Кэпсээ
Войти Регистрация

Булт соноро (САЛГЫЫТА)

Главная / Кэпсээн арааһа / Булт соноро (САЛГЫЫТА)

K
edersaas.ru Категорията суох
24.06.2022 21:19
Ыт киһи доҕоро Сэбиэскэй кэмҥэ сопхуостар ГОСПРОМХОЗ диэн тэрилтэни кытары дуогабардаһан түүлээхтэрин туттараллара. Хас сопхуос аайы охотовед баара. Булчут сыллааҕы былаана ортотунан 2000 солк. буолара. Онно тугу бултаан туттарарын бэйэҥ үтүө көҥүлүн. Сырыыны-айаны кыайбат кырдьаҕастар андаатардыыллар. Андаатар тириитэ 3 солк., саһыл — 30 солк., бэдэр — 20, тииҥ — 3, солоҥдо — 10, кырынаас — 11. Оччолорго киис суох. Онон сүрүн бултара андаатар уонна тииҥ. Булт алтынньы 15 күнүттэн олунньуга диэри. Булду төрөөтүн-ууһаатын диэн эрдэ тохтотоллоро. Билиҥҥи курдук сыарҕа хаара алдьаныар диэри сылдьыбаттар. Ханнык баҕарар булчут ыта үчүгэй буоллаҕына бултуур. Мэхээлэ сүүрбэ биэс сыл бултаабытын тухары, араас ыты ииттэ. Айылҕатынан да буоллаҕа, саха хааннаах ыт тыһа барбатынан үчүгэйдээх. Кыһыҥҥы булт кэмигэр үчүгэйдик аһата-сиэтэ, көрө-истэ сырыттахха быһа түспэт. Саха ыта сүүрэрэ бытаан гынан баран, сүрэҕэ-бэлэһэ, ньоҕойо, харса суоҕа сыттаҕа. Булчут ыт үүтээҥҥэ анал миэстэлээх буолуохтаах. Хаарынан уйа оҥоһуллар, сытарыгар халыҥ от тэлгэниллэр. Ыт бу, мин анал миэстэм диэн өйдөөтөҕүнэ үчүгэйдик утуйар, нус-хас сынньанар. Мээнэ ханна түбэһиэх сытар ыт сылаата тахсар гына сынньаммат, эрдэ бырда быстар, сүрэҕэлдьиир, бултуур баҕата ханнар. Булчут удьуордаах ыт анал үөрэххэ соччо наадыйбат. Өрдөөҕүтэ Умка диэн ыттана сылдьыбытым. Ол ыт миэхэ борбуйун көтөҕөн баран кэлбитэ. Умканы Сунтаар булчут оҕонньоруттан Кырбасов Сэмэн ылан куоракка таас дьиэҕэ тута сылдьыбыт. Ыт айылҕатынан буолуо, бүтэй дьиэҕэ хаалларын өлөрдүү абааһы көрөн, аанньа аһаабакка моору буолан, дэлби улуйан, ытаан-соҥоон кэхтэр аакка барбыт. Онтон ыксаан, аһынан Сэмэн ытын тастыҥ бырааппар биэрбитин миэхэ тиксэрбитэ. Боруодатынан лаайка буолбатах, муус маҥан дьүһүннээх, уҥуоҕунан улахана суох эрээри, кэтит түөстээх, халыҥ түүлээх. Ыппын аан бастаан баайан туран аһатан, имэрийэн, кэпсэтэн бэйэбэр сыһыардым. Ыт куораттан тыаҕа тахсан сэргэхсийдэ, көрөрө-истэрэ сытыырхайда, аһыыра-сиирэ тубуста, иһиттээххэ топпот буолла. Булка төһө да илдьэ сылдьыбатарбын, ытым бултуохтааҕар бүтэйдии итэҕэйдим. Булка бастакы күнүттэн, андаатарга тута баран үөртэ. Күнү быһа күөлү биир гына кэрийэн, тоҥуу хаары оймоон, андаатар тыын ылар ойбонун көрдөөн эрэйдэммэт буоллум. Бэйэм да сынньанным, булдум да өлгөм буолла. Умкам барахсан киһилии эрэ саҥарбат этэ. Тугу бултуурбунан көрөн, атын булка аралдьыйбакка, халтай хаамтарбат. Күһүн табаарыстарым үһүө буолан кыылга хаама бардылар. Умкабын уларыстылар. Ытым бастакы иччитэ Кырбасов Сэмэн баар. Ыттар бары тайаҕы үрбүттэр, Умка барахсан сытар үһү. Тыаттан киирэн баран, Сэмэн «Умканы өлөрөбүн,» — диэн турда. Онуоха өһүргэнним: — Умка мин ытым. Үчүгэй андаатардьыт, атын да булка барыа, — диэтим. Ону истэн, кырдьаҕас булчут Ньэмнээкээн оҕонньор: — Сэмэн, бу туох буоллун доҕор! Быстах санааланыма. Үтүө ыт улуутумсуйар баҕайыта. Ол аата, «бу мин туруорбатах тайаҕым, онон орооспоппун, бэйэҕит киэнин бэйэҕит билэҕит,» — диэн. Кырдьык да оннук быһыылаах. Булка бас-көс ыт баар буолар. кыыл чалбараҥар бастаан кини аһыыр. Топпутун кэннэ дьэ, атыттар саба түһэллэр. Умканы тайахха анаан-минээн үөрэппэтэҕим. Арай биирдэ, Шестаков Балыарыйдыын тииҥнии таҕыстыбыт. Ыҥыыр аттарынан сылдьабыт. Көрбүппүт алыы саҕатыттан икки тайах биһигиттэн сээбэҥнээн, аргыый хаамсан тыаҕа киирдилэр. Умка кыылга барбат диэн кыһаммаппыт. Сотору Умка үрэн баргыйара иһилиннэ. Балыарый ыта иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии тоҥуу хаарынан бурҕайа турда. Биһиги тииҥи үрэр диэн кыһаммаппыт. Аргыый сыҥнаран иһэбит. Ыттарбытыгар чугаһаабыппыт, мас-от барчаланара иһилиннэ. Тайах буоларын билэн, аттарбытын баайаат, сатыылаатыбыт. Ыттарбыт барахсаттар икки тайаҕы хаайан тураллар эбит. Олору эр-биир охтортоотубут. Дьэ, онтон ылата Умка эҥкилэ суох кыылга барар буолбута. Умкабын кэнники бэлиэтии көрбүппүнэн, тайахха саба сүүрэн киирбэт эбит. Аргыый ньаҕыйан үрэн, албыннаан, иннин күөйэн тохтотор. Тайах да ыт куттала суоҕун билэн уоскуйар, кыыл барбат. Сороҕор тайах ыкка үрдэрбэт, тэппит атаҕын кубулуппакка барар кэмнэрдээх буолар. Оннук тайаҕы Умка өр эккирэппэт, сотору төннөр. Онон сэниэтин да эспэт, булчуту да халтай хаамтарбат. Сорох ыттар уордара диэн, эмискэ сүүрэн кэлэн үрэн, тайаҕы кыыллаан кэбиһэллэр. Кыыл аата кыыл буоллаҕа, ороһуйдаҕына хара сиргэ бөрөҕө да ситтэрбэттии барар. Дьэ, оччотугар булчут сиргэ хоно-хоно эккирэтээхтиир. Былыр Үөһээ Бэтэкээҥҥэ олохтоох Өндөрүүскэ Дьөгүөрэ диэн булчут, ыта кыылы туруорбутун эккирэтэн, сиргэ түөрт хонон, бэһис күнүгэр Кэбээйи сиригэр ситэн бултуур. Эттэххэ дөбөҥ. Нам сириттэн дьэ, ыраах сир. Бу, аҥаардас ытын төннөрөөрү. Булчукка ыт барахсан оннук күндү буоллаҕа. хата, чугас Кэбээйилэр субан сүөһүнү кыстатан турар сирдэрэ баар эбит. Төннөрүгэр ол дьоҥҥо кыылын этин ыйан биэрбит. Умка буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн тыа булдугар дэгиттэр дьоҕура арыллар. Кырдьаҕаска да кутун-сүрүн баттаппакка, куттанан куоппакка үгүс эһэ отуутун тэрийдэҕэ. Мэник да буулдьаҕа табыллан, адьырҕа баппаҕайыгар кииртэлээн, үгүс мүччүргэннээх сырыыларга сырыттаҕа. Арай биирдэ, күһүн тутуһуу кэмигэр, кыылга хаама сылдьан, ыттар тутуһуулаах кыыллары туруордулар. Атыыр тайах, маска охсуллар муоһун тыаһа өрө лаһыгыраан, маһы-оту барчалыыра, ыттарга күрдьүөттээн көхсүн тыаһа күрдүргүүрэ, ыттар үрэллэрэ, иһийэн турбут тыаны ылан кэбистэ. Уолаттар үөмэн, саа ылар сиригэр киирдилэр. Бүөккэ маска сөрөнөн туран СКС харабыынынан ытыалаан тиҥиргэтэр. Атыыр тайах табыллан, өһөхтөөҕүнэн көрөөт, хаана саккырыы-саккырыы тыаҕа ыстанар. Умка табыллан сары-ору бөҕө. Били, маа бэйэлээх маҥан дьүһүнэ хааҥҥа биһиллэн сүөргү көстүү. Хата, буулдьа уҥуоҕун алдьаппакка сыҥааҕын курдары сүүрбүт. Онон сотору өрүттэр. Булчуттар Умка хайдах таптарбытын ырыҥалаабыттара маннык буолбут. СКС харабыын уоҕа диэн, сатахха буулдьата суптугур буолан, тайах уҥуоҕуттан иҥниэ дуо. Кыыл биир сыҥааҕын уҥуоҕун уҥуордаан, иккис сыҥааҕыттан халтарыйан умса охсон, үрэ турар Умкаҕа, аллара түһэр. Ол иһин, үөрүйэх булчуттар кыылы алдьатыыта элбэх буоллун диэн уһаты ыта сатыыллар. Туора ыттахха көҥдөйдөппүт кыыл, бааһа итиитигэр төһө баҕарар ыраах барыан сөп. Умкам барахсан сааһын моҥооботоҕо. Биир тыһы ыты батыһан барбыта, ол айыыта онон. Саатар кырамтата көстүбэтэҕэ. Ыллык диэн эмиэ үчүгэй ыттана сылдьыбытым да Умкаҕа тиийбэт курдук этэ. Уопсайынан, булчут үйэтигэр биир-икки үчүгэй ыттанар эбит. Бултуурум тухары араас ыты иитэ сатаатым. Арааһа ыты ыкка тэҥниигин быһыылаах, Умкам курдук ыт үөскээбэтэҕэ. Арай биир күһүн Бэтэкээним үүтээнигэр сытан тайахтаатыбыт. Хас да күн хааман мэлийдибит. Сатахха ыттарбыт даҕаны, билсибэт буолан тутуһан кэбиһээри ол айдаана. Хойутуу Бааска ньэмиэскэй апчааркалаах кэллэ. Биһиги бу ыты олох ахсарбаппыт. Бааска истибэтигэр хаадьылыыбыт, көйгөтө тутабыт. Хайдах эрэ наар, киһини эрэ ытырарыгар бэрт буолуо дии саныыбыт. Ньиэмэспит ыта оннук бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьар. Олохтоох ыттар да саба түспэттэр. Саллаллар быһыылаах… Сарсыҥҥытыгар эмиэ хаама бардыбыт. Күн ортото ыттарбыт үрэн баһырҕастылар. Биһигини батыһа сылдьар ыттар, ыттар үрэллэрин истээт субурус гыннылар. Сыбарга тиийэн киэҥ араллаан бөҕөтө буолла, уонча ыт үрэрэ, мэлийэ сылдьар дьон, сүргэбитин көтөхтө. Ыттар үрэллэриттэн иһиттэххэ, онно баран тохтотоллор, итиннэ аҕалан үрэллэр. Биһиги тайах диибит. Онтукайбыт олох даҕаны, кырдьаҕаһы үрэн кулахачыта сылдьаллар эбит. Адьырҕа ити үлүгэр маргыар быыһыгар биһигини көрө оҕуста, олоро биэрдэ. Ол кэмҥэ ньиэмэспит ыта кэнниттэн сууллары тардан түһэрдэ. Эһэбит төкүнүйэн эрэрэ да, түөрт атах буолаат түүтэхтэнэ турда. Биһиги элбэхпит, куттаммаппыт, сааларбыт да үчүгэйдэр. кэннилэриттэн батыстыбыт. Сыбар тыа буолан хаамтарыынан сылдьабыт. Ат маска үөлүллүөх курдук. Дьэ, оннук күн аҥара эккирэтиһэн, бэс чагдаҕа бултаатыбыт. Арҕахтаары сылдьар адьырҕа буолан, тутум сыалаах этэ. Ити кэнниттэн өссө биир кырдьаҕаһы бултаатыбыт. Эрдэ тахсыбыттар сөп буоларбытын бултаан дьиэлээтибит. Бааска атын хампаанньаны кытары, ньиэмэһин ытын илдьэ, бултуу барда. Ол баран, өссө биир тыатааҕыны өлөрбүттэр этэ. Эһиилигэр эмиэ адьырҕаны бултаабыттара. Ньиэмэспит ыта кимэ-туга оннук биллибэккэ хаалбыта. Хас да сыл ааспытын кэннэ, куорат булчуттара сир харатыгар, эмиэ ньиэмэс апчааркалаах сылдьан биир эһэни бултаабыттара. Бааска кэнники ытын тыаҕа таһаарбатаҕа, кырдьаҕас да бултамматаҕа. Ыт бэйэтин айылгытынан харабыл буолбута. Бу сааһыран олорон санаатахпына, ньэмиэскэй апчааркалар ытырарга эрэ ананнахтара, оннук да үөрэннэхтэрэ. Бу ыттар, эһэни бойбурдааан тохтотоллор эбит. Ол кэмҥэ биһи ыттарбыт, хаайан биэрэллэр. Уонна хаһан да хара сиргэ тыатааҕыны бултаабатахпыт. Биһиги ыттарбыт таба түбэстэхтэринэ куоттараллар эбит этэ. (Салгыыта бэчээттэниэ) Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах, Суотту, Уус Алдан Уруһуй illustrators.ru
edersaas.ru сайтан