Кэпсээ
Войти Регистрация

Биэтэс Билээхэп: Ыстандаарт быһыытынан итинник амтаннаах дуу…

Главная / Кэпсээн арааһа / Биэтэс Билээхэп: Ыстандаарт быһыытынан итинник амтаннаах дуу…

K
edersaas.ru Категорията суох
10.12.2020 16:57
60-с сылларга кырыы дэриэбинэлэр оҕолоро үрдүкү кылаастарга дьиэбититтэн тэлэһийэ сылдьан, сопхуостар кииннэригэр, оройуон киинигэр улахан оскуолалардаах сирдэргэ интэринээккэ олорон үөрэнэрбит. Төрөппүттэрбит курдук, ким биһигини күннэтэ имэрийиэ-томоруйуо, көрүө-истиэ баарай, бүттүүн орто үөрэхтээһин булгуччулаах соругун толороору түмэн, уопсай олоххо кум-хам тутан судаарыстыба бороохтуппут оҕолоро буоллахпыт. Инньэ гынан, биһиги көлүөнэ бэйэбитин бэйэбит көрүнэ, дьаһана үөрэммит дьоммут. Былдьасыһан-тарасыһан, бэрисиһэн-күндүлэһэн, син аһаан-үссэнэн сырыттахпыт. Аччыккар, сиэпкэр кэппиэйкэлээх буоллаххына, бырахсан-эпсэн маҕаһыынтан бытыылкалаах кэпиир, үрүҥ ботуон атыылаһан, амтаһыйа-амтаһыйа ыйырбахтыырбыт, тырыта-хайыта тыытан мотуйарбыт үчүгэй да буолара. Оччолорго маҕаһыыҥҥа үрүҥ ас диэн кэпиир, бурдук оҥоһук үрүҥ ботуон эрэ атыыланара. Эчи сибиэһэйин, минньигэһин, тото, астына сиирбит. Дьиэбитигэр ийэбит күөрчэҕин, сэппэрээтэртэн сүүрүгүрэр сүөгэйин, суоратын, хаппыт иэдьэгэйин ахтан-санаан, аймаһыйан ыларбыт. Онно оҕустахха, билиҥҥи ырыынак үйэтигэр хас хардыыҥ аайы күн талбыт аһыҥ дэлэй! Араас тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар, кэпэрэтииптэр, хампаанньалар, уопсастыбалар барбах көмпүүтэринэн салаллар аныгылыы сыыппарабай үрдүк технологиянан, тиэхиньикэнэн сэбилэнэн, үүт ас үтүмэнин оҥорон таһаараллар. Чыычаах эрэ үүтүн астыы иликтэр быһыылаах. Үрэх буолан сүүрүгүрэр, өрүс курдук суккуллар ити үлүгэрдээх үрүҥ ас хаачыстыбатыгар, саньытаарынай ыраас туругар дьалхааннаах, мэҥиэстэ турар ырыынак ирдэбилэ, судаарыстыба хонтуруола кытаатан турар. Ыыр үүккүн, астыыр аскын кирдээх илиигинэн, тарбаххынан таарыйыа, тыытыа-умньуо суохтааххын диэн ыйаахтаан, бэл, чааһынай ыаллар илиилэринэн ыыр үүттэрин, илиилэринэн өлөрөр идэһэлэрин этин бэтэринээр, санэпид көҥүлэ суох тутары, атыылыыры бобуу-хаайыы кытаанаҕа буолан эрэр! Сөбүн-сөп гынан баран, барыта аһара дайбатыылаах буолан иһэрэ олохпут сиэрэ буолаахтаатаҕа. Кырдьаҕаас, барыта биллэри туох ааттаах куолулаатыҥ диэххит. Кэлэйбитим оччо. Күөччэх сиэхпитин баҕаран 202-с түөлбэ «Биэрэк үрдүнээҕи» маҕаһыыныттан сэргэх сэбэрэлээх атыыһыт кыргыттар 15 бырыһыаннаах чөчөгөйү: «Олохтоох ас. Мээнэ кэлбэт, хаһан эмит кэлэр!» – диэн аатырдан атыылыы туралларыгар түбэһэн ылан, амтаһыйан баран, сирэйбитин мырдьыччы тутубуппут. Аны эмээхсиним Чирээйэп уулуссатыгар турар «Монетка» дьоҕус маҕаһыынтан 25 бырыһыаннаах, «Саха сиригэр оҥоһулунна» хаачыстыба бэлиэлээх сүөгэйи атыылаһан аҕалбытын амтаһырҕаан көрөн баран, сиэннэрим, кырачаан дьон, «фуу» диэхтээтилэр. Саах диэхпин тылым тахсыбат, хотон сыта амтаннаах хаарыаннаах ас. Ама, асчыттар илиилэрин үүттэригэр суумматылар ини. Биитэр, ыаныаҕыттан астанан тахсыар диэри аһаҕас салгынныын алтыспат, бүтэй иһит, турба устун сүүрүгүрэн, эриллэн-буруллан, эбиликтэнэн-таймаланан оҥоһуллан тахсар үрүҥ ас ыстандаарт быһыытынан итинник амтаннаах дуу..
edersaas.ru сайтан