Кэпсээ
Войти
Регистрация
Cардаана эриэккэс дьылҕата (Кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Cардаана эриэккэс дьылҕата (Кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
14.01.2021 21:14
Самвел Мартиросян араспаанньатынан киэн туттара. «Мортира диэн, устубуола кылгас, бэйэтэ кыра эрээри калибра улахан пушка аатыттан тахсыбыт. Нуучча эбитим буоллар, бука, пушка диэнтэн Пушкин диэн араспаанньалаах буолуом этэ», — диирэ уонна үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн, күлэн лэһигирэтэрэ. Ону иилэ хабан, уолбутун бастаан Пушкин, онтон Кудряш диир буолбуппут. Самвел, хара куударалаах баттаҕа килэбэчийэн, кылдьыылаах, киэҥ хара хараҕа чаҕылыйан, ааттаах мааны этэ. Тыла хомоҕойун, нууччалыы букатын аксыана суоҕун, дьону кытта түргэнник уопсай тылы буларын иһин кинини бары “ис минэ” уолунан ааҕарбыт. Москуба Олимпиадатын сылыгар СГУ-га киирбит ыччаттар устудьуоннуур кэммитигэр ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут 14-с куорпуска олорбуппут. Биһиги, саха тылын салаатын устудьуоннара, эргэ, (инньэ Кулаковскайдаах үөрэммиттэр) таас эрийээлинэйгэ «номуука гыраньыытын тиниктиир» этибит. Уопсайбытыттан сатыы сылдьарбыт, биирдэ эмэ, куоттараары ыксаатахха, 5-с оптуобуска олорсон, бакылтыаппытыгар барарбыт. Киһи, эдэригэр, отой тоҥмот эбит этэ. Дьэ, дьикти. Ол курдук, бытархан тымныыга, пааралар икки ардыларыгар, уоскулаҥ кэмигэр Саша Копыринныын, Ваня Полятинскайдыын «Туймаада» маҕаһыыҥҥа (билигин “Токко”) үүт туман быыһынан, дьиэлэр кыламныыр уоттарын көрө-көрө, бинсээгинэн эрэ сүүрэн тахсан, бирээнньик эбэтэр галет ылан кэлэрбит. Дьон ону салла, сөҕө көрөрө. Биирдэ, кулгаахпытын саба туттан, лааппыга көтөн түспүппүтүгэр, биир бөдөҥ, сиэрэй тулууптаах дуу, дублёнкалаах дуу, суон, кыһыл молтойбут сирэйдээх, хара хоруолук бэргэһэтин анныттан маҥан баттаҕын сүүмэхтэрэ быга сылдьар нуучча оҕонньоро: “Ну и горячие парни!” — диэн саҥа аллайбыта. Биһиги, улар сааспытыгар сылдьар улдьаа уолаттар, испитигэр киһиргии санаатыбыт ини, ону истэн. Хата, букатын тумуу да киирбэт этэ. Билигин ону сөҕөбүт эрэ, “эдэр ыччат чараастык таҥнар, короссуопканан кыстыыр” диэн мөҥүттэбит. Саҥа дьыл кэннэ, сиэссийэ кэнниттэн, коньуукулга тарҕаһыах иннинэ, бииргэ үөрэнэр кыргыттарбыт “биһилэх көрөллөрө”, кумааҕы уматан, ол күлүгүн эркиҥҥэ түһэрэн одуулаһаллара. Онон инникилэрин, чуолаан, билсиэхтээх, сатаннаҕына, кэргэн тахсыахтаах уолларын билэ сатыыллара. Биһиги уопсайбытыттан чугас, 12-с куорпуска, медфакка үөрэнэр тастыҥ быраатым Коля Тимофеев олороро. Кини биһикки Маалыкайга кулууп иннигэр ыалыы олорбуппут, оскуола саҕаттан доҕордуубут. Оскуола кэнниттэн ЦК-ҕа үлэлиирим саҕана (ол аата “центральнай котельнайга”) хачыгаардаан хачыгырайар кэммэр Коля, табаарыһа Коля Андреевтыын – Кыыл Мэхээс улахан уолунуун кэлэн, биирдэ эмэ көмөлөһөн, таһырдьаттан таас чох тасыһаллара. Устудьуоннуур кэммитигэр Колялыын табаарыстаһар этибит. Бииргэ таансыларга сылдьарбыт, хардары-таары ыалдьыттаһарбыт. Биирдэ, эксээмэннэрбин барытын туттаран, сочуоттарбыттан биир эрэ хаалан, дьиэлээри кынаппын куурда сылдьан, Коляҕа таҕыстым. Быраатым хоһугар суох эбит. Кинилиин биир хоско олорор амыдайым, хотуттан сылдьар, сырдык, төгүрүк сирэйдээх Максим Дуткин: “Соторутааҕыта бибилэтиэкэҕэ барбыта”, — диэтэ. Ити кэмҥэ хос аанын тоҥсуйан тобугуратар тыас иһилиннэ. Дуткин: “Киириҥ, киириҥ”, — диэн, бодокуонньуктан уопсай тэтэрээттэрин быыһыттан гистология кэниспиэгин көрдүү туран үөгүлээтэ. Тастыҥ эдьиийим Настя киирэн кэллэ. Миигин көрөн үөрдэ: -Хата, баар эбиккиин! Ганя эйигин быраатыгар Куолаҕа таҕыста диэбитин иһин манна
кэллим. Чэ, бардыбыт. Улахан наада буоллуҥ!, — диэн биир тыынынан кутан кэбистэ. Санныбын ыгдах гыннаран баран, соммун кэтэн эрдэхпинэ, түөскэм: -Чээй испэккит дуо? – диэн ыйытта, оргуйара чугаһаабыт, кипэтиинньик хара уга хоройон турар чаанньыгын диэки көрдө. -Суох, суох, ыксыыбыт. Пасииба, Макс! – эдьиийим эйэҕэстик аккаастаата. Тахсан, уһун көрүдүөр устун баран иһэн туохха наадыйбытын туоһуластым. Онтум, Сардаана Корякина диэн соторутааҕыта академтан кинилэр курууппаларыгар кэлбит кыыска илдьэн иһэр эбит. -Туохха, онно? – чопчулаһар баҕам баһыйан, өссө ыйыттым. -Ээ, таҥханан диэххэ дуу, сэбэрэйдэтиэн наада. Букатын утуйбат да, олорбот да буолла. Наар санааргыы сылдьар буолан хаалла. Эн тугу эмэ таайан, кэпсээн, арылдьытаар, — эдьиийим күүппэтэх өттүбүттэн киирдэ. Соһуйбучча: “Ыых”, — эрэ диэн хааллым. Уон сэттис куорпуска кэлэн, этэҥҥэ вахтёру ааһан, эдьиийим олорор блогар тахсан, хосторугар киирдибит. — Кыргыттар, билсиҥ, бу быраатым, — диэн баран, тастыҥ эдьиийим ааппын ааттаата, онтон миэхэ эттэ, – бу Сардаана, бу Феня. Феня ис киирбэх сирэйигэр мичээр билиннэ. Уҥа чанчыгыттан тэтэркэй иэдэһигэр түспүт уһун сүүмэҕи кулгааҕын кэннигэр намчы тарбахтарынан илтэ. Оттон Сардаананы көрөөт да, урут ханна эрэ көрбүт кыыһым дии санаабытым. Ол эрэн хаһан да көрбөтөх этим. Арай, Сардаана сырдык, бааһынайдыҥы, номоҕон сирэйин тугунан эрэ Галина Беляева диэн киинэ артыыскатыгар майгыннатан, “ханна эрэ көрбүт курдукпун” дии санаабыппын билбитим. Соммун устан ыйаан баран, Феня ылан биэрбит олоппоһугар олорбутум. Эдьиийим Сардаананы сиэтэн илдьэн, ороҥҥо олорон, тугу эрэ сибигинэйэ былаан эппитэ. Кыыһа саҥата суох истэн эрэ кэбиспитэ, туох эрэ диэн ботугураабыта. Чэйдээбиппит. Кыргыттар дьонноругар ылыахтаах кэһиилэрин туһунан кэпсэппиттэрэ. Онтон Настя: -Кыргыттар, бу эһиэхэ бырааппын анаан-минээн аҕаллым. Кини эбэтиттэн үөрэнэн хаартынан да барыһыай кэбиһэр, эһэтин – улахан ичээн кырдьаҕас – төрдүлэриттэн, улахан, ааттара ааттаммат “баардаах дьонтон” бэриллибит, ытыс сурааһыннарынан киһи дьылҕатын билэр ураты дьоҕурдаах, хиромант, — диэбитигэр, испэр соһуйа санаатым: “Көрүүй, бу кыргыттарыгар эрэкилээмэлээтэҕэ сүрүн! Мин оннук үһүбүн дуо?” Дьээбэрдэхпинэ, хаартынан табаарыстарбар сэрэбиэйдээн, ону-маны кэпсээбитэ буоларым. Илиинэн да уопсайга ыаллыы олорор кыргыттарбар “таайарым”. Ол эрэн, ону бэйэм дьиҥнээхтик буолбакка, оонньуу-көр курдук саныырым. Оттон эдьиийим букатын туох эрэ улуу көрбүөччүнү аҕалбыт курдук кэпсээбитэ. Бастаан Феня ытыһын ылан, өйбөр туох көтөн түспүтүнэн, кэпсээбитим. Кыыс сылаас ытыһын тутан олорон, аа-дьуо саҥаран барбытым: — Аатыҥ былыргы, Февронья дуу, Феоктиста дуу диэн быһыылаах… — Феодосия диэн, Хобороос буолбатахпын, — кыыс ымайбыта. — Сөөп. Баай ис хоһоонноох олохтоох эбиккин. Төрөөбүт куораккар эбээҥ баар эбит. Эн киниэхэ маарыҥныыр эбиккин. Үс сааскар диэри уоллуу таҥыннарбыттар. Ол — ийэҥ уолга баҕарбытыттан. Көр, бу, ылгын чыгыйаҥ аннынан баар икки кылгас, синньигэс сурааһыннары. Алпаабыт иккис буукубатыттан, “б” буукубаттан тахсар, Борис дуу, Богдан дуу диэн уолга
кэргэн тахсар эбиккин, — испэр “сымыйалыы олорума, бүт” диирин кэтэһэбин. Оччоҕо холкутук дьиэлиэм этэ. Арай, кыыһым, сөҕүөм иһин, ойон туран, оронун анныттан фибр чымадааны ороон, хаартыска альбуомун хостоон таһаарда. Үс саастааҕар түспүт хаартыската баар эбит. Баттаҕа суох, киччэччи кырыйтарбыт, бэйбириэт ыстааннаах, мотуруоскалаах кыра оҕо эргэ хаартыскаттан утары көрөн турар. Билбэт киһи уол оҕо диэх эбит. —Барыта сөп! – Феня сөхпүттүү саҥа аллайбыта, — эбэм куоракка, Орто Халымаҕа, олорор. Дьонум миигин, үһүс кыыстарын, уолга баҕарбычча, кырабар уол курдук таҥыннарар эбиттэр. Оттон “б” – саамай сөбүлүүр буукубам. Боря диэн уоллуун табаарыстаһабыт. Ама, мин киниэхэ кэргэн тахсыам дуо?! Бэйэм да бэркиһээтэрбин, сирэйим ымыр да гымматаҕа: — Феодосия. Дося диэххэ сөп эбит, — диэбитим холку куоласпынан. — Суох, суох! Дьонум Фенянан эрэ билинэллэр! – эдьиийим дьүөгэтэ утарбыта. — Салгыы кэпсээриий. — Суох, сөп буолуо. Билигин барытын эрдэ билэн кэбистэххинэ, кэлин кэрэхсэбилэ суох буолуо дии, — мичээрдээтим, — аны Сардаана. Сардаана, маарыан утуктаабыттыы салбаҕыран олорбута мэлийэн, интэриэһиргээбиттии туттан, аттыбар кэлэн олордо. Илиитин утары уунна. “Чэ, билигин мээнэ кэпсиирбин биллиннэр”, — диэммин, кыыс сөрүүн, “Земляничное” мыыла сыта биллэр-биллибэттик кэлэр ытыһын ыламмын: — Эн омук уолун кытта доҕордоһор эбиккин. Ол эрээри, уолуҥ дьоно ону утарсаллар. Ол уолуҥ, холбостоххутуна, эйигин атаҕастыан сөп. Кырбыыр буолуоҕа. Накаастанары-муҥнанары сөбүлүүр буоллаххына, ол киһигинээн олоруоҥ. Эбэтэр, арахсыаҥ эрээри, омук сиригэр хаалыаҥ. Биир олоххо чуолкай олорбот эбиккин. Барыта үс эр киһи баарын көрөбүн. Ийэҥ иккис кэргэнинээн олорор эбит. Ону утумнууһугун, — хаһан “бүт, барыта сымыйа” диирин испэр күүтэбин да, кыыһым саҥарбат. Сирэйэ боччумуран, саҥата суох истэр. Эдьиийим Настя уонна Феня, арай, айахтарын саба туттан, харахтара кэҥээн хаалан баран олороллорун көрдүм. — Хас оҕолонууһунуй? — Феня кэһиэҕирбит куолаһынан долгуйбуттуу ыйытта. — Икки. Бастаан үкчү аҕатын курдук уол төрүүһү, эһиилигэр кыыс. Кини икки ардыгытынан буолуоҕа, — диэн ким эрэ этэн биэрэрин хатылыырдыы кудуххайдык эттим. — Оо, дьэ! – эдьиийим санаарҕаабыттыы өрө тыыммыта, — Мартиросян оннук буолуо дуо?! Билэр араспаанньабын истэн, мэктиэтигэр, өндөҥнөөн ылбытым: — Самвел дуо? – диэн ыйыппыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалбыта. -Ааспыт нэдиэлэҕэ билсибиппит, — Сардаана иһиллэр-иһиллибэт ботугураабыта. – Куруубайын биллэрэ илик ээ. — Конешына, букетнай период буо, — Феня ойон турбута. – Ити уолгуттан тэйэриҥ ордук буолсу дуу? Мин сотору дьиэлээбитим. Самвел биһиги уопсайбытыгар сотору-сотору кэлэрэ, элбэх табаарыстардааҕа. Киниттэн, биирдэ көрсөн, Сардаана туһунан ыйыппытым. Биһиги уопсайбытыгар кэллэҕинэ кинини Люда Зарубина диэн Алдан кыыһа батыһа сылдьар буолааччы. Самвел Сардаананы олус күүскэ таптаабытын, дьонун тылыгар киллэрэн, кинилиин ыал буолар баҕалааҕын кэпсээбитэ. Сыллар ааспыттара. Уларыта тутуу, кээпэрэтииптэри тэрийии үгэнигэр, Настяны көрсөн, дьүөгэлэрин ыйыппытым. — Феня Борятыгар
тахсыбыта. Олороллор. Икки кыыстаахтар. Аны уолга баҕараллар. Оттон Сардаана Самвелын кытта ыал буолан, үөрэхтэрин кэнниттэн Кировакан (билигин Ванадзор) куоракка көспүттэрэ. Онно икки аҥаар эрэ сыл олорбута. Киниттэн уоллаах кыыс оҕолоох. Кырбыыр буолбут этэ, киһитэ. Били, эн эппитиҥ курдук. Истэҕинэ хонтуруолламмат эбит. Урут бэрт да уол диирбит… Киһи эриэнэ иһигэр эбит… Онон арахсыбыта. Атын киһилиин ыал буолан, билигин Ереваҥҥа олорор. Эн оччолорго олус да сүрдээхтик кэпсээбитиҥ. Арааһа, этиттэрии диэн буолара дуу, оол? — диэн эдьиийим сууххайдык сэһэргээн баран бэйэтиттэн бэйэтэ ыйытардыы туттубута. Тугу этиэхпин билбэккэ, ыгдах гыммытым. Сыллар-күннэр элэҥнээн ааспыттара. Биирдэ, “Проспект” диэн килэйбит-халайбыт дыбарыас курдук атыы-эргиэн кииниттэн тахсан истэхпинэ, биир мааны дьахтар ааппынан ааттаан тохтотто. Сардаана эбит. Чугастыы “Хачапурига” баран, иллэҥ остуол булан олордубут. Уруккуну-хойуккуну кэпсэттибит. Сардаана бэйэтин туһунан кэпсээтэ. Самвелы көрөөт да таптаан, букатын иэдэйбит. Өйө-санаата барыта киниэхэ эрэ буолбут. Хата, уола эмиэ киниэхэ болҕомтотун уурбут. Устунан, таптаһан, холбоһорго былааннаммыттар. Уол дьоно утарсыбыттар. Онтон, Сардаана кинилэр таҥараларын дьиэтигэр сүрэхтэммитин кэннэ, сөбүлэспиттэр. Уолун хат сырыттаҕына, аан бастаан, холуочуйан баран, кэллиэгэтигэр күнүүлээбит аатыран, сирэйгэ биэрбит. Сарсыныгар бырастыы гыннарбыт. Тарбаҕынан да таарыйыа суох буолбут. Син, икки сыл олорбуттар. Самвел кыралаан ханньаахтыыр буолбут. Иккис оҕотун күүтэ сырыттаҕына киһитэ, туохтан эрэ кыыһырсыбыттарыгар, эмиэ саайталаабыт. Оҕолорун илдьэ Ереваҥҥа барбыт. Дойдутугар төннөр санааламмыт. Киһитэ да, эрин дьоно да, булан, көрдөспүттэрин үрдүнэн, Самвелга төннүбэтэх. Ереваҥҥа олорбута уонтан тахса сыл буолбут Елена Абовян (Еремичева) диэн, Ленскэйтэн кэлэн олохсуйбут биир дойдулаах дьахтарын кытта сибээстэһэр эбит. Елена Георгиевна кинини “хаал, көмөлөһүөм» диэн, тылыгар киллэрэн, Ереваҥҥа хаалларбыт. Онтон Елена бэйэтин быраатын Степаны кытта билиһиннэрбит. Степан Сардаананы сөбүлээбит. Икки оҕолооҕуттан иҥнибэтэх. Сардаана да, урукку киһититтэн ороһуйбута ааһан, уоскуйан, Еремичевы иһигэр киллэрэ санаабыт. Кииринньэҥ да буоллар, аҕалаах буоллуннар диэн, саҥа доҕоро кэргэн тахсарыгар көрдөспүтүгэр, аккаастаабатах. Биир эрэ ый олорбуттар. Еремичев массыына саахалыгар дэҥнэммит… Сыллар ааспыттар. Оҕолоро оскуолаҕа киирбиттэр. Сардаана Абовяннар фирмаларыгар менеджердии сылдьан, Микаэль Арутюнян диэн бииргэ үлэлиир, киниттэн үс сыл балыс, технолог болҕомтотун хатыырын билбит. Билигин ол киһитинээн олорор. Уола Москубаҕа, кыыһа Ереваҥҥа устудьуоннууллар эбит. Бу уоппускатыгар дойдутугар күүлэйдии кэлэ сылдьар эбит. Сардаана Игнатьевналыын истиҥник быраһаайдаһан, дьолу-соргуну баҕаран баран, тахсан массыынабар олорбутум. Собуоттаан, ырыа холбообутум уонна дьиэм диэки салайбытым. “Киһи дьылҕата, ардыгар, эриэккэс даҕаны!” дии санаабытым испэр. Эдэрбэр мээнэ кэпсээн кэбиспитим дьиктитик туолбутуттан дьиктиргии, сонньуйа санаабытым. Оҕо эрдэхпинэ тугу эмэ этэн кэбиспитим туолан хааларын өйдөөн кэлбитим. Баҕар, ол туһунан хаһан эмэ кэпсиэҕим. Персонажтар уонна айымньы өйтөн сурулуннулар. Алҕас сөп түбэһии баар буолуон сөп. Хаартыскалар sb.by, samopoznanie.ru, laduelena.ru, edimdoma.ru, kp.ua ылылыннылар
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан