Кэпсээ
Войти
Регистрация
Урут уонна аны
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Урут уонна аны
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
10.07.2020 12:01
Аныгы устудьуон Бэс ыйын өҥүрүк куйааһа сатыылаата. Чаҕылыйан түһэн, күн да күн! Самаан сайын диэн, дьиҥинэн, маннык буолуохтаах этэ эбээт! Ону баара, баччааҥҥа диэри хотуттан үрэн сирилэтэр хахсаат тыал, күнү хаһан да көрдөрбөттүү күөнтээбит болоорхой былыт сөп гыннылар. Ол мөҕүттүүтэ, ол ньаҥсыныыта. Дьиҥэр, туох барыта «аныгы кэм» тэтимигэр сөп түбэһэн чыҥха атын буолбута быданнаата: аныгы олох, аныгы ыччат, аныгы сиэр-майгы... Бэл, халлааммыт кытта оннук буолла быһыылаах. Ол эрээри туох барыта бүтэр уһуктаах, кэмнээх-кэрдиилээх: күн-дьыл балай эмэ уһуннук күлүгүрэ сытан баран, саппах санаатын киэр илгэн кэбистэ, күлүм аллайда, эргэс-дьэргэс көрдө. СГУ Кылаабынай куорпуһун таһынааҕы хатыҥнар сэбирдэхтэрэ оҕо ытыһын саҕа буолбучча, ааһар тыалга бииргэм тэп-тэлибирэс, өтөрүнэн уостуо суох курдук суп-суугунас буоллулар. Кинилэр даҕаны үөрдэхтэрэ, күргүөмүнэн ытыс таһынан эрдэхтэрэ. Дьупулуом көмүскүүр устудьуоннар ытыахтарыгар диэри ыга киэргэнэн, мэктиэтигэр, быһыылыын-таһаалыын олус тупсан, аргыый аҕай доҕулдьуһа хаамсаллар. Били, Пушкин хаһан эрэ «Здравствуй, племя младое, незнакомое!» диэбитин курдук. Бу оҕолор биэс хас сыллааҕыта төрөппүттэрин кытары кэлэн үөрэххэ туттарса сылдьыбыттара адьас бэҕэһээҥҥи кэриэтэ. Күн уотугар хараарчы сиэтэн, килэриһэн-молоруһан, дьэ сүрдээх дьон этилэр. Тыа оҕотун сиэринэн, дьүһүҥҥэ-бодоҕо, быһыыга-таһааҕа суолта биэрии ол сахтарга соччо суоҕа. Хата, ол оннугар төрөппүт кытаанах хонтуруолунан наар эксээмэҥҥэ бэлэмнэнии, эрэпэтиитэри эккирэтии, арай биирдэ эмэ «тыын ыллахтарына», Кытай ырыынагар, Сынньалаҥ пааркатыгар сылдьыы этэ. Ол бэйэлэрэ билигин – букатын атын дьон. Туох да диэбит иһин, куучча бары тупсар аатыгар бардылар. Бакылтыат биир кырасаабыссата ити Туйаараны да көрүөх. Сып-сырдык былаачыйаны кэппитэ, Туйаарыма Куо илэ бэйэтинэн сылдьарын курдук, таҥас бүтэй эт-этэ бүтүннүү сандааран көстөргө дылы. Кынталдьыйан, харах хатанар барахсана! Бу мааныкатын, туттан-хаптан хаамарыката үчүгэйин, саҥаран-иҥэрэн бардаҕына, иһиттэр-истэ олоруох санааҥ көбөн кэлэ турар. Оттон бастакы кууруска киирэригэр хайдах этэй – «муодунайым» оҥостон, өҥө-түүтэ бүппүтэ ырааппыт дисиинсэ ыстааннаах нүксүгүлдьүйэрэ дии. Киргиэлэй Кирилэбис, бакылтыат биир сааһырбыт учуутала, манна төһө да Килимиэн Килимиэнэбистээх курдук түөрт уонунан сыл үлэлээбэтэр, аныгы устудьуон туох өйдөөх-санаалаах эбитин, төһө уларыйбытын балачча билбэхтэһэр. Кини, сааһыра быһыытыйан уонна араас үлэҕэ да эриллэн, быһата, олоххо уопутуран, бу эдэр көлүөнэни үөлээннээхтэригэр тэҥнии тутан сыаналыыр идэлээх. Бэйэтэ бу бакылтыаты бүтэрбитэ быйыл оруобуна отут сыла эбит. Киһи аҕыйах диэн мыыммат кэмэ ааспыт. Урукку устудьуон Отут алта сыллааҕыта оол талахтар быыстарыгар олорон уолаттар хаһыа да буолан «үрдүк үөрэх кыһатыгар киирбит үөрүүбүт» диэн, бытыылкалаах лимонадтарын күөрэччи көтөхпүттээхтэрэ. Кэтэхтэн үөрэнэ киирбит дьон санааларыгар, алта сыллаах үөрэх диэн – сыалай үйэ курдуга. Уолаттар Кылаабынай куорпуһу утары көрөн олорон «оо, хаһан эрэ үөрэхпитин бүтэрэн, хараҥа күөх ромбигы түөспүтүгэр иилинэн дьоллонобут?!» диэн үөһэ тыыналлара. «Историко-филологическай факультет» диэн, син дуорааннанан иһиллэр этэ үөрэхтэрин кыһата. Бастакы кууруска (саха салаатыгар) маҥнай утаа оруобуна
25 этилэр. Хас да эксээмэни ситиһиилээхтик туттаран, элбэх киһи иннигэр түһэн киирбит дьон сиэринэн, добуочча дьоһумсуйан олорон бакылтыат бас-көс туттар учууталын истээччи буолбуттара. Мааны таҥастаах, саас ортолоох ол киһи, көнөтүк туттан туран, хам-хаадьаа төбөтүн кыҥнах гыннаран ыла-ыла арааһы бары кэпсээбитэ. «Этэрбэс араадьыйата» этэринэн, бастаан абааһы бухатыырын аата иҥмит бу учууталы төлө түстэххэ, онтон төрүт былыргы өбүгэлэрбит ииччэх-бааччах суруктарын үөрэтэр хаар маҥан баттахтаах курбалдьыйбыт учууталы (ол тэтиэнэх киһилэрэ тоҕо эрэ кэлбэтэх этэ) туораатахха, үрдүк үөрэҕи бүтэрбитинэн ааҕыныахха сөп үһү. Кырдьык даҕаны, тылын-өһүн «ыйааһынныы-ыйааһынныы» аа-дьуо саҥарар табаарыс барыларын салыннарбыта. Кини этэринэн, алта сыллаах үөрэхтэрин бу олорор дьонтон бэрт аҕыйах киһи бүтэриэ үһү. Аҥаардара кыайбакка, сир ортотуттан үөрэҕин быраҕара чуолкай диэн буолла. Онон эрэй эрдэтинэ, сибилигин даҕаны, субу ылбыт устудьуоннуур билиэтин ууран биэрэн баран, дойдулаах дойдутун диэки айанныы турара көҥүл үһү. Итинэн эрэ бүппэтэ: сорох-сорохторо ойохтонон-урууланан, силис-мутук тардан баараҕадыйан барар, оттон хас эрэ бырыһыаннара, төттөрүтүн, кэргэниттэн арахсан эҥиннээн адьас атын дьылҕаланар диэн эттэ-тыынна... Уопуттаах учуутал уот харахха эппит этэ. Бастакы кууруһу да кыайбакка, хас да киһилэрэ уурайбыта. Киргиэлэй биир дойдулааҕа, бэйэтигэр дылы сулумах уол Куола, иккис кууруска сылдьан сүрэҕинэн ыалдьан соһумардык «барбыта». Эрэйдээх, учууталлар тугу эмэ ыйыттахтарына, үчүгэй баҕайытык мичээрдээн эрэ кэбиһэрэ (биирдэ эмэ айах атан сөпкө эппиэттээбитин Киргиэлэй бу диэн өйдөөбөт). Дьааҥыттан сылдьар Ылдьаа Силэпсиэп диэн оскуола саабыһа табаарыстара, дьээбэрэн «Куола, дьэ баллаас киһигин, билбэтиҥ тугун сүрэй, итини баҕас» диирэ. Онуоха биирдэһэ өһүргэнэн «Ылдьаа, наһаалаама эрэ, дойдубар мин хайдахпын билэҕин дуо?» диэн баран, куолутунан мичээрдээн кэбиһэрэ. Сол курдук мичээрдээбитинэн охсуһаары хаайара. Куурус устудьуоннарын хайа быспыт аҥаара учуутал этэ. Үксүлэрэ Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн, устудьуонтан туох ирдэнэрин «мунна-уоһа кэрдиллэн» син балачча билбэхтэһэрэ. Арай Киргиэлэй, ол иннинэ ханна да үөрэммэтэх уонна оскуолаҕа үлэлээбэт буолан, мунаарар боппуруоһа элбэх буолара. Уруок былаана, халандаарынан-тиэмэнэн былаан эҥин диэннэри саабыс табаарыһа Дэниис Сөдүөтэптэн ыйыталаһан ыйдаҥардара. Тас көрүҥүнэн «тоҥ нуучча» эрээри, Дэниис, дьиҥэр, уу саха этэ. Төрдүс дуу, бэһис дуу кууруска тиийэн оскуола дириэктэрэ буолбута, ону таһынан уруккуттан нэһилиэк Сэбиэтин дьокутаата буолан, түс-бас тыллааҕа. Учууталлар сорудахтарын үтүө суобастаахтык толорбуттарын бэлиэтин – добуочча «эттээх» үлэни, хас эмэ тэтэрээти кэниспиэктээбиттэрин – иннилэригэр ууран олорор икки табаарыс баара. Бу – Аппа уҥуор олохтоох Дьөгүөр Сахаарап уонна Ондуруос Баһылайап этилэр. Дьөгүөрү умса тут, тиэрэ тут – үүт-үкчү Былатыан Ойуунускай илэ бэйэтинэн! Билэрэ да оһуобайа сүрдээҕэ: учууталлар сөҕөллөрүттэн ордубаттара. Настарыанньалаах кэмигэр «ЦК үлэһитэбин» диэн соһуталыыра. Онтубут баара, «центральнай хочуолунай» эбит. Киһи күлүөх да, мунчаарыах да түбэлтэтэ элбэх буолара. «Баартыйа устуоруйата» диэн биридимиэккэ биир табаарыстара бэркэ эрэйдэммитэ. Ыйыппыттарыгар киһилэрэ: «Учууталбыт Маарыйа Маппыайабына хаста эмэ тутан көрдө да
букатын астыммат быһыылаах, «өссө кэлээр» диэбитигэр бу эмиэ туттара баран иһэбин», – диэн күллэрбиттээх. Саха тылын кырамаатыкатыгар, били, тыйыс учууталлара үөрэтэр биридимиэтигэр устудьуоннар «миигин эрэ ыйыппатар ханнык» диэн, ылы-чып олороллоро. Дуоскаҕа тылы ырытарга ким-хайа иннинэ учууталы таһаарар үгэстээҕин эрдэттэн билэн, учуутал өттө кирийиэҕинэн-кирийэрэ. Дьэ, кырдьык даҕаны, учуутал ааттаах киһи сыыһа ырыттаҕына, «оҕону сыыһа үөрэтэн улахан иэдээни оҥоруох табаарыс эбиккин» диэн хомуруйууга түбэһэрэ. Оччоттон билиҥҥээҥҥэ диэри «Саха тылын арпагыраапыйата» диэн биридимиэти Бүөтүр Уйбаанабыс үөрэтэр. Туттардыын-хаптардыын олус боростуой, аламаҕай майгылаах учууталтан устудьуон аймах толлубат этэ. Лиэксийэтигэр «хайдах сурулларый: тамыйах – томуйах – торбуйах – тарбыйах?» дэтэлиир. Биирдэ «ородьукуул» диэн тылы хайдах суруйуо этигитий диэн мүчүҥнээтэ. Киргиэлэй кыра кылааска үөрэнэ сылдьан ийэтэ баар-суох харчытын сыыһын сундуук түгэҕэр сытар «ородьукуулугар» уурарын көрөрө уонна ити тыл саҥарылларын курдук хайдах да итинник суруллубат буолуохтаах диэн, оскуола бибилэтиэкэтигэр тиийэн биир тылдьыкка көрбүттээх. Онон ким-хайа иннинэ «туттуу падежка ридикюлунан» диэн суруллар диэбитэ. Инньэ гынан кууруһугар хайҕаммыттаах. Тылы таба суруйуу оччолортон оннун тойун була илик. Билигин, дьэ дьиҥнээхтик «кыыл барда», хаһан таба туттарара биллибэт. Олох уларыйар, сайдар Саха салаатын оччотооҕу устудьуона уус-уран литэрэтиирэҕэ холонон көрөрө элбэх буолара. Чахчы, уус-уран айымньы дии санаабыттарын хайаан да тэтэрээккэ тиһэ охсон уурунан иһэллэрэ. Хаһыакка биитэр «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэтэ сатаан эрэйи көрөллөрө. Хата, эрэдээктэрдэр ол «айымньыларга» туох сыыһа-халты баарын ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан суруйаллара. Баай тыллаах-өстөөх буолан, саха салаатыгар үөрэнэр устудьуон нэһилиэк уопсай үлэтин сөргүтээччи, тэрийээччи буолара, мэлдьи үлэ үөһүгэр сылдьара. ИФФ-га нуучча тылын, устуоруйа салааларыгар үөрэнэр саха устудьуоннара нууччалыы кутан-симэн, чахчы сайдыылаах курдук көстөллөрө. Ол эрээри кэтэхтэн үөрэнэр устудьуоннар үксүлэрэ куорат олохтоохторо буолан, бааллара-суохтара биллибэккэ «сайҕанан» хаалаллара. Киргиэлэй билигин бэйэтэ устудьуоннары үөрэтэр. Аныгы устудьуон урукку ыччат курдук буолбатах: маҥнай туох-ханнык иннинэ бэйэтин тус интэриэһин көрөр. Оттон кэтэхтэн үөрэнээччи, үгэс курдук, туох да түптээх үлэтэ суох эдэр ыччат. Хата, итиччэ баҕатыйан үөрэнэригэр (сороҕо харчы төлөөн) баһыыба. Урут, били кытаанах ирдэбиллээх учууталлара туох-ханнык иннинэ дириҥ билиини эрэйэрэ. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэр устудьуон хайаан да маны билиэх тустаах диэн буолара. Киргиэлэй билигин кэлэн санаатаҕына, үнүбэрсиэккэ хара баһаам биридимиэти үөрэппит эбит. Ол эрээри элбэх сыллаах үлэлээбит кэмигэр ити биридимиэттэрэ тугу туһалаабыттарын өйдөөбөт. Тыаҕа учууталлыыр да кэмигэр, бэл, төрөөбүт тыл кырамаатыкатыгар үгүстүк муҥнаммыта начаас умнуллубута. Бөһүөлэккэ, улууска даҕаны түүр төрүттээх тылбыт олоҕо, сыһыарыыта маннык буолар эҥин диэн, ким да интэриэһиргээбэт, РОНО да, Үөрэх министиэристибэтин үлэһиттэрэ да онно эрэ кыһаллыбат буоланнар, тугу да ирдээбэт этилэр. Бу мааны таҥастаах ыччаттар улуус оскуолаларыгар тиийдэхтэринэ, букатын атын ирдэбил күүтүө турдаҕа. Ол эрээри киэҥ билииттэн төһөнү сомсубуттара син биир көдьүүстүүр кэмэ тириэҕэ. Төрөөбүт тыл төрдүн-төбөтүн,
ырааҕынан тэнийбит силиһин сыныйан биллэхтэринэ, күүстэригэр күүс эбиллэн мындыр өйдөрө ордук тобуллуо. Киргиэлэй бииргэ үөрэммит табаарыстара тымыр-сыдьаан тардан ырааттылар: хос эһэ, эбэ да буолбуттар бааллар. Учуутал идэтин талбыт дьон бары да кэриэтэ кырата «Үөрэҕирии туйгуна» буоллулар, түөрт хас киһи үтүөлээх учуутал буолбута ыраатта, ол быыһыгар наука хандьыдаата буолбут хас да киһи баар. Саха тылын бакылтыата өссө туспа суоллаах-иистээх үнүстүүт буолуох чинчилээх. Күн-дьыл ааһар, ону сэргэ төрөөбүт тылы үөрэтии соччонон кэҥиир, далааһыннанар. Барыта урукку уопукка эбии дьапталҕа буолан халыҥаан, дьиппинийэн иһэр. Туох да көдьүүһэ суох сүппэт. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан