Кэпсээ
Войти
Регистрация
Уруккуну санаабыт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Уруккуну санаабыт
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
23.07.2020 13:28
Сэрии иннинэ биһиги нэһилиэкпитигэр икки холкуос баара, «Сталин» уонна «Кыайыы суола» диэннэр. Оччотооҕу хомсомуоллар аҕыйахтыы хоно-хоно мустан мунньахтаан моргуһан тахсарбытын өйдүүбүн. Мунньахтарбыт бэбиэскэлэрэ, үгэс курдук, «аныгы сайдыыны, култуураны маассаҕа тарҕатыы», «абааһы суоҕун хараҥа нэһилиэнньэҕэ дакаастааһын», «тирээн турар идеологическай үлэ», «аан дойду балаһыанньатыгар политинформация», «бырааһынньык тэрээһинэ» диэн курдук судургу буолаллар этэ. Билиҥҥи дьон истэригэр ити барыта соччо солуута суох курдуга буолуо эрээри, кырдьык-хордьук, сүүрбэттэн эрэ тахса бэйэбит киэһэ хараҥаҕа диэри ибили мөккүһэн, тиритэн-хорутан, кыайан-хотон тарҕаһар этибит. Ити билигин ким да туохха да кыһаллыбат, оттон ол саҕана хас биирдии саха суруйааччытын кинигэтэ тахсыбыта, сурунаалга интэриэһинэй кэпсээн бэчээттэммитэ, соҕуруу ханнык эрэ собуокка саҥа тыраахтар, бойобуой сөмөлүөт, тааҥка саҥа көрүҥэ айыллыбыта барыта улахан уопсай кыайыы быһыытынан ылыналлара. Ол биһиэхэ эрэ буолбатаҕа чахчы, дойдуга барытыгар да оннук буолуохтаах. Уопсайынан, олохпут олус интэриэһинэй, күөстүү оргуйар этэ. Нэһилиэк хомсомуолларын мунньаҕар үксүгэр холкуос суоччута Сэмэнэп Сэмэн, биһиэхэ барыбытыгар Сэмэй Сиэҥкэ диэн аатынан биллэр сүүрбэтин лаппа ааспыт уол бас-көс курдук буолара. Кини кыра оҕо эрдэҕиттэн аҕатын, убайдарын кытта Өрүскэ (билиҥҥи Өлүөхүмэнэн, Хаҥалаһынан) баран үлэлэһэ сылдьыбыт буолан, биһигиннээҕэр, үрэх баһын дьонунааҕар, быдан киэҥ билиилээҕэ, нууччалыы холкутук быһаарсара, дуоспуруннааҕа, маанытык таҥнара. Мунньах кэмигэр кини хаһан да чобуорхайа, омуннуран этэ-тыына олорорун өйдөөбөппүн, аатыгар да этиллэрин курдук бэрт сэмэйдик туттара. Ол эрээри, түмүк тыл мэлдьи киниэхэ бэриллэр быһыылааҕа. Мунньахтарга, уопсастыбаннай үлэҕэ биир биллэр-көстөр киһибитинэн мин төрөөбүт сайылыкпыттан уонча биэрэстэлээх Көрдүгэн диэн алааска үөскээбит, миигин кытта саастыы Кэтириис кыыс буолара. Кини биһикки оҕо эрдэхпититтэн бииргэ бодоруһан кэриэтэ үөскээбит дьон буолан олус эйэлээх сыһыаннаахпыт, мөккүөрдэргэ эҥин биир куомун буоларбыт. Дьон саҥатын бэркэ болҕойон истэн олорон, уоһун иһигэр күлэн мүчүк-мүчүк гынан баран, киһи үөйбэтэҕин-ахтыбатаҕын, ким да кыайан эппэтин, олус сытыыны-өйдөөҕү, күлүүлээҕи туох да буолбатаҕын курдук «ааһан иһэн» этэн кэбиһэн сөхтөртүүрэ. Уопсайынан, ити курдук эмискэ толкуйдуу охсон булан этэргэ кыргыттар тыллара быдан сытыы буоларын киниттэн сылтаан бэлиэтии көрөр буолбутум. Кэтириинэ кыыс тас дьүһүнэ – бэйэтэ туспа кэпсээн. Кини дьоно былыргыттан да кыанар аймах буолан, таҥаһа-саба, быһыыта-тутуута, иитиитэ биһигиттэн чыҥха атын этэ. Кыаммат, түҥкэтэх сир оҕолоро үксүгэр мара-бүрэ, кэнэн буолааччылар, олор ортобутугар кини хантан эрэ атын сиртэн алҕаска кэлэн хаалбыт курдуга. Аныгы дьон этэллэригэр дылы, уопсай хартыынаҕа ханан да дьүөрэлэспэтэ. Дьулугураабыт уһун уҥуохтааҕа, кыым саҕылла сылдьар сытыы арылхай харахтааҕа, имигэс бииллээҕэ, түргэн-тиэтэл хамсаныылааҕа, уонна... ханна да чугаһынан суох такымынан охсуллар ыас хара уһун суһуохтааҕа. «Баттаҕым сиринэн соһулла сылдьыбатын диэн лэппийэр үһү» диэн оҕолор сөҕөн кэпсэтэллэрин өйдүүбүн. Хааман-сиимэн курбалдьыйдаҕына, суһуоҕа кэннигэр ханан эрэ ыраах тэлээрэн иһэр буолара. Холкуоһун дьоно, кырдьаҕаһыттан оҕотугар тиийэ, бары кинини олус сөбүлүүллэрэ, ону ааһан атаахтаталлара
да быһыылааҕа. Бэл, кырдьаҕас оҕонньоттор «Биһиги Кэтириискэбит, кыыс да кыыс» диэн сөбүлээн, манньыйан кэпсэтэллэрэ өйбөр хаалбыт. Эппитим курдук, кини биһикки ураты сыһыаннаах этибит. Төһөтө кырдьыгын билбэтим, ол гынан баран ыаллыы сайылыгым кыргыттара «Кэтириис эйигин сөбүлүүр үһү» диэн хаста да кэпсээн улаханнык долгутан, ууга-уокка киллэрэн турардаахтар. Оччолорго мин таҥаһым-сабым илбирийэн, сирэйим-хараҕым өһөн, кэнэним-судургум киһи соччо сөбүлүө суох дууһата буолуом, дьиҥинэн. Төһө да оччотооҕу сиэринэн кыбыстыһан эйэргэспэтэхпит иһин, нэһилиэк саамай мааны, кэрэ кыыһын кытта бииргэ оонньоон улааппыт, кинини кытта табаарыстыы киһи курдук сананан, «тос» курдук туттарым. Атын уолаттар ордугургуур да быһыылаах этилэр. Дьиктитэ диэн баар, дьон быыһыгар туох да тардылыга суох олус дьорҕооттук кэпсэтэр бэйэбит, биир бииргэ хааллахпытына саҥабытыттан матарбыт. Сэрии саҕаламмытыгар мин, сүүрбэлээх уол, балаҕан ыйыгар бастакы ыҥырыкка хабыллан сэриилэһэ барар буолбутум. Нэһилиэкпититтэн барыта холбоон сүүрбэччэ киһи ыҥыыр атынан оройуон киинигэр барар буолбуппут. Миинэн барбыт аттарбытын төттөрү аҕаларга диэн хас да киһини сыһыарбыттара. Онно, сөҕүөхпүт иһин, Кэтириис күүс өттүнэн кэриэтэ тылланан, ат сылгылаһа барар буолбут этэ. Хайдах көҥүллээбиттэрин сатаан санаабаппын, кини акка ханан да сыстан-чугаһаан көрбөтөх киһи буоллаҕа. Атын сирдэргэ хайдаҕын билбэтим, оттон ол кэмҥэ биһиэхэ сэриигэ барыы диэн туох да саарбаҕа суох эрэллээх өлөр өлүүгэ умса анньыллыы курдук сыаналаммыта. (Дьиҥинэн, ол сөп да курдуга. Бастакы ыҥырыктан мин эрэ тыыннаах төннүбүтүм). Онон, айаммыт да оннук хабааннаах, кэри-куру буолбута. Дьаам суолун устун түөрт хонук, аара баар холкуостарга тарҕанан хоно-хоно, айаннаабыппыт. Кэтириис умса туттан баран мэлдьи атынан кэннибэр ойоҕолуу хаамтаран испитэ. Тугу эрэ күүтэрдии, эбэтэр болҕомто тардардыы хаста да бэрт болҕомтолоохтук көрөн иһэрин таба көрө-көрө симиттэн харахпын куоттартаабытым. Тугу саныы испитин билигин ким билиэй? Айаммыт былаһын тухары Улахан Уйбаан диэн эмиэ сэриигэ ыҥырыллан баран иһэр, уруккута холкуоска кыладыапсыктаабыт түөрт уончалаах бэрт үтүө киһи: «Туох буолбут көлөөк киһигиний? Итинник бэйэлээх кыыс улуу тойону сырсан, тугу да кэрэйбэккэ, бэйэтинэн сыҥаланан барсан истэҕинэ... Дойдутугар өссө туох диэн тыл-өс барыа биллибэт. Эрэйдээҕи аһын, эр киһи буол! Атына кыаллыбат буоллаҕына, муҥ саатар кэпсэтэн абыраа. Сэрииттэн төннүөҥ эрэ, суох эрэ…», -- диэн тохтообокко сулуйбутун, араастаан «усулуобуйа оҥоро» сатаабытын, муҥур уһугар, кэлэйэн иэдэс биэрэн кэбиспитин өйдүүбүн. Оройуон киинигэр икки хонон баран, борохуокка олорон Дьокуускайга устубуппут. Мин, эр санаабын ылан, уйа-хайа суох саҥа таһааран ытыы хаалбыт, бэрт дьиктитик, бэл, уҥуохтуун кыччаабыкка-кумуйбукка дылы буолбут кыыһы илиитин имэрийэн бырастыыласпытым. Атыҥҥа оччотооҕу кыаҕым-таһымым кыайан тиийээхтээбэтэҕэ. Саатар, кэпсэппэтэхпит. Сэриигэ, туох да омуна суох, баһыттан атаҕар диэри сылдьыбытым. Аатырбыт Сталинград кыргыһыыларыгар кыттыбытым, Илиҥҥи Пруссияҕа тиийэн сэриини түмүктээбитим. Сержант буолбутум, баартыйаҕа киирбитим. Элбэх ууну-уоту, эрэйи-буруйу көрбүтүм. Элбэхтэн биири холобурдаатахха, биирдэ, Варшаваны босхолооһун кэмигэр, түүн биһиги дивизиоммут хоно
сытар таас дьиэтигэр уоран кэлэн саба түспүт СС диверсаннарын кытта хараҥаҕа туох түбэһэринэн дайбаһыыга, сапернай лаппаакынан уонна кынчаалынан түөрт оҕус саҕа ньиэмэс саллаатын кэйгэллээн турабын. Кыһалҕа кыһарыйдаҕына саха да киһитэ харсыттан тахсар, кыыллыйар эбит этэ. Атыннык эттэххэ, сэрииттэн төннөрбөр хааным-сииним хойдубут, энчини билбэт, тэппини көрбөт киһи буолан саадаҕыран тахсыбытым. Төрөөбүт нэһилиэкпэр «киһи уларыйар да буолар эбит» диэн улаханнык сөхпүттэрэ, үгүстэр «оҕо сылдьан үчүгэй да этиҥ» диэн уруккубун аһыйбыттара. Ахтан аҥаарым эрэ хаалбыт дойдубар табыллыбатаҕым. Барыта наар аанньа курдук этэ: ыарыһах ийэм бардаҕым эһиилигэр өлбүт, бииргэ иитиллибит быраатым сэриигэ сураҕа суох сүппүт... Үөлээннээхтэрбин барыларын сэрии үрэй-сарай ыспыт, оттон уруккуттан билэр дьонум ыар, баламат үлэҕэ хам баттатан тугу да уһуну-киэҥи ырыҥалаабат, сырдыгы ыраламмат чой буолан хаалбыттар, соргулара тостубут. Быһата, тэһийбэтэҕим, тыыным-быарым ыгыллыбыта. Хас эмэ сылы быһа ымыы оҥостон иитиэхтии сылдьыбыт ыра санаам – Кэтирииһим, эмиэ суох буолбут этэ. Оччотооҕу муунтуйбуппун, санаам алдьаммытын тилэри кэпсииргэ кыах тиийбэт. Сэриигэ бардаҕым сааһыгар урукку хомсомуол саҕанааҕы доҕорбут Сэмэй Сиэҥкэ, кэлин ааттыылларынан Сэмэн Дьөгүөрэбис, холкуос бэрэстээтэлэ буола үүммүт уонна муҥур ыраахтааҕы буолан олорон киһи бөҕөнү түүрэйдээбит, атаҕастаабыт, үүрбүт-үтүрүйбүт. «Киһи эриэнэ иһигэр» диэн сөпкө да этэллэр эбит, били бииргэ мунньахтаан мучумааннанар Сэмэй Сиэҥкэбит киһини мөҥөрө-күргүйдүүрэ буолуо диэн урут өйбөр да оҥорон көрбөт этим. Ол гынан баран, кэлтэй баһааҕырдар сыыһа буолуо. Төһө да тимир кытаһаҕынан тутан салайбытын иһин, биһиги холкуоспутуттан биир да киһи хоргуйбатах этэ (ыаллыы колхуостарга дьон сүүһүнэн сутаан охтубуттара). Сэмэн кэлин туттуллубат буолбут былыргы балыктааһын ньымаларын сөргүтэн, сыма-хохту бэлэмнэтэн, хантан эрэ хортуоппуй булан аҕалан үүннэттэрэн, булчуттар биригээдэлэрин тэрийэн, балыгы-булду хастыы эмэ туркунан Өрүскэ илдьэн бурдукка мэнэйдэһэн, быһата, үчүгэй тэрийээччитин, салайар дьоҕурдааҕын көрдөрбүт. Дьэ, ол Сэмэн «былааһы ылан» баран, Кэтириискэ дураһыйан, ойох ыла сатаан, сүгүн сырытыннарбакка эрэй бөҕөтүн эрэйдээбит. Ол түмүгэр, тулуйа сатаан баран Кэтириис холкуос бырабылыанньатын дьиэтигэр, дьон бөҕө көрөн турдаҕына, бэрэстээтэли утары көрөн туран өтөрү-батары саҥарсыбыт, ытаһыы-соҥоһуу буолбут. Быһата, өһүөҥҥэ киирбит. 1944 сыл күһүнүгэр үөһэттэн бирикээс кэлбитигэр, холкуос салалтатын дьаһалынан үс дьахтар, олор истэригэр Кэтириис, Сангаар шахтатыгар үлэҕэ ыытыллыбыттар. Саха дьахтара хаһан шахтаҕа таас чоҕу кытта өрө-таҥнары тустубута баарай? Онуоха эбии үлэлэрин кыайбат буолан (шахтаттан таас чоҕу вагонеткаларга тиэйэн таска таһаараллар, ардыгар өрүскэ таһаллар эбит), мэлдьи да кэриэтэ быһаҕас нуорманы аһаан, түүҥҥү симиэнэҕэ сылдьаахтаабыттар. Кыайыы буолара аҕыйах ый хаалбытын кэннэ букатын ыран-быстан, онуоха эбии тымныйан, Кэтириис быстаахтаабыт. «Уһун суһуохтаах киһи дьоло суох буолар (дьоло барыта баттаҕар баран хаалар)» диэн өйдөбүл баар буолааччы, ону итэҕэйэн үтүөрээри эбитэ дуу, хайдаҕа дуу – билбэтим, Кэтириис өлүөн иннинэ уһун суһуоҕун кырынан кэбиспит. Суһуоҕу быраҕан кэбиһиэхтэрин аньыырҕаан дьахталлар дойдутугар аҕалан кыыс
дьонугар тиксэрбиттэр этэ. Мин сэрииттэн эргиллэрбэр ол дьахталлар хайалара да суохтара, онон чуолкайын билбэппин. Ол гынан баран, дьон быстах кэпсэлин быһыытынан, Кэтириис «кэриэс гынан саныы сырыттын» диэн миэхэ ыыппыт үһү диэн эмиэ усках саҥа-иҥэ баар. Билбит суох. Бука, сымыйалара буолуо. Эппитим курдук, дойдубар сатамматаҕым. Сэмэй Сэмэни кытта «быһаарсан», өссө, дьыалаҕа эриллэ сылдьыбытым. «Хаана алдьанан кэлбит» диэн дойдубар да миигин бэркэ атыҥыраабыттара. Онтон ыла хотуну-соҕурууну кэрийэн быралгы кэриэтэ барбытым. Иккитэ ойохтоно сылдьыбытым. Ол эрэйдээхтэрим уһаахтаабатахтара, кырдьыгынан эттэххэ, өй-санаа, быһыы-тутуу, майгы-сигили да өттүнэн Кэтириистэн сиртэн халлаан ырааҕын курдук ыраах дьон этилэр. Оҕолорум тарҕаспыттара. Билигин кырдьан олорон санаам хоту салаллыбатах, туох да көдьүүһэ суох ускул-тэскил ааһан бүппүт олоҕум туһунан элбэхтик саныыр буоллум. Уонна ол олоҕум уопутугар тирэҕирэн, эдэр ыччаттарга мас-таас курдук бигэ эрэллээх туран сүбэлиэм этэ: айылҕаттан бэриллибит килбиккититтэн дуу, атын туох эрэ толкуйтан дуу, бу мин курдук түгэннэргэ сыппаан-мөлтөөн биэрбэт буолуҥ, бэйэҕитин сэнэнимэҥ. Сүрэххит сытар, ылынар буоллаҕына – саарбахтаамаҥ. Иккистээн итинник түбэлтэ хаһан да тосхойуо суоҕа, ол эрэбил. Мин даҕаны уот хара бастааҥҥыттан киһилии дьаһаммытым-туттубутум буоллар олоҕум, баҕар, атыннык салаллыа эбитэ буолуо... Маны тэҥэ, кимиэхэ эрэ куттаабыта-өһүргэммитэ буолан быстахтык быһыыланымаҥ. Бу мин курдук кырдьар сааскытыгар тиийэн биир да чугас дьоно-сэргэтэ, уруута-аймаҕа, төрөөбүт сирэ-дойдута суох чороҥ соҕотох үрүҥ күн анныгар туран хааларгыт – киһи ымсыырбат суола. Гаврил ПОПОВ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан