Кэпсээ
Войти
Регистрация
Аныгылыы таҥха
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Аныгылыы таҥха
K
edersaas.ru
Категорията суох
13.01.2021 17:00
Туйаара, саҥардыы хороччу улаатан эрэр, сытыы — хотуу, түргэн — тарҕан туттунуулаах кыысчаан. Кини тохсус кылааска үөрэнэр. Кылааһыгар соҕотох кыыс буолан, доҕотторо — атастара — уолаттар. Учууталлара — быйыл саҥа үлэлии кэлбит физик Анатолий Иванович. Оҕолор кинини сөбүлүүллэр, табаарыс курдук саныыллар. Кылаастарыгар уон үстэр. Уолаттар соҕотох кыыстарын Туйаараны өрө туталлар, биһиги Туукабыт диэн истиҥник ааттыыллар. Кыыстара уолаттарыттан төрүт хаалсыбат: футболлуур, мотоциклынан көтүтэр, сыалы бэркэ ытар. Таптаан сынньанар Сыгынньах мырааннарын ким түргэнник дабайарыгар күрэхтэспиттэригэр,Туукалара барыларын кэннигэр хааллартаан, соһутан турар. Бүгүн оҕолор алтыс уруок кэнниттэн хаалан, эргэ саҥа дьылга тугу гыналларын сүбэлэһиэх буоллулар. Анатолий Иванович уруогун аҕыйах мүнүүтэнэн эрдэ бүтэрдэ. — Хайа, дьэ, таҥха туһунан ким туох этиилээҕий? — диэн оҕолорун кэпсэтиигэ ыҥырда. — Ойбоҥҥо киирэн сүллүүкүннэ иһиллиэҕиҥ! — Вася омуннурар. — Ээ, ол наһаа былыргы! — диир түгэх паартаттан Алёша. — Хата, бүлүүһэ сүүрдэр ордук буолуо этэ, — кылаас лидерэ Женя Аммосов, кэпсэтиини түмүктүүрдүү, бэйэтин санаатын этэр. Анатолий Иванович, баччааҥҥа диэри саҥата суох олорбут Туйаараттан ыйытар: ”Кыргыттар өйдөрө сытыы буолааччы, эн санааҕар, Туйаара, тугу гынар ордук буолуой?” Туйаара, сып — сырдыктык, сандаарыччы көрөн баран:»Арай «Битва экстрасенсов» оҥордохпутуна? “- диэтэ. Уолаттар: “Кырдьык даҕаны! Ай да, Туука, маладьыас!” — диэн хаһыытаһа түстүлэр. — Дьэ ол “Битваны” хайдах оҥоробут? Онно айылҕаттан айдарыылаах буолуоххун наада! — диир Анатолий Иванович, саарбахтаабыттыы. — Оттон биһиэнэ, наһаа дьиҥнээхтик буолбакка, оонньуу курдук буолуоҕа. Анатолий Иванович биһиги бэйэбит сүбэлэһиэхпит, эн, баһаалыста, көрөөччү буолаар. — Туйаара кэпсэтиигэ туочука туруорда. Учууталлара барбытын кэннэ, оҕолор ханна, хайдах көрсөллөрүн, кимнээх «экстрасенс» буолалларын быһаарыстылар. Тохсунньу уон түөрт күнүгэр кылаас уон үс оҕото бары Туйаара дьиэтигэр муһуннулар. Ийэлээх аҕата эргэ саҥа дьыллыы кулуупка барбыттар. Остуолга улахан бүлүүдэни өрөһөлүү алаадьы, ыһаарыламмыт собо, икки «Кока кола» бытыылкатыгар толору кутуллубут морс көстөллөр. Дьиэлээх киһи быһыытынан, Туйаара табаарыстарын остуолга ыҥырда. Түргэн — түргэнник хабыалыы охсон баран, оонньууларын саҕалаатылар. Тыллаах — өстөөх тэрийэр дьоҕурдаах киһилэрэ лидер Женя ыытааччы оруолун ылла. Туйаара, Вася, Алёша, Витя, Максим “экстрасенс” буоллулар. Арыый хойутаан кэлбит учууталлара Анатолий Иванович хаалбыт сэттэ уолунаан — көрөөччүлэр. Ыытааччы Женя “экстрасенстарыгар” сорудаҕы биэрдэ: — Бүгүҥҥү “Битва экстрасенсов” биэс кыттааччылаах. Сорудахтара — бу биһиги олорор бөһүөлэкпит оннугар тыһыынча сыл анараа өттүгэр туох баар эбитий? Ону таайаҕыт! Нүөмэргитинэн эппиэттээн иһэҕит. Бастакы уочарат Витяҕа тигистэ. Уолчаан, хараҕын быһа симэн баран, бу курдук этэн — тыынан кэбистэ: — Барбатах балык миинин курдук бадыа — бүдүө дойдуну көрөбүн: кып — кыракый тииҥ тириитэ таҥастаах дьоннор, кымырдаҕас курдук элбэхтэр. Тугу эрэ сосуһаллар — сысыһаллар. От — мас баара көстүбэт. Бүттээ! Алёшалара маскараат бөҕөтө: ачыкы кэппит, бытыктаммыт, кыһыл
таҥаһы Индия дьахтарын курдук эринэн кэбиспит. Хайдах эрэ джиҥҥэ майгынныыр буолбут. Салгыны суруйа — суруйа, тугу эрэ ботугуруур. Дьэ ол эрэ кэнниттэн көрүүлэнэн киирэн барда: — Тыһыынча сыл анараа өттүгэр бу мин үктэнэн турар сирбэр сири кытта сир буолбут, сүүнэ улахан дьэс алтан олгуй баар эбит. Ол — ким -туох аһыыр иһитэй диир эбит буоллаххытына, Алаа Моҕус диэн иһиттээххэ топпот улуу дьаалы баар эбит! Кини диэтэх киһи иһэр сибикитин биллэхтэринэ, онно олохтоох дьон, аны бэйэбитин сиэ диэн куттанан, уон алта ынаҕы өлөрөн, астаан — үөллээн ити олгуйга буһараллар эбит! Бүттүм — бүттүм! Максим Алёшаны үтүктэн, эмиэ маскарааттаммыт. Били, “Миэнэ бэйэм киэнэ” диэн сценкаҕа баар чүөчэ курдук, чоҕунан, бурдугунан барыанньанан бистэн,сирэй — харах буолан, хос иһиттэн тахсан кэлбитигэр, оҕолор күлэн быара суох бардылар. Хата, Максим онно эрэ кыһаллыбат, кэпсээнин саҕалыыр: — Былыыр — былыр биир тыһыынча сыл анараа өттүгэр, бу биһиги олорор бөһүөлэкпит оннугар древнэй цивилизация баар эбит! Кыһын буолбат, мэлдьи күөх дойду буолан, дьоннор наһаа доруобайдар, кыраһыабайдар эбит. Өстүөкүлэ дыбарыастар, висячие сады Семирамиды диэбит курдук оранжереялар, аквапааркалар, бассейннар, салгынынан көтө сылдьар араас мааркалаах массыыналар көстөллөр. Астара барыта мастарга үүнэн турар буолан, ону аһаан тотоллор. Ким да үлэлээбэт, барыта автоматика. Ырай олоҕо диэн манна баар! Манан мин көрүүлэнэн бүтэбин! — Аата үчүгэйин! Билигин оннук эбитэ буоллар! — Туйаара саҥа аллайар. — Ээ, пахай! Мин Сахам сирин кыһынын туохха да биэрбэппин! — диир кылаас бастыҥ хайыһардьыта Лёня. — Тохтооҥ, айдааран бүтүҥ! Билигин Туукабытын истиэҕиҥ. Идеялаах кыыспыт кэпсээнэ өссө интэриэһинэй буолуо,- Женя бэрээдэги олохтуур. Бары Туука диэки хайыһаллар, туох эрэ дьиктини истээри, кулгаах — харах буолаллар. Туйаара, өр күүттэрбэккэ саҕалыыр: — Тыһыынча сыл анараа өттүгэр манна итии дойду эбит! Чугаһынан киһи баарын көрбөппүн, барыта кыыллар. Саамай дьиктитэ диэн бу манна олорор оҕолор, учууталбыт Анатолий Иванович — бары кыыллар эбиппит! Бу Вася — хахай, Алёша — гиена, Витя — зебра, Максим — гепард, Женя — жираф, Анатолий Иванович — орангутанг… — Оттон, Туука, эн бэйэҥ ханнык кыылгыный? -Вася уол, тулуйбакка, ыйытар. — Мин розовай фламингобын! — Бэйэҕин наһаа үчүгэйдик көрөр эбиккин! — Лёня тыл быраҕар. — Оҕолор, мэһэйдээмэҥ, Туйаара кэпсээнэ бүтэ илик! — Анатолий Иванович сөбүлээбэтэҕин биллэрэр! Туйаара салҕыыр: — Чэ, сороххутун кэлин этиэҕим, бу кыыллар наһаа иллээхтэр эбит, ким да кими да сойуоласпат, сиэбэт, бары биир сүбэнэн сылдьаллар! — Оҕолорум, маладьыастаргыт! Фантазия бөҕөтө дьон эбиккит,- учууталлара астыммытын биллэрдэ. Тохсустар, аныгылыы соҕус таҥханы ыыппыттарыттан астынан — дуоһуйан, дьиэлэригэр тарҕастылар. Елена Прокопьева, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан