Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бастакы харыйам барахсан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бастакы харыйам барахсан
K
edersaas.ru
Категорията суох
21.12.2020 20:26
Уруок быыһыгар бэһистэргэ урукку утреннигы кэпсээри: «Былыр, кыра эрдэхпинэ, — диэн эрдэхпинэ, чобуо Паша Петрова илиитин ууна охсоот: “Революция иннинэ дуо?” — диэн ыйытта. Ымайдым. “Суох, онтон бэтэрээ, сэрии кэнниттэн 20-чэ сыл буолан баран”, — диэтим. Онуоха Октя Аржакова: “Аныгы кэм буо, ол. Былыр диэн динозаврдар кэмнэрин этэллэр”, — диэн лоп-бааччы быһааран кэбистэ. Бары күллүбүт. Балтым Соня Софронова: “Доо, аралдьытымаҥ! Эрчиллиини кэлин ситэриэхпит. Билигин кэпсээн истиэххэ!» — диэн боччуйталаан кэбистэ. Мин дуоска иннигэр туран, аа-дьуо кэпсээн бардым. Оҕо саадын оhоҕун оттор оҕонньор хоп-хойуу лабаалаах улахан харыйаны сыарҕалаах атынан тиэйэн аҕалла. Харыйаны киллэрэн, киэҥ саала ортотугар лаглаччы туруордулар. Тула харыйа сымалатын сытынан, чэбдик салгынынан туола түстэ. Сарсыныгар харыйабыт дьэрэкээн ёлка буолан киэргэйэн, араас ѳңнѳѳх уоттарынан тырымныы турарын кѳрѳн, наhаа үѳрдүбүт. Биhиги килиэйдээн оңорбут сыапачыкаларбытынан ёлканы киэргэппиттэрин кѳрѳн, ѳссѳ үѳрдүбүт. Күнүс, эбиэт иннинэ, оскуола оҕолоро кэлэн, кэнсиэр кѳрдѳрдүлэр. Учууталлара А.Н. Ефремова кэлбит. – Пётр Тобуруокап “Бэйэтэ билэр Микииппэр” хоhоонун Миша Ефремов ааҕан иhитиннэриэ, – Анна Николаевна биллэрдэ. – Доо, Махсыым, ити уолу мин билэбин, – кэннибэр лэңкэйэн олорор табаарыhым Вася кулгаахпар тѳҥкѳйѳн сибигинэйэр, – Долбуур Киэсэ быраата дии. Миша Ефремов кѳрдѳѳх хоhоону бэркэ табыллан аахта. Микииппэр диэн, бэйэтэ билэринэн сылдьар киhи туhунан. “Мунньах буолар диэтэххэ, Бултуур саатын булунар”, – Миша чоргуйар. Мин ѳйдѳѳбѳтүм. – Мунньахха саалаах бараары, булунара буолуо дуо? – аттыбар олорор Ваняттан ыйытабын. – Суох, – будьурхай доҕорум сибигинэйэр, – мунньахха сылдьымаары, куобахтыы бараары саатын булунар. – Оо, мунньаҕы сѳбүлээбэт киhи эбит дии! – мин сѳҕѳбүн. Биhиги детсадка уонча-сүүрбэччэ мүнүүтэ мунньахтааччыбыт. Баспытааталлар кѳрсүѳтүк сылдьыахтаахпыт туhунан бэсиэдэлээччилэр эбэтэр саҥа космонавт кѳппүтүн кэпсээччилэр. Сороҕор биллэрии этээччилэр: «Бэнидиэнньик бырааhынньыкка түбэhэр, онон оптуорунньукка кэлэҕит». Концерка үѳрэнээччилэр хуорунан “Майа сайына” диэн ырыаны ыллаатылар. “Маа — йа саайы — наа, Кээ — рээ киэhэ — тээ-э, – диэн унаарыттылар. Санаабар, Маайа диэн чүѳчэ сайынын ыллыыллар. “Арааhа, Сиэстэрэ Маайа туhунан ыллыыллар быhыылаах”, – испэр саныыбын. Медсиэстэрэ Маайа – кырасаабысса, Киинэ Бааска кэргэнэ. Оттон сайын тоҕо Маайа эрэ киэнэ буолуохтааҕый? Барыбытыгар сайын кэлэр дии! Дьикти ырыа эбит. “Эйэ холууба” ырыаны оҕолор бары олус сѳбүлээтибит, ытыспытын харса суох таhынныбыт. “Кыптыыйдыы туттубут Кылбаарар кынаттаах Элэйбэт, сылайбат Эйэ, дьол холууба Кѳңүлү, эйэни Кѳхсүгэр сүгэңңин Yгүс да куораты Yрдүнэн кѳтѳҕүн, – оҕолор чаҕаан куоластара, ырыа ѳрѳ кѳтѳҕүллүүлээх мелодията сүргэбитин кѳтѳхтѳ. Ырыаҕа тыл сүhүѳхтэрин уhатан-кылгатан ыллаатахха, тыл суолтата уларыйар эбит. “Кыып-тыыйдыы тут-туу-буу-ут Кыыл-барар кыы-нат-таа-ах, – диэни истэн, кыптыый курдук кыната кыыл барар холуубу ѳйбѳр оҥорон кѳрдүм. Чаас аҥаардаах кэнсиэртэн астынныбыт. Yѳрэнээччилэр да дуоhуйдулар быhыылаах. Киэhэ мааскаларбытын кэтэн, дьэрэкээн симэхтээх дьуолкабыт тула хоробуоттаатыбыт, оонньоотубут.
Ёлкабыт уоттара дьиримнээн, чыпчаалыгар баар сулуhа күлүмүрдээн, оонньуурдара чаҕылыhан, киhи хараҕын араарыан бађарбат. Ийэм тикпит маҥан куобах кѳстүүмүн кэтэ сылдьабын. Папье-маше куобах мааскалаахпын. Кулгаахтара уhун да уhун. Хоробуоттуу сылдьан, хайдах эрэ хамсанан, ёлка оонньуурун таарыйан, лабааттан түhэрдим. “Оонньуур алдьанна!” – оҕолор айдаардылар. Баспытаатал кэлэн, таас оонньуур үлтүркэйдэрин хомуйда, оонньуурдары харыстыахтаахпытын санатта. Оонньууру алдьатан сэмэчээнньэ ылбыппыттан соччо санаарҕаабатым. Салгыы, уопсай кѳргѳ кыттыhан, хоробуоттаатым. Онтон, баспытааталбыт Евдокия Прокопьевна: “Оҕолор, болҕойуң эрэ! Ити туох тыаhыырый?» – диэн доргуччу ыйытарын кытта, күйгүѳр нам барда. Коридор устун, киирэр аан диэкиттэн, тоhургуур тыас иhиллэр. Саала аана тэлэллэ түhэр да, Моруос Оҕонньор уонна Хаарчаана киирэн кэллилэр. Дед Мороз бэлэх туттартаата. Мѳhѳѳччүктээх кэhиибин кыбынан туран, Моруос Оҕонньору одуулаhабын: үүт-үкчү открыткаҕа уруhуйдуулларын курдук маҥан бытыктаах, бѳллѳѳрүйбүт кыhыл муруннаах (оҕолор этэрбитинэн, муннулаах), ачыкылаах, тулууптаах, үрүң түүлээх чомпой бэргэhэлээх, халың үтүлүктээх, сүүнэ улахан хаатыңкалаах. Арай, дьиктитэ диэн, куолаhын ханна эрэ истибит курдукпун. Хаарчаананы тута биллибит: Никифорова Маша эбит. Моруос Оҕонньорго уонна Хаарчаанаҕа хоhоон ааҕан иhитиннэрдибит, ырыа ыллаатыбыт, үңкүүлээн кѳрдѳрдүбүт. Сѳбүлээтилэр. Хайҕаатылар. Доруобай, дьоллоох буоларбытыгар, дьоммутун уонна баспытааталларбытын үѳрдэ эрэ сылдьарбытыгар баҕаран баран, Моруос сиэнин кытта тахсар аан диэки барда. “Эhиил эмиэ кэлээриң!” – далбаатаhа хааллыбыт. Маңнайгы ёлкам этиэхтэн эриэккэс күнүн санаан кэллэхпинэ, дууhабын сылаас иэйии кууhар. Бэһистэрим бэркэ кэрэхсээн истибиттэрэ. Билигин кинилэр улахан дьон,бары ыал ийэлэрэ-аҕалара. Оттон революция иннин-кэннин ыйыппыт Паша Петрова элбэх оҕолоох ыал ийэтэ, учуутал, билигин бэйэтэ утренниктары тэрийэр. Максим Ксенофонтов. Дьокуускай
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан