Кэпсээ
Войти Регистрация

Полина-Победа саҥа хоһоонноро

Главная / Кэпсээн арааһа / Полина-Победа саҥа хоһоонноро

K
edersaas.ru Категорията суох
31.12.2020 10:16
Бүгүн эргэ дьылбыт бүтэһик күнэ. Сарсыҥҥыттан Саҥа сылга үктэнэбит. Махталлаах «Эдэр сааһым» редакциятын, чуолаан Т. Марковаҕа, А. Акимоваҕа барҕа махталбын биллэрэбин, хоһооннорбун сэргээн «Эдэр саас» саайтка сырдаталларыгар. «Эдэр саастыын» эҥэрдэһэн эрчимим эбиллэр, мэйиилэрбин үлэлэтэн эрдэ кырдьартан куотунуом. «Эдэр сааска» сыһыаннаахтары, ааҕааччылары барыгытын саҥа кэлэр тимир оҕус сылынан эҕэрдэлиибин! Ситиһии доруобуйа, дууһа үөрүүтэ баар буоллун барыгытыгар! САҤА ДЬЫЛ Саҥа дьылбыт чугаһаан Сүпсүлгэнэ дьэ үксүүр, Киһи үксэ ковиды Кылгас кэмҥэ умнубут. Умнубуппут үчүгэй Уура сылдьан санаамыах. Санаарҕыыры, ыалдьары Саҥа сылбыт сайҕыаҕа. Саҥа дьылтан өрүүтүн Саҥа үөрүү күүтэбит, Саҥа сылга ситиһии Сэргэстэһэ сырыттын. Сарсын-сарсын Саҥа дьыл! Сарсын-сарсын Саҥа дьол! Сарсын өрүү кэтэһии! Сарсын өрүү эрэнии! 24.12.2020 с. Хоһоону мин оҥостон олорон суруйбаппын. Туох эрэ сонуну иһиттэхпинэ, көрдөхпүнэ, аахтахпына дууһам арыллар. Суруйарбар улахан олугу миэхэ «Тэтим» араадьыйа биэрэр. Саҥа сонуну, интэриэһинэй дьону кинилэртэн истэн дууһа кылын таарыйаллар. Дьэ мин оннукка тута арыллабын. Билигин Дьокуускайга худуоһунньук И.И.Корякин айар үлэтин быыстапкатын дьон сэргии көрөр. Ити быыстапканы Хаандыгаттан Елена Кимовна Слепцова айар куттаахтарга И.Корякин үлэлэригэр хоһоон суруйуутугар күрэс оҥорон сытыырхатан биэрдэ. Итинник сэргэх дьону биллэхпинэ «Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалбат» диэбиттии туругум тэҥҥэ барсар. Онтон саҥа хоһоон үөскүүр. УРУҺУЙДЬУТ /И.Корякиҥҥа ананар/ Уруһуйдьут диэн кимий? Уруһуйдьут диэн тугуй? Күлүм гынар кэрэни Иилэ хабар кыл түгэн: Кэрэ лыахпыт көтөрүн, Күн тахсарын-киирэрин, Сибэккибит тылларын, Сүрэх таалар түгэнин. Хаартыскалыы көрбүтүн Харахтара хатыыллар, Талаан тарбах ол ону Холустаҕа түһэрэр. Кини мээнэ саҥарбат Ис туругар иитиэхтээн Киһи сөҕөр көстүүтүн Бэлэх уунар норуокка. Уруһуйдьут мындыр өй, Дьоҕур, толкуй тобула — Онтун кэпсиир киистэнэн, Онто саҕар кэрэни. Кэрэ эйгэ диэн баарын Хартыынанан сэһэргиир, Кини кыаҕын, дьоҕурун Норуот эрэ быһаарар. 26.12.2020 с. Өймөкөөн улууһугар Үчүгэй бөһүөлэгэр биир дьикти дьылҕалаах ийэни, эбээни иһиттим, сэргээтим. Кини 85 саастаах, 8 оҕону төрөтөн улаатыннарбыт. Саамай киһи сөҕөрө диэн кини ыстаадаҕа төрөөбүт уонна күн бүгүнүгэр диэри ыстаадаҕа икки табаһыт уолаттарын астарын, таҥастарын бэрийэн, күүс-көмө буола сылдьар. Соторутааҕыта Громова Ульяна Алексеевна Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕун аата иҥэрилиннэ. ЫЛДЬААНА /Өймөкөөн улууһун бочуоттаах олохтооҕор Громова У.А. ананар/ Айылҕа анаабыт кыысчаана Ыстаада чуумугар төрөөбүт, Тугуттуун оонньоһон, хоонньоһон Ол оҕо саастара ааспыттар. Билигин даҕаны түптэлээн Табатын хараанныыр, харыстыыр Ас астаан, иистэрин бэрийэн Күн тиийбэт түбүгэр эргийэр. Аҕыс уон биэһигэр диэритин Махтаммыт төрөөбүт чуумугар: Бөһүөлэк, куорат да олоҕор Тардыспат, таласпат, таҥнарбат. Биир чуумтан тэйбэтэх, барбатах «Түҥкэтэх бабушка» дии санаан Бэйэбин күлүүгэ ыыппаппын, Кэнэҕэс кыбыста сылдьыаҕым. Ылдьаана иистэммит иистэрэ Дьокуускай, ВДНХ, Франция Сирдэрэ музейга көрөллөр, Ылдьаана Норуоппут маастара. Төһөлөөх үтүлүк, кээнчэ да Олоҕор тикпитэ буолуоҕай? Өймөкөөн томороон тымныытын Ол таҥас кыайбыта буолуоҕай? Кыракый дьарамай дьахтартан Дойдубут, Россия үтүөлээх Үлэһит
уоланнар үүммүттэр Мелодист, табаһыт уолаттар. Ылдьаана курдуктар баар буолан Ыстаада баччаҕа кэллэҕэ, Ылдьаана курдуктар баар буолан Эбээннэр кэпсээҥҥэ сылдьаллар. Улууһуҥ Бочуоттаах олохтооҕо Буолуоххун буоллаҕыҥ дьэ чахчы! Кэнэҕэс кэпсээҥҥэ кэпсэнэр Дьоннортон биирдэрэ Эн буолуоҥ! Полина-Победа Уус Алдан 27.12.2020с.
edersaas.ru сайтан