Кэпсээ
Войти
Регистрация
Оҕус сылыгар оҕуска сыһыаннаах ахтыы күрэҕин тэрийдилэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Оҕус сылыгар оҕуска сыһыаннаах ахтыы күрэҕин тэрийдилэр
K
edersaas.ru
Категорията суох
08.01.2021 16:24
Саҥа сылы көрсө ханна баҕарар араас куонкурустары, күрэхтэри ыыталлар. Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгин “Алгыс” култуура киинэ “Оҕус көлө” диэн бэрт сонун ахтыы күрэҕин тэрийдэ. Балачча элбэх үлэ киирбититтэн, бастакы миэстэни Кыыллаахтан төрүттээх Мария Поскачина, иккис миэстэни өр сылларга осеменаторынан үлэлээбит Клара Корнилова, үһүс миэстэни Кыыллааҕы иккис дойду оҥостубут, Дьааҥыттан төрүттээх Екатерина Грязнухина ыллылар. Үс бастыҥ ахтыыны бүгүн саайпытыгар таһаарабыт. edersaas.ru Оҕуһунан айаннаабытым Саха киһитэ былыр-былыргыттан хороҕор муостааҕы хотоҥҥо хаайан, сыспай сиэллээҕи сыһыыга сырыһыннаран, көлө, ас-үөл, эт-үүт, сүөһү тириититтэн таҥас оҥостон, бытарҕан тымныы айылҕалаах дойдубутугар олох олорон кэллэҕэ… Билигин олох балысханнык сайдан ат даҕаны көлөлөөх аҕыйаата. Оттон биһиги оҕо эрдэхпитинэ оҕус көлөлөөх дьон бааллар эбит этэ. Бу кэпсиир түгэним сүүрбэһис үйэ ортотун ааспытын кэннэ буолбута. Оччолорго мин бэһис дуу, алтыс дуу кылааска үөрэнэ сылдьарым. Даппарайтан күн аайы Кыыллаахха оскуолабытыгар тыалы, тымныыны аахсыбакка сатыы хоочугураһан кэлэрбит. Иһэлийбит иэдэстээх сылдьар түгэннэрбит бааллара. Хата, дьоммут барахсаттар таҥаспытын-саппытын кичэйэн бэрийэннэр, этэҥҥэ сылдьыбыт эбиппит, билигин санаан көрдөххө. Аҕам Еремей Прокопьевич Мокрощупов байанайдаах булчут буолан кылааспар бастакынан кыһыл саһыл бэргэһэ кэппитим. Бырааттаах балтым үүс тириититтэн тигиллибит бэргэһэлээх этилэр. Бу тириилэри имитэн, сылаас таҥас тигээччи эдьиийбит барахсан Октябрина Прокопьевна Жирохова (Мокрощупова) этэ буоллаҕа дии… Дьэ ол бытарҕан тымныыларга сылдьарбытыгар билиҥҥи курдук массыына дэлэйэ кэлиэ дуо уонна билбэт массыынабытын көрдөхпүтүнэ даҕаны, олорсо сатыахтааҕар, хата, фара уотун ыраахтан көрөн кыдьымах быыһыгар саһан хаалааччыбыт. Тыа сиригэр улааппыт оҕолор кэнэммит, куттамсахпыт оччо буоллаҕа. Чэ, кэпсиэхтээх суолбуттан олох халыйан хаалаары гынным. Дьэ, онон, эппитим курдук, бэһис дуу, алтыс дуу кылааска үөрэнэ сылдьан тоҕо эрэ быһалыы суолунан — Арыы баһынан барбакка, Дьолокоҕо тиийэн улахан массыына суолунан дьүөгэбинээн Викалыын, билигин Виктория Семеновна Бельчусова-Софроновалыын Даппарайбытыгар бардыбыт. Бу баран иһэммит Кыыллаах сыырыттан түһэн оҕуһу сыарҕаҕа көлүйбүт, сыарҕатыгар уу баһар буочуканы сытыары тиэйэн баран онтун сыарҕатыгар быанан хамсаабат гына баайбыт киһи баран иһэрин көрүстүбүт. Күн аайы сылдьар дьон билии бөҕө буоллаҕа дии, уу баһар ойбон Даппарай өттүгэр баарын! Ол оҕус көлөлөөх оҕонньору дьон Баһыкка оҕонньор диэн ааттыыллар этэ. Дьэ биһиги көлөҕө түбэстибит диэн үөрэ түстүбүт даҕаны: “Эһээ, биһигини олордууй” — диэн көрдөһө оҕустубут. Хата, биһиги үөрүүбүтүгэр, оҕонньор: “Ээ, оҕолорбун илдьэн бөҕө буоллаҕа”, — диэн саҥа-иҥэ буола түстэ. Бэйэтэ даҕаны бэрт элбэх саҥалаах, кэпсээннээх киһи быһыылааҕа. Оччону истээт, биһиги кураанах буочука икки өттүгэр сыарҕа сыҥааҕар турунан кэбистибит да, айаннаан кыыкырдата турдубут. Оҕонньор ааппытын-суолбутун, ким оҕолоро буоларбытын ыйыталаһан, “ээ Дьэрэмэй уонна Сэмэн оҕолороҕут эбит дии” диэн күө-дьаа буола түстэ. Дьэ уонна киҥинэйэн ыллаан истэ, били, “саха киһитэ оҕуһун мииннэ да тойуксут” дииллэринии. Оҕонньорбут кэпсээн-ипсээн иһэрин, киҥинэйэн ыллаан да ыларын, биһиги
бэркэ сэҥээрэн истэбит, наһаа үчүгэйдик айаннаан иһэрдии сананабыт быһыылаах. Билигин санаатахха, оҕус барахсан таҥкыччахтаан хаамыыта оҕо киһи сүүрэн-көтөн айанныырыттан бытаан буолаахтыа ээ, бука. Оттон биһиэхэ кылаабынайа көлөнөн айаннаан иһэрбит үөрүүтэ баһаам буоллаҕа дии. Ол да буоллар маннык бытаан айантан син кэһэйбит быһыылаах этибит, тоҕо эрэ иккистээн, үһүстээн айаннаабыппытын өйдөөбөппүн. Бу Баһыкка оҕонньор элбэх саҥалаах, үтүө санаалаах кырдьаҕас кимнээх аймахтара буоларын ол курдук оройдоппокко хаалбыппын. Арай, хойут эргэ дьааһыланы өрөмүөннүүргэ “Баһыкка оҕонньор түннүк тааһын олох алдьаппакка быһар этэ” диэн саастаах үлэһиттэр кэпсэтэллэрин истэрим. Онон мин сүүрбэһис үйэ оҕото оҕус көлөнөн айаннаан турабын, диэн өйдөбүнньүкпүн, бу кэлэр сыл оҕус сыла буоларынан, түгэн көстүбүтүнэн сурукка тистим. Бу сүүрбэ биирис үйэ сүүрбэ биирис сылыгар даҕаны, ынах сүөһү барахсан саха ыалын уйгулаах олоҕун бигэ тирэҕэ буолар. Үүнэр сылга сүөһү ииттэр биир дойдулаахтарбар хотоҥҥут иһигэр хороҕор муостааххыт төрөлкөй төрүөҕү биэрдин, сыһыы аайы сыспай сиэллээххит сэгэйэ сиэллин, үүт-сүөгэй үрүлүйдүн, эт-арыы дэлэйдин! Оттообут оккут иҥэмтэлээх, амтаннаах, бөҕө-таҕа күрүөлээх буоллун диэн баҕа санаабын аныыбын. Мария ПОСКАЧИНА, Дьокуускай куорат. Оҕуска үлэлээбитим Бу орто дойдуга араас идэ, араас үлэ баар. Ханнык да үлэҕэ санааҕын саарбахтаабакка ууран, сүрэхтиин-быардыын ыалдьан үлэлээтэххэ, онтон ордук үлэ суох курдук. Үлэ баар эбит — бу орто дойду дьоло! Биһиги Анна Прокопьевна Корниловалыын 1967 сылтан бу дьикти, сэдэх, билиҥҥи эдэр дьоҥҥо соччо өйдөммөт үлэни саҕалаабыппыт. 1966 сыллаахха иккиэн үөрэнэн кэлбиппит. Ол саҕана Кыыллаахха 120 ыанар ынах баара. Иккиэн үөрэ-көтө осеменатордаабытынан барбыппыт. Табыллыбыт үлэ түмүгэ — кып-кырачаан, мэп-мэник ньирэйдэр. Бука бары араастар: тыһылар, атыырдар — өбүгэ саҕаттан саханы саха дэппит, киһини үлэһит аатырдыбыт ынах сүөһү барахсан! Хата, оҕус сыла кэлэн эрэринэн туһанан, оҕус иитиитигэр үлэм туһунан сырдатан хаалыым. Дьэ, ол курдук, оччолорго кыһынын сиэмэни Дьокуускайтан аҕалаллара, суол сабылынна даҕаны муус устартан саҕалаан алтынньыга диэри оҕустан сиэмэни ылыы саҕаланара. Бастаан утаа Анна Прокопьевнам оҕустан куттанара. Инньэ гынан, 10 сыл кэриҥэ, 1976 сылга диэри бэйэм соҕотоҕун сиэмэ ыларым. Маҥнай оҕуһу көрөөччү, бэрийээччи (бычаар диэн ааттааччыбыт) оччолорго Егор Гаврильевич Чичирбынов этэ. Кини кэнниттэн Николай Николаевич Сивцев, онтон Анатолий Семенович Софонов олус уһуннук бычаарынан үлэлээбиттэрэ. Бүгүҥҥү сэһэргиир сэһэммит геройа, бастакы балтараа саастаах оҕуспутун, холмогуор боруоданы Спутнигы Архангельскайтан аҕалбыттара. Ыраах сиртэн улахан соруктаах кэлбит оҕус быһыытынан биһиги тыйыс айылҕабытыгар да, бэйэбитигэр даҕаны бэрт түргэнник үөрэммитэ. Бэл диэтэр, суохтуур курдуга. Ол туоһута — 1969 сыл сайыныгар, уоппуска ылан соҕуруу эмтэнэ барбыт кэммэр, солбуйа хаалбыт дьоммор сиэмэ биэрбэккэ эрэйдэтэлээбит этэ. Арҕаа нэһилиэктэн, Өлүөхүмэ куораттан кытта кэлэн ыла сатаабыттар да, табыллыбатах. Спутник кэннэ Хамис, Хрут диэн оҕустар кэлбиттэрэ. Ити курдук атынтан атын оҕуһу аҕалан, сүөһү хаанын уларытар
эмиэ үлэ биир сүрүн соруга этэ. Ити кэмҥэ биһиги кэккэбитигэр Лариса Серафимовна Грязнухина үлэлии киирбитэ. Ол кэннэ эдэр эрчимнээх, үлэҕэ хоһуун Зинаида Васильевна Максимова киирэн бэркэ ылсан үлэлэһэн барбыта. Дьэ үһүөн сиэмэ ылар этибит. Ылыллыбыт сиэмэ аҥардас Кыыллаахха эрэ буолбакка, сайын ардахтаан, эбэтэр атын төрүөтүнэн сөмөлүөт көппөккө сиэмэ кэлбэтэҕинэ, биһиги ылбыт сиэмэлэрбит оройуон араас муннугар тиийэллэрэ. Кэлин тоҥоруу сиэмэ баар буолбута, онуоха диэри биһиги оҕустан сиэмэ ыла турбуппут. Ол тухары араас дьону кытта алтыһан үлэлээбиппит. Олус да үтүөкэн күннэр-дьыллар ааспыттар эбит! Олус да үчүгэйдик үлэни өрө тутан сылдьыбыт эбиппит! Мин ахтыым төһө да көлүүр оҕус туһунан буолбатар, оҕуһу кытта үлэлээбиппин, түгэни туһанан, сырдаттаҕым буоллун. Күндү ааҕааччыларым, оҕуһу кытта үлэлээн оҕус майгытын билэр киһи сиэринэн, кэлэр сыл этэҥҥэ буолууну, баайы-дуолу, кытаанах доруобуйаны эрэ аҕалыа диэн эрэнэбин уонна бука барыгытыгар дьолу, үлэттэн дуоһуйууну, дьиэ кэргэҥҥэ эйэлээх буолууну баҕарабын! Клара КОРНИЛОВА, Кыыллаах нэһилиэгэ. Дьааҥыга от үлэтигэр Оччотооҕу, 1957-1964 сылларга үөрэммиттэр, бэһис кылаастан онуһу бүтэриэхпитигэр диэри биир да сайыны көтүппэккэ колхуоска от үлэтигэр үлэлээбиппит. Быһыттаах звенотыгар солбуллубат биригэдьиир Дмитрий Павлович Ефимов – Уһун Миитээ үлэлэтэр этэ. Улаханнык мөҕө-этэ сылдьарын өйдөөбөппүн. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлиирбит. Бырдах барахсан арахпат аргыспыт этэ, сирэйбитигэр сиэккэлээх оттуурбут. От мунньуутугар 25 суотайтан 1 гааҕа тиийэ былаан түһэллэрэ. Тыа сирэ буолан, үксэ күөл кытыытыгар оппутун ааллаан таһааран, кыракый тэппээ оҥорон куурдарбыт. Улахан дьонтон дьиэ кэргэнинэн Дарья, Софрон Аммосовтар үлэлииллэрэ. Элбэх оҕолоох, түбүк үөһүгэр сылдьар, сарсыардаттан звено дьонугар аһылык буһаран аһаталыыллара. Даайа минньигэс килиэбин, алаадьытын элбэхтик астына сиэбит, арааһа, мин буолуом. Туох да үлэттэн иҥнэн-толлон турбата. Кини сатаабатаҕа диэн суоҕа, барыбытын бэрийэрэ, көрөн-истэн биэрэрэ. Аҕа баһылык Софрон сарсыарда эрдэ илимин көрөн балык, кус аҕалан байанай бэрсибитин салгыбакка сыалай звенону сибиэһэй аһылыгынан хааччыйар абыраллаах киһибит этэ. Звено саамай эппиэттээх үлэтигэр — атынан оту оҕустарааччы соҕотох кини. Үлэни өрө туппут үтүө майгылаах ыал этэ. Арыый улаатыыбытыгар оҕо-оҕо курдук үлэлээн бүтэн, 8 килэмиэтирдээх сири сатыы хаамар-сүүрэр икки ардынан киинэ көрө барарбыт. Бөһүөлэк анныгар Дьааҥы өрүс биир улахан салаата Сартаҥ диэн курдары көстөр уулаах, түргэн сүүрүктээх үрэҕин оҥочонон эрдэн туораан, дьиэбитигэр тиийэрбит. Киинэбитин көрөн, сарсыарда эрдэ үлэ чааһыгар эмиэ сүүрэн элэстэнэн баар буоларбыт. Сүгүн сылдьыахпыт дуо, биирдэ кыраабылбытынан баҕаны, күлгэрини тэппээ тиэрэ сылдьан өлөрөн астынан кэлэн, киһиргээн кэпсэнэ олордохпутуна саастаах убаастыыр киһибит Варвара Стручкова: “Оҕолоор, ити туох да куһаҕаны оҥорбот үөннэри өлөртөөбөт буолуҥ аньыы, куһаҕан”, — диэн сэмэлээн турардаах. Варвара хап-хатыҥыр, сэниэтэ суох курдук эрээри, бастыҥ от мунньааччы этэ. Кураанах сиргэ 1 гааны ааһан иһэн мунньара. Олус аһыныгас этэ. Мин ууга атах сыгынньах оттуурбун көрөн, инчэҕэй
тирииттэн олооччу тигэн биэрэрэ. Хатарбакка ууга илитэн хоннор, хатта да атаххын аалан кэбиһиэ диэччи. Ардах кэмигэр улахан кыргыттар өрөөбөккө сиилэскэ диэн хотуурунан от охсор буоларбыт уонна оннук дьаамаҕа симэн сиилэстээн кэбиһэллэр этэ. Быһыттаахха оттуурбутугар оҕуһунан от кэбиһэрбит. Оҕустар барахсаттар аа-дьуо хааман сайгыйан, бырыыттан-бадараантан иҥнибэт бэртээхэй көлө буоллахтара. Тириитэ ньылбырыҥнаабытын да иһин, үс-түөрт буолан олорсон оттуур сирбитигэр тиийэрбит. Олох мөхсөр, кыйаханар диэни билбэт курдук саныырым. Киэһэ үлэ чааһын кэнниттэн ынах сылгылыы эмиэ оҕуһунан барааччыбыт. Аны санаатахха, биир олус өйдөөх оҕус баара. Ынахтар ханан барбыттарын сытырҕалаан билэрэ, кинини инникилэтэн ынахтары булан ыларбыт. Саамай сөбүлүүр оонньуубут — оҕус сырыһыннарыыта. Хонтуоралаах хонуута диэн балачча көнө хонууга, үлэ кэнниттэн оҕус миинэн иһэн сырыһыннарарбыт. Арай биирдэ бэркэ сүүрэн иһэн, оҕуһум дьабарааскы уйатыгар атаҕын уган, умса хоруйа түстэ. Мин оҕус муоһун икки ардынан элэс гынан хааллым. Оҕуһум аа-дьуо туран, аттыбар турунан кэбистэ. Хата, этэҥҥэ туохпутун даҕаны эчэппэтэхпит. Онтон ыла оҕуспун аһынан сүүрдүбэт буоллубут. Билигин оҕо сылдьан алтыһан ааспыт дойдум – Дьааҥым дьонугар махтана саныыбын. Оҕо сааһым умнуллубат биир кэрчик кэмэ ити курдук. Екатерина ГРЯЗНУХИНА, Кыыллаах нэһилиэгэ. Бэлэмнээтэ Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru Хаартыска: imperiumtapet.com
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан