Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сэрии уонна олох
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сэрии уонна олох
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
16.07.2020 15:07
1998 сыл. Улахан Марха. Хаайыы, тубзона, шизо (штрафной изолятор). Эмискэ аан аһылынна. Хаамырабытыгар биир саха уола киирэн кэллэ. Киирээт дорооболосто. Дьүһүнэ көннөрү хаайыылаахха маарыннаабат, хайдах эрэ ураты курдук. Хараҕын көрдөххө, Дьылҕа Хаан эрийбит-мускуйбут киһитэ буолара тута биллэргэ дылы. Киэһэлик нус-хас буолуута ол уолу кытта сэһэргэһэн бардыбыт. Уол Сэргэй диэн ааттаах эбит (биллэр төрүөтүнэн аатын уларыттым). Хоту улуус биир дэриэбинэтигэр төрөөбүт. Ийэтэ эрдэ өлөн, тулаайах хаалбыт. Аҕата уол тоҕус саастааҕар өлбүт. Аҕата идэтинэн суоппар эбитэ үһү. Сынньаммакка түүннэри-күнүстэри айанныы сылдьан төбөтүгэр хаан туран, уруулун туппутунан өлбүт. Аҕата өлбүтүн кэннэ Сэргэйи икки сыл аймахтара ылан ииппиттэр. Ол кэнниттэн Дьокуускайга эбэтигэр ыыппыттар. Уол куоракка 16 №-дээх оскуоланы үөрэнэн бүтэрбит. Оскуола кэннэ 14-с ГПТУ-га каменщик-монтажник, конструктор идэтигэр үөрэммит. Салгыы бастакы нүөмэрдээх лицейгэ үөрэнэн газо-электросварщик идэтин ылар. Ол курдук кэм-кэрдии элэҥнээн ааһан испит. Сэргэй идэтинэн үлэ булан үлэлии сылдьыбыт. 1994 с. аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Бу үүммүт сааскы чаҕылхай кэм кини олоҕун тосту уларытыан кини хантан билиэй. Баҕар, онно олоҕум табыллыа, наадалаах киһи буолуом диэн үөрэ-көтө аармыйалаары сылдьыбыт. Дьокуускайга Сүүмэрдиир пууҥҥа кинини Чита куорат 200 №-дээх үөрэтэр-тааҥкабай пуолкатыгар анаабыттар – мэхээнньик-суоппарынан. Сэргэй онно тиийээт да, аармыйа туһунан эрдэтээҥҥи санаата тосту уларыйбыт. Тэлэбиисэргэ көрдөрөр “Служу Советскому Союзу”, “Служу Отчизне” биэриилэргэ көрдөрөллөрүттэн чыҥха атын хартыына эбит. Ол эрээри Сэргэй санаата күүстээх буолан, алта ыйдаах “учебканы” этэҥҥэ аһарбыт. Учебка кэнниттэн кинини Чита уобалаһыгар баар мотострелковай пуолкаҕа ыыппыттар. Ол кэмнэргэ Чечняҕа сэрии саҕаламмыт кэмэ этэ. Сэргэй саныырынан, ол сэрии ханна эрэ олус ыраах, чиэски сиргэ буола турар курдуга... Арай биир киэһэ батальоннарын хамандыыра киирэн испииһэктэн хас да киһини ааттаталаабыт. Ол испииһэккэ Сэргэй араспаанньата баар буолан биэрбит. Ааттаммыт дьон: “Командировкаҕа бараҕыт!” – диэн буолбут. Бурятияҕа п. Гусиноозерск-3 диэн сиргэ баралларын туһунан уолаттар кэнники биирдэ билбиттэр. Ол сиргэ тиийэн баран истибиттэрэ – бу Чечняҕа сэриигэ ыытарга бэлэмниир сирдэрэ эбит. Сэргэй оҕо эрдэҕиттэн патриоттуу тыыҥҥа иитиллибит буолан, сорохтор курдук куотуна эҥин сатаабатах. “Барар буоллахпытына – барабыт!” – дэспит хорсун уолаттардыын билсэн-көрсөн, доҕордоһон барбыт. Бу диэн эттэххэ, командование аатыгар “об отказе” диэн сайабылыанньа суруйуохха сөп эбит этэ. Ол эрээри оннук суруйбут уолаттары түүнүн кэлэн ыытыахтаах сирдэригэр син биир ыыталлара үһү. Сэргэй кэпсээниттэн Чечня. “Червленая” ыстаансыйа. Түүн вагон анныгар саһан хоннубут. Онно-манна сэрии уота хараҥаҕа сандааран олорор. Бары даҕаны эдэр буоламмыт, мэник-тэник санаабытыгар баһыйтаран, куттал диэни төрүт билбэппит. Сарсыныгар бирикээс быһыытынан Грознай куоракка барар буоллубут. Грознайга чугаһаан иһэн көрдөххө, куорат үрдэ бүтүннүү хап-хара буруонан көрөн турар. Ол баран иһэн утары уолаттары көрүстүбүт. Таҥастара кип-кирдээх, дьүһүннэриттэн көрдөххө, бэркэ сылайбыт-элэйбит, илистибит көрүҥнээхтэр. Грознай диэки эрбэхтэринэн ыйаллар, ол тарбахтарынан
хабарҕаларын соттон көрдөрөллөр. Биһиги онно биири өйдөөтүбүт: сэрии саамай ынырыга, сэрии уота-күүһэ итиннэ буола турарын. Тиийбиппит, аҥаарыгар — федераллар, бииригэр – чеченнэр. Бу сырыыга чеченнэр (духтар) өттүлэригэр уоттаах сэрии буола турар эбит. Кэлээччилэр бастаан блокпоска турдубут. Сыалбыт-сорукпут – муостаны харабыллааһын. Биир уол кэпсииринэн, арай биирдэ утары хап-хара өҥнөөх джип массыына айаннатан иһэр эбит. Уолаттар массыына иһигэр Дудаев илэ бэйэтинэн олорорун көрбүттэр. Оччолооҕу көрөн баран билиэн тутаары гыммыттарыгар эмискэ хантан эрэ ынайбыт истээх полковник көстөн кэлэн уолаттарга: “Для кого – чеченский боевик, для кого – русский офицер! Пропустить!”, — диэн бирикээстээбит. Чечен сынаайпара Биһиги аэропорду харабыллыы сылдьабыт. Иннибэр вагон турар. Ол вагончик үрдүгэр Дудаев сөмөлүөтүттэн ылыллыбыт кириэһилэ баар. Мин күнүс ол кириэһилэҕэ табахтыы олордохпуна эмискэ атаҕым аһыс гынна. Иннибэр туох эрэ иһэр курдук. Ол онтон аһаран хаптас гынным. Онтум буулдьа эбит этэ. Бу — чечен сынаайпара “үлэлии-хамныы” сылдьар эбит. Ол күнтэн ыла бу сынаайпары бултаһарга сананным. Иккис түүнүгэр бу сынаайпар хантан ытарын сүтэрэн кэбистибит. Баҕар, манан буолуо диэбит сирдэрбин НСПУ-нан көрүөлүү олордум. Арай эмискэ НСПУ-бар уот чаҕылыйан ааста. Баар этэ! Тута ол диэки туһаайан баран чыыбыспын тардан кэбистим. Ол кэннэ сынаайпар үлэтэ тохтообута... Биир нэдиэлэ буолан баран атын сиргэ көһөр буоллубут. Били ыппыт сирбин таарыйа көрөн аастыбыт, биир чечен сынаайпара өлө сытар эбит. Сэбэ-сэбиргэлэ барыта английскай оҥоһук, үрдүк кылаастаах оптикалаах. Үрдэли ылыы Бирикээс кэллэ – “Үрдэли ылыҥ!”Ол бирикээс биһиги ротабытыгар уонна өссө биир десант ротатыгар сүктэрилиннэ. Разведка этэринэн, онно боевик элбэх үһү. Улахан ытыалаһыы кэнниттэн үрдэли ыллыбыт. Тиийбиппит, 12 өлүк баар, биэс уонча боевик хайа быыһынан куоппут. Кинилэр куоппуттарын бүөлүү алта смертник хаалбытын кыдыйбыттар. Бу сэриигэ араас түбэлтэ тахсара. Биллибэт өлүк элбэҕэ, илиитэ, атаҕа, төбөтө суох... Кимэ-туга да биллибэт, сирэй нүөмэрэ суох өлүктэри улахан дьаама хаһан баран тыраахтарынан күртэрэн кэбиһэллэрэ уонна ол үрдүгэр суол оҥороллоро. Ким утуйар-утуйбат, аһыыр-аһаабат быыһыгар таҥаспытын бэнсииҥҥэ сууйа охсорбут. Түүн чечен боевиктара хараҥаны туһанан сыылан кэлэллэрэ. Ол барыта сырдатар ракета кэмчититтэн тахсара. Сырдатар ракетаны ытан баран 20-чэ мүнүүтэ буолаат, саҥаттан ытыаххын наада. Ол ыккардыгар боевиктар 3-4 миэтэрэ чугаһыы охсубут буолаллара. Онно буолара — тирээн туран ытыалаһыы. Биир сыыһа хамнаныыттан “груз 200” буолуоххун сөп. Биир дойдулааҕым Нус-хас буолуута атын пуолкалары кэрийэр идэлээх этим. Баҕар, алҕаска биир дойдулаахтарбын, сахалары, көрсүөм диэн. Ол курдук, биирдэ саллааттартан саха уола баарын истэммин, көрсө тиийдим. Тиийээт, хаһан да үөрбэтэхпин үөрдүм – иннибэр бииргэ үөрэммит (кылааһынньык) уолум турар! Кэпсэтиһэ түһээт, киэһэ налыччы ирэ-хоро кэпсэтиэхпит диэн арахсыбыппыт. Кини БМП-га мэхээнньик-суоппардыы сылдьар эбит этэ. Ол күн хаһан киэһэ буоларын өр да көһүттүм. Киэһэтин барбыттартан биир эрэ
БМП төннөн кэллэ. Ол онтон биир нуучча уола тахсыбытын көрөн бэйэм уолум туһунан ыйыталастым. Ол уол ыар кэпсээни кэпсээтэ. Кини кэпсииринэн, бииргэ үөрэммит уолум БМП-та бастаан испит. Ол иһэн тоһуурга түбэспиттэр. Кини массыыната миинэҕэ түбэһэн эстибит. Барыта бүппүтүн кэннэ уолум өлүгүн булан таһаарбыттара, өттүгүн аҥаарынан атах өттө олох суох үһү. Онно олус да кыһыйбытым, абарбытым! Ис-испиттэн ытаабытым... Сэрии содула “Летучий Голландец” диэн ааттанар саллаат уолаттар бааллара. Олортон чечен боевиктара абааһы уоттан куттанарын курдук куттаналлара. Кинилэртэн ардыгар, бэл, бэйэбит салларбыт. Олор биир пуолкаттан бэһиэлэр эрэ этэ. Туох баар ньиэрбэлэрэ алдьаммыт, уйулҕалара уйуһуйбут дьон этилэр. Ол 19-таах, 20-лээх уолаттар бэһиэ буолан отучча боевигы эккирэтэ сылдьан кыдыйтаан төбө, кулгаах бөҕөнү аҕалаллара. Биһиги ротабыт хамандыыра тиһэҕэр төбөтүнэн ыалдьан “бырахтарбыта”. “Мин командоспын!” – дии-дии, буулдьаҕа утары сүүрэн киирэрэ. Киһи сөҕүөн иһин, буулдьа кинини биирдэ да таппатаҕа. Уопсайынан, онно кадровай эписиэрдэр тиийбэттэрэ. Хааччыллыы диэн суоҕа. Ким тугу булбутунан таҥнара. Ол дойдуга түүнүн олус тымныы, күнүһүн, төттөрүтүн, ип-итии буолара. Аһылыкпыт: “обыкновенная серая гадюка”. Ону ууга буһаран сиирбит уонна... ыт этин. Килиэп диэн суоҕа. Арай биирдэ хааччыйар чаас старшината икки бухааҥка килиэп аҕалбыта. Ол түүн ытыалаһыы буолбута. Ол старшина массыына анныгар киирэн баран тахсыбатаҕа. Сарсыарда бэйэбит соһон таһаарбыппыт. Ол тахсан баран бүтэһигин саҥарбыта: “Я больше к вам не приду, за продуктами сами приходите”. Биир кыргыһыы кэнниттэн эмискэ өйдөммүтүм, контузияланан бөртөлүөтүнэн Владикавказка көтөн иһэр этим. Волгоград госпиталыгар илдьибиттэрэ. Ол кэннэ Свердловскайга ыыппыттара. Онтон икки буолан Челябинскайга тиийбиппит. Онно уолаттар диэмбиллэнэр бирикээс кэтэһэн олороллоро. Взводум хамандыырын солбуйааччытын көрсө түспүтүм, хата, тыыннаах эбит этэ. Сэрии кэнниттэн Ол курдук, Сэргэй 1996 с. саас диэмбиллэнэн баран, бастаан Дьокуускайга, онтон дойдутугар хоту тиийбит. Биирдэ оҕо эрдэҕинээҕи доҕорун көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн арыгылыыллар. Ол кэннэ дискотекаҕа тиийбиттэр. Сэргэй онтон түгэн булан табахтыы тахсыбыт. Ол тахсан доҕорун биир хайа эрэ киһи кырбаары үтүөлүү турарын таба көрбүт. Анараа киһини биирдэ охсон түһэрбит... Ол охсуллубут киһитэ дьиэтигэр тиийэн сыппыт, төбөтүгэр хаан туран устунан тыына быстыбыт. Ол түмүгэр Сэргэйи 108 ыстатыйа II-с чааһынан сууттааннар уон сылга кытаанах эрэсиимнээх хаайыыга ыыппыттар. Сууттуулларыгар сэриигэ кыттыбытын кыратык да учуоттаабатахтар. Дьиҥэр, сэрииттэн кэлээттэрин кытта уопсай туруктарын көрөн реабилитациялыахтаах эҥин этилэр. Чуолаан, бастакы Чеченскэй кампанияҕа тыыннаах хаалбыт уолаттары реабилитациялаабатахтарын Сэргэй хомойбуттуу кэпсээбитэ. 2000-2005 үбүлүөйдээх сылларга сэрии кыттыылаахтарыгар амнистия биллэриллибитэ эрээри, Сэргэйи ол тумнубута. Онон суут биэрбит уон сыллаах болдьоҕун толору олорон, буруйун боруостаан 2006 сыллаахха босхоломмута. 2010 cыл, Мохсоҕоллоох зоната, олунньу ый. Табаҕа зонатыттан этаптаммыт дьон кэллилэр. Арай биир күн Сэргэйи көрсө түстүм. Табаҕа зонатыттан аҕалбыттар. Көҥүлгэ 2006 с. тахсан Дьокуускайга олохсуйбут. Биир чааһынай тэрилтэҕэ
стеклопакет оҥорор установкаҕа испэсэлииһинэн үлэлээбит. Покровскайдааҕы алмаас кырыылыыр собуокка үрдүттэн кырыылааччы үөрэҕэр үөрэммит. Быһаас таптыыр кыыһыныын ыал буолаары сылдьан “дьыалаламмыт”. Кини биир эргэ дьиэҕэ кыыһын кытта олорбуттар. Ол дьиэлэрэ сууллар туруктаах эбит. Инньэ гынан хапытаалынай өрөмүөн наада буолбут. Сэргэй харчыга наадыйан урут иэстээх киһититтэн харчытын сураспыт. Анарааҥҥыта милииссийэ отделыгар сайабылыанньа суруйбут – маннык киһи харчыны ыган ыла сатыыр диэн. Урут “олоро” сылдьыбыт киһиэхэ тута дьыала көбүтүллүбүт. Үҥсээччи өссө Сэргэйгэ “отут тыһыынча биэрдэххинэ, сайабылыанньабын төттөрү ылыам” диэн этиилээх кэлэ сылдьыбыт. Сэргэй оччо харчыны хантан булуой. Инньэ гынан сууттанан, икки сылга кытаанах эрэсиимнээх хаайыыга бириигэбэрдэммит. Уол бүтэһик тылы биэрбиттэригэр: “Кэргэннэнэн, ыал буолан эрэбин, бука баһаалыста, болдьохпун усулуобунайдык биэриҥ”, — диэн көрдөспүт да, ылымматахтар. Дьэ, ол курдук, Сэргэй уол сырдык олоххо тардыһан, киһилии олох олорон эрдэҕинэ иккистээн хаайыы олоҕор төннөрбүттэрэ. Нифонт Пахомов.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан