Кэпсээ
Войти Регистрация

Муммут кыыс кэпсээнэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Муммут кыыс кэпсээнэ

K
edersaas.ru Категорията суох
07.05.2024 09:30
Сэгэлдьийэ Чээлэй оҕо сааһын туһунан кэпсээнин ааҕыҥ. Суохтаабыт эбиппин, ийэккээм, Эн сылаас, сымнаҕас илиигин. Суохтаабыт эбиппин, аҕаккаам, Элбэх саҥабын буойар тылларгын. Дьону өйдүүр буолуохпуттан, Амарах, истиҥ субэҕитин Дуоһуйа истиэхпиттэн ыла Сүгүрүйэр буолтум алаҺа дьиэбэр— диэн Түбэйим оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан суруйбутум. Мин дьиэбин санаатарбын эрэ, харахпар остуол тула бары аһыы олорорбут көстөр. Ийэлээх аҕам ортолоругар кыракый кыыс Настиҥка миэстэтэ. Кинини тула өттүттэн таптыыбыт. Бу кыра кыыс Наккылла миэстэтэ тоҕо эрэ олус күндү этэ. Кэнники, улаатан да бараммыт, оҕолор бу миэстэни биир-биир былдьаһар буоларбыт. Ийэлээх аҕабыт икки ардыларынааҕы миэстэ олус сылаас, олорбут күҥҥэр табыллыыны эрэ аҕалар аптаах уйа курдук этэ. Аһылык кэмигэр кэпсээммит-ипсээммит дьэ киирэр. Күннээҕи кэпсэтииттэн сиэттэрэн, аҕам хайаан да интэриэһинэй баҕайы түгэни, кэпсээни саҕалааччы. Сэттэ оҕо улаатан, киһи- хара буоларбытыгар, үөрэҕи ыларбытыгар, дьону өйдүүрбүтүгэр, олоҕу сыаналыырбытыгар ийэбит Зинаида Григорьевна, аҕабыт Иван Софронович улахан сабыдыаллаах эбиттэр. Аҕабыт үйэтин тухары хара үлэһит этэ. Биир да үлэттэн толлон турбат, биир кэм хачыгырыйан тахсарын өйдүүбүт. Ийэбит суох кэмигэр бэрэскигэ тиийэ астаан барыбытын аһатар, сүрдээх үчүгэйдик көрөр-истэр этэ. Биһиги дьиэбитигэр оҕо бөҕө хоноро. Бары хайдах батан утуйарбытын билигин сөҕө саныыбыт. Ол хоноһолообут оҕолор билигин эбэ, эһэ буоллулар. Киэһэ хойукка диэри аҕабыт дьикти, интэриэҺинэй кэпсээннэрин истэрбит. Оҕолор да, улахан да дьон аҕабыт бүппэт элбэх кэпсээннээҕин сөҕөр этилэр. Ийэлээх аҕабыт күнүс олус сылайаллара буолуо ээ. Оттон биһиги, оҕолор, ардыгар хоспутугар түүннэри ороннору сыҕарыта-сыҕарыта оонньуурбут. Дьоммут хайдах кыыһырбаттара, мөхпөттөрө буолуой?! “Хотугу сулус” сурунаал Төрөөбүт тылга, атын культураҕа тапталы биһиги эмиэ алаҺа дьиэбититтэн иҥэриммиппит. «Хотугу Сулус» сурунаал ыйга биирдэ кэлэр күүтүүлээх ыалдьыт кэриэтэ этэ. Бэрээдэк быһыытынан, аан бастаан аҕабыт ааҕар. Кини үлэтигэр сырыттаҕына оскуолаттан маҥнай кэлбит оҕо ылара. Аҕабыт үлэтиттэн кэлиитигэр сыттыгын анныгар уган кэбиһэрбит. Көрбүт киинэтин, аахпыт кинигэтин барытын кэпсиирэ. Онтон сиэттэрэн, ол киинэни көрө кулуупка барарбыт, кини хайҕаабыт кинигэтин ааҕарбыт. Миигин хайаан даҕаны убайбар Ваняҕа туттарар этилэр. Киинэҕэ ардыгар утуйан да хааларым, ардыгар эрдэ бараары, ардыгар өйдөөбөккө хос-хос ыйытан лэбийэрбин барытын убайым Ваня тулуйдаҕа. Аны киэһэ ахсын кинигэни уочаратынан доргуччу ааҕыы баара. Ийэлээх аҕам ороҥҥо утуйардыы сыталлар, кинилэр аттыларыгар сып-сылаас оһоххо өйөнөн олорон кинигэ ааҕарбыт үчүгэй да эбит! «Герой оҕолор», «Туркулаах кистэлэҥнэрэ», «Төлкө», “Сүрэх тэбэрин тухары” онтон да атын айымньылары төрдүс, бэһис кылааска сылдьан аахпытым. Дьиэбит иһигэр кэмиттэн кэмигэр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо пластинкатын истэрбит. Оччолорго олоҥхо тылын барытын өйдөөбөтөрбүт да, сүрүн ис номоҕун билэ улааттахпыт. Ону таһынан сахалыы кэпсээннэри артыыстар ааҕалларын, араас ырыалары радиола тыаһатан истэр этибит. Кыһыҥҥы киэһэлэргэ дьоммут пластинканы холбоон кэбиһэр этилэр. Оһох тыаһа, аҕабыт дьиэбит икки оһоҕун буккуйар, ас астанар уонна пластинка кэпсээнэ…
Ардыгар киэҺэ аһылык кэнниттэн утуйуу иннинэ аҕабыт аны оһохторун сабаары көрөр-истэр, иһит сууйуллар уонна “саҥа дьиэҕэ” радиола үлэтэ…Оттон дьиэҕэ киирээти кытта истиэнэ араадьыйатын сэҺэнэ… Балтыбыт Валя кыра эрдэҕиттэн ырыа тылын сыыспакка ыллыыра. Таһырдьа тахсан ыллаан чоргуйарын иһин Күөрэгэй диэн ааттыыллара. Оттон Маргарита уонна Настя иккиэн тугу эрэ толкуйдуу сылдьар курдук, элбэх саҥата-иҥэтэ суохтар. Толик олус чаччырҕа, сытыы-хотуу тыллаах уолбут эмиэ сүрдээх интэриэҺинэй хоһооннордоох буолааччы. Кыра эрдэхпинэ, Эмис диэн фермаҕа кыстаан олордохпутуна, аҕам айанньыттар тустарынан кэпсээнэ биһиги өйбүтүн-санаабытын уйгуурдубут эбит. Убайбынаан эмиэ кинилэр курдук аан дойду сиксигин кэрийэ, аан дойду аарааннаах олоҕун анаара барар баҕа баһыйан өйүө-ыһык бэлэмнэнэн барбыппыт. Аһылыкпытыттан ордорон мөһөөччүккэ эти, килиэби бытархай баҕайы гына кырбаан хатаран мунньубуппут. Күн аайы өйүөбүт төһө буолбутун көрөрбүт. Онно мин ас хаттаҕына күн-түүн аччаан иһэрин сөхпүтүм, дьиибэргээбитим. Оччолорго мин биэстээх этим. Сөп буола-буола дьиэбититтэн хайдах тахсан барарбытын сүбэлэһэрбит. Дьоммут син-биир көҥүллүөхтэрэ суоҕа диэн, кистээн барыах буоларбыт. Ол быыҺыгар дьоммут көрдөөбөттөрүн курдук хайдах бэлиэ хаалларары толкуйдуу сатыырбыт. Санаабытыгар, биһиги сири-дойдуну кэрийэн-кэрийэн баран төннөн кэлиэхтээхпит. Кэлин ол өйүөбүтүн ийэлээх аҕам буланнар күлсүү бөҕө буолбуттара. Онон айан табыллыбатаҕа. Москва дьаабылыката Миигин кыра эрдэхпинэ олус иринньэх этиҥ дииллэрэ. Ол да иһин буоллаҕа, сэттэ оҕоттон хайдах эрэ чорботуллан таптанар быһыылааҕым. Оччолорго дьаабылыканы Сана дьылга эрэ көрөрбүт. Ыалбыт биэлсэр Люба дойдутугар Москваҕа баран кэлбитэ. Кэһиитин дьаабылака аҕалбыт этэ. Мин оруобуна ыалдьа сытарым, онно аҕам кып-кыҺыл дьаабылыкалары барытын тута миэхэ биэрбитэ. «Ыалдьа сытар оҕо сиэтин»,- диэбитэ, бэйэтэ мин бу дьаабылыкаттан хайаан да үтүөрүөхтээҕим курдук үөрбут сирэйин, олус үөрбүт хараҕынан таптыы, имэрийэ көрөн, дьаабылакалаах иһити уунан төҥкөччү соҕус туттан турара харахпар бу баар. Дьаабылыкалары, биллэн турар, оҕолор мин оронум тула үллэстибиппит. Биирбин туолбакка сылдьан сэбиргэхтэппит үһүбүн. Аҕам: «Хоонньубар укта сытарым. Тыынар дуу, тыыммат дуу диэн сотору-сотору иһиллиирим»,- диэн уйадыйа кэпсиирэ. Оччолорго биһиэхэ дьиэлэнэн олорон үөрэнэр Степанов Володя түүн таһырдьа тахса сылдьан, мас көтөрө тиэргэммитигэр олорорун киирэн эппит. Онуоха аҕам саа ылан тахсан ыппыт. Бастаан сыыспыт, онтон иккиһин кэлбитин өлөрөн киллэрэн мииннээн миэхэ иһэрдибит. Ити кэнниттэн сыыйа кэҥээн, үтүөрүүгэ барбыппын. Ол иһин буоллаҕа буолуо, ыарыйдарбын эрэ кус, көтөр, балык миинин суохтуубун. Аҕабыт бэйэтин санаатын тиһэр күннүктээх этэ. Ону үтүктэн биһиги эмиэ бэлиэтэнэр, сурунар буолбуппут. Эдьиийим Тоня олус ыраас, үчүгэй буочардааҕа. Кини күннүгүн таһынан сөбүлээбит хоһооннорун, ырыаларын, цитаталарын сурунар тэтэрээттээҕэ. Мин эдьиийим буочарыгар наһаа да ымсыырарым уонна кини курдук кырасыабай буолуохпун баҕарарым! Аҕабытын батан Тонялаах Ваня математикаҕа, алгебраҕа үчүгэй этилэр. Ордук Ваня. Кинини оскуолаҕа эмиэ үрдүкү кылаас оҕолоругар киллэрэн суоттатар эбиттэр. Ол иһин оҕолор убайбын: «Ленин! Ленин!» диэн хос ааттаан ыҥыраллара үһү. Онтон
өҺүргэнэрин иҺин ийэлээх аҕам Ленин диэн ааттан үөрүөхтээҕин өйдөтө сатыыр этилэр. Оттон эдьиийим 6 саастааҕар ааҕар, суоттуур оҕо, оскуолаҕа күүҺүнэн киирбитин туҺунан кэпсээни истэ улааппытым. Онон эдьиийдээх убайым үөрэххэ талаҺыы, дьулуур идеалын кэриэтэ этилэр. Төрөппүттэрбит биир сүрүн принциптэринэн оҕо дьиэтигэр көстүөхтээх, көмөлөҺүөхтээх диэн буолара. Ардыгар бары остуол тула олорон уруһуйдуурбут. Манна эмиэ убайбыт Ваня уонна быраатым Толик маастара табыллара. Мин кинилэри үтүктэн хартыынаны килиэккэлиирим да, олус бытааным. Ол уруҺуйдарга ийэм сыана быһара. Аҕабыт араадьыйата суох сатаммат этэ. Тойугу, ырыаны истэр буоллаҕына киҥинэйэн тэҥҥэ түһэрсэ олороро. Ол гынан баран дьон ортотугар ыллаабыта суох, арай сценкаларга дьиҥнээх курдук оонньуур этэ. Уонна биир дьикти идэлээҕэ — түүн 2 чааска эбэтэр иннинэ, эбэтэр 2 чаас ааһыыта утуйа сытан олус үчүгэйдик туойан барара. Мин бастаан муодаргыыр этим, кэлин үөрэнэн бачча чаас буолбут дии саныыгын. Аны ис хоһооно уларыйа сылдьар. Бииргэ оттоспут дьоно кэлин: «Магнитофоҥҥа устан да хаалбатах буоламмыт» ,- диэн кэмсинэнэн кэпсииллэрэ. Ийэбит сүрдээх үчүгэйдик астыыр, иистэнэр, баайар, быысыбайдыыр, өрөр. Сэттэ оҕо бары үксүн тигии таҥастаах буоларбыт. Аны бары маскарааттанабыт. Хас Саҥа дьыл аайы миэстэлэһэбит, ийэбит эмиэ наҕараадаланар. Арай мин бэҺис кылааска сылдьан ийэбин төрүт чугаһаппакка, бэйэм тыал маскараатын оҥостубутум. Ол сыл мин эрэ бириискэ тиксибэтэҕим. Ийэм киэһэ кэлэн баран: “Оннук гыныаҥ этэ, маннык гыныаҥ этэ», — диэн ийэм төһө эмэ эрдэ этэ-сүбэлии сатаабытын ылымматахпын хомойо санаабытым. Ол гынан баран ийэм: «Син оҥостуо эбиккин», — диэн үөрдүбүтэ. Дьон кэлин даҕаны: «Зина оҕолоро бары мэлдьи ыраас таҥастаах-саптаах буолаллар», — диэн сөҕө-хайгыы этэллэрэ. Ийэбитин үтүктэн биһиги эмиэ иистэнэр, баайар, оҺуордуур буолбуппут. Иистэнэр массыынаны талкыйан элбэхтэ сэмэлэммит да буолуохтаахпыт. Ким илиитэ туппутун ийэбит тута билэрэ. Аан бастакы баайыым биэс испииссэнэн аҕабар наскы баайан үөрдүбүтүм. Дьоммут эһэлээх эбэ диэн эмиэ олус күндү, ким да утары көрбөт, ытыктанар дьоно баалларын бэйэлэрин сыһыаннарынан ииппиттэрэ. Эһэбит эбэбит Настаа этэрин хоту сылдьара. Үөрэх чиэппэрэ бүттэҕинэ эбэлээхпитигэр хайаан да сылдьан ааһабыт. Онно үөрэхпит түмүгүн истэн баран, эбэбит сыттыгын анныттан бэлэх биэрэрэ. Бэлэхтэрэ барыта үөрэххэ аналлаах тэриллэр буолааччы. Альбом, тэтэрээт, кырааска, харандаас, уруучука оччолорго сэдэх буолара. Эбэбит өлбүтүн кэнниттэн эһэбит биҺиэхэ олорбута. Аһылыкка киниэхэ аналлаах олоппоско, остуол баҺыгар олороро. Ол иһин итинник миэстэни билиҥҥэ диэри бочуоттаах миэстэнэн ааҕабын. Түрүлүөн Ийэм балтыбын Маргаританы оҕолоно Сиэйэ балыыҺатыгар сытара. Оҕолор аймахтарбытыгар Уулаахха барбыттара. Мин дьиэбиттэн барымаары ытаан туран, аҕам үлэтиттэн кэлиэр диэри уруһуйдуу-уруһуйдуу олоруох буолбутум. Сайын саамай силигилээн турар кэмигэр хайа оҕо дьиэҕэ олоруой?! Оҕолору кытта өрүскэ киирэн баран мин улахан тааска олорон хаалбытым. Устунан күн уотугар сыламнаан утуйан барбытым. Биирдэ уһуктубутум, төбөм ыаҕастаах уу курдук. Дьиэбэр барабын
дии санаан хоту ферма диэки бара турбуппун. Биир дьиэ аннынааҕы сыырынан үөһэ тахсыбытым Потаповтар сыырдара эбит, күөх күүлэлээх дьиэттэн наһаа кырасыабай кыыс көрөн турара. Кэлин өйдөөтөхпунэ, Потапова Валя эбит. Мин кини кыраһыабайын сөҕө саныы-саныы бардым. Вышкаҕа тиийэн саамай алларааҥҥы боробулуохаҕа бэйэбин кээмэйдэнэн көрдум. Олус да кыра эбиппин! Арай үөһэ көрбүтүм вышка үрдүбэр түһэн эрэр курдук. Ийэбин ыҥыра-ыҥыра сүүрэ сатыыбын. Ыксаан өрүскэ киирэбин. Ити өрүс үрдүнээҕи ферма сыырыгар этэ. Өрүстэн уу иһэ-иһэ Ыгыатта үрэҕэр тиийэ барбыппын. Өйдүүрүм диэн уу чуумпуга туох эрэ маһы тоҥсуйар тыаһын истэн көрбүтүм, арай, уп-улахан истээх эриэн көтөр маһы кыһанан-мүһэнэн тоҥсуйа аҕай олорор эбит. Мин одуулуурбун биллэ! Онно көрбүтүм, хара диэҕи хара буолбатах, дьикти төгүрүк харахтар этэ! Куттанан ытыы-ытыы эмиэ куоттум. Тоҥсоҕойу бастакы көрүүм итинник этэ. Аны хайа эрэ кэмҥэ сылгылар ортолоругар баар буолан хаалбыппын. Тыбыыра-тыбыыра төбөлөрүн тоҥхолдьуталлар. Мин ити лаһыгырас тиистэр ытырыахтара диэн сэппэрээктэр быыстарыгар саһабын. АрааҺа, киэһэлик быһыылаах, ыалларбыт уонна бэйэбит ынахтарбытын көрдүм. Ынахтарым мин диэки көрө-көрө ыҥырар курдук маҥырыыллар. Мин батыһыахпын баҕарабын да, күүс суох. Утуйан барабын. Арай көрдөхпүнэ кыһыл ДТ тыраахтар сыарҕатыгар дьон бөҕө тиэллэн кэлэллэр. Ортолоругар Люба биэлсэр күлэ олорор. Мин тоҕо элбэхтэрэй, тоҕо күлэллэрий дии санаан истэхпинэ сүтэн хаалаллар. Кэлин кэпсээбиппэр, ити түүлүҥ диэбиттэрэ. Кырдьык даҕаны, сайын хайа тыраахтар сыарҕаланыай?! Дьэ, бу түүн Түбэйинэн, Сиэйэнэн түрүлүөн, аймалҕан бөҕө буолар. Миигин чугас көрдүү сатаан баран, тыы аттыгар оонньуу сылдьара диэни истэннэр, дьиэбит аннынан муҥха түһэрбиттэр. Киэһээҥҥи «Зарянан» Сунтаарга ыҺыахтыы баран иһэр Ньурба дьоно аара түһэн эмиэ көрдөспүттэр. Манна тэрийээччи (Түбэйгэ бэйэтэ туспа ыстаарыста курдук) Дмитриев Дмитрий – Оҥой Миитэрэй эбит. Ыгыатта үрэҕэр тиийэ тыаны тараахтаан, өрүскэ киирэ-киирэ тахсыбыт суолбунан баран испиттэр. Онтон суолбун долгун сотон кэбиһэн булбатахтар. Чугас эргин үлэлии сылдьар нууччалар экспедицияларын үлэлиир тыастарын-уустарын тохтотон, бары миигин көрдөөбүттэр да булбатахтар. Сарсыныгар бөҺүөлэгим дьоно чуурдарын этэн, санааларыгар эмиэ тыаны тараахтаан төннөн истэхтэринэ, булчут буолуох тардыытыгар, Романов Анатолий: “Бу сытар!” – диэн хаһыыта иһиллибит. Мин сыгынах кэннигэр токуллан утуйа сытар үһүбүн, арай кыһыл эрэ туруусугум көстөрүгэр булчут буолар киһи кыраҕы хараҕа иҥнибит. Мин итини өйдөөбөппүн. Арай өйдүүрүм диэн бөһүөлэк саҕаланыытыгар Дмитриевтэр дьиэлэрин таһыгар дьон бөҕө. Бары кэлэ-кэлэ миигин сыллыыллар. Көрдөөһүҥҥэ ыраах кыайан барсыбатах дьон бары онно күүппүттэр эбит, Алааппыйа эмээхсин ботугуруу-ботугуруу төбөбүттэн наһаа сылаастык сыллыыра харахпар хаалан хаалбыт. Ити дойдум дьоно мин бүгүҥҥү олохпун алҕаабыт күннэрэ, бу олоххо өбүгэ утумун салгыыр аналбын иҥэрбит күннэрэ эбит. Онно мин: «Тоҕо бары миигин сыллыылларый? Эчи элбэхтэриин!» — диэн муодаргыы санаатым быһыылаах. Биирдэ өйдөөбүтүм, ыалбыт Уоһуктаах киэҥ оронноругар утуйа сытар эбиппин. Мин уһуктубуппун көрөөт, Уоһук оҕонньор хап-халыҥ
арыылаах лэппиэскэни биэрэн эрдэҕинэ эмээхсинэ Лида кыыһыран мөҕө-мөҕө былдьаан ылла. Мин аччыгым сүрдээх, кэччэйдэ дии санаан, олорон эрэ ытаан тоҕо бардым. Кэлин ийэм истэн баран, мунан аһаабатах оҕону тута мээнэ аһатыллыбат диэн эппитэ. Мин доруобуйабын харыстаабыт дьоммор өссө хомойбуппун оччолорго өйдөөбөт бөҕө буоллаҕым. Ити кэмҥэ Сиэйэ балыыҺатыгар сытар ийэм оҕо сүппүтүн туһунан үһү-тамах истибит, төҺө да кистээбиттэрин үрдүнэн, мин оҕом буолуо диэн сурэҕинэн сэрэйэн, эрэйдэнэ сатаан баран түүн күрүү сатааһына эмиэ олох туспа кэпсээн. Түбэйим дьоно миигин көрдөллөр эрэ: «Муммут кыыспыт», — диэн саҥа аллайаллара. Кэлин иккис уолбун Гришаны 3-4 сааһыгар маҕаһыыҥҥа көрөөт: «Оо, муммут кыыспыт курдук!” – диэн соҺуйбуттара. Мин мунарым саҕана оруобуна 4 саастааҕым. Бу иккиэйэх “муммут кыыс» диэн тылларга оҕо туһугар уйарҕааһын, инникигэ эрэл, киэн туттунуу дорҕоонноро иҺиллэр курдук эбит. Ыал да буолан баран дойдубар тиийдэхпинэ, хайаан да кырдьаҕастары көрсөн ирэ-хоро кэпсэттэхпинэ эрэ астынабын. Туох эмэ кыаллыбат боппуруостарын быһаарсан, тугунан эмэ көмөлөҺөр санааттан Сиэйэнэн, Сунтаарынан туруорса барарым. Билигин олус да аҕыйаатыгыт. Олох сокуона бэйэтин быраабылатыттан туораабат. Ол гынан баран, мин эһигини барыгытын умнубаппын, өрүү өйдүүбүн уонна махтанабын. Аҕам Дмитриевтэр «Урал» матаһыыкылларын кэлээскэтигэр миигин телогрейкаҕа суулуу-суулуу, көстүбүтүм үөрүүтүгэр үрдэ суох сыллыы-сыллыы кууһан олорор сылааһа, бытыга иэдэспин кычыгылатара олоҕум устата угуттуур курдук. Оттон мин соҕотоҕун ол күн, ол түүн Аан Ийэ Айылҕалыын алтыспыт күнүм, түүнүм этэ. Ол быыҺыгар сүүрэн-көтөн айылҕаны кытта кэпсэтии, сиэппэр уктубут түөрт таас кэмпиэппин эмии… Дьикти түгэҥҥэ Аар Айылҕам харысхалын ылыы… Онно баара соҺуйуу, үөрүү, куттаныы, ытамньыйан ылыы, айылҕалыын өйдөҺүү… Чугас ыалларбыт УоҺуктаах, Дарыбыаннаах, Куолалаах… Ити томторго киэһэ хойукка диэри оҕо саҥата аймалаһара, эккирэтиһэн элээрдэрбит, эмиэ да уоскуйан олоро түһэн остуоруйалаһарбыт саныахха олус да чугас, кэрэ! Уоһуктаах Лида оҕолору балыктаталларын Толиктаах билиҥҥэ диэри ахталлар. СэриилэҺэн оонньоон олус айдаараары гыннахпытына, Люба биэлсэр тахсар: « Түксү, оҕолор, бүтүҥ! А то завтра война будет!» — диэн нууччалыы-сахалыы булкуйан буойара. Куолалааҕы санаатахпына биир хартыына көстөр, хоту диэкиттэн абаҕабыт Куола саҥаспытын Зинаидалыын куустуҺан оргууй хааман кэлэн өрүс үрдүнээҕи ыскамыайкаларыгар олороллор. Ону сэргэ Зинаида Александровна “Үчүгэй да этэ ол сайын” диэн ырыатын истэр курдукпун. Кинилэр биһиэхэ киирэн кэпсээбэтэхтэринэ, кэпсэппэтэхтэринэ туох эрэ итэҕэс курдуга. Кэлин, ыал буолан оҕолонон-урууланан тиийдэхпитинэ чугас ыалларбытын кытта көрсүҺүү уонна атаарсыы тэрээҺиннэрэ хайаан да буолаллара биһиги дойдубутугар ахтылҕаммытын сымнатар. Бу маннык көрсүҺүүлэр миигин оҕо сааҺым кэрчик кэмнэригэр тиэрдэр. Ахсыс кылаас кэнниттэн дойдубуттан атын сиргэ барбытым. Онно дьиэбэр кэлэрбэр тоҕо эрэ хайаан даҕаны ийэм эбэтэр аҕам алаадьы буһара туралларыгар киирэрим. Сыта-сымара тэлгэһэттэн биллэрэ! Ону тэҥинэн ийэлээх аҕам харыстыыр, биэбэйдиир, биһигини даҕаны мээнэ тэбистэрбэт дьиэбит кэннинээҕи садпыт хатыҥнарын суугунас тыастара ураты
матыып буолан айхаллыы көрсөрө киҺи тылынан эппэт ураты көстүүтэ эбээт! “Эргиллии” Ахтыыбын «Эргиллии» диэн хоһооммунан түмүктүүбүн: Оһох умайар тыаҺа… Тачыгырыы күлэр уотум… Эргиллэбин оҕо сааспар, Тиийэбин Түбэйим буоругар, Эргэрэ самнайбыт дьиэбэр. Тымтык тыырыллар, ОҺох умайар тыаҺа… Оо, аҕам, эн дии, Сэрэнэн үктэммит долгунуҥ Сэмэй салгыныгар сууланным. Сэттэ оҕоҥ олоҕун Сылаас уоккунан алҕаатыҥ, Сүрэҕиҥ сылааһын иҥэрдиҥ Аҕабыт, биҺиги үлэһит аҕабыт. ОҺох умайар тыаһа… Чаанньык сырылыы кыынньар… Күүдэпчилэнэр төлөн… Минньигэс ас сыта Муннубар саба биэрдэ… Ийэкээм, ийэкээм барахсан, Үрүҥ санаа аанньала, Үрүмэлии уйан иэйиигин Сылаас аскынан тиэрдэҕин. Оһох умайар тыаһа… Тачыгырыы күлэр уотум… Олох араас өҥүнэн умайар… Ахтылҕаннаах тыаҺым Аймалҕана, айдаана суох Төнүннэрдиҥ өйбүн-санаабын Төлкөлөммүт түөлбэбэр, Тапталлаах Түбэйбэр. Сэгэлдьийэ Чээлэй
edersaas.ru сайтан