Кэпсээ
Войти
Регистрация
Күндэ уонна Есенин
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Күндэ уонна Есенин
K
edersaas.ru
Категорията суох
19.01.2021 18:00
Суруйааччы, публицист, суруналыыс, литературнай кириитик, лингвист, бэчээт үлэһитэ, государственнай, общественнай деятель Алексей Андреевич Иванов-Күндэ быйыл төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэнэр. Сунтаар улууһугар Кутана нэһилиэгэр Күндэ аатынан мусуойу төрүттээбит СӨ үтүөлээх учуутала Трофим Семенович Кириллин «Күндэ уонна Есенин» диэн урут суруйан хаалларбыт суруйуутун сэргээн ааҕыҥ. Күндэ уонна Есенин С. П. Данилов Күндэни саха литературатын аан бастакы лирик-поэтын быһыытынан Сергей Есениҥҥэ дьүөрэлии тутан кэпсээбиттээх. Валерий Чиряев Күндэ туһунан ахтыытыгар бу курдук суруйар: «Күндэ хоһоонноругар, ордук «Кыыһар туҥат» диэн кинигэтигэр «дэриэбинэ бүтэһик поэтын» Есенин лирикатын куолаһа иһиллэр. Кинилэр суруйар темалара да биир курдук, олоҕу туойар ньымалара да маарыннаһар.. ». Валерий Чиряев санаатын кытары сөбүлэһэн туран, өссө манныгы эбиэххэ сөп. Күндэ «Аҕам суруга», «Хоруй сурук» диэн хоһоонноро С. Есенин «Письмо от матери», «Письмо матери» хоһоонноругар уус-уран формалара маарыннаһыыларын, ааттара, темалара дьүөрэлиһиилэрин, өссө сорох ардыгар, строкалара хардарыта хоһулаһалларын бэлиэтээтэххэ, Күндэҕэ Есенин сабыдыала ала-чуо көстөр. Күндэ оччотооҕу тыа дьонун саныыр санаатын мөккүөрүн таба көрдөрөргө Есенин уус-уран ньыматын туттуута, 1923 с. Некрасов айымньытын үтүгүннэрбитинээҕэр быдан үрдүк литературнай таһымҥа суруйуута, Күндэ нуучча литературатын уус-уран ньымаларын туһаныыга саҥалыы сыһыаннаспытын, айар дьоҕура, маастарыстыбата быдан үрдээбитин туоһулууллар, С. Есенин «Письмо от матери» Стара я стала И совсем плоха. Но если б дома Был ты изначала То у меня Была бы теперь сноха. И на ноге Внучонка я качала. Күндэ «Аҕам суруга» Ойох ылан бараҥҥын Алаһа дьиэни тэринэҥҥин, Оҕолору төрөтөҥҥүн Олорбутуҥ буоллар дуу; Кырдьаахыйдыыр саастарбар Кыһалҕата суохуйдук Олороохтуом этэ мин… Итинтэн көстөрүнэн; «дэриэбинэ тиһэх ырыаһыта» С. Есенинтэн «саха бастакы лирик-поэта» Иванов — Күндэ үгүскэ үөрэммитэ. Күндэ Москваҕа сылдьан куруһуокка истибит, дьүүллэспит поэттарыттан А. Безыменскай, В. Маяковскай киллэрбит саҥа сүүрээннэрин бэйэтин поэзиятыгар эмиэ туһаммыта. Ол эрээри итинник холобурдар кини нарын иэйиилээх лирикатыгар соччо дьүөрэтэ суохтарынан сэдэх соҕустар. Күндэ саха поэзиятын уус-уран форматын туһунан үлэтигэр, Маяковскай айар дирбиэннээх-дарбааннаах поэтическай сүүрээн-хайысхатын сүрүн ньыматын быһаарарыгар кини Маяковскай бэйэтин этиитин аҕалбыта: «Кэм-кээмэй диэни мин букатын билбэппин. Мин санаабар, күүстээх-күдэхтээх суолу көрдөрөр…хоһоону элбэх олуктардаах уһун элээҥҥэ киллэриллэр, онтон чэпчэки, үөрүүлээх-көтүүлээх суоллары кылгас элээҥҥэ киллэриллэр». Улуу нуучча норуотун баай үгэстэрдээх литературата саха үүнэн иһэр литературатын илгэлээх уотунан сырдатарыгар Күндэ күүһүн харыстаабакка үлэлээбитэ. Саҥа үүнэн эрэр саха бастакы чэчирдэрин нуучча литературатын уус-уран ньымаларын ымпыгар-чымпыгар үөрэппитэ; нуучча литературата саха литературатыгар үтүө сабыдыаллаах буолуоҕун өтө көрөн алҕаабыта. Г. М. Васильев «Якутское стихосложение» диэн үлэтигэр суруйбута: «Должным образом оценивая своебразную звуковую упорядоченность народного стиха, Кюндя высказался за дальнейшее его развитие и усовершенствование, главным образом, по линии внедрения в него рифмы и силлабических размеров». (т. е. внедрение русской формы стиха — автор). Күндэ төлөннөөх патриот,
халбаннаабат интернационалист этэ, кини айар үлэтигэр эрэ буолбакка, сүрэҕин хас биирдии тэбиитигэр, олоҕун, охсуһуутун хас биирдии түгэнигэр ол баара. Күндэ сырдык аата «кыымтан кыым төрүөн» истэҕин аайы «кыра киһи кылбайар күнүгэр, үлэһит норуот үтүө күнүгэр» аата ааттана, ырыата ыллана туруоҕа.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан