Кэпсээ
Войти Регистрация

Оҕус сыла саҕаланнаҕа… (САҤА КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Оҕус сыла саҕаланнаҕа… (САҤА КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
09.01.2021 15:00
Бэллээски уһуктар-уһуктубат икки ардынан, түүл-бит курдук туруктаах «тиллэн» кэллэ. Түөрэҥнэс аллаах тыытыгар аптамаатын бэлэм туппутунан, туох буолтай, тура тэбинэн, дьалкылдьыйа сытар Төҥүттэ эбэтин ортотугар иҥнэл-таҥнал түһэ сылдьар эбит. Хойуобул андыны кыһарыйа сатыыр быһыылаах. Тыытын тумса умсаахтаатаҕын-күөрэҥнээтэҕин аайы, баттаҕа баранан эрэр саллайбыт баһа, биримээнэ, хайа барыах, быстан түһүөх курдук, амырыын арыы… Хайдах-хайдаҕый, аны Илин бас диэки хантан кээлтэй, нуучча дьахтара үөр мороду маргыарын түһэрэн, биир кэм «урут-урут» бөҕө, быыһыгар лиҥкир тииттэр кэтэхтэриттэн муусука ииригирэн дирбийэн-дарбыйан, чэчэгэйдэрин саха быһаҕын уһугунан дьөлүтэ кэйиэлиир курдук. Бэрт эрэйинэн халтаһаларын атыппыта, дэлэй астаах бырааһынньык остуолун кыйа тардыллыбыт дьыбааҥҥа дьалкылдьыйа сытар эбит. Остуол нөҥүө эркиҥҥэ иилиллибит тэлэбиисэр ким да көрөрүгэр-көрбөтүгэр наадыйбакка, кэпсиир-ипсиир, ыллыыр-туойар. Бэллээски саһарчы ыһаарыламмыт собочооннор, сойо тоҥмут тэриэлкэлээх харта, сыалаах ойоҕос быыһыгар өссө да аҥаарынан астаах буоккачаан бытыылката кылаллан турарын таба көрөн, харахтара сырдаан, кулгаахтара аһыллан кэллилэр, олоро биэрдэ. «Оо, Мааппа!» — үөрдэҕинэ, сөхтөҕүнэ туттар саҥа аллайыытын даҕайсыбытынан, үрүҥ туманы өрүкүппүтүнэн, биэдэрэлэрин талырдаппытынан ойоҕо Мааппата хотонуттан киирэн кэллэ. – Марфуша, үүммүт Оҕус сылынан! – Бэллээски тобохтоох бытыылкатын диэки тарбахтарын сарбатан эрэҕинэ, Мааппата холуоһаларын да устубакка халлырҕатан кэлэн, эһэ охсон ылла. – Сүөһү, Оҕус сыллаах баҕастаах! Арыгылаан аппаҥныы, ииригирэ сылдьан бу тымныыга борооскугун тоҥорон таһырдьа хоннорбуккун, дэлби титирээбит. Өссө дьыбааҥҥа таралыйбыт буола-буола, бар, таҕыс, сүөһүлэргин аһат! -Марфушата, Бэллээскигэ туһугар тыын салҕыыр өлбөт мэҥэ уу буолбут хаарыаннаах буоккачаанын харах уутун курдук саккыраппытынан, бытыылканан далайан эрдэҕинэ, кыл мүччү остуол анныгар түстэ. «Сатана оҕуһа, ийэтин ааҕы кытта хотоҥҥо киирсибэккэ, тоҕо таһырдьа хонно…», Бэллээски бэҕэһээҥҥини эргитэ сатаан, сүүһэ мыччырыйда, кэтэҕин тарбанна. Ээ, арба, сүөһүлэрин уулата үүртэлээн баран, от тордуохтуох буолан эрдэҕинэ, аллар атаһа Тэллээски иккиэ буолан, хоонньуларыгар кэһиилээх кэлбиттэрэ. От тэллэҕэр олорон кистии-саба Саҥа дьыллаан эрэллэрэ баара, уоннааҕыта киинэ лиэнтэтэ быһа барбытын курдук… «Чэ-чэ, биир түүн аайы айылҕа оҕото туох да буолуо суоҕа!». – Марфуша, аһара трагедиялаама. Оннооҕор уус алданнар Майаҕатта диэн ааттаабыт борооскулара кыһыны хотоҥҥо киирбэккэ туоруура. Биһиэнэ, оттон, Оҕус сылын, оҕуһун киллэрэн, анаан-минээн ахсынньы аам-даамыгар аһаҕас халлаан анныгар көрүстэҕэ. Хата, харса-хабыра суох борооскубутун Манчаары диэн ааттыахха! – остуол анныттан холуочук Бэллээски кэһиэхтээҕинэн кээҕинээтэ. –Сүөһү, Манчаарылаах баҕастаах, — Мааппа кыйыттан-тымтан иһитинэн-хомуоһунан тилир-талыр быраҕаттанна. Ыалга Оҕус сыла саҕаланнаҕа. Силиги
edersaas.ru сайтан