Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Өрөспүүбүлүкэбитин өрө тардыбыт дьон»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Өрөспүүбүлүкэбитин өрө тардыбыт дьон»
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.01.2021 14:00
Бэчээт эйгэтигэр 55 сыл айымньылаахтык үлэлээн кэлбит саха суруналыыстыкатын саарына, ааспыт сыл бүтүүтэ 92 сааһыгар үктэммит кырдьаҕас хаһыатчыт, суруйааччы, публицист Миитэрэй Кустуурап — Дмитрий Васильевич Кустуров биир дойдулаахтарыгар, дьонугар-сэргэтигэр 2021 сылы көрсө өссө биир саҥа кинигэни суруйан, бэчээттэтэн таһааран бэлэх уунна. Дмитрий Кустуров чинчийээччи, истиэпэнэ суох учуонай, публицист быһыытынан туох туһунан суруйбутун «Өрөспүүбүлүкэбитин өрө тардыбыт дьон» диэн кинигэтин чуолкай аата тута быһаарар. Ону ааптар аан тылыгар маннык суруйар: «Автономияны ылынаммыт, өрөспүүбүлүкэ буолбуппут 100 сылын туолара улам чугаһаан иһэр. Сэбиэт былааһа сахаҕа бастаан туругуруоҕуттан үтүө эҥээрдэммит былаас этэ. Кыралыын-улаханныын үөрэххэ тардыллыбыппыт. Арыый обургу сэлиэнньэлэрбитигэр барыларыгар оскуола аһыллыбыта. Үөрэҕэ суох улахан дьоҥҥо ликбез (үөрэҕэ суохтары ааҕарга-суруйарга үөрэтии) тэнийбитэ. Уонча сылынан хайыы үйэ хас да учуонай баар буола түспүтэ. Ааҕар балаҕан, балыыһа ол кэмҥэ сир ахсын дэлэйбитэ. Учуутал, биэлсэр – тыа сиригэр саҥа үйэ кэрэһиттэрэ, саамай ытыктабыллаах күндү дьон этилэр. Училище, тиэхиньикум элбээн, бастаан пединституттаммыппыт, 1956 сыллаахха университеттаах буолбуппут. Өссө ол инниттэн ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын филиала аһыллан, 1949 сылтан үлэлиир. Ити биһиэхэ үөрэх күргүөмнээн тарҕаныытын түмүгэ этэ. Ону баара, сайдыыбыт тэтимин оччолорго аҥаардастыы баһылаан олорор бассабыыктар баартыйаларын Киин Кэмитиэтин 1928 сыллааҕы уурааҕа, 1941-1945 сыллардаах Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии, ол сэриини мэҥэстибитинэн кэлбит, сорох оройуоннарбытыгар уон сылга тиийэ буулаабыт кураан-сут кэҕиннэрэн ааспыттара. Бэйэҕит санаан көрүҥ, Дьокуускай 1917 сыллаах өрөбөлүүссүйэлэр саҕана сыччах 7 тыһыынча нэһилиэнньэлээҕэ. Евграф Федоров, эмиэ ол 1917 сылга МГУ мэдиссиинискэй факультетын бүтэрэн, оччолорго сахаттан соҕотоҕун быраас дьупулуомнаах киһи, гражданскай сэрии кэнниттэн Минздрав, уруккунан доруобуйа харыстабылын хамыһаара этэ. Ол бэрт кыһалҕалаах кэмҥэ, тыа сахата, ким кулаак буоларыттан сэрэхэдийэрин, хайыы үйэ кулаак аатыран үс сылга ууруллан (социализм бөдөҥ тутууларыгар үлэлээн) дойдутугар эргиллэн Сайсарыга олохсуйарын саҕана, куоракка үлэ булар уустугун санатабын. Дьэ онно, Минздрав Евграф Федоров уобалас балыыһатын, «Кыһыл Саха сирэ» («Красная Якутия») диэн сэлликтээхтэр сонотуоруйдарын, билиҥҥинэн эттэххэ, бэдэрээт ньыматынан туттарбыттаах. Кини Кытайга, Орто Азияҕа кытта үлэлээбит быраас. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа этэ. Ким Нерюнгри таас чоҕун хостууру саҕалаан, биһиэхэ бырамыысыланнас сайдар суолун тэлэр, ким ГЭС тутар. Ким сут-кураан мэҥэһиктээх Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бара турдаҕына, 1943 сыл кулун тутарга, баһылаан олорор баартыйа КК уурааҕын таһаартаран, саханы хоргуйан быстартан быыһыыр. Ким суверенитет биллэрэн, сиртэн хостонор баайтан бырыһыан аахтаран ылары ситиһэр. Кэлин, онтон төһө да муоһун-туйаҕын сарбыйдаллар, бүддьүөппүт үс гыммыт биирин саҕа үбү алмаастан киирэр барыстан сибилиҥҥэ диэри аахтаран ыла олоробут. Тустаах кэмнэргэ биһигини салайбыт бас-көс дьоннорбутугар норуоппут махтала улахан. Бу кинигэҕэ, дьэ, ол салайааччыларбыт тустарынан, биһиэхэ автономия тэриллибитэ 100 сылын көрсө өссө биирдэ кэпсиэхпит. Онуоха эбии кинигэбэр бастакы худуоһунньукпут И.В.Попов туһунан
икки ыстатыйаны, аан дойдуга тиийэ аатырбыт режиссербут А.С.Борисов өрөспүүбүлүкэ суверенитета уон сыла туоларын көрсө туох санааларын эппитин, ону тэҥэ, атын икки ыстатыйабын киллэрдим. Олохпут биһиэхэ туһалаах өрүттэнэн өрүү тупса, сайда туруохтун!» Ийэ тыл, бэчээт кыаҕынан-күүһүнэн төрөөбүт Сахабыт сирин инники сайыннарыыга, бу кинигэҕэ кэпсэнэр биһигини салайбыт бас-көс дьоннорбут ыллыктаах бэлиитикэлэрин олоххо киллэриигэ дьону-норуоту түмүүгэ, кыайыылаах үлэҕэ көҕүлээһиҥҥэ үйэ аҥаарыттан ордук кэм турууласпыт, дьоһуннаах кылаатын киллэрбит суруналыыс, төрөөбүт дойдутун, норуотун патриота, ытык-мааны кырдьаҕаспыт Миитэрэй Кустуурап – Дмитрий Васильевич Кустуров – ити түмүктүүр этиитин ыччат дьонугар кэс тылын курдук ылынабыт. Иван Ксенофонтов-Силиги
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан