! Холобур: дуб – дууп, коробка – хоруопка. Аны туран, дорҕооммут «ыр-ыр-ыр» буоларын быһыытынан Р иннигэр булгуччу аһаҕас дорҕоон баар буолуохтаах, ол эбэтэр Р букваттан саҕаланар тыл саха тылыгар суох (ЫРААС, АРААС, УРАҔАС, ҮРГЭЛ). Ити курдук быраабыланан сиэттэрэн саха тылыгар “п” уонна “г” дорҕоонтон тыллар эмиэ суохтар, ол иһин “Пурга-Буурҕа”, “Право-Быраап”, “Город-Куорат”, “Государство-Һудаарыстыба” буолаллар. Дьэ, бу түмүгэр нууччалыыттан сахалыы, сахалыыттан нууччалыы саҥарар уустуктардаах. Ордук нуучча тыллаах хабарҕа дорҕооннорун, оттон саха тыллаах нуучча тылын бүтэй дорҕооннорун хоһулаһыыларын кыайбат. Көстөрүн курдук, нуучча тылыгар уос-тиис, иһиирэр бүтэй дорҕооннор ордук сайдыбыттар. Тылбаас туһунан “Тылбааспытыгар” төннүөхэйиҥ. Оптуобус тохтобулларын да ылан көрдөххө, саха тыла төрүт, саҥа уонна киирии тыллардаах. Төрүт тыл былыр былыргыттан туттуллар буолан тылбаастанар: “Триумф – Өрөгөй», “Кровать — Орон”. Аан дойду үрдүнэн олохпутугар-дьаһахпытыгар урут суох саҥа процесстар үөскүүллэр, саҥа биридимиэттэр айыллаллар. Ол түмүгэр ханнык баҕарар омук тылыгар саҥа тыллар үөскүүллэр. Саха тылыгар саҥа тыллар эмиэ бааллар. Тыл үөрэхтээхтэр, суруйааччылар толкуйдаан, атын тылга дьүөрэлээн, саҥа сахалыы тылы айаллар, холобур: “Музей – Түмэл», «Детсад – Уһуйаан», «Дума – Ил-Түмэн», «Глава – Ил-Дархан», «Предприниматель — Урбаанньыт». Биллэрин курдук, наука сайдыыта үксүн Европаттан тахсар буолан, нуучча да, саха да тылларыгар саҥа тыллар үксүн киирии тыл быһыытынан эбиллэллэр, холобур “maschine—машина—массыына». Көстөрүн курдук, маннык тыллар кулгаахпыт хайдах истэринэн уонна тылбыт хайдах саҥарарынан — үтүктүү быһыытынан киирэллэр, тылбаас диир сыыһа. Нуучча тыла уонна английскай тыл биир индоевропейскай төрүттээх буолан майгыннаһаллар, ол иһин улаханнык уларыйбакка үтүктэһэллэр. Оттон саха тыла үөһээ быһаарыллыбытын курдук тосту уларытар, холобура, Россия – Арассыыйа буолар, бу манна Р дорҕоону хайдах таһаарарбыт оруолу оонньуур. Федерация – Бэдэрээссийэ, манна саха тылыгар ф, е, ц дорҕооннор суохтар. Депутат – Дьокутаат эбэтэр Дэпитээт буолуон сөп, манна аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһиитэ дьайда. Ити курдук Республика – Өрөспүүбүлүкэ буолар, манна эбии бүтэй дорҕооннор биир сүһүөххэ кэккэлэспэттэрин түмүгэр `ү` дорҕоон `б` кэннэ кыбыллар. Ол эрэн, саха алпаабытыгар нууччалыы дорҕооннор киирбит буоллахтарына, “Республика” диирбит сөп курдук. Билигин оҕо кыратыттан саха тылыгар суох дорҕооннору истэ, саҥара үөрэнэр. Олох сайдар тэтимэ үрдээн саҥа тыл
элбиир, барытыгар сахалыы тылы толкуйдаан ситиһэр кыахпыт суох дии саныыбын, үтүгүннэрэр эмиэ сыыһа, биридимиэт суолтатын биэрбэт буолар, холобур компьютер – суолтата вычислитель диэн, хампыйыытар диирбит олуона курдук, суоттуур массына диэҕи вычислительная машина диэн буолар. Биир өттүттэн маннык суолунан бардахпытына, тылбыт тосту уларыйар, Олоҥхобут тыла кинигэҕэ эрэ хаалар дьылҕаланар. Онон, күндү ааҕааччылар, ханнык суолунан тылбытын сайыннарарбытын быһаарыныах уонна өйдүөх тустаахпыт. В.Софронов. Дьокуускай.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан