Кэпсээ
Войти
Регистрация
Икки атахтаах ыарыы диэн тугун билбэтин…
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Икки атахтаах ыарыы диэн тугун билбэтин…
K
edersaas.ru
Категорията суох
23.01.2021 17:00
Доруобуйа — киһи саамай күндү баайа. Ону доруобай киһи сыаналаабат. Ыарыыны этинэн-хаанынан билбит эрэ киһи доруобуйа туохха да тэҥнэммэт баай буоларын сыаналыыр… Сэмэн Тиихэнэп үөрэҕин бүтэрэн ыал буолан, талбыт курдук уоллаах кыыс оҕолонон, дьиэ-уот туттан аныгы киһи сиэринэн дьоҕус тэрилтэ арынан сүүрэ-көтө олох үөһүгэр сылдьыбыта. Элбэх оҕолоох ыал улаханнара бырааттарын, балтыларын барыларын көрөн олорбута. Доҕотторун көрдөһүүлэрин быһа гыммакка өрүү көмөлөһөрө. Олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылаан, үөрэ-көтө олорор ыал кыырпаҕа суох ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии ыарахан ыарыы Сэмэни булан, эдэр киһи олоҕо соҕотохто сүүс аҕыс уон кыраадыс уларыйбыта… «Киһи-киһи курдук хаама сылдьан доруобуйаҕа кыһаммат буолар эбиккин… Киһи сиэринэн кыһалҕата суох олорор баҕа санааны ким баалыай? Түүннэри-күннэри утуйар уугун умнан туран сынньаммакка үлэлээтэххэ эрэ үлэ таһаарыылаах буолар дии саныырым. Аҕыйах чаас утуйан, сүгүн аһаабакка, уһун унньуктаах айаҥҥа сылдьан доруобуйабар оҕустаран барбыппын бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Хаан баттааһына үрдүүрэ — киһиэхэ үксүн биллэрбэккэ сиир ыарыы эбит. Инсульт — диэн ыарыы туһунан төһө даҕаны салла иһиттэрбин, бэйэбэр чугастык ылыммат этим. Хаһан эрэ ыалдьыам диэн өйбөр оҕустарбатым. Ол бэйэм баара эрэ отут үс саастаахпар эмискэ өйбүн сүтэрэн охтон түспүтүм… Онтон ыла сүүрэ-көтө ыксыы-тиэтэйэ сылдьыбыт бэйэм — балыыһалары кэрийэр аакка барбытым. Сыппатах балыыһам Дьокуускай үрдүнэн ордубатах курдук. Ыарыы буллаҕына соҕотох кэлбэт эбит. Оҕустарыы түмүгэр энцефолопатия диэн диагноз туруорбуттара, уҥа хараҕым тымыра быһа баран, салаппаан нөҥүө көрөр курдук буолбутум. Аны быраастар чопчу көрөн испэккэ, бэйэ-бэйэлэригэр бырахсан наһаа өр бириэмэни ыытар курдуктар… хайыаҥый, ирдэбил оннук үһү. Балайда өр көрдөрбүтүм кэннэ харахпын эппэрээссийэлээбиттэрэ. Ол кэннэ сүрэҕим улааппыт, быарым мөлтөөн, устунан аҥар бүөрүм аккаастаан кэбиспитэ. Биирдэ аналиһым куһаҕан буолан, онкологияҕа ыытан, тыҥабыттан искэҥ булбуттара. Эппэрээссийэлэммитим кэннэ, аны оһоҕоспор тахсыбыт этэ. Барыта куһаҕан түүл курдук. Соторутааҕыта аҕай дьиэ тутан дьэндээритэ, уолаттары кытары сырса киһи тэҥинэн сылдьыбыт бэйэм билигин… Балыыһаҕа сытан киһи арааһы көрөр. Бу ыарыынан күн аайы балыыһаҕа тохтоло суох киирэллэр, оннук элбэх киһини сиир ыарыы эбит. Сааһырбыт кырдьаҕас эрэ дьон буолбакка, эдэр дьон ыалдьаллара кыһыылаах. Арыгы иһэр, табах тардар, кофены күҥҥэ хаста эмэ куоталаһа-куоталаһа иһэр дьон өйдөнүҥ! Үлэ буоллар турдун, харчы буоллар күүттүн! Доруобуйаны хайдахтаах да баай-дуол, харчы, үрдүк соло абыраабат эбит, доҕоттоор… Ыал буоларбар, төрөөбүт күҥҥэ «чэгиэн доруобуйаны баҕарабын», «доруобуйа баар буоллаҕына, барыта баар буолуо», «бастатан туран доруобуйаны» дииллэрин ыалдьыахпар диэри өйдөөбөт этим… Бу тыллар хайдахтаах курдук дириҥ ис хоһоонноохторун билигин өйдүүбүн…, туох-хайа иннинэ бар дьоммор доруобуйаны эрэ баҕарабын… Инсульт кэннэ уҥа өттүм улаханнык мөлтөөбүтэ, илиим салыбырас, атаҕым соһулла сылдьар этэ… Тылбар эмиэ улаханнык дьайбыта, биир тылынан киһи аҥара эрэ ордон хаалбытым. Күөгэйэр күммэр сылдьар киһиэхэ олус ыарахан… Ыалдьан баран
тас көрүҥҥэр кыһаммат буолар эбиккин, барыта синэ биир курдук: баттах да кырыйтарар санаа кэлбэт. Дьон уулуссаҕа көрдөҕүнэ туох эрэ бомжтан дуу, арыгыһыттан дуу курдук дьалты туттар… Кинилэр мин ыарахан ыарыыга ылларбыппын билбэттэр — ол иһин кынчарыйа көрөн эрдэхтэрэ, онтон миэхэ олус ыарыылаах, кыһыылаах-абалаах… Урут хааман истэхпинэ кыргыттар хайыһан көрөр уоллара этим буоллаҕа… Чэ билбэт дьон буоллун даҕаны баҕар… оттон этэҥҥэ эрдэхпинэ элбэхтэ көмөлөспүт доҕотторум, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрим, өйөөбүт-өйдөөбүт дьонум ханнаҕытый билигин?! Күнү супту өрө хабыллан олорор төлөпүөнүм иһиллээбит курдук соҕотохто чуумпуран хаалбыта. Биирдэ эбит кэпсэтээри эрийдэхпинэ — дьон барыта солото суох курдук, бары ыксыы сылдьаллар… Оттон миэхэ биир «дорообо» диэн тыл күндү. Биир чугас доҕорбор урукку курдук кэпсэтээри эрийбиппин: «Сэмэн, аны эрийимэ, кэпсэтэр бириэмэм олох суох!» диэбититтэн төһөлөөх хомойбуппун тылынан сатаан тиэрдэр кыаҕым суох. Урут бииргэ бултка сылдьар доҕотторум билигин тыаҕа илдьэ барыахтарын куттаналлар, биирдэ эбит хара күүспүнэн барсааччыбын даҕаны, куруук кэтэбилгэ сылдьарбыттан кэнники бэйэм да тылламмат буолбутум… Ыалдьар киһиэхэ — дьон болҕомтото олус күндү буолар эбит. Кыайаргын кыайбаккыттан, урут ааһан иһэн сатыырыҥ билигин сатамматыттан олус ньиэрбинэй, кыыһырымтаҕай, уйан буолаҕын. Барытын чугастык ылынар уйулҕаланаҕын. Ааһан иһэн билбэт киһиҥ кынчарыйдаҕына, тыйыс көрүү дууһабын сытыы кылыһынан таарыйар курдук. Оттон ким эбит алҕас мичээрдээтэҕинэ, киһилии кэпсэттэҕинэ дууһаҥ көнньүөрэр, үөрэр. Киһиэхэ дьиҥинэн кыра да наада курдук… Туох-хайа иннинэ дьиэ кэргэним көмө-тирэх, өйөбүл буолан олоххо эргиппиттэрэ. Кэргэним өйөөн, оҕо курдук бүөбэйдээн, сылаас сыһыаныгар суулаан, элбэҕи тулуйан кэллэ… кини — мин олоҕум суолугар көстүбүт сирдээҕи аанньалым буоларыгар итэҕэйдим. Балыыһаҕа сытан киһи арааһы көрөр — бииргэ балыыһаҕа сыппыт уолум инбэлиит буолбутун кэннэ кэргэнэ арахсан барбыта, ол санаатыгар ылларан быйыл саас суох буолаахтаата… Саамай кыһыйарым диэн хаарыан доруобуйаларын кэрэйбэккэ бэйэлэригэр тиийинэллэрэ. Атах балай кэридэхтии сылдьар бомжтартан абарабын. Эбэтэр кыһалҕаҕа ылларбыта буолан арыгылыы сылдьар дьонтон… кинилэр хайдахтаах курдук баайдаахтарын, дьоллоохторун билбэттэр. Атаҕынан хаамар, илиитинэн тутуһар, саҥарбыта өйдөнөр киһи — дьоллоох киһи диэн сыаналыыбын… Киһи тымыра олус кэбирэх, хаһан баҕарар эмискэ быһа баран хаалыан сөп. Хаан баттааһына үрдүүр-намтыыр буоллаҕына, эрдэтинэ балыыһаҕа тиийэн көрдөрөр, ыарыы кыра эрдэҕинэ эмтэнэр ордук. Харчыны эккирэтэн кыаҕы таһынан үлэлиири, харыстаммат буолары тохтотуҥ. Ким даҕаны маннык ыарыыттан «страховката» суох. Этэҥҥэ сылдьар дьон ыалдьар дьоҥҥо сыһыаҥҥытын хаһан даҕаны уларытымаҥ, киһи киһиэхэ сыһыана саамай күндү бэлэх. Уулуссаҕа билбэт киһигитин сүөргүлээмэҥ, баҕар арыгыһыт буолбатах, ыарыыга ылларан, оҕустаран сылдьар киһи буолуон сөп. Бу орто туруу дойдуга күлүм гынан ааһар олоххо иэгэйэр икки атахтаах ыалдьар диэн тугун билимиэн баҕарабын…». edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан