Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьыл оройо — ураты кэм

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьыл оройо — ураты кэм

K
edersaas.ru Категорията суох
30.12.2020 17:00
Ахсынньы 21 күнүгэр күн муҥутуур кылгыыр, түүн уһуур кэмэ. 2-3 күн бу курдук туран баран, “кутуйах хаамыытынан” күн уһаан барар. Сахалар бу кэми дьыл оройо дииллэр. Бу – ураты кэм. Маннык кэми ыраастанан, өйү-санааны сааһылаан, кэлэр сылы торумнаан көрсүөхтээхпит. Халлаан эттиктэрин ылан көрөр буоллахха, Сир Күнү эргийэр биир уһук туочукатыгар тиийэн, хотугу эргимтэҕэ астрологическай кыһын саҕаланар. Өбүгэлэрбит дьыл оройун алаадьылаан, оҕус төбөтүн кыйахаан сиэн, ыргыччы эт буһаран, баардарынан-суохтарынан көрсөллөрө, олоҥхолууллара, остуоруйалаһаллара, дьоро киэһэ буолара. Бу кэм таабырыны таайсарга, биттэнэргэ-билгэлэнэргэ табыгастаах кэм буолара. Бүтэй кэмҥэ ханна да бара-кэлэ сатаабакка, балаҕаҥҥа бүгэн олорон, итинник аралдьыйаллара. Үгүс норуоттарга сылга саамай кылгас күнтэн Саҥа дьыл саҕаланара, сырдык хараҥаны кыайар, саҥа Күн төрүүр бырааһынньыгын бэлиэтииллэрэ. Бу кэмҥэ орто уонна аллара дойдулар кыраныыссалара суураллар диэн, инникилэрин билгэлэнэллэрэ. Водолей кэмэ саҕаланна Биллэрин курдук, саха – айылҕа оҕото. Тулалыыр эйгэтин, айылҕатын кытары этинэн-хаанынан сэрэйэн, биир тэтимҥэ сылдьар, “биир тылы” булар… Төһө да наука, үөрэх сайдыбатар, былыргы саха уу хараҕынан кэтээн көрөн, мындыр толкуйунан тобулан, ис иминэн сэрэйэн, халлаан эттиктэрэ Сиргэ, киһи этигэр-хааныгар дьайыылаахтарын билэр, күннээҕи олоҕор туһанар этэ. Астрологтар, ичээнимсийэр дьон Кэм, күн-дьыл уларыйар бириэмэтигэр олоробут диэн этэллэр. Ол эбэтэр, астрологияҕа Балык кэмэ бүтэн, Водолей кэмэ (эрата) саҕаланар, ол туох баар тыынар тыыннаахха дьайар, онон уларыйыы бөҕө буолуохтаах. Балык эратыгар дьон үлэлээн-хамсаан, хаһаанарга, байарга-тайарга дьулуһан, олох иһин охсуһан, былдьаһан-тарыйсан, бэйэ-бэйэлэрин кытары сэриилэһэн олорбуттара. Икки кэм-кэрдиис солбуйсар кэмнэригэр аан дойдуга улахан уларыйыылар буолаллар. Ол саҕаланыытын биһиги билигин илэ харахпытынан кэтээн көрөбүт. Водолей эратыгар киһи уларыйыан наада. Сүрүн болҕомто духуобунаска, сырдык санааҕа, итэҕэлгэ, айар дьоҕурга, сайдыыга ууруллар. Оннук уларыйбатах киһи ыалдьар, эрэйи көрөр, кэхтэр үһү. Үөрэххэ, наукаҕа сөҕүмэр сайдыы барыаҕа, саҥа сүҥкэн арыйыылар, саҥа идэлэр баар буолуохтара. Информация бастакы күөҥҥэ туруоҕа, күүскэ сайдыаҕа. Былыргы, умнуллубут үөрэхтэри сөргүтэн, саҥа билии, итэҕэл киэҥник тарҕаныаҕа. Айылҕаҕа эргиллии, арҕааҥы наука илиҥҥи итэҕэли кытары холбоһуута, о.д.а. баар буолуо. Баҕар, бу кэмҥэ “Хотугу Шамбала” уһуктаарай? Билигин үгүс дьон өйө-санаата уһуктан эрэр, этэ-сиинэ ыраастанар. Ол аата саҥа кэмҥэ көһөргө бэлэмнэнэллэр. Астрономия тугу этэр? Баҕар, итэҕэйиэххит суоҕа. “Ханнык эрэ астрологтар, эзотериктар, наукаҕа сыһыана суох дьон этиилэрэ диэхтээн!”, — диэххит. Оччотугар, астрономияны ылан көрүөҕүҥ. Биллэн турар, уустук өйдөбүллэр, ол эрээри, төһө кыалларынан судургутук быһааран көрүөм. Бикипиэдьийэҕэ суруллубутунан, Сир туллар тулааһына (ось) сыыйа уларыйан иһэр эбит. Ол эбэтэр полюстара уларыйаллар. Холобур, билигин Сир тулааһына Хотугу сулуһу ыйан турар (бу сулус хаһан да хамсаабат, атыттар кини тула эргийэр курдуктар). 2103 сылтан ыла полюс Хотугу Сулустан тэйэн барыаҕа, 12 тыһыынча сылынан хамсаабат Хотугу Сулус оннугар Вега сулус туруоҕа. 5 тыһыынча сыллааҕыта, Египет
пирамидалара тутуллар кэмнэригэр Сир тулааһына Тубан сулуһу ыйан турбута. Ол курдук, билигин хотугу эргимтэҕэ көстөр сулустаах халлаан хас да тыһыынча сылынан көстүбэт буолуоҕа, ол оннугар соҕурууҥу халлааҥҥа баар сулустар көстөр буолуохтара. 6 тыһыынча сылынан Хомуос Сулуспут Соҕурууҥу эргимтэҕэ көһүөҕэ. Ити уларыйыылар эргийэн кэлэ тураллар. Дьэ, ол курдук, Сир тулааһына уларыйан, 25 776 сыл устата төгүрүк эргимтэни (ол наукаҕа прецессия диэн ааттанар) ойуулуур эбит. Дьэ, бу 25 тыһыынча сылы 12 астрологическай бэлиэҕэ үллэрбиттэр, оччотугар биир бэлиэҕэ 2148 сыл тиксэр. Балык эратыгар Христос төрөөн, историяҕа туох уларыйыылар буолбуттарын сүрүннээн билэбит. Билигин бу кэм-кэрдиис түмүктэнэн, Водолей эрата кэлэр 2 тыһыынча сыл устата барыаҕа. Дьэ, онно туох-туох уларыйыылар киһи-аймаҕы күүтэллэр? Сатурн уонна Юпитер чугасаһыылара Ахсынньы 21 күнүгэр саамай улахан планеталар – Сатурн уонна Юпитер муҥутуур чугасаһар, ыксалаһар кэмнэрэ. Икки ардылара 750 мөлүйүөн килэмиэтир буолар. Бу курдук бүтэһик чугаһыспыт кэмнэрэ 1226 сыллаахха этэ. Онон 800 сылга биирдэ көстөр сэдэх көстүү. Сиртэн икки чаҕылхай сулус силбэспитин курдук көстөллөр. Телескобунан, биноклунан да сиһилии көрүөххэ сөп. Бэл, биноклунан Юпитер улахан аргыстарын (Каллисто, Ио, Гаимед, Европа), оттон телескобунан Сатурн биһилэҕин көрүөххэ сөп. Бу планеталар былааһы, уопсастыбаны кытары ситимнээхтэр. Онон бэлиитикэҕэ, экэниэмикэҕэ уларыйыылар буолуохтарын сөп. 800 сыллааҕыта Сатурн уонна Юпитер чугасаһар кэмнэригэр аан дойдуну баһылаабыт Чингисхан империята үөскээбитэ. Ыраастаныы, арчыланыы Быйылгы дьылбыт оройугар төннөн кэллэххэ, Водолей эрата субу кэмтэн саҕаланар дииллэр. Онон улахан суолталаах кэми бэйэ бодотун тардынан, эппиэтинэстээхтик көрсүөхтээх эбиппит. Этиллибитин курдук, ыраастанан, дьиэни-уоту сууйан-сотон, бэлэмнэнии барыахтаах. Эргэ, алдьаммыт, туттуллубат буолбут маллары быраҕаттааҥ. Иэстэргитин төлөөҥ, соһулла сылдьыбыт дьыалаларгытын үмүрүтүҥ. Төлөпүөҥҥүтүн, көмпүүтэргитин наадата суох файллартан ыраастааҥ. Дьиэни-уоту туустаах уунан сууйуҥ-сотуҥ, түннүк, орон сабыыларын уларытыҥ. Чүмэчинэн, чуораан тыаһынан, этиҥ түспүт маһынан, сыттаах оттору уматан, ыраастааҥ. Алаадьылаан, сыт таһааран, арчыланыҥ. Айыыларгытыттан, аанньалларгытыттан көрдөһүҥ, махтаныҥ. Бу кэнниттэн өйү-санааны ыраастыахха, бэлэмниэххэ наада. Сөҥөн сылдьар урукку хомойууттан-хоргутууттан, кутталтан, хааччахтартан босхолонуу киһини көҥүл оҥорор. Манна ким да мэһэйдээбэтэ ордук. Чүмэчи уматан, иһийэн олорон, ыраас лиискэ кимтэн хомойбуккутун, туох ыар санааны сүрэххитигэр тута сылдьаргытын барытын суруйуҥ. Хараххытын симэн баран, хас биирдии хомоппут киһи уобараһын ыҥыран, субу иннигитигэр турарын курдук санаан, этэргитин этиҥ, ол кэннэ хайаан да бырастыы гыныҥ. Харах уута кэлэр буоллаҕына, ол – ыраастаныы бэлиэтэ. Суруйбут лиискитин уматан кэбиһиҥ, онтон душка, ваннаҕа киирэн, суунуҥ-тарааныҥ. Саҥа сыл 12 күнэ Үүммүт саҥа сыл бастакы 12 күнүн хайдах атаараҕын да, сылыҥ оннук ааһыа. Ол эбэтэр, биир күн биир ыйы бэлиэтиир. Онон аһыы-аһыы сыппакка, бастакы күннэри өйдөөн-төйдөөн атаарыахтаах эбиппит. Тохсунньу 1 күнэ – тугу баҕараргын иһиллэнэн, бэйэҕэр болҕомто ууруохтааххын. 2 – үп-харчы, баай-дуол күнэ. Үбү хайдах элбэтэри толкуйдаа, аах-суоттаа, дьоҥҥо
көмөлөс, иэс биэримэ, ылыма. 3 – бу күнү доҕоттору, чугас дьоҥҥун кытары атаар. Кими да кытта этиһимэ, иирсимэ. 4 – дьиэ кэргэн күнэ. Хас биирдиилэригэр сылаас тыллары анаа, бииргэ оонньооҥ, сынньаныҥ. 5 – айар үлэ, аралдьыйыы күнэ. Уруккуттан оҥоруоххун баҕарбыккын оҥор, оҕо эрдэҕинээҕи баҕа санааҕын толор, оҕо буолан ыл. 6 – доруобуйа күнэ. Доруобуйаҕын хайдах бөҕөргөтөргүн былааннаа. 7 – дьону кытары сыһыаны тупсарар күн. Ис санааҕыттан үтүө дьыаланы оҥор. 8 – ыарахаттары, кириисистэри тулуйуу. Санааҕын бөҕөргөт, дьону бырастыы гын. 9 – билии, үлэ-хамнас. Бу күн саҥаны билэргэ дьулус, саҥа дьону кытта билис. 10 – биллэр-көстөр буолуу, былаас, бочуот. Ситиһиилээх киһини кытары алтыс, бары учууталларгар махтан. 11 – инникини торумнуур күн. 12 – ыраастаныы, түмүгү таһаарыы. Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru Хаартыска: интэриниэттэн.
edersaas.ru сайтан