Кэпсээ
Войти
Регистрация
Додор Кулуба туһунан үһүйээннэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Додор Кулуба туһунан үһүйээннэр
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.10.2024 09:00
Суостаах майгылаах, киһи өйүгэр баппат дьиибэлээх-дьээбэлээх киһи олорон ааспытын туһунан үһүйээннэри, номохтору оҕо эрдэхпиттэн истэбин. Олом Күөлүттэн ытык кырдьаҕас Прасковья Васильевна Кузьмина дьоммор хонон, сэһэргэһэн ааһара. Кини кэпсээниттэн, бэйэм эбэлээх эһэм кэпсээннэриттэн тугу өйдөөбүппүн, кэлин кинигэлэртэн аахпыппын, архыыптан булбут матырыйаалларбын кэпсиэхпин баҕарабын. 18-с үйэҕэ Илин Хаҥалас (билиҥҥитэ Мэҥэ Хаҥалас) улууһугар алта Наахара нэһилиэгин салайан олорбут Михаил Кардашевскай-Додор Кулуба туһунан киһини соһутар араас номохтор бүгүҥҥү күҥҥэ диэри сүтэн-симэлийэн хаалбакка, үһүйээннэр хомуурунньуктарыгар бэчээттэнэн тахса тураллар. Наахаралар төрүт өбүгэлэрин туһунан 1900 сыллаахха Арҕаа Хаҥалас киһитэ Савва Слепцов «Кангаласскай улуус родословнайа» диэн ааттаан Хаҥалас улууһун төрүччүлэрин оҥорбутун булан, онно эбии ревизскай кэпсээннэргэ, дьаһаах хомуйар испииһэктэргэ уонна кырдьаҕастартан ыйыталаһан, биллэр фольклорист Сэһэн Боло 1936 с. наахаралар төрүччүлэрин оҥорбут. Дьэ ити курдук Хаҥаластан төрүттээх Тойон Наахара алта Наахара аҕатын ууһун төрүттээбит дьон кимнээх эбиттэрий? Эллэй Боотуртан Улахан уол Ньырҕа Мөтүн Амма Наахара төрдө буолар, суостаах суодаллаах Додор Кулуба аҕата. Иккис уол Такыр — киниттэн Олом, Тиэлиги төрүттэнэр. Үһүс уол Ыйылас — төрдүс Наахара (Ньучака, Хомустаах сирдэрэ), Орогдооччу — Иккис Наахара (Хочо), Хаҥалас — Чыамайыкы, Лээги — Амма Лээгитин төрдө ууһа буолбуттар. Ити курдук Тойон Наахара уолаттара алта Наахараны төрүттээбиттэрэ биллэр. Додор Кулуба төрдө-ууһа Эллэй Боотур уола Эркин Абаҕантан Хаара Тахтах (Тахтар) диэн уол төрүүр. Хаара Тахтах (Тахтар) уола Босхоҥ Бэрдэнэтэйтэн Тойон Наахара диэн суостаах суодаллаах киһи үөскээн алта Наахара төрдө-ууһа буолар. Тойон Наахара улахан уола Ньырҕа Мөтүнтэн Додор Кулуба төрөөбүт. Додор Кулуба Михаил Иванович Кардашевскай-Додор Кулуба уон ахсыс үйэҕэ олорон ааспыт, дьээбэтинэн-хооботунан, дэбигис өйдөммөт майгытынан олох мэлдьэспэт туоһута буолан уос номоҕор хаалбыт. Додор саар тэгил уҥуохтаах, бэйэтигэр толору эттээх-сииннээх, суон сөҥ саҥалаах, дьиппиэр-тыйыс хааннаах киһи эбит. Кини күннээн олорорун саҕана сүөһүтүн ахсаана тыһыынчаттан тахсаҕа тиийэ сылдьыбыт диэн суруллар. Кини сүөһүтүн барытын алта Наахара дьон бары көрөн олорбуттар. Додор Кулуба сайылыыр, сааһыыр сирэ Хомпу үрэх үрдүгэр турар Олом Күөлэ, кыстыыр сирэ Чоноойу үрэх үрдүгэр эбит. Михаил Кардашевскай Додор кулубалыы сылдьан нуучча итэҕэлин ыларга санаммыт. Амма Солобуодатыгар тиийэн сүрэхтэммит. Кэлии таҥара үлэһитэ ким диэн сүрэхтэниэҥ этэй диэн ыйыппытыгар аҕыс киһини көрүтэлээн баран биир уһун уҥуохтаах, үчүгэй көстүүлээх толуу киһини ыйбыт. Ол киһи Михаил Кардашевскай диэн эбит, онон кини аатын ылан сүрэхтэммит, аатын иһин солуу төлөөбүт. Додор дьиэтэ-уота Сайылыыр дьиэтин туттарарыгар икки ааттаах уус диэбит дьонун ыҥырбыт. Биирдэригэр Хаар Таас сиһиттэн, иккиһигэр Чоноойу сиһиттэн үстүү саһаан усталаах маста суорталааҥ диэн соруйбут. Ол мастарыгар холбуу туппут кэннэ уу тэстибэт эрэ буоллаҕына, дьиҥнээх уус дьон диэн билиниэм оттон уу тэстэр оҥордоххутуна үс төгүл уҥан баран тиллиэххитигэр диэри таһыйтарыам диэбит. Оччолооҕу истибит уустар тус туһунан тахсаннар биирдэстэрэ үс, атына түөрт төгүл алдьата-алдьата саҥа мастары суорталаан аҕалан холбуу тутан биэрбиттэр. Додор бэйэтэ тахсан уу кутан көрбүтэ таммах да уу тохтубатах. Оҕонньор уус дьон эбиккит диэн астыммыта эбитэ үһү. Ол дьонунан сайылыыр, сааһыыр балаҕанын туттарбыт. Тойон ыйбытынан уустар тутан киирэн барбыттар. Балаҕан баҕанатын иинин ирбэт тоҥугар диэри хаһан иккилии хос баҕаналары үөһээ-аллараа бастарын тиһэ биттэхтээн олордубуттар. Бу балаҕан сэттэ үрүттээх, устата аҕыс аҥар саһаан, оттон икки кытыытынан балтараа саһаан эбиттэр. Дьиэ тула өттө бүтүннүү тиһик орон, онтуката наһаа кэтиттэр, кыра уҥуохтаах киһи туора сытар, онтон икки киһи хоонньоһон холкутук батар эбиттэр. Дьиэ үс хостоох, онтон хаҥас диэкинэн эмээхсин, арҕаалыы уҥа — оҕонньор уонна аан диэки хоско хара норуот сыталлар эбит. Бу дьиэ икки өттүнэн сирэйдээх биир оһохтоох эбит. 1895 сыллаахха таҥараҕа тиксэ кэлбит алта Наахара олохтоохторун барыларын киллэрэн баран төбөтүнэн аахпыттара 720 киһи холкутук баппыт эбит. Олорбут ампаар дьиэтэ билигин даҕаны Олом Күөлүгэр турар. Ис өттө түөрт улахан ампаардыы оҥоһуулаах. Халҕан ааннардаах, киэҥ хостордоох. Улахан көмүлүөк оһохтоох, биир ураалаах. Балаҕан үрдүгэ 4 м чугаһатар курдук, аттаах киһи мииммитинэн киирэн кымньыылаатаҕына үрдүгэр охсон нэһиилэ тиэрдэрэ үһү диэн кэпсииллэр. Ол балаҕан остуоруйатын суруллубут кырдьыгын быһаарараары архыып үлэһитэ сэрии кэмигэр кэлэн хостоппут. Икки миэтэрэ сири хаспыттара, кырдьык, үһүйээҥҥэ кэпсэнэрин курдук үс өттүнэн тэбис-тэҥ миэтэрэ аҥардыытын курдук суоннаах сахалыы эттэххэ, үс өттүгэр силистэри олордубуттар эбит. Наһаа киэҥ иини күнү быһа хаспыттар. Ол үс силис анныгар миэтэрэ аҥаарыттан ордук уһуннаах, 15 см курдук халыҥнаах эт эттиир мас курдук тэллэх мастардаах. Ол мастары барытын үөһэ таһаарбыттар. Онтулара сабыс-саҥа билигин хайытыллыбыт мас курдук, маҥана маҥанынан, ырааһа ырааһынан сыппыт этэ. Аны ол анныгар күл-көмөр халыҥ гына кутуллубут. Күл кубус-кураанах, билигин оһохтон баһыллыбыт курдук бурҕаҥнас үһү. Хостообут дьон көмүс көрдөөн көрбүттэр да булбатахтар. Додор Кулуба ойууннары моһуоктуур идэлээх эбит. Үүт көлүйэ оҥоро сатаабыт диэн номох эмиэ баар. Ахсаана суох элбэх ынаҕын ыатан баран көлүйэҕэ (күөлгэ) куттаран үүт көлүйэ оҥоро сатаабыт. Ол көлүйэтэ билигин даҕаны ыраас уулаах. Сайын куйааска ынаҕы тириитин сүллэрэн, туйаҕын туурдаран хаамтара сатыыр эбит. Сүөһү муҥнаах ыарыытыттан араастаан ырдьайарын көрөн «Додор Кулуба халыҥ тириибин уһултаран, куйааска сөрүүкүүр буоллум эбээт» диирэ үһү. Додор Кулуба Улуу Тойону кытары аймахтаһыыта Ол саҕанааҕы дьон Улуу Тойоҥҥо итэҕэйэллэрэ, киниэхэ үҥэллэрэ-сүктэллэрэ. Додор Кулуба тиэрэ байан, ону ааһан хайдах гыныан билбэккэ Удаҕанын ыҥыртаран «Улуу Тойон кыыһын ойох ылан кулу» диэн бирикээстиир. Кулубаны кытары тэҥнэспит суох, удаҕан кыыран киирэн барар. Үс түүннээх күн уҥа-уҥа тиллэн, кырыара-кырыара ирэн тохтоло суох кыырбыт. Үһүс түүнэ бүтэн халлаан суһуктуйуута «Ыҥыртарбыт ыалдьыттарыҥ кэллилэр, тахсан көрүс», — диэбитигэр Додор ааны арыйан көрбүтэ, сэргэни үрдүнэн улахан аттаах дьон кэлэн тураллар эбит. Додор киһи эрэ буоллар уолуйан, дьулайан аанын сабаат: «Удаҕан эрэ буолларгын, киэр гынаттаа, дойдуларыгар төнүннэр» диэбит. «Ыҥыртаран ылбыт ыар ыалдьыттаргын дойдуларыгар үтэйэр ыарахаттардаах. Орто дойдуга сүгүн олордоллоро саарбах. Бэлэх-туһах эрэйэллэр, ону кыайдаххына эйэнэн арахсыахтара» диэбит. Додор удаҕана эппитин барытын толорторон ынах сүөһүттэн, сылгы үөрүттэн үөһээ дойду дьонугар манньа толук ууран удаҕанынан утаартарбыт. Удаҕан үс түүннээх күнү кыыран ыалдьыттарын атаарбыт. Онтон ыла Додор сүөһүтэ өлөн-сүтэн эстэр аакка барбыт. Удаҕан кыыра сылдьан балаҕан өһүөтүгэр саайталаабыт ытыһа маска батары киирэн хойуккааҥҥа диэри баара диэн кэпсииллэр. Додор Кулуба ыалдьыттара Додор дьиэтин аттынан ааһан иһэр киһини туттаран аҕалан итии хобордооххо олордор, «тиэтэйбитин сүрдээх, өссө түргэтииргин көрүөхпүт» диирэ. Оттон сылдьан ааһар ыалдьыттарга ойуун таҥаһын кэтэрдэн баран кыырдарар идэлээх эбит. Онуоха сатаан кыырбаатаҕына уҥуор диэри таһыйтарара үһү диэн баар. Кэлбит ыалдьыт кыыра сылдьан Додору алҕаан бардаҕына «акаары, мантан ордук хайдах дьоллоох олохтоору, байытаары гынар» диэн таһыйтарара эбитэ үһү, онтон сиилээбит, кыраабыт, сүөргүлээбит киһини төттөрүтүн «баары этэр» диэн аһатан-таҥыннаран манньалаан ыытара эбитэ үһү. Ыалдьыттарга остуол тэрийдэҕинэ үс суолга араарар эбит. Бастыҥ диэбит ыалдьыттарын «суордарым» диэн ааттыыр, оччотугар ааттаммыт дьон суордуу хаһыытыыллар, ортоку баайыылаах ыалдьыттарын «тураахтарым» диэн ааттыыр, дьоно тураах саҥатын үтүктэллэр. Оттон олох мөлтөх, быстар дьадаҥы ыалдьыттарын «ыттарым» диэн ыҥырдаҕына тулаларын көрүнэ ырдьыгынаһа түһэллэр эбит. Илбистээх быһах Ууска тиийэн быһах оҕустарбыт. Удаҕанын ыҥыран ылан быһаҕын субай хаан үрдүгэр уурдахха быһа түһэр быһах буоларын гына оҥороругар сорудахтыыр. Удаҕана «бу бүтэһик сорудаҕын буоллаҕына оҥоруом» диэн Додортон тылын ылан хас эмэ күннээх түүн кыыран быһаҕын оҥорон биэрэр. Додор быһаҕыттан олус диэн астыммыт, субай хааҥҥа биитинэн даҕайыан эрэ кэрэх, быһа түһэн кэбиһэр эбит. Додор бу быһаҕын оронун үрдүнэн ыйыыр эбит. Биирдэ киэһэ кэтэҕириин ороҥҥо тиэрэ түһэн, балаҕан өһүөтүн одуулуу сыттаҕына, ыйанан турар быһаҕа аргыый аҕай биэтэҥнээн киирэн барбыт. Илбистээх быһах кыыныттан уһуллан Додор хабарҕатын быһа түспүтэ эбитэ үһү. Додор ыччаттара Додор хас оҕолооҕо чуолкайа биллибэт. Улахан уола Михаил Михайлович эдэр сааһыгар күн сириттэн күрэммит. Кыра уола Василий Михайлович — ноурокка биллибит аата Ньолдоох Баһылай диэн эбит. Кини өлөөрү сыттаҕына уол оҕо төрөөбүтүн «Дууһа оннугар дууһа кэллэҕэ Дуус Баһылай диэн буоллун» диэн оҕотун ааттаан баран тыына быстыбыт. Дуус Баһылай алта Наахара кинээһэ, ытык киһитэ буолбут. Олом Күөлүгэр таҥара дьиэтин туттарбыта Василевскай диэн кини аатын ылбыт. Сэбиэскэй былаас кэмигэр умайбыт. Додор кыыһын сыдьаана саха биир бастакы суруйааччыта Анемподист Иванович Софонов — Алампа буолара дакаастаммыта. Ити курдук уордаах, сүрдээх дьиибэлээх Додор Кулуба олорон ааспытын туоһуулуур уос номоҕо буолбут үһүйээннэри кырдьаҕастарбыт көмөлөрүнэн баччааҥҥа диэри илдьэ кэллэхпит. Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма быысаһыытыгар харыйа тыанан хаймыыламмыт Олом Күөлэ билигин даҕаны баай таабырыннаах үһүйээннэри Хомпу үрэх хоонньугар кистии сыттаҕа. Билигин онно ытык кырдьаҕас Прасковья Васильевна Кузьмина оҕолоро, сиэннэрэ олороллор. Улахан уол Николай Кузьмин — дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолан, хаһаайыстыбаны сүрүннүүр. Хороҕор муостааҕы хонууга хорҕотон, сыспай сиэллээҕи сыһыыга сыһытан, саха ынаҕын боруодатын иитэн өбүгэлэрин үгэһин утумнуур ыччат дьонноохтор. Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх диэн маны этэн эрдэхтэрэ. (Үһүйээннэр «Эмис нэһилиэгэ» кинигэттэн, атыттара кырдьаҕастар кэпсээннэриттэн, «Олом-Күөл — биһиги дойдубут» ВК бөлөхтөн ылылыннылар)
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан